«Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ🤲🏻


Гео и язык канала: Киргизия, Киргизский
Категория: Искусство


Үлэлиир кэмэ:
Бэнидиэнньик-бээтинсэ 10:00 - 18:00 ч.
Субуота 11:00 - 17:00ч.
Өрөбүлэ: баскыһыанньа
📲Билсэр нүөмэргит: 32-13-23
WA: http://wa.me/79290529987

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Гео и язык канала
Киргизия, Киргизский
Категория
Искусство
Статистика
Фильтр публикаций


#КК_ТускарТуһан

ТОҤ БАЛЫГЫ ТАЛЫЫГА СҮБЭЛЭР

🐟Саха сиригэр үксүн чыыр, тууччах, муксуун, уомул балыгы кыһан сииллэр. Сорох улуустарга дьарҕааны, бэл күндүөбэйи кытта тоҥнуу сииллэр.

🔸Илбиркэй, саһархай, хара бээтинэлэрдээх, бэйэтин форматын сүтэрбит балык буоллаҕына атыылаһымаң.
Бу хат-хат ирэн-тоҥон номнуо эргэрбит балык.

🔸Эргэ балык киһи муннун саба биэрэр ураты сыттаах, тутан көрдөххө арыынан биһиллибит курдук таһыгар сыалаах буолар.
Маннык балык киһи доруобуйатыгар кутталлаах буолуон сөп.

🔸Хатырыктаммыт балыгы хаһаайкалар ордук сөбүлээн атыылаһаллар. Дьиэҕэ хатырыктаан эрэйдэнимээри ылаллар.
Дьиҥэ, эргэтэ хатырыгар биллэ сылдьарын иһин үксүн эргэ балыгы хатырыктаан атыылыыллар.
Салапааннаах балык эмиэ амтана уларыйар.

☝🏻Ырыынакка ууга өлбүт балыгы кытта кыһыллар балык диэн атыылыыллара кистэл буолбатах. Быһаарсыбат киһи оннукка дэбигис албыннатыан сөп.

🔸Ууга өлбүт балык үксүгэр айаҕын улаханнык аппыт уонна хараҕа иһирдьэ киирэ сылдьар буолар.
Өр сыппыт балык эмиэ маныха майгынныыр уонна этэ-хаана хараарбыт буолар.

🔸Таһыгар хааннаах балыгы ууттан таһаараат имиппиттэр. Имитиллибит балык сиһин уҥуоҕар хааннаах буолар, маннык балык сииргэ кырыата  суох, ордук минньигэс.

🐟Сибиэһэй булт балыга лапчааннарыттан биллэр, сараччы тоҥмут буолаллар. Айаҕа кыратык аппыт буолуохтаах.
Сибиэһэй балык сыттыын-сымардыын сибиэһэй салгын сыттаах буолар.


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram


*Итэҕэл күннээҕи олоххо*

▪️Оһоххун арыылаах алаадьынан аһата сылдьыахтааххын - уот иччитэ үөрэр.
▪️Оһоххо ас тобоҕун, бөҕү-саҕы бэриллибэт. Уот иччитэ кыыһырыан сөп.
▪️Алтаттан киэһэ муостаҕын харбаама-сууйума - дьоллоох суолгун харбыаҥ.
▪️Кыра оҕо сыыллан улаатара үчүгэй, олоҕун суолун оҥостор дииллэр.
▪️Оҕо сыылла сылдьан сиртэн ону-маны айаҕар угарын бопсума. Иммунитетын сайыннарар.
Хайа да эмтээ5эр туһалаах.
▪️Кыыһыра-кыыһыра астаама, оннук ас киһиэхэ иҥмэт.
▪️Суунаргар ыл да мээнэ суунума, бэйэҕин алҕаан суун: «Миигин ыраастаа ыарахантан, куһаҕан
санааттан, сылайбыппыттан,
ыарыыларбыттан» - оччоҕо киһи дууһалыын ырааһырар, чэпчиир.
▪️Сарсыарда утуйан туран баран илин диэки хайыһан: “Аҕыс аанньалларым арыаллаан.
Сэттэ иэйэхситтэрим эҥэрдэһин.
Үрдүк Үрүн айыым күүс-көмө буол.
Айыы оҕотун айыы суолун оҥорон биэрэ тур.
Тускуо! Тускуо! Тускуо!”- диэн күнтэн сэниэтэ ыл.
▪️Дьоҥҥо, кыылларга үтүөнү оҥордоххо бэйэҕэр үс төгүл үтүөнэн эргиллиэ.
▪️Кыылларга эмиэ көмөлөс-аһыммакка, көрө-көрө аттынан ааһыма.
▪️Абыраабыт-көмөлөспүт дьоҥҥутугар махтаныҥ, ытыктааҥ.
▪️Ийэ оҕотун эмтэрэ олорон оҕотун алгыахтаах, инники олоҕун түстүөхтээх. Ол алгыһа кэлин туолар.
▪️Соҕотох кэмҥэр санааҕын сааһылан, толкуйдан, үчүгэйи көрбүккүн санаан утуй.
▪️Сир астыырга, бултуурга сиргин-уоккун алҕаан аһатаргын умнума.
▪️Сэргэҕэ бэлэхтэммити хомуйума, уорума - аньыы.
▪️Хатыҥҥа баайыллыбыт саламаны быһыма - аньыы.
▪️Эргэ сиэркилэни туттума - сиэркилэ туох баары барытын бэйэтигэр иҥэринэр, онно абааһылар да киириэхтэрин сөп.
▪️Бэйэҥ сиэркилэҕин ууга уган баран алгыһынан ыраастаа, оччоҕо сиэркилэҥ чэпчиэ.
▪️Түүн утуйаары сытан ытыыр улахан аньыы: эрдэ кырдьыаҥ, дьолгун сүтэриэҥ - олоҕун кылгыа.
▪️Түүннэри дьиэ иһигэр да, таһырдьа да хаһыытаама - аньыы.
▪️Хайдах да түбэлтэҕэ дьону сэнээмэ - сэнэбил киһини өлөрбүттээҕэр сэттэ төгүл аньыылаах.

Ити курдук сиэрбит-туоммут олус элбэх. Бары сиэри-туому тутуһан, ыраас санаалаах буолуоҕуҥ, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыаҕыҥ!✊️


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram


⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️. *Сэтинньи 2️⃣2️⃣ күнэ*

*Киэһэ* 1️⃣7️⃣ч.0️⃣0️⃣
💠💠💠💠💠💠💠💠💠
_Баай барыылаах байанай ыйыгар_
« _*БАЙАНАЙ АЛГЫҺА*_ » булду сэҥээриччилэргэ уонна балыксыттарга
аналлаах дьоро киэһэтэ !

💠 *Тэрээһин ыытыллар тосхоло* :
🔸«Баай Байанайга сүгүрүйүү” алгыс сиэрэ- туома;
🔹 саха быһаҕын уһанар, муостан кыһан оҥорор норуот маастардарын атыы-эргиэн быыстапкалара, атыыга – Саха сирин эмтээх отторо, саха чэйэ, муҥха собото, идэһэ этэ, булчут ыт оҕолоро;
🔸“Байанай” сурунаал ааҕааччыларыгар 2025 сылга сыаналаах булт тэриллэрэ сүүйүүлээх сурутуу;

🔹Байанай ыйынан эҕэрдэлэр, эстрада ырыаһыттара кыттыылаах ырыа-тойук, оһуохай түһүлгэтэ;

🔸Булчут оонньуулара.
🐟🐟🐟Эһиэхэ анаан бу эрэ киэһэ бөдөҥ собоҕо күрэс тэриллэр 🐟🐟🐟

*_Кыайыылаахтары боччумнаах бириистэр күүтэллэр_*
💠 _Байанайдыын алтыһыҥ, байанайгыт тосхойдун!_💠
🟠Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, Чернышевскай аат.уул. 24, “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ *Киириитэ босхо* *Билсэр тел*.☎️📞. +7 929 052-99-87; +7 924 878-18-12




🔔🔔🔔 *“Байанай” сурунаал эрэдээксийэтэ Байанай ыйынан барыгытын эҕэрдэлээн туран, бу дьыл сэтинньи 22 күнүгэр 17 чаастан Дьокуускай куоракка Арчы дьиэтигэр ыытар “Байанай алгыһа” дьоро киэһэтигэр ыҥырар.*
🔸Бу киэһэ эрэ Байанайтан алгыс ылыаххыт, эһиэхэ анаан саамай бөдөҥ собоҕо күрэс, булт оонньуулара , атыы-эргиэн быыстапката тэриллиэхтэрэ. Кэрэ, чуор куоластаахтар ылбаҕай ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ. 🧆🌿🐟🫎🦆
🔸Манна таарыйа анал байыаннай дьайыыга инники кирбиигэ сылдьар хоһуун уолаттарбытыгар анаан собо хомуйан ыытарга былаанныыбыт уонна үтүө санаа аргыстаах аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт. Ким төһө кыанарынан ити күн күнүс 15 чаастан саҕалаан Арчы дьиэтин иннигэр анал миэстэҕэ аҕалан туттараргытын күүтэбит. Бөдөҥ буоллун, бытархай буоллун, барытын тутаммыт дьүдьэйбэт, уһуннук харайыллар, байыаннай быһыыга-майгыга үссэнэргэ табыгастаах гына астатан ыытыахпыт. 🐟🐟🐟
*Күндү биир дойдулаахпыт, ньургун боотурдарбытыгар төрүт астара сэниэ-күүс эбэн, түргэнник кыайан-хотон, чэгиэн эргиллэн кэлэллэригэр кыттыс, Кыайыыга кылааккын киллэрис!*
*Билсэр төл.📲: 8 914 292-28-30, 8 914 273-11-39*


Скоро Новый год 🎄✨
А это значит, что остатки баланса на Пушкинской карте 31 декабря сгорят 🔥 Успевай потратить!

✅ Проверь баланс своей карты:
В начале года на ней были доступны 5000 рублей, 2000 из которых можно потратить на отечественное кино.
Кино, театры, музеи, дома культуры — всё это вновь доступно тебе совершенно бесплатно в рамках программы популяризации культурных мероприятий.

Если у тебя ещё не оформлена Пушкинская карта - скорее читай, как её получить https://пушка.рф/


⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
« _Уокуруктаа5ы Норуот айымньытын киинэ_ » МБТ « _Арчы Дьиэтэ_ » _духуобунай култуура киинэ_
🔅🔸🔅🔸🔅🔸🔅🔸🔅

*СЭТИННЬИ 23 КҮНЭ*
Күнүс 15ч.00
*Буолар сирэ*: Дьокуускайдааҕы "Арчы Дьиэтэ " духуобунай култуура киинэ, Чернышевскай аатынан уул.24.

*_ҮӨРҮҮ КЫЫМА_*
✨✨✨✨✨✨✨✨✨
*ҮҺҮС КӨЛҮӨНЭ ОСКУОЛАТЫН* курсистарын *АҺЫМАЛ* кэнсиэригэр ыҥырар.

*_Кыттыыны ылаллар_*:

🌹 "*Талба" ырыа ансаамбыла* - салайааччы Мария Спиридонова, Россия потребительскай кооперациятын туйгуна, Кэбээйи улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

🌹 "*ДЬЭ ДУО*" фольклорнай ансаамбыл, салайааччы Розалия Львова, Саха Республикатын култууратын туйгуна.

🌹 "*ЫТЫС ЫМЫЫТА*" хомусчуттар ансаамбыллара ,салайааччы СӨ импровизатор хомусчута Татьяна Куприянова.

🌹 "*Кэрэ эйгэ*" үҥкүү ансаамбыла ,салайааччы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Соловьева.

🌹 "*КӨМҮС КҮҺҮН*" үҥкүү ансаамбыла ,салайааччы СӨ бочуоттаах ветерана Августа Москвитина ,үҥкүү туруорааччы Валентина Сивцева СӨ култууратын туйгуна.

🌹 "*Сайдам*" үҥкүү ансаамбыла ,салайааччы Федора Винокурова СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна.

🌹 *Светлана Протопопова* -ырыа айааччы ,СӨ култууратын туйгуна ,Аллайыаха улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

🌹 *Ырыаһыттар*
Владимир Гагарин, Раиса Гагарина, Василий Слепцов, Маргарита Данилова, Александра Стручкова, Мария Спиридонова, Светлана Сивцева.

*Кэнсиэртэн киирбит харчы СВО буойуттарын оҕолорун Саҥа Дьыллааҕы утренниктарыгар ананар*

*Кэлиҥ, сылдьыҥ, биһигинниин бииргэ буолуҥ!*

Киирии билиэт: 500 солк.
Билсэр тел. 32-13-23;
89142677777;
Салгыы тарҕатабыт 🙏🙏🙏




Сегодня состоялось мероприятие, посвященное 70-летию Яны Викторовны Игнатьевой, заслуженного работника культуры Российской Федерации и Республики Саха (Якутия), директора Национального Центра «Симэх».

https://simekh-sakha.com/iyav


⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️. *Сэтинньи 2️⃣2️⃣ күнэ*

*Киэһэ* 1️⃣7️⃣ч.0️⃣0️⃣
💠💠💠💠💠💠💠💠💠
_Баай барыылаах байанай ыйыгар_
« _*БАЙАНАЙ АЛГЫҺА*_ » булду сэҥээриччилэргэ уонна балыксыттарга
аналлаах дьоро киэһэтэ !

💠 *Тэрээһин ыытыллар тосхоло* :
🔸«Баай Байанайга сүгүрүйүү” алгыс сиэрэ- туома;
🔹 саха быһаҕын уһанар, муостан кыһан оҥорор норуот маастардарын атыы-эргиэн быыстапкалара, атыыга – Саха сирин эмтээх отторо, саха чэйэ, муҥха собото, идэһэ этэ, булчут ыт оҕолоро;
🔸“Байанай” сурунаал ааҕааччыларыгар 2025 сылга сыаналаах булт тэриллэрэ сүүйүүлээх сурутуу;

🔹Байанай ыйынан эҕэрдэлэр, эстрада ырыаһыттара кыттыылаах ырыа-тойук, оһуохай түһүлгэтэ;

🔸Булчут оонньуулара.
🐟🐟🐟Эһиэхэ анаан бу эрэ киэһэ бөдөҥ собоҕо күрэс тэриллэр 🐟🐟🐟

*_Кыайыылаахтары боччумнаах бириистэр күүтэллэр_*
💠 _Байанайдыын алтыһыҥ, байанайгыт тосхойдун!_💠
🟠Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, Чернышевскай аат.уул. 24, “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ *Киириитэ босхо* *Билсэр тел*.☎️📞. +7 929 052-99-87; +7 924 878-18-12




Репост из: «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ🤲🏻
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️Олоҥхо декадатын чэрчитинэн   «Олоҥхолуур куукулам » куукуланнан олоҥхону толорооччуларга аналлаах куйаар ситиминэн ыытыллар  күрэс тосхол.
🟠 Тэрийээччилэр:   Дьокуускай куорат “ Уокуруктааҕы Норуот айымньытын киинэ” МБТ,  Дьокуускайдааҕы “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ
🟠 Ыытыллар  кэмэ:
Сэтинньи 1 – 23 күнүгэр диэри;
🟠 Буолар сирэ: Олоҥхолуур куукулам archy_jiete_konkurs телеграм 
💠 Түмүк: сэтинньи 25  күнүгэр
🟠 Сыала- соруга: - Төрүт үгэһи сайыннарыы; - Саха тылын сайыннарыы, о5ону сахалыы саҥарарга үөрэтии; - Саха героическай эпоһын – олоҥхону, саха остуоруйатын тарҕатыы, тэнитии; - Айар дьо5уру сайыннарыы; - Сахалыы куукула театырдарын өйөөһун;
-Дьиэ кэргэнинээн олоҥхону толорууну сүрүннээһин,көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллибити ситиһии, - Үүнэр көлүөнэҕэ – куукула нөҥүө олоҥхо сыаннастарын тиэрдии
💠 Ирдэбилэ: Күрэскэ кыттыы сааһыттан хааччахтаммат. Күрэскэ бөлөҕүнэн- куукула тыйаатырдара, куруһуоктар, түмсүүлэр, коллективтар, дьиэ кэргэнинээн, биирдиилээн дьон кытталлар.
Күрэс 4  хайысханан ыытыллар:
💠 1 хайысха.  Куукула тыйаатырдара, коллективтара Олоҥхону туруоруулара (сахалыы, эбэтэр нууччалыы тылынан).Туруоруу уһуна: 5-15 мүн. диэри.
💠 2 хайысха. Куукула тыйаатырдара, коллективтара саха остуоруйатын  туруоруулара (сахалыы, тылынан).Туруоруу уһуна: 5-15 мүн. диэри.
💠 3 хайысха. Биирдиилээн куукуланы – Олоҥхо персонаһынан баттаан уобарастарын арыйыы, персонаж туһунан олоҥхо сэһэнин, эбэтэр персонаж Олоҥхоттон ырыатын-тойугун кукуланы хамсатан-имсэтэн толороллор.
💠 4 хайысха: Дьиэ кэргэнинээн олоҥхону , остуоруйаны туруоруулара
💠Күрэс  хас  биирдии көрүҥэр кыттыыга киирии:
Биирдиилээн кыттыыга 100 солк. Бөлөҕүнэн кыттыыга хас биирдии киһиттэн: 50 солк.
🟠Сайаапка5а кыттааччы аатын, сааһын, хантан сылдьарын суруйан 89290529987 ватсап нүөмэригэр сэтинньи 23 күнүгэр диэри ыытар.
🎉🏆Бастыҥнарга 1,2,3 Үрдэл, 1,2,3 Үктэл,  анал ааттар иҥэриллэллэр. Кыттааччыларга туоһу суруктар бэриллэллэр.






⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
« _Уокуруктаа5ы Норуот айымньытын киинэ_ » МБТ « _Арчы Дьиэтэ_ » _духуобунай култуура киинэ_
🔅🔸🔅🔸🔅🔸🔅🔸🔅

*СЭТИННЬИ 23 КҮНЭ*
Күнүс 15ч.00
*Буолар сирэ*: Дьокуускайдааҕы "Арчы Дьиэтэ " духуобунай култуура киинэ, Чернышевскай аатынан уул.24.

*_ҮӨРҮҮ КЫЫМА_*
✨✨✨✨✨✨✨✨✨
*ҮҺҮС КӨЛҮӨНЭ ОСКУОЛАТЫН* курсистарын *АҺЫМАЛ* кэнсиэригэр ыҥырар.

*_Кыттыыны ылаллар_*:

🌹 "*Талба" ырыа ансаамбыла* - салайааччы Мария Спиридонова, Россия потребительскай кооперациятын туйгуна, Кэбээйи улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

🌹 "*ДЬЭ ДУО*" фольклорнай ансаамбыл, салайааччы Розалия Львова, Саха Республикатын култууратын туйгуна.

🌹 "*ЫТЫС ЫМЫЫТА*" хомусчуттар ансаамбыллара ,салайааччы СӨ импровизатор хомусчута Татьяна Куприянова.

🌹 "*Кэрэ эйгэ*" үҥкүү ансаамбыла ,салайааччы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Соловьева.

🌹 "*КӨМҮС ТҮГЭН*" үҥкүү ансаамбыла ,салайааччы СӨ бочуоттаах ветерана Августа Москвитина ,үҥкүү туруорааччы Валентина Сивцева СӨ култууратын туйгуна.

🌹 "*Сайдам*" үҥкүү ансаамбыла ,салайааччы Федора Винокурова СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна.

🌹 *Светлана Протопопова* -ырыа айааччы ,СӨ култууратын туйгуна ,Аллайыаха улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

🌹 *Ырыаһыттар*
Владимир Гагарин, Раиса Гагарина, Василий Слепцов, Маргарита Данилова, Александра Стручкова, Мария Спиридонова, Светлана Сивцева.

*Кэнсиэртэн киирбит харчы СВО буойуттарын оҕолорун Саҥа Дьыллааҕы утренниктарыгар ананар*

*Кэлиҥ, сылдьыҥ, биһигинниин бииргэ буолуҥ!*

Киирии билиэт: 500 солк.
Билсэр тел. 32-13-23;
89142677777;
Салгыы тарҕатабыт 🙏🙏🙏


Сэтинньи 22 кунугэр, 17 чааска Арчы дьиэтигэр Байанай сурунаал редакцията СААМАЙ УЛАХАН СОБО 🐟🐟🐟 күрэҕи үгэс быhыытынан ыытар 🐟🐟🐟 Бастакы үс улахан соболоохтору 🐟🐟🐟сыаналаах бириистэр күүтэллэр. Кыттар сайаапкалары эрдэттэн хомуйабыт, билсэр тел.89640773056


*Булчут түүлэ.*
Булчут үксэ үүтээҥҥэ
Түһүүр биттээх түүллэри.
Кэрэ нарын кыргыттары,
Далбар Хотун дьахталлары.

Кэрэ аҥар түүлгэр киирэн,
Байанайын тосхойдун!
Ыыргар, суолгар үүрэн илдьэн,
Булткун баайан тоһуйдун.

Уоккун оттон эн алҕаар,
Сааҕын сэпкин бэлэмнээр.
Барар сиргин чопчулаар,
Байанайгын маанылаар.

Түүлгэр эрэн ол эрэн
Бэйэн түһэн биэримээр.
Байанайын биэрбитин
Сыыһа -халты ытымаар.

Түүлүн туолар түгэнигэр,
Сиэри - туому тутуһаар.
Айыыларгар махтанаар,
Чугас дьоҥҥор өлүүлээр.

Ю.Борисов

Показано 20 последних публикаций.