Ахсынньы 10 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇺🇳 ХНТ — Киһи быраабын күнэ
🌎 Дойдулар ардыларынааҕы харамайдар (кыыллар) бырааптарын күнэ
🌏 Аан дойдутааҕы футбол күнэ
🔸 Марий Эл (Арассыыйа) — Мари суругун-бичигин күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Ис дьыала министиэристибэтин сибээс сулууспата тэриллибит күнэ
🇹🇭 Таиланд — Конституция күнэ
🇸🇪 Швеция — Альфред Нобель күнэ эбэтэр Нобельдаген.
🔹 1724 — Иркутскайдааҕы эпиискэп III-үс Иннокентий Амма Солобуодатыгар умайбыт таҥара дьиэтин оннугар саҥаны тутарга уураах таһаарбыт.
🔹 1768 — Британия энциклопедиятын маҥнайгы таһаарыыта бэчээттэммит.
🔹1799 — Франция уста официальнай кээмэйин быһыытынан миэтэрэни ылыммыт.
🔹 1930 — «О новом административно-территориальном районировании в ЯАССР» диэн ЯЦИК уурааҕынан Булуҥ уокуруга суох оҥоһуллубут. Ити күҥҥэ «Об организации национальных объединений в районах расселения малых народностей Севера» уурааҕынан национальнай оройуоннар тэриллибиттэр, ол иһинэн урукку Булуҥ уокуругун сиригэр: Анаабыр национальнай (эбээн), киинэ — Удьаа; Булуҥ национальнай (эбээн), киинэ — Булуҥ; Эдьигээн национальнай (эбээн), киинэ — Эдьигээн. Ону кытары тэриллибиттэрэ: Саха сирин арҕаа өттүгэр Бүлүү-Марха национальнай (эбээн) оройуона, киинэ — Чуона өрүһүн төрдүгэр, 1931 сыллаахтан Садын оройуона; уонна соҕуруу өттүгэр Тукулаан национальнай оройуона (эбээн), киинэ — Алдан өрүһүгэр Томмот аттыгар.
🔹 1930 — РСФСР иһигэр Остяк-Вогул, Ямал-Ненец, Таймыыр (Дулгаан-Ненец), Эбэҥки, Витим-Өлүөхүмэ (Эбэҥки), Чукотка, Коряк уонна Лаамы-Эбээн национальнай уокуруктара тэриллибиттэр. Бу уокуруктарга элбэх сир Саха АССР-тан таһаарыллыбыта, кэлин сорох уокуруктар эһиллибиттэрин кэннэ ол сирдэр ыаллыы сытар эрэгийиэннэр састааптарыгар киирбиттэрэ.
🔹 1948 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Киһи быраабын биирдэһиллибит декларациятын ылыммыт.
🔹 1951 — "Правда" хаһыакка "Саха литературатын устуоруйатын сөпкө сырдатар туһугар" диэн Семен Борисов ыстытыйата бэчээттэммит. Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа уонна Николай Неустроев туcтарынан "Три якутских просветителя-реалиста" диэн кинигэ ааптарын Георгий Башарины устуоруйаны фальсификациялыырга буруйдаабыт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1805 (сенат уурааҕар суруллубутунан) — Василий Федоров - Манчаары Баһылай — бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха устуоруйатыгар киирбит киһи. Маны таһынан кини ырыалара устуоруйаҕа бастакы ааптара биллэр сахалыы уус-уран айымньыларынан билиниллиэхтэрин сөп.
▫️1890 — Ахмад-Заки Валиди-Тоҕан (Валидов) — бэлиитикэ диэйэтэлэ, башкиир омугун босхолонор хамсааһынын баһылыга (1917—1920 сс.); публицист; историк, востоковед-тюрколог, бөлөһүөпүйэ дуоктара (1935), профессор, Манчестер университетын бочуоттаах дуоктара (1967).
Өлбүттэр:
▫️1917 — Прокопий Сокольников — саха бастакы идэтийбит быраастарыттан биирдэстэрэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, сырдатааччы.
▫️1935 — Алексей Пономарев — Мэҥэ-Хаҥалас Мэлдьэхситин олохтооҕо, 128 сааһыгар тиийбит ытык кырдьаҕас.
▫️1964 — Павел Кугаевскай — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут