Уйгулаах Ас


Kanal geosi va tili: Qirg‘iziston, Qirg‘izcha


Төрүт аһы өрө тутар, дойдубутугар үүнэр оттору аска туһанар, аһыыр аска болҕомтону уурар «Уйгулаах Ас» телеграмм каналыгар ыҥырабын 🌿
Проект ааптара Виктория Петрова

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Kanal geosi va tili
Qirg‘iziston, Qirg‘izcha
Statistika
Postlar filtri


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish
Бу субуотаҕа Арчы дьиэтигэр ↩️


Сүһүөх эмтэрэ наһаа күүстээх эмтэр буолаллар, өр иһиллибэттэр, элбэх харгыстаахтар. Онтон бу туох даҕаны эмэ суох эмтэнэн көрөргө, боруобалыырга үчүгэй ньыма дии саныыбын, сүрүнэ диэн бэйэ үүннэриллибит удобрениета суох хортуоска буолуон наада.

Сергей Валерьевич Корепанов диэн онколог быраас, медицинскэй наука кандидата, фитотерапевт (Алтай кыраайа) эмиэ манныкка майгынныыр рецебы миома улааппатын туһугар сүбэлиир: "Для замедления роста миомы принимаются овощные соки: картофельный, морковный, свекольный. Чередуются курсами в 10-14 дней по 0,5-1 стакану в день за 30 минут до еды, свежеприготовленные. Исключение - сок свеклы. Чтобы не вызвать неприятных ощущений в пищеварительном тракте, он должен постоять 3-4 часа."

Бу биһиги төһө баҕарар булар-талар, оҕуруокка олордор үүнээйилэрбит буолаллар, онон күннэтэ сиир аспыт туһатын билиэххэйиҥ уонна өссө даҕаны билэ туруоххайыҥ, туһаныаххайыҥ.

Эмтэниини бу инньинэ суруллубут сүбэлэри кытта бииргэ дьүөрэлээн, нуорма ууну иһэн, төһө кыалларынан хайаан даҕаны эбии хамсаныыны киллэрэн, тымныыга сөптөөхтүк таҥнан, чөл олоҕу тутуһарга күүстээх санааны ылынан, бэйэ бодотун тардынан, күннэтэ махталлаах уонна тапталлаах сырыттахпытына эмтэнии көдьүүстээх буолара саарбаҕа суох.

Доруобай, чэгиэн-чэбдик буолуҥ! 🌿


Сүһүөх ыарыытыгар туһалыа

Суорат уонна сиикэй хортуоска

1. Кыра хайаҕастаах теркаҕа биир дьоҕус хортуосканы теркалыыбыт уонна биир ыстакаан суоратынан саба кутабыт. Сарсыарда өттүгэр аһыахпыт инньинэ буккуйан баран иһэн кэбиһэбит, курс 10 күн устата. Сиикэй хортуоскалаах суорат сүһүөх ыарыытын биллэрдик намырытар дииллэр.
2. Ол кэнниттэн 2 күн сынньанабыт.
3. Салҕыы 20 күн устата күн өрүү-өрүү иһэбит (пункт 1), ол эбэтэр эмиэ 10 күн иһиллиэхтээх.
4. Эмиэ 2 күн тохтотон сынньатабыт.
5. Онтон ый устата 3 күҥҥэ биирдэ иһэбит.

725 0 13 5 22

Сүһүөх ыарыыларын профилактикатыгар хайаан даҕаны анал диета тутуһуллуохтаах, ону диета курдук буолбакка, баар олохпут быһыытын-майгытын (образ жизни) курдук ылыннаха чэпчэки буолар. Элбэх саахар, маҥан бурдук, доруоһалаах ас ким даҕаны доруобуйатын тупсарбат.
Аккаастаныахтаахпыт саахардаах, маргариннаах өлгөм минньигэс астан, бу манна маҕаһыыҥҥа атыыланар минньигэс ас барыта кэриэтэ киирэр, сахарозаменителлэртэн, элбэх туустаах уонна маринованнай астан, кэнсиэрбэлэртэн, копченай астан, араас ароматизатордаах астан (искусственные ароматизаторы, красители, уселители вкуса, соусы, кетчупы, майонезы). Биллэ аччатыахтаахпыт маҥан бурдугу (мука пшеничная высшего сорта), доруоһалаах аһы, ыһаарыланар аспытын, мокоруоннары, өр көйөрүллүбүт хойуу хара чэйи уонна растворимай кофелары, үүтү аҕыйатар ордук, тетрапакеттаах аһы аҕыйатабыт, онно элбэх химия туттуллар. Бу астар сүһүрүүнү (воспалениены) күүһүрдэллэр. Үрүҥ астан нуормалаан бэйэбит иэдьэгэйбитин, суораппытын сиибит, ол эбэтэр ферментацияны ааспыт үрүҥ аһы.

Хас биирдии киһи тус-туһунан буоллаҕа, биир быраабыла суох. Туруоруллубут диагнозтан эмиэ элбэх тутулуктаах. Ол эрэн сүрүннээн бу курдук диэн санаабын суруйдум. Сарсын өссө биир интэриэһинэй эмтэнэр рецебы таһаарыам.

689 0 2 12 30

Онтон хомуйар отторбутуттан элбэх биофлавоноидтаах диэн ордук хонуу боруутун (хвощ полевой) бэлиэтиэххэ сөп, кини өссө кремний эттигинэн баай. Элбэх кремнийдаах биһиэхэ өссө чыычаах ото (горец птичий) баар. Биофлавоноидтар арахсаллар уонна бары ааттаахтар, өссө даҕаны үөрэтиллэ тураллар, холобур күөх чэйгэ баар флавоноид аата катехин, мастарбытыгар баар кверцетин диэн биллэр.
Биофлавоноидтар биллэн туран киэҥ дьайыылаахтар - сүрэх, тымыр, хаан, килиэккэлэрбит үлэлэригэр барытыгар кыттыгастаахтар, вирустары, бактериялары утарылаһарга көмөлөһөллөр, өй-мэйии үлэтин хааччыйаллар. Онон айылҕаҕа туох даҕаны биир өрүттээх буолбат, барыта эргиччи.


Биофлавоноиды - антиоксиданнар, от-мас эттиктэрэ. Онтон сүһүөхпүт өттүттэн көрдөхпүтүнэ С битэмиини кытта организм коллагены оҥорон таһаарарыгар көмөлөһөр эттиктэр. Биофлаваноидтар үүнээйилэргэ, тыыннаах эттиккэ эрэ үөскүүллэр. Кинилэр ордук үүнээйи хаҕыгар, аһыгар элбэхтэр, саамай күүстээх айылҕа кырааскалара буолаллар - сугуҥҥа, моонньоҕоҥҥо, уулаах отоҥҥо, сарбынньах аһыгар (рябина), уопсайынан отоннорбутугар барытыгар, яблокаҕа, цитрусовайдарга (ордук грейпфрукка), луук бары көрүҥэр, чеснокка, хаппыыстаҕа, сүбүөкүлэҕэ, гречкаҕа кытары, күөх чэйгэ уо.д.а. бааллар.
Дьыл кэминэн уларыта сылдьан арааһыттан боруобалыы, сии сылдьар ордук.


Аны сүһүөххэ диэн араҥас дьүһүннээх оҕуруот аһа, отоннор, фрукталар ордук туһалаах буолаллар диэн бэлиэтииллэр, эмиэ сүһүрүүнү намырыталлар. Ол курдук каротинынан баай үүнээйилэр, кинилэр эмиэ күүстээх антиоксиданнар - каротиноиды диэн ааттаналлар. Моркуоп, тыква, эриэппэ, дыня, хурма, абрикос, апельсин, сухофрукталартан - курага, чернослив. Бэйэбит үүнэйилэрбититтэн ньээм сибэккитэ уонна ото - сибиэһэйдии уонна хатаран, салаакка, чэй оҥостон. Бэйэбит үүннэрэр календулабыт сибэккитэ (ноготки) - сибэккитин хатаран уонна сибиэһэйдии чэй, арыы оҥостон, дөлүһүөн аһа, облепиха отоно, бөллөхүнэ (морошка).
Сухофруктаттан хомпуот 👍🏼


Салҕыы суруйдахха, сүһүөх ыарыытыгар уонна профилактикатыгар биһиэхэ көмө буолар астартан СЕЛЕН диэн эттигинэн баай астар кэлэллэр. Селена - греческэй мифологияҕа ый таҥарата буолар, кини аатынан химическэй элемент ааттаныллыбыт, онон киһи ыйа суох сатамматын курдук бу элемена суох сатаммат. Кини күүстээх антиоксидант буолар, ону таһынан төрүүр-ууһуур органнар, щитовиднай железа былчархайдарын, ол аата үгүс гормоннар үлэлэрин иилиир-саҕалыыр элемент буолар. Онтон селен туһунан сүһүөххэ туһаайан эттэххэ күүстээх сүһүрүү ыарыытын мүлүрүтэр диэн эбит. Хомойуох иһин киһи сааһыран истэҕин аайы бу элемент аччаан киирэн барар диэн дакаастаммыт, ол иһин эбии сиэниллэрэ ирдэнэр. Селен баар цельнозерновой бурдукпутугар, пророщеннай сэлиэһинэйгэ (ростки пшеницы), эбиэскэ (овес), бороҥ дьүһүннээх рис курууппаҕа, ынахпыт этигэр (100 гр ~ 33 мкг), сымыыкка (1 устуукаҕа ~15 мкг), суораппытыгар (250 гр ~9 мкг). Онтон селенынан баай, чемпион үүнээйи бразильскай эриэхэ буолар эбит, 1 эриэхэҕэ ~90 мкг селен баар диэн ааҕаллар. Бу эриэхэ улахан соҕус кээмэйдээх - тойон эрбэххинэн, атыыга баар буолааччы. Бразильскай эриэхэ күннээҕи нуормата 1-2 устуука буолар, онтон элбэҕи сиэниллибэт. Подросток оҕоҕо уонна улахан киһиэхэ селеҥҥа күннээҕи нуормабыт 55 мкг диэн бэлиэтэнэр.


Аһыыр аспытыгар коллагенынан баай бастатан туран субпродукты буолар - үрүҥ, хара испит уонна балык бары көрүҥэ, лапчааннарын эҥин бырахпаппыт, барытын миинниибит, буһарабыт. Онон ис үөрэтин, сылгы иһин хайаан даҕаны кэмиттэн кэмигэр сии сылдьыахтаахпыт. Онтон растительный коллаген диир буоллахпытына кини перловкаҕа, пшенкаҕа, дьэһимиэн (ячневая, ячменная) курууппатыгар баар. Перловканы рис курууппа оннугар эриллибит эккэ буккуйар, хааһы буһарар уонна ис үөрэтин күөһүгэр кыратык кутар наһаа үчүгэй буолар.


Артрикка сүһүөх өҥүргэһэ мөлтүүр (суставный хрящ), онтукайбыт коллагентан турар. Онтон коллагены харыстыыр С битэмиин буолар. Күннээҕи аспытыгар С битэмиин хаппыыстабыт бары көрүҥэр элбэх, ордук тууһаммыт хаппыстаҕа, биэрэскэ, күөх үүнээйилэргэ. Кэлии астарга - апельсиҥҥа, лимоҥҥа, кивига, клубникаҕа. Биллэн туран бэйэбит отоннорбутугар элбэх - моонньоҕоҥҥо, дөлүһүөммүт аһыгар, хаптаҕаска, малинаҕа, уулаах отоҥҥо уо.д.а. Маныаха уулаах отоҥҥо тохтоон ааһыахха наада. Уулаах отон саха дьонугар чахчы өлбөт мэҥэ уубут диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Уулаах отоммут барахсан туох даҕаны харгыһа суох үүнээйи. Билэрдии аһа, уга барыта туһалаах, кини сүһүрүүнү эмтиир аналлаах, сүһүөх эрэ киэнин буолбакка, хааны ыраастыыр, токсиннары таһаарар, аллергияны эмтиир, сүһүөххэ мунньуллубут туустары сымнаҕастык суурайар. Отонун утаҕын саахардаабакка иһэ сатыахха наада, ириэрэн баран маарылла нөҥүө сүмэһинин ыган, оргуппакка, сылаас уунан убатыахха, мүөт буккуйуохха сөп. Уулаах отон хаан баттааһынын түһэрэр, бу дьайыыта кимиэхэ эрэ күүскэ дьайар, ол иһин намыһах хаан баттааһыннаах дьон киэһээ эрэ өттүгэр эмп быһыытынан иһиэхтэрин сөп. Итиилии уонна тымныылыы иһэр эмиэ тус-туспа дьайыылаах, ону көрүнээриҥ, бэйэҕитинэн бэрэбиэркэлээриҥ.
Коллагеммытыгар төнүннэххэ биир көмөлөөх үүнээйибит кучу (иван-чай) буолар. Бу үгүс дьон билэр, хомуйар ото. Кини элбэх С битэмиинэ уонна аминокислоталара коллаген оҥоһуллан тахсарыгар олус наада эбит уонна сүһүрүүнү (воспалениены) биллэрдик мүлүрүтэр. Кини күөх сэбирдэҕэ өр иһиллибэт, онон курс быһыытынан иһэр туһааннаах (10-14 күн).
Сүһүөх ыарыыларыгар көмөлөһөр өссө элбэх үүнээйилээхпит, чэ ол туспа кэпсээн буолар.


Сөптөөх арыыны сиэн. Манна сүрүннээн балык сыата-арыыта уонна саха ынаҕын сыата кииссэр. Бу аспыт-үөлбүт Омега-3, 6 диэн жирнай кислоталарынан - полиненасыщенные жиры диэнинэн баай, бу эттиктэр сүһүрүүнү (воспаление) эмтиир, тохтотор кыахтаахтар. Кыраны даҕаны сиир сүрдээҕин көмөлөһөр. Онуоха нэдиэлэҕэ хаста даҕаны үрүҥ балыкпытын эбиһээт сии сылдьыахтаахпыт (сиговые - чыыр, уомул, муксуун, тууччах (нельма), быраҥаатта (пелядь)), бу аспыт эмпит буолар. Ордук мииннээн, паарга буһаран, бэйэтинэн духовкаҕа, хобордооххо буһаран ылан.
Ону таһынан "мас арыытын" сиэн - ордук сыалаах мас (кедровое масло), оливковай, лүөн, тыква арыыларын. Бу арыылары араас оҕуруот аһын, хаппыыстаны кытта буккуйан сиэххэ сөп эбэтэр килиэпкэ уймаан. Лүөн сиэмэтэ бэйэтинэн эмиэ олус үчүгэй, хааһыга, салаакка эбилик оҥостон (семена льна диэн аптека аайы атыыланар) кутуохпутун сөп.
Эриэхэлэр эмиэ күүс-көмө буолаллар, ол курдук сыалаах мас эриэхэтэ, грецкэй эриэхэ, миндаль, кешью. Биллэн туран нуормалаан, биир ытыстан элбэҕи сиэбэппит.


Билиҥҥи медицина артрит 100 көрүҥүн араарар эбит, эчи элбэҕин эрэ диибит, сүһүөхпүтүгэр этэҥҥэ турарбыт дьол буоллаҕа. Сүһүөхпүт ыалдьыбатын уонна ыарыытын мүлүрүтэр туһугар ас нөҥүө хайдах көмөлөһүөхпүтүн сөбүй?


Үтүө киэһэнэн, доҕоттор!
Саҥа Дьылынан ✨🎄

Быйыл бу курдук суруйуулар баар буолуохтара диэммин суруйан саҕалаатым.

Бу күннэргэ сүһүөхпүтүн бөҕөргүтүнэр, профилактикаланар, эмтэнэр суруйуулары таһаарыам, ону сүбэ курдук ылынаргытыгар баҕарабын.


Кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан! Чэгиэн-чэбдик, дьоллоох буолуҥ 🪄✨🎄😇 Баҕа санааларгыт туоллуннар, ил-эйэ, үөрүү үксээтин!




Торт коржиктарын быыһыгар малина, сугун, дьэдьэн кутан маанылаан биэрдэххэ өссө тупсуо 😇🍓🫐🍒 Үрдүн эмиэ оннук киэргэтэн биэрэбит 😍
Мин быйыл кыратык үрүмэ оҥорон боруобалыахпын баҕарабын...


Крем:

1. Маныаха сүүмэх (поиск-сүүмэх, таһаарбытым баар) оҥорон чөчөгөйү (сливки 25-35%) кытта буккуйуохха сөп. Сүүмэҕи ньулуун суораттан оҥоробут, 3 хос маарыла нөҥүө сүүрдэн. Начаас оҥоһуллар, кыра бириэмэ эрэ наада, суорат уута сүүрүөн эрэ наада.

2. Көннөрү күөрчэх ытыйан баран онон сотуохха сөп.

3. Хойуу сүөгэйи (жирные сливки или сметана) чөчөгөйү кытта буккуйан. Холобур 150-200 гр хойуу сүөгэйгэ 250 гр чөчөгөй (сливки 25-35%)

Сливки 35% ордук, ол эрэн хайдах көстөрүнэн.

Сорох сүөгэйдэр (сметана) уулаах буолаллар, оннуку сүүмэхтиир ордук.

Кремын кыратык минньитэн фруктоза кутан биэрээччим эбэтэр тростниковый нерафинированный сахар 1 ост нь, ол сөп буолааччы, эбэтэр кыратык элбэтэҕит. Фруктоза аптека аайы атыыланар.


Онон саҥа дьылга даҕаны сиир саахарбытын көрүнэрбит ордук. Мүөттээх буолан син биир минньигэс буолар, дьиҥэ саахар олоччу да кутумуохха сөп.


Тиэстэтин рецеба:

2 сымыыт
150 гр мүөт
100 гр арыы
35 гр бороҥ саахар
(тростниковый нерафинированный, көннөрү саахар эмиэ бассар эбэтэр фруктоза буолуон сөп).
Көрөргүт курдук саахара быдан аҕыйах, рецебыгар 180 гр саахар диэн этэ уонна 3 ост нь мүөт, оччо элбэх саахары куппатым, ол оннугар мүөтүн элбэттим.

Бу маны холбоон бараммыт водяной банялыыбыт, үчүгэйдик буккуйабыт, арыыта, саахара, мүөтэ ууллуор диэри, лаппа итии буолуохтаах, ол эрэн оргуппаппыт.
Эбии 1 ч нь сода кутабыт, биллэрдик үллэр, баар буоллаҕына 1 ост нь мандариннаах настойкабытын кутабыт.

Салҕыы сойута түһэбит уонна бурдукпутун, специяларбытын, тууспутун (1/4 ч нь) кытта холбоон сымнаҕас тиэстэ мэһийэбит.

Бурдук 350 гр кутулунна, хайдах бурдук баарынан, мин Ампаардаах бурдугун куттум (сэлиэһинэй 2 суорт). Араас эриэккэс бурдуктан кутуоххутун баҕарар буоллаххытына 1/3 элбэҕи куппаккыт, атына сэлиэһинэй (пшеничнай) бурдук буолара ордук. Бастаан 300 гр бурдугу бэлэмнээҥҥит холбооруҥ, хаалбыт 50 гр бурдугу көрөҥҥүт кыра-кыратык кутаарыҥ, тиэстэбит сымнаҕас буолуохтаах.

Специялартан корица, имбирь, мускатный орех ордук бассар, барытыттан 1/4 ч нь куттум. Суох буоллаҕына кутуллубат эбэтэр биир эмит көрүҥүттэн.

Тиэстэбитин 8 гына араарабыт - 8 чараас коржик тахсыахтаах. Мас скалканан тэнитэбит. Мин тимир хаппаҕынан форма оҥоһуннум (d.19,5 см) 18-19 см. Оруобуна 8 устуука таҕыста. Илииспин арыылаатым уонна үрдүгэр бурдук тамалаттым, биир илиискэ иккилиини ууран буһардым, онон түргэн буолла. Начаас буһан тахсар ~4 мүн 180´С.


Медовик торт коржиктара

20 ta oxirgi post ko‘rsatilgan.