ЗА АЛЕКСЕЯ ИННОКЕНТЬЕВА


Channel's geo and language: Kyrgyzstan, Kyrgyz
Category: Politics


Группа народной поддержки АЛЕКСЕЯ ИННОКЕНТЬЕВА
Близкие, друзья и сторонники!

Related channels

Channel's geo and language
Kyrgyzstan, Kyrgyz
Category
Politics
Statistics
Posts filter




Forward from: Иннокентьев Алексей Михайлович
Бүгүн сарсыарда анал байыаннай дьайыыттан дойдуларыгар уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыаннай сулууспалаах уолаттары кытары көрүстүм.

Бары этэҥҥэ сылдьабыт, дьоммутун кытары сибээс тута сытабыт, ас-үөл, таҥас-сап баар дииллэр.

Уолаттарга бэйэбит эмтээх оппутуттан оҥоһуллубут мааһы, оту кытары иистэнньэҥнэрбит тикпит маллаах суумкаларын туттардым. Көрсө илик уолаттарбар Арыйаан Уус таптайбыт быһаҕын бэлэхтээтим.


Forward from: Иннокентьев Алексей Михайлович
Өрөбүллэри доҕотторбун кытары айылҕаҕа атаардым.


Forward from: Иннокентьев Алексей Михайлович
Уважаемые работники, ветераны жилищно-коммунальной сферы!
Поздравляю Вас с профессиональным праздником!


Жилищно-коммунальная сфера является одной из самых сложных отраслей экономики. Давно стали привычными коммунальные блага, и порой мы не задумываемся, что за этим сложным процессом стоит слаженная работа сотни человек, которые обеспечивают стабильность большого жилищно-коммунального комплекса Нюрбинского района.

Требования к ЖКХ растут – и нам с вами еще предстоит очень много работы, чтобы воплотить в жизнь все те инициативы и масштабные проекты, которые сегодня стоят перед нами. Пусть эта амбициозная задача вдохновляет нас и помогает двигаться вперед.

Спасибо за ваше терпение, за ваш труд и большой вклад в нашу общую работу на благо нашего района! Желаю вам крепкого здоровья, неиссякаемой жизненной энергии, стабильности и новых трудовых успехов!


Forward from: Иннокентьев Алексей Михайлович
Бүгүн А.И.Пахомов аатынан Антоновкатааҕы спортивнай саалаҕа оройуоннааҕы үөрэх кыһатын үлэһиттэрин Спартакиадатын арыллыытыгар кыттыыны ыллым.

Барыта 14 хамаанда 8 көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ: шашка, саахымат, волейбол, буулдьанан ытыы, остуол тенниһэ, хабылык, хаамыска, канат тардыһыыта. Күрэхтэр Ньурба5а баар спортивнай саалаларынан арахсан ыытыллаллар. Түмүктэрэ сарсын биллэр.


Forward from: Иннокентьев Алексей Михайлович
Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ оскуола дириэктэрдэрэ, солбуйааччылара, сүбэһиттэрэ кыттыылаах мунньах ыытылынна.

Үөрэх хаачыстыбатын, патриотическай иитии, оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы, сайыҥҥы лааҕырдар, каадыр, оскуолалар тутууталарын үбүлээһин тула дириҥ хорутуулаах кэпсэтии буолла.
Тустаах үлэлии сылдьар оскуола дириэктэрдэрэ, үлэһиттэр бэйэлэрин санааларын эттилэр.


Forward from: Иннокентьев Алексей Михайлович
Бэҕэһээ Ньурбаҕа кэлиэм иннинэ ООО ”Нефроклиника” тэрийээччитэ Марфа Николаевна Бурцевалыын уонна дириэктэрэ Иннокентий Иннокентьевич Бечекановы кытары көрүстүм.

Ньурба улууһугар региональнай диализнай киин арылларын элбэх киһи күүтэр. Билигин 325 кв.м. иэннээх балыыһа дьиэҕэ өрөмүөн үлэтэ бара турар. Оборудованиета ыам ыйын бүтэһигэр таҥыллан кэлиэхтээх.

”Нефроклиника” былаан быһыытынан бэс ыйыгар арыллара күүтүллэр.


Forward from: Иннокентьев Алексей Михайлович
Дойдуларыгар уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыаннай сулууспалаах Евгений Лебедевы уонна Самуил Иванову кытары көрүстүм.

Уолаттар хайдах сылдьыбыттарын кэпсээтилэр, көмө, өйөбүл кэмигэр оҥоһулла турар дииллэр.
Кинилэргэ Арыйаан Уус оҥорбут саха быһахтарын уонна иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ тикпит маллаах, харысхаллаах суумкаларын туттардым.


Forward from: Иннокентьев Алексей Михайлович
Ньурбабыт улууһугар бастакы груминг-студия арылынна. Хаһаайыттар дьиэ кыылларын аҕалан кырыйтараллар, көрүҥнэрин тупсаран биэрэллэр.

Студия хаһаайката Дария Иванова былырыын Норуот көҕүлээһинин сылыгар бырайыак суруйан улуустан көмө харчы ылан, быйыл силигин ситэрэн үлэҕэ киллэрдэ. Бу иннинэ дьиэтиттэн олорон үлэлии сылдьыбыт. Суруйтарыы отой эрдэттэн эбит.

Билигин элбэх дьон дьиэ кыылын тутар, онон маннык анал груминг студия биһиги улууспутугар баар буолбута олус наадалаах уонна кэмигэр. Мантан саас Ивановтар студияларын тас көрүҥүн тупсарар, благоустройство киллэттэрэр былааннаахтар уонна элбэх ассортименнаах зоомаҕаһыын астарга үлэлэһиэхпит дииллэр.



10 last posts shown.

488

subscribers
Channel statistics