Махтаныы уонна эрэйдэнии бэйэ бэйэлэригэр сөп түбэспэт туруктар.
Махталыттан эрэйдэммит диэн суоҕа буолуо.
Эрэйдэнэр туругу эбэтэр үөрэн-астынан махтанар үрдүк күүстээх туругу таларын бэйэ5иттэн тутулуктаах.
Эрэйдэнии диэн махтанары сатаабат киһи туруга. Эрэйдэнии туругун таллахха, бэйэ5ин аһыннаттаран, олоххо тугу ситиспитин, гыммытын күндү курдук көрбөккө, бэйэҕин таҥнаран эрэй туругар киллэрэр соҥноноҕун, тоҕо диэтэххэ өйүн үлэтин эготҕын хамнатаҕын, олоххор суоҕу санаан нөҥүө, өчөһөн туран ол өйгөр баар санааны олоххо күүскүнэн баар оҥоро сатыыгын. Баҕар ол санаан олоххо баар буоллаҕына тупсуом диэн бэйэҕир уоскутуммута буолан, эбиитин айгыраан туруктаргын күүркэтэн көөнньүйэҕин.
Инник эрэй туругун иитинэн эмиэ олоруохха сөп, оннук турук санааҕар чэпчэки курдук, санааҕар төһөннөн эрэйдэнэбин ,соччоннон байыам диэн санаа эмиэ да баар буолуон сөп,ол эрэн ол баҕан туолбат, куруук кураанах, дьоллоох түгэннэри улаханҥа уурбат, кыраны билиммэт, мэлдьи туохха эрэ тиксибэтэх, дьону үөҕэртэн - ымсыырартан атыны сатаабат буоларга тиийэҕин. Төһөннөн эрэй туругун иитинэҕин, соччоннон аллара түһэрин оҥостон куугунугун.
Инник олоҕу олорон моҥуохха эмиэ сөп. Ол эрэн эрэйдэнэргиттэн сылайдахха , бэйэни кытта үлэлэһэн, төһө баҕар сайдан МАХТАНАР үрдүк таһымнаах турукка тиийиэххэ сөп.
Оччотугар олоххор көрүүҥ уларыйар, сыһыанын тупсар, санаан салайыллар, уйулҕан бөҕөргүүр, кыраттан үөрэри-дьоллонору сатыыр буолаҕын.
Ханнык туругу таларгыттан, инники суолун арыллар ✅
Махтанары сатыыр, туспа күүс!
Махтанабын!