Халбаакы Sonun


Гео и язык канала: Киргизия, Киргизский
Категория: Картинки и фото


Халбаакы нэһилиэгин сонуннара, "Тускул" норуот айымньытын дьиэтин үлэтин, Халбаакы дьонун-сэргэтин туһунан канал

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Гео и язык канала
Киргизия, Киргизский
Статистика
Фильтр публикаций


Ахсынньы 27 күнүгэр өйөбүлгэ наадыйар оҕолорго Саҥа дьыл бырааһынньыгын үөрүүтүн бэлэхтиир соруктаах сыл аайы ыытыллар «Үтүө санаа харыйата» («Елка добра») акция буолан ааста


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram


Ахсынньы 15 күнүгэр Улуус таһымнаах сыллааҕа "САЙДАМ БАСТЫҤ ТҮӨЛБЭ" фестиваль чэрчитинэн культура салаатынан ыытыллар "Түөлбэ талаана" кулууптар икки ардыларыгар ыытыллар күөн-күрэс түмүктүү түһүмэхтэрэ буолан аастылар.
1 көрүҥ - В.О.Каратаев "Модун эр соҕотох" олоҥхотунан маһынан панно.
Автор - Николаева Мария Владимировна.
2 көрүҥ - Сюжетнай үҥкүү көрүҥҥэ 4,5 кылаас кыргыттара кыттыыны ыллылар, туруорааччы Намыына Борисовна Софронова.
3 көрүҥ - Дьиэ кэргэн ырыа күрэҕэ. Павловтар дьиэ кэргэттэрэ "Ийэҕэ таптал" диэн ырыанан кыттыыны ыллылар. Владислав, Ярик уонна Саяна.
4 көрүҥ - Музыкально художнственная композиция "Агитбригада-время выбрало С.М.Аржакова".
Куруутун киинэҕэ, постановкаларга, олоҥхоҕо кыттар оҕолорбут, ону таһынан улахан кылаас уолаттара уонна 4,5 кылаас кыргыттара кыттыыны ыллылар. Салайааччы Санаайа Герасимова
Сылы быһа уопсайа кулууппут 8 көрүҥҥэ кыттыыны ылла,ахсынньы ый 25 күнүгэр түмүк таһаараллар 🤞🏼.
Көхтөөх, кыттыыны ылар дьоммутугар улахан махтал. Оҕолорго, төрөппүттэригэр, администрациябытыгар махтал буоллун ♥️








Ахсынньы ый 14 күнүгэр МНЖирков аатынан култуура дыбарыаһыгар улуус таһымнаах Уус-уран салайааччылар күө-күрэстэрэ буолан ааста.
Манна Халбаакы нэһилиэгин аатыттан Санаайа Герасимова "Тускул" НАДь уус-уран салайааччыта кытынна.
Күрэххэ уопсайа 8 нэһилиэк кыттыыны ылбыта, 4 түһүмэххэ бэйэтин сатабылын, талаанын, өйүн сымсатын көрдөрөн 3 бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ.
1 миэстэ - Бороҕон Сэмэн Федоров уонна 2 миэстэ - Тааһаҕар Гульнара Алексеева ыллылар.











Показано 12 последних публикаций.