Уйгулаах Ас


Гео и язык канала: Киргизия, Киргизский
Категория: Еда и кулинария


Төрүт аһы өрө тутар, дойдубутугар үүнэр оттору аска туһанар, аһыыр аска болҕомтону уурар «Уйгулаах Ас» телеграмм каналыгар ыҥырабын 🌿
Проект ааптара Виктория Петрова

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Гео и язык канала
Киргизия, Киргизский
Статистика
Фильтр публикаций


Сарсын 11 чаастан Арчы Дьиэтигэр буолар ☀️❄️😇🙏🏻


Саҥа дьылбыт чугаһаатар чугаһаан иһэр 🤩

Эһигини кытта үллэстэ илик салаатым рецебын таһаарабын

"Бочугурас" салаат

Кутуллар:
- 1 сибиэһэй оҕурсу, уһун синньигэстик быһабыт;
- 3 куурусса сымыыта (эбэтэр 10 устуука перепел сымыыта), устатынан субурхай соҕус гына быһыллара ордук;
- 3-5 лабаа сибиэһэй укроп (бүгүн миэхэ суох, ол иһин тоҥоруллубут күөх луук куттум);
- 1 ытыс сыалаах мас (кедр) эриэхэтэ;
- ньуоска төбөтүнэн туус;
- 2-3 остолобуой ньуоска сыалаах мас арыыта (кедровое масло) эбэтэр винограднай, оливковай арыы буолуон сөп.

Суруллубут бэрээдэгинэн салааппыт иһитигэр кутан иһэбит, быыс аайы кыратык тууспутун тамалатабыт, маныаха биһиги бэйэбит оҥорор хвойнай эбэтэр лимоннай тууспут амтанын өссө тупсарыа.

Бу маннык бэйэтинэн наһаа үчүгэй амтаннаах нарын салаат буолар. Баар буоллаҕына маанылаан көтөр этин эбэн биэриэхпитин сөп. Холобур, куурусса, индейка, булт көтөрүн түөһүн этэ бассар.

Минньигэстик аһааҥ! 😇🎄✨


Саҥа чэй оҥорон таһаардыбыт 😍🫖☕️☕️


Репост из: БРУСНИЧКА🍒
12.12.2024
Наша команда "Бруснички"
подготовила для этого события эксклюзивный чай 🍒🌿

Чай «ЗАЧАЙТИЕ»

Чай подготовлен специально к изданию книги «IT-ЯКУТ. Цифровые традиции народа Саха» Сергея Протопопова.

Полностью натуральный сбор диких трав из якутских полей и тайги на основе черного листового чая. Чай обладает тонизирующим эффектом, способствует активизации мозговой и творческой деятельности.

Уникальный состав чая станет источником энергии, новых идей и вдохновения. Насладитесь чашкой чая и вперед к достижению новых высот!


Репост из: БРУСНИЧКА🍒
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
Друзья, приглашаю всех на презентацию своей книги (Сергея Протопопова) «IT-ЯКУТ. Цифровые традиции народа Саха» и на БИЗНЕС-ИГРУ📕

Такая бизнес-игра проводится сейчас командой Оскара Хартманна в Москве, участие стоит от 35’000₽, мы делаем для Якутска с полностью бесплатным участием - 0₽. Лучшее и передовое хочу внедрять у нас, делиться в общем. Приходите 🙌

📆 Дата и место проведения: 13 декабря, Квартал Труда, 17:00-22:00.

В своей книге Сергей щедро делится опытом ведения бизнеса, открыто показывает взлеты и падения, искренне описывает путь взросления в предпринимательстве — о чем расскажет из первых уст.

Насладитесь вдохновляющими бизнес-историями и получите возможность сыграть в бизнес-игру «ЖИЗНЬ СТАРТАПА».

Самобытная философия, юмор и подход к жизни Сергея точно не оставят вас равнодушным и подарят заряд позитива и мотивации к действиям!

Бесплатная регистрация
https://boontar.timepad.ru/event/3129732/

Книгу рекомендуют Арсен Томский, Оскар Хартманн, Игорь Рыбаков ↩️↩️↩️


Саха аһын, эмтээх отун дьоро күнэ буолан ааста 🥰🥰🥰 Вкус Якутии фестиваль Өбүгэ аһын хайысхатын Алгыс От кыргыттара ыыттыбыт😍! Кэскиллээх кэпсэтии таҕыста, астыныы, дуоһуйуу кэллэ. Бэлэмнэнии бөҕөтүн ааһан дьэ «һуу» диэтибит. Ас эгэлгэтэ, амтаннааҕа астанна, эмтээх от бөҕө саппыйаттан хостонно, сорохторо долгуйан саһан даҕаны хааллылар☺️🙏🏻 Балык үс көрүҥүн буһардыбыт - сүөгэйгэ сөтүөлээбит боҕуруоскай оттоох мунду, моонньоҕоҥҥо сууламмыт собо, бохсурҕаҥҥа сууламмыт чир-тархун. Эт ас - саха ынаҕын тыла, үрүҥ, хара иһэ, таҥхычах үөрэлээх салаата, астаах саламаат, тайах этиттэн симии халбаһыы, хаан 2 көрүҥэ, лэппиэскэ 2 көрүҥэ, убаһа ойоҕоһо, сугун-сэппэрээк амтаннаах ээмиллэ кус. Күндү отоннорбут дьэдьэн, морошка, харас, биэ эмиийэ, бу отоннортон оҕолорбутугар халадьыас-желе кэмпиэт. От чэй арааһа, утах арааһа, үрүҥ ас уйгута, биэ кымыһа, киһи кэрэхсиир араас аһа 🤩 Сахабыт сирин отун, өбүгэбит аһын өрө тутуоххайыҥ, астаныаххайыҥ, аһыаххайыҥ, доруобай буолуоххайыҥ 🙌🏼🙏🏻🌿 Ол туһугар биһиги салҕыы үлэлиибит.
Бу тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар, биһирээн кэлбит ыалдьыттарбытыгар ис сүрэхпититтэн Махтанабыт, тэрийээччилэргэ - биһиэхэ итэҕэлгитигэр!


30.11.2024 Бүгүҥҥү күн түгэннэриттэн хаартыскалар☀️🌿❄️


Үтүө күнүнэн 🌿❄️☀️

Хаартыскаҕа бөллөхүнэ (морошка) уонна харас (черемуха) ´кэмпиэтэ´
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ от чэйдэрбит доҕуһуоллара 🫖🍵🍵

Сүрүнэ - иҥиирдээх ынах уҥуоҕуттан, саахара суох эрээри минньигэс!

Анаабыртан сип-сибиэһэй бөллөхүнэ отонун кэһиилээн ыыппыт доҕорбутугар Айиталына Бэргэҥҥэ, Кыыллаах Арыыттан харас отонугар аймахтарбар ис сүрэхпиттэн махтанабын 😇


Харачаас (шикша) утаҕа, саахара суох, кыра дөлүһүөннээх, амтанын күүһүрдэр, боҕуруоскай оттоох🌿

Хаан баттааһынын түһэрэр, уоскутар-налытар, харахха, өй үлэтигэр үчүгэй, элбэх битэмииннээх 🍒🌿☀️


Сугун отоно, сугун абаҕата амтанын өссө тупсарыа


Ээмиллэ кус астаныыта. Уҥуоҕа ылҕанна. Сыалаах, эттээх. Сиһинэн уҥуоҕун субуйан ылабын, түөһүн этин сыалайдыы хааллараары


Сарсыҥҥы күҥҥэ бэлэмнэнии 😍

Кус тумата 🌿🍒


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram


Күндү дьоммутун ыҥырабыт!
🌿🙌🏼


Приглашаем любителей, мастеров и кулинаров на мастер-класс «Өбүгэ аһа»🍲🌿

На мастер-классе вы:
🍲Погрузитесь в мир якутской кухни и ее богатой истории
🌿Попробуете блюда, приготовленные с использованием дикорастущих растений Якутии
🍲Узнаете, как из доступных даров природы ежедневно готовить блюда предков
🌿Можете приобрести чаи и приправы по авторской рецептуре

Дата и время: 30 ноября / 14:00-16:00 ч

Место проведения: г.Якутск, Комбинат питания «Сэргэлээх», ул.Ойунского, 19

Стоимость участия:
1500 рублей


Запишитесь на мастер-класс уже сегодня!
📞 Запись по телефону:
+7 914 270-21-08

До встречи на мастер-классе! 🤗


Бу өрөбүлтэн истэрбин сууйан саҕалыыбын, элбэх саҥа подписчиктар баалларын иһин уонна идэһэ кэмэ саҕаламмытынан былырыын суруйбуппун хатылыыбын, баҕар саҥа сууйар дьоҥҥо көмө буолуо диэн 🙌🏻


Репост из: Уйгулаах Ас
Кылгастык туһатын туһунан.

Ис үөрэтэ биһиги хааммытын, сосудтарбытын, сүһүөхпүтүн, былчыҥнарбытын, тириибитин, баттахпытын, тыҥырахпытын тупсарар, эмтиир. Токсиннары таһаарар, анемияны эмтиир. Белога элбэх буолан спордунан дьарыктанар дьоҥҥо наадалаах. Киниэхэ B битэмиин арааһа баар, олортон биир күндү битэмиинэ B12 - хааҥҥа эритроцит (красные кровяные тельца) оҥоһуллан тахсарыгар көмөлөһөр уонна ньиэрбэни уоскутар, эмтиир дьайыылаах. Биһиги хааммыт 40% эритроциттан турар, онтубут 120 хонук иһигэр бүтүннүү саҥардыллар, оччотугар киниэхэ биһигиттэн төһөлөөх көмө наада буолуой? Кини кислороду тыҥаттан эппитигэр-хааммытыгар тарҕатан биһиги тыыннаах сылдьарбытын хааччыйар. Ол иһин сөптөөх ас-үөл, сибиэһэй салгын, тыыныы нөҥүө хайаан даҕаны көмөлөһө туруохтаахпыт.

Железо, марганец, кобальт, медь курдук микроэлеменнэринэн баай, ону таһынан фосфор, калий, кальций, магний макроэлеменнэр бааллар. Кинилэр бары холбоһон ити үөһээ суруйбутум курдук киһи этигэр-сиинигэр улахан үлэни хааччыйаллар.
Аны сыалаах-арыылаах диибит дии. Онтубут насыщенные жирные кислоты диэҥҥэ киирсэр, бу сыа биһиэхэ энергия - күүс биэрэр, биллэн туран сөбүгэр сиэтэххэ. Ону таһынан тыҥабыт эмэ буолар. Онтон саха ынаҕын сыата олох атын, киниэнэ полиненасыщенные жирные кислоты Омега-3 диэн буолар, ити билигин науканан толору дакаастанан турар.

Онон төрүт аспытыгар барыта баар, тэринэн ас-үөл оҥостуохпутун эрэ наада.

Ынах сүөһү этин, үүтүн үрдүнэн сүрдээх туһалаах иһэ, хаана баар. Ону таһынан тириитэ, муоһа, хабаҕа, ноһуома кытары барыта туһаҕа тахса турар, туох даҕаны хаалбат кэриэтэ. Өбүгэлэрбититтэн кэлбит безотходнай технология көрүҥэ дии. Сүрүн сорукпут бу маны барытын төһө кыалларынан кэлэр көлүөнэбитигэр үөрэтэн хаалларыахтаахпыт.

Чэ, кылгастык ити курдук.


Репост из: Уйгулаах Ас
"Глаза боятся, а руки делают" диэн улахан иһи көрөн олорон этиэххэ сөп. Онтон оҥорон истэххэ барыта тахсан иһэр. Күнүһүн киллэрэн сөптөөх иһиккэ угабын, сарсыҥҥы күнүгэр 10-11 чаас диэки сууйан саҕалыырбар син сөп гына ирбит буолааччы, олох ортото син-биир тоҥ соҕус да буоллар киһи араарар. Араарталаан ууга уган иһэбин, улаханнарын тутатына таҥас курдук бысталыыбын. Манна саха быһаҕар тэҥнээх атын инструмент суох. Сөптөөх иһит-хомуос наада, кырата икки улахан иһит баара ордук. Ноһуома үчүгэйдик тэбэммэтэх, сайҕамматах буоллаҕына биллэн туран элбэх ууга сууллар, уугун хардары уларыта тураҕын. Онтон хостоон биирдиилээн сыныйан сууйабын, сыатын быыһыттан былчархайын тонуубун. Сөбүлээбэтэхпин, хараара быһыытыйбытын быһан быраҕабын. Оһоҕос, ис буолан араас үүттээх-хайаҕастаах буолааччы, онтукайдарын эбээбит барытын быстаран ылларааччы, аны киһини дьээбэлии сылдьыа диэн. Хаан бааллыбыт өттө сиэниллибэт дии, эмиэ ол курдук. Бүтэһигин сайҕаан ылабын, сууллубуттары барытын бииргэ мунньабын. Сөптөөх кээмэй гына бысталаан тоҥорон кэбиһэбин. Ол эрэн оннук наһаа сыралаах, ол иһин подноска эбэтэр үрүт-үрдүгэр салаппаан быыстаан тоҥоробун уонна бөһүйдэҕинэ дьэ бысталыыбын. Оннук наһаа үчүгэй, ньылбырыйа сылдьыбат, дьаһаллыыта түргэн буолар.

Састаабыгар үөс тардарын (диафрагма), сүрэҕин, быарын, бүөрүн эбэр бэрт бөҕө буоллаҕа дии. Туох баарынан буккуйан тоҥоробут.


Репост из: Уйгулаах Ас
Маҥан гына сууйбуппун бэйэм олох сөбүлээбэтэҕим, амтана ончу сымсах буолбут этэ. Соҕуруулар лимоннай кислотаалаан, уксустаан сууйаллар диэни истибитим, испанецтар да оннук сууйбуттара буолуо 😅 маҥана сүрдээх этэ) Айылҕалара, сирдэрэ-уоттара, өйдөрө-санаалаоа атын дьон. Онтон биһиги аспыт атын! Уонна онно туһалаах ферменнара бааллар аҕай буоллаҕа дии, харатыгар, ону барытын сууйан кэбиспэппит, ол эрэн "на вкус и цвет товарищей нет", ким хайдах сөбүлүүрүнэн.


Репост из: Уйгулаах Ас
Барселонаҕа аатырбыт Бокерия ас-үөл рыногар сылдьан саамай тугу көрөммүн астыммытым буолуой? Арай көрдөхпүнэ наһаа билэрим эбит, үөрдүм аҕай - витрина иһигэр ынах иһэ сууллан сытарын 😅 атына диэн киһи атыҥырыах муус маҥан. Онтукайдара амтаннааҕа буолуо дуо? Харахпар хатанан хаалан арай биир кыһын испин турунан туран эмиэ муус маҥан гына сууйдум. Ип-итии уонна тымныы ууну хардары-таары кутан сууйдахха хараҥа хаҕа ньылбы баран хаҕыланар, маҥана эрэ хаалар, оччоҕуна хаҕа судургутук кэлэр, аалбаккын. Ити биир эрэ лайфхак😅Үксүгүт билэрэ буолуо, сууйар дьон бары билэллэр дии саныыбын. Ону туохха туһанабыт? Сороҕор ис өр сытан, сыыһа харыллан хайа эмит өттүнэн мөлтөөн хаалбыт буолааччы - ордук кытыытынан, үрдүгэр сыппыт сиринэн салгын игин охсон эбэтэр ноһуома аһары иҥэн. Оннукка туһанарга бэртээхэй ньыма буолар.

Показано 20 последних публикаций.