МАЙА СОНУННАРА


Гео и язык канала: Киргизия, Киргизский
Категория: Новости и СМИ


Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ-хамнас, араас хайысхалаах тэрээһин, туруу үлэһит дьон,туһалаах сонуннар сырдатыллаллар.

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Гео и язык канала
Киргизия, Киргизский
Категория
Новости и СМИ
Статистика
Фильтр публикаций


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
«Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Иннокентьевич Неустроев 2024 сыл түмүгүнэн үлэтин отчуота.


🔸🔶🔸🔶🔸🔶🔸🔶🔸
_*Күндү Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо уонна ыалдьыттара!*_
Майа сэлиэнньэтигэр ааһан эрэр 2️⃣0️⃣2️⃣4️⃣ сыл бастыҥнарын быһаарар
🏆 _*"БАСТЫҤ"*_🏆 бириэмийэни туттарыыга
ахсынньы 2️⃣0️⃣ күнүгэр
1️⃣7️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан Д.Ходулов аатынан КУЛТУУРА КИИНИГЭР ыҥырабыт!

Майабыт БАСТЫҤ дьонун чиэстиир дьоро киэһээни куоттарымаҥ🤩

_Дьоро киэһээни киэргэтиэхтэрэ:_
🪩 *Айгылаан*
🪩 *Инна Донская-Дайаана*
🪩 *Вероника Степанова-Касабланка*
🪩 *Линда Захарова*
🪩 *Николай Васильев-Айтамыл*
🪩 *Терентий Егоров*
🪩 *Полина Аргунова*
🪩 *Семен Цой*

_Ыытааччылар_ - *Мария, Станислав Ивановтар*.

❗Киирии БОСХО.
Олорорго анал миэстэлээх буоларга босхо билиэти hodulov.ru саайтан эбэтэр каассаттан ыларгыт ирдэнэр.

❗Дресс-код:
эр дьон - көстүүм, бачыыҥка;
кэрэ аҥардар - былааччыйа, түүппүлэ.


Репост из: Прокуратура Республики Саха (Якутия)
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
❗️ За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадали 15 жителей республики, общая сумма причиненного ущерба составила более 14,1 млн рублей.

Жертвами мошенников стали 4 пенсионеров, инженер, учитель, врач, электрик, инструктор по физической культуре, монтажник, кладовщик и др.

В результате звонков лжесотрудников ФСБ, МВД, Центрального банка России, Росфинмонитринга пострадали 8 человек на сумму 3,6 млн рублей, под видом заработка на «инвестициях» у 4 потерпевших похищено свыше 6,5 млн рублей. Итогом общения с «операторами сотовой связи» стала потеря 3 жителями региона более 4,1 млн рублей.

Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников!


🎯👱🏼‍♀️Дьахталларга:
🥇1 миэстэ 569 очколаах Людмила Слепцова Кэскил түөлбэ,
🥈2 миэстэ 499 очколаах Галина Пахомова Исаев түөлбэ,
🥉3 миэстэ 477 очколаах Людмила Кычкина Бадаайы түөлбэттэн буоллулар.
🎯👩кыргыттарга:
🥇1 миэстэ 419 очколаах Алена Лукинова Новострой түөлбэ,
🥈2 миэстэ 404 очколаах Саргылана Никитина Киин түөлбэ,
🥉3 миэстэ 338 очколаах Алина Лепчикова Сэбиэскэй түөлбэттэн буоллулар.
🎯👨‍🦲уолаттарга:
🥇1 миэстэ 483 очколаах Степа Баишев Лесной түөлбэ,
🥈2 миэстэ 467 очколаах Илиан Егоров Бадаайы түөлбэ,
🥉3 миэстэ 420 очколаах Моисей Боякинов Сэбиэскэй түөлбэттэн буоллулар.
🏆Уопсай түмүккэ Абсолютнай чөмпүйүөн 1 миэстэни ылбыт БАДААЙЫ түөлбэ хамаандата киирбит усунуоһу 6400 солк бириис быһыытынан ыллылар.
Күрэхтэһии мөккүөрэ суох, үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Түөлбэлэр олус астынан хайҕабыл суруктарынан, мэтээллэринэн наҕараадаланан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Түөлбэни кытта үлэҕэ сүрүннүүр исписэлиис Жанна Тумусова


🎯Дартс күрэҕэ Майа түөлбэлэрин икки ардыларыгар

Ахсынньы 14 күнүгэр 2024с. Майабыт сэл. Чөл олох сылыгар аналлаах түөлбэлэр икки ардыларыгар Дартс күрэҕэ буолан ааста. Хамаандаҕа 4 киһи састааптаах: эр киһи, дьахтар, уол оҕо, кыыс оҕо буолан 16 хамаанда сайаапкалаан, уопсайа 64 киһи кытынна.
Күрэҕи Майа дьаһалтатыттан Жанна Тумусова түөлбэни кытта үлэҕэ исписэлиис, Юлиан Слободчиков Чөл олох уонна ыччат бэлиитикэтин исписэлииһэ иилээн саҕалаан ыыттылар. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата "Мэҥэ Дартс" спортивнай уопсастыбаннай түмсүү тренера Евгений Птицын сүрүн быраабылаларын билиһиннэртээтэ. Түмүгү билиһиннэрдэххэ маннык:
🎯Хамаанданан түмүккэ:
🥇1 миэстэ - Бадаайы түөлбэ 1808 очколаах ,
🥈2 миэстэ - Новострой түөлбэ 1694 очколаах,
🥉3 миэстэ - Кэскил түөлбэ 1647 очколаах ылары ситистилэр.
🎯🧔🏻‍♂️Биирдиилээн түмүккэ эр дьоҥҥо:
🥇1 миэстэ 550 очколаах Гаврил Иванов Лесопуун түөлбэ,
🥈2 миэстэ 541 очколаах Конон Кычкин Бадаайы түөлбэ,
🥉3 миэстэ 529 очколаах
Кирилл Егоров Новострой түөлбэттэн буоллулар.


🎄"ҮТҮӨ САНАА ХАРЫЙАТА"🎄 ААХСЫЙА 🎁🎁🎁

🔸Оҕо сааһы санатар күндү бырааһынньыкпыт чугаһаабытынан дьоммутун-сэргэбитин эҕэрдэлээн туран, үтүө санаа аахсыйатыгар кыттыһыҥ диэн ыҥырабыт🙌🙌🙌

🔹Киирбит бэлэхтэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар ананаллар.

🔸Майабыт сэлиэнньэтин олохтоохторун, тэрилтэ салайааччыларын, урбаанньыттары ис сүрэхтэн кэрэ бэлэх кэһиилээх кэлэргитин күүтэбит!🎁🎉🎊

🔹ААХСЫЙА АХСЫННЬЫ 5️⃣КҮНҮТТЭН - 2⃣3️⃣КҮНҮГЭР ДИЭРИ ЫЫТЫЛЛАР.

🔰Майа олохтоох дьаһалтата


СУОЛ ЫРААСТААҺЫНЫГАР КӨХТӨӨХ СУБУОТУННЬУК

Ахсынньы 13 күнүгэр
Майа дьаһалтатын эр дьоно💪🏻 административнай хаһаайыстыбаннай тэрилтэ үлэһиттэрэ киин, элбэх сырыылаах Майинскай уулуссаны кэҥэтэн, кыһыҥҥы суол модьоҕотун ыраастаан, грейдерынан астаран🚜 көннөрүү үлэтэ барда. Олохтоох дьон күннэтэ сылдьар суолларын ыраастаан биэрдилэр. Субуотунньукка 1 улахан кыамталаах техникэ үлэлээтэ🚜.

Майа олохтоох дьаһалтата


МАЙАҔА БЭРЭЭДЭГИ КӨРҮҮ ҮЛЭТЭ ӨССӨ КҮҮҺҮРДЭ

Ахсынньы 13 күнүттэн, Майа дьаһалтата, участковай, баһаарынай чаас үлэһиттэрэ бииргэ сылдьан сэрэтии уонна бэрибиэркэ үлэтин саҕалаатылар.
Мантан иннэ бу курдук профилактическай хабааннаах үлэ нэдиэлэ аайы ыытыллара былааннанар.

Майа олохтоох дьаһалтата


Репост из: Прокуратура Республики Саха (Якутия)
❗️ О состоянии преступности
на территории Республики Саха (Якутия)
за 11 месяцев 2024 года

Подробно: https://epp.genproc.gov.ru/web/proc_14/mass-media/news?item=99638912


https://t.me/tprocsakha


Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куораттан “Водоканал” акционернай уопсастыба тэрилтэттэн кылаабынай инженер Аммосов Андрей Андреевич, ону тэҥэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын тутууга солбуйааччыта Филиппов Василий Валерьевич, Майа олохтоох дьаһалтатыттан баһылык солбуйааччыта Андреев Март Степанович уонна Майатааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба учаастагын салайааччыта Цыпандин Павел Павлович кыттыылаах Майаҕа анал бөлөх тэриллэн үлэлээтэ. Майабыт сэлиэнньэтин ыраас иһэр уунан хааччыйарга, кииннэммит ситимин оҥорорго, бырайыактыыр үлэлэри саҕалыырга былааннаатылар. Миэстэтигэр саҥа ууну ыраастыыр станция сирин-уотун көрдүлэр, иһиттилэр. Салгыы, Майаҕа үлэлии турар нэһилиэнньэни кыһыннары-сайыннары уунан хааччыйар скважина кыамтатын, үлэтин билистилэр. Дьон-сэргэ чэгиэн туруктаах буоларыгар күн бүгүн ыраас уу боппуруоһа сытыытык турар. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн бу боппуруостар оннуларыттан хамсыахтара диэн эрэнэбит.

Майа олохтоох дьаhалтата.

Показано 10 последних публикаций.