🗣️Кыайыы куолаһын истиҥ!Улуу Кыайыы 80 сылын чэрчитинэн «Кыайыыны истиэххэ» аахсыйа көмөтүнэн, Саха сирин олохтоохторо 1945 сыллааҕы архыыпка сытар аудио-устуулары, ол иһигэр биллиилээх диктор Юрий Левитан куолаһын ыам ыйын 15 күнүгэр диэри 8-800-200-09-05 нүөмэргэ эрийэн истэр кыахтаахтар.
«80 сыл аннараа өттүгэр бу куолас бүтүн дойду үрдүнэн сатараабыта. Бу куолас уулууссаларга - үөрүү, дьон сүрэҕэр - киэн туттуу, кэлэр кэмҥэ эрэл иэйиитин уһугуннарбыта, историяны уларыппыта», - диэн бырайыак тэрийээччилэрэ этэллэр.
Архыыпка ССРС маршала Георгий Жуков тыл этиитэ, 1945 с. Берлиҥҥэ постка турар Лидия Овчаренконы кытары интервью сорох чааһа бааллар.
Кыайыы 80 сылыгар анаан, Россия үрдүнэн
may9.ru. сайт арылынна, манна сонуннар, историческай чахчылар, архыып хаартыскалара, видеолар угулуннулар.
@nvk_sakha