Биики халандаар 📆


Kanal geosi va tili: Qirg‘iziston, Qirg‘izcha
Toifa: Din


Күн аайы саха устуоруйатыгар сыһыаннааҕы Бикипиэдьийэттэн сүһэн суруйабыт.
Эбиилээх-көҕүрэтиилээх буоллаххытына дьаһабылга @Halan_Chuekke суруйуҥ.

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Kanal geosi va tili
Qirg‘iziston, Qirg‘izcha
Toifa
Din
Statistika
Postlar filtri


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish
🎬 Уот Дьулустаан
Өссө төгүл артыыс оонньуутун көрөн астыныҥ!

Быһа тардыы НКИХ "Саха" тг-ханаалыттан ылылынна.
📌  Биики Халандаар | Сурут


🎬 Уот Дьулустаан. Баай дьахтары оонньуур артыыс киинэ арыйыыта буолла. Бүгүҥҥү сиэрийэҕэ күнүүлээбит, абарбыт, иэстэһиэн баҕарар дьахтар уобараһын дьикти итэҕэтиилээхтик оонньоото. Оттон Эн, күндү ааҕааччы, туох дии санаатыҥ?
So‘rovnoma
  •   Талаан бөҕөтө эбит, ханна сылдьыбытай? Тоҕо биллибэтэҕэй?
  •   Бэркэ оонньуур, урут да бэлиэтии көрөр этим
  •   Уруккуттан көрөбүн, маастарыстыбата үрдээбит дии санаатым. Сиппит-хоппут.
  •   Билбэтиим...
  •   Туһунан санаалаахпын, ырытыыга суруйуом
154 ta ovoz


🎬 Уот Дьулустаан

Киинэбит субтитрдааҕа буоллар. Кырдьаҕас, мөлтөхтүк истэр буолбут да дьоҥҥо, отой истибэт да дьоҥҥо үчүгэй буолуо эбит.

НКИХ "Саха" үлэһиттэригэр ким эмит тиэрдиэ дуо? 🙏🏻

📌  Биики Халандаар | Сурут


Тохсунньу 28 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🌎 "Күрүөлэнии" күнэ (ааҥл. Data Privacy Day). Дьон уонна тэрилтэлэр бэйэлэрин тус информацияларын туора дьонтон харыстыыр буолалларыгар болҕомто тардаары бэлиэтэнэр. Харыстааһын көмүскүүртэн арыый атын. Көмүскүүр диэн ол аата, холобур, уоруйах киирбэтин диэн түннүккэ тимир эрэһиэккэ туруоруу, оттон харыстыыр диэн, туора харахтан харыстанаары, дьиэ иһигэр туох буола турарын көрдөрүмээри түннүк сабыытын сабыы. Ол аата көмпүүтэргэ харалла сытар дааннайбытын биһиги "бу миэнэ, туора киһи көҥүлэ суох көрүө суохтаах" диибит.
🇦🇲 Армения — Аармыйа күнэ.

🔹 1958 — Данияҕа Lego хампаанньа оонньуур кубиктарын аныгы конструкциятын патеннаабыт.
🔹 1968 — ССРС билимин Академиятын ыҥырыытынан Сорбонна профессора Жан Масари Саха Cиригэр кэлэ сылдьыбыт.
🔹 1971 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ Өймөкөөн улууһугар хотугу норуоттар экэниэмикэлэрин уонна култуураларын сайыннарыы хайдах баран иһэрин туһунан уураах ылыммыт.
🔹1981 — АХШ бэрэсидьиэнэ Рональд Рейган ньиэп сыанатыгар хонтуруолу көтүрбүт. Мантан ыла 1979 сыллааҕы ньиэп кириисиһэ бүппүт, 1980-с сыллардааҕы ньиэби аһара оҥорон таһаарыы уонна сыаната түһүүтэ саҕаламмыт. Ол иһин 1980-с сылларга ньиэп хостуур дойдуларга, ол иһигэр Сэбиэскэй Сойууска, экэниэмикэ кириисиһэ буолбута.
🔹 1985 — Ядернай сэриини утары Дели декларацията ылыныллыбыт.
🔹 1986 — АХШ "Челленджер" хараабыла саҥа көтөн иһэн дьон бөҕө көрөн турдаҕына дэлби тэппит, сэттэ астронавт өлбүт.
🔹 1992 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин «Атыы-эргиэн көҥүлүн туһунан» (нууч. О свободе торговли) ыйаахха илии баттаабыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1915 — Борис Андреев — кыраайы үөрэтээччи, РСФСР оскуолатын үтүөлээх учуутала. Сунтаар улууһун Элгээйитигэр Айылҕа түмэлин олохтообута.
▫️1937 — Семен Алексеев — суоппар, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл хаһаайына (1986), Горнай улууһун Ытык олохтооҕо (1995).

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


🎬 Уот Дьулустаан: Бастакы сиэрийэтин туох диэтиҥ?
So‘rovnoma
  •   Астымматым
  •   Ким билэр, салгыы көстөн иһиэ
  •   Ээ, үчүгэй, көрүөххэ сөп эбит
  •   Наһаа астынным!
  •   Санаабын ырытыыга суруйуом
  •   Көрбөккө хааллым (эбэтэр дьон хайдах хоруйдаабытын көрөөрү маны талабын)
23 ta ovoz


🎬 Уот Дьулустаан. Бастакы ыйытык. Суруйааччы Валентина Гаврильева туһунан урут истибиккит дуо?
So‘rovnoma
  •   Саҥа иһиттим 🤗
  •   Истибитим гынан баран айымньыларын аахпатаҕым 😉
  •   Аахпатаҕым гынан баран Ньурба тыйаатыра "Уот Дьулустааны" туруорбутун көрбүтүм 😳
  •   Истибитим, аахпытым 🤓
17 ta ovoz


Өрөдьүссүөр Елена Эверстова, сценарист Кэрэмэс Сыдьаай улахан үлэлэрэ – 20 эпизодтаах сэрийээл бүгүн тахсыаҕа (урут бачча уһун уһулла илигэ).
XX үйэ саҕаланыытыгар оҕо дьылҕата көстүөҕэ. Горькай аатынан Литэрэтиирэ институтун бүтэрбит идэтийбит суруйааччы Валентина Гаврильева айымньытынан.
Хайаан да көрүөхпүт! 🎬


НВК САХА dan repost
Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish
Бүгүн «Уот Дьулустаан» саҥа сериал көстүөҕэ! 🎞💫

Киэһэ 21:00 чааска «Саха» НКИХ ханаалыгар көтүппэккэ көрүҥ!

📹Сериал туһунан видеоҕа сценарист Катерина Григорьева - Кэрэмэс Сыдьаай уонна режиссер Елена Эверстова кэпсээтилэр.

@nvk_sakha


Бүгүн нэһилиэктэр устуоруйаларыгар сыһыаннаах 23 кинигэ ааптара, 50-тан тахса саха биллиилээх дьонун төрүччүтүн сурунаалларга бэчээттээбит математик учуонай Марк Петрович Григорьев 80 сааһын туолла.

Марк Петрович үлэтин сыаналаан кинини 3 нэһилиэк бэйэтин Ытык киһитинэн билиммитэ.

Марк Петровичка итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Саха ыччата төрүттээх-уустаах киһи быһыытынан сананарыгар, бигэ тирэхтээх буоларыгар үлэлээбит сыралаах үлэҕин үрдүктүк тутабыт!

Уонна ааҕааччыларбыт кинини холобур оҥостон, төрүччүлэригэр болҕомто ууруохтара, уустарын уонна нэһилиэктэрин устуоруйатын суруйууга кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит!

📌  Биики Халандаар | Сурут


Тохсунньу 27 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир дойдулар ардыларынааҕы күн. Освенцим лааҕыра босхоломмут күнүгэр бэлиэтэнэр
🇷🇺 Арассыыйа — Ленинград фашист былакаадатыттан толору босхоломмут күнэ
🇬🇪 Грузия — Грузия сырдатааччыта сибэтиэй Нино кэриэстэбилин күнэ (Нинооба)
🇮🇹 Италия — Кэриэс күнэ
🇬🇧 Улуу Британия — Холокост сиэртибэлэрин ахтар күн
🇹🇲 Түркменистаан — Аҕа дойдуну көмүскээччи күнэ.

🔹 98 — Траян ииппит аҕатын утумнаан Рим импэрээтэрэ буолбут. Кини салалтатынан Рим импиэрийэтэ муҥутуурдук улаата сылдьыбыта.
🔹 945 — Константин VII хос баһылыктарын Стефаны уонна Константины суулларан манаахтыы ыыппыт, Византия импиэрийэтин соҕотох баһылыга буолбут.
🔹 1827 — Саха уобалаһын начаалынньыга Николай Мягков салалтатынан «Туора урдустары салайыы устаабыгар» уонна 1824 сыллаахха Саха сирин дьокутааттара оҥорбут матырыйаалларыгар олоҕуран «Правила для единообразного учреждения порядка по управлению родовых и инородных управ Якутского округа» диэн докумуон тахсыбыт. Бу күн Саха сирин Истиэпэннээх дуумата — бастакы түмэнэ — тэриллибит күнүнэн ааҕыллар.
🔹 1918 — "Кыһыл" Иркутскайтан Дьокуускайга уобалаһы салайан олорор Быстах кэм бырабыыталыстыбатын хамыһаарын эсер Владимир Соловьеву устар туһунан тэлэгирээмэ кэлбит. Кини оннугар бассабыык Андреевич анаммыт, ол эрээри Саха сиринээҕи оробуочайдар дьокутааттарын сэбиэтэ мөлтөх буолан, бу дьаһал олоххо киирбэтэх.
🔹 1965 — Таатта оройуона 5 сыл Чурапчыны кытта биир Алексеевскай оройуон буола сылдьан баран хат араарыллыбыт, аата Алексеевскай оройуон диэҥҥэ уларыйбыт. Кэлин 1990 сыл атырдьах ыйын 6 күнүттэн урукку бэйэтин аата сөргүтүллэн Таатта оройуона буолбута.
🔹 1967 — Космос туһунан дуогабар түһэрсиллибит. Хайа да дойду космос эбийиэктэрин бэйэтин киэнинэн биллэриэ суохтааҕа уонна космоска ядернай сэрии сэбэ суох буолуохтааҕа этиллибит.
🔹 1983 — Дьоппуоҥҥа Хонсю уонна Хоккайдо арыыларын ситимниир Сэйкан бастакы холлорооно тэһиллибит. Бу 53,85 км усталаах тоннель 2016 сыллаахха диэри аан дойдуга саамай уһун этэ. Оттон билигин саамай уһун уу аннынааҕы холлороон быһыытынан биллэр.
🔹2010 — Сан-Францискоҕа Apple хампаанньа тойоно Стив Джобс iPad диэн планшет көмпүүтэри көрдөрбүт.
🔹 2011 — Арааб сааһа: Йиэмэҥҥэ өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт, 16 000 тахса бырачыастааччылар уулуссанан хаампыттар.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1928 — Михаил Кочнев — 1983—1987 сылларга Саха АССР олоххо-дьаһахха миниистирэ, 1975-1983 сылларга норуодунай дьокутааттар Нүөрүҥгүрү куораттааҕы Сүбэлэрин исполкомун бэрэстээтэлэ, 1966-1975 сылларга Алдан дьокутааттарын оройуоннааҕы Сүбэлэрин исполкомун бэрэстээтэлэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун (1975), Алдан улууһун (1982), Нүөрүҥгүрү куоратын (1987) уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2000). 2010 сыллаахха кини аата Нүөрүҥгүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
▫️1945 — Марк Григорьев — математик учуонай, физика-математика билимин хандьыдаата, төрүччүнү чинчийээччи (генеалог).

Өлбүттэр:
▫️1869 — Василий Никифоров — Дүпсүн улууһун ыстаарыһата, Күлүмнүүр аҕата.
▫️1898 — Василий Трощанскай — народник, тэрэриис, Саха сиригэр көскө олорбут киһи. Манна кини бурдук ыһыытынан дьарыктаммыта уонна ойууннааһын туһунан матырыйаал хомуйбута.
▫️1901 — Дьузеппе Верди — Италия композитора, Италия уопаратын оскуолатын тутаах киһитэ.
▫️1942 — Иван Сергеев - Тообуус — буойун суруйааччы.
▫️1962 — Грант Григорян — саха муусука култууратыгар сүҥкэн кылааты килэрбит Арменияттан төрүттээх композитор, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх дьайыксыта(диэйэтэлэ).
▫️1975 — Кирилл Попов — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ, Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, разведчик, отделение хамандыыра.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


Тохсунньу 26 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🌏 Таможенник аан дойдутааҕы күнэ
🇦🇺 Австралия — Австралия күнэ
🇮🇳 Ииндийэ — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
🇱🇻 Латвия — Латвия Өрөспүүбүлүкэтэ дойдулар ардыларыгар билиниллиитин күнэ (1921 сыллаахха Антанта дойдулара Латвия тутулуга суоҕун билиммиттэр.)
🇧🇾 Беларусь — Беларусь билимин күнэ.

🔹 661 — Рашидун Халифат бүтэһик халибын Алины өлөрбүттэр. Бу Али халиф Муһаммет өлбүтүн кэннэ мусульмааннары салайбыт төрдүс халиф этэ (шииттэр билинэр бастакы халифтара). Кини саҕана арааб мусульмааннар ыккардыларыгар гражданскай сэрии буолбута, шииттэр уонна сунниттар бүтэһиктээхтик хайдыспыттара.
🔹 1564 — Улуу гетман Микола Радзивилл баһылыктаах Литва улуу княжествотын аармыйата Петр Шуйскай баһылыктаах Нуучча саарыстыбатын аармыйатын Ливония сэриитин Ула аттынааҕы кыргыһыытыгар кыайбыт (Ула диэн Даугава өрүс салаата, билиҥҥи Витебскэй уобаласка баар). Сорох устуоруктар этэллэринэн бу хотторуу Уордаах Уйбаан уйулҕатын хамсаппыта, уонна нөҥүө сылыгар кырыктаах опричнинаны төрүттүүрүгэр тиэрдибитэ.
🔸 1699 — Илин Европаҕа Улуу Туурак сэриитин түмүктүүр Карловица эйэтэ түһэрсиллибит. Христианныы дойдулар Австрия, Речь Посполита уонна Венеция сэриини кыайбыттар. Оттон кыайтарыылаах Осмаан импиэрийэтэ Европа диэки кэҥээһинэ тохтоон, бастакытын сири туран биэрбит, сүүстэн тахса сыл Европаҕа айбардаан олорбут саамай күүстээх дойду буолан бүппүт, мантан инньэ Европаҕа Габсбурдар династиялара чорбойбуттар.
🔹 1788 — Австралияҕа Британияттан хаайыылаахтары тиэйбит Бастакы флот Сидней куоратын олохтообут. Сидней Европа дьонун Австралияҕа бастакы олохтоох сэлиэнньэлэрэ буолбут.
🔹 1930 — Ииндийэ национальнай конгреһа ол саҕанааҕы Британия Ииндийэтэ толору бэйэни салайыныыны ("Пурна Сварадж") туруулаһыахтаах тустааҕын биллэрбит. Конгресс Ииндийэ олохтоохторун тохсунньу 26 күнүн Тутулуга суох буолуу күнүн быһыытынан бэлиэтииллэригэр ыҥырбыт. Пурна Сварадж 17 сылынан олоххо киирбитэ.
🔹 1965 — Ииндийэ официальнай тылынан хинди буолбут. Бу түгэҥҥэ ааҥыл тылыттан аккаастанаары гыммыттарын хиндини билбэт Ииндийэ кыра омуктара туруорсан хаалларбыттар.
🔹 1994 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтэ аата уларыйан "Ил Түмэн" диэн буолбут. Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонугар уларытыы киллэриллибит.
🔹 2000 — Уруккута Бүлүү куоратын горисполкомун бэрэстээтэлэ, Дьокуускай куоратын салайааччыта буола сылдьыбыт Павел Бородин Арассыыйа уонна Беларусь Сойууһун судаарыстыбаннай сэкиритээринэн анаммыт.
🔹 2001 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин Михаил Николаев көҕүлээhининэн Хаҥалас улууhугар "Орто Дойду" зоопарка тэриллибит. Зоопарка 2001 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр бастакы ыалдьыттарын көрсүбүтэ.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1932 — Павел Никитин — суруналыыс, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
▫️1938 — Афанасий Чугунов — селекционер учуонай, Саха сирин усулуобуйатыгар сүөһүнү иитиигэ бөдөҥ испэсэлиис, РФ, СӨ наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Билимин акадьыамыйатын вице-бэрэсидьиэнэ. 2024 с. 85 сааһыгар өлбүтэ.
▫️1942 — Людмила Матвеева — 1980—2007 сылларга СӨ оҕо сэллик санаторийын кылаабынай бырааһа, Саха АССР үтүөлээх бырааһа.
▫️1947 — Раиса Коробцова — Саха Сирин сэбиэскэй кэминээҕи, Саха Сирин партийнай тэрилтэтин устуоруйатын чинчийээччи.
▫️1949 — Ирина АбрамоваДьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыба техникумун уус-уран салайааччыта, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Усуйаана улууһун Ытык киһитэ.
▫️1960 — Нина Васильева — Саха Сирин норуоттарын култуураларын уонна итэҕэлин устуоруйатыгар биллибит специалист.

Өлбүттэр:
▫️1994 — Василий Яковлев (22.08.1934 төр.) — бэйиэт, суруйааччы, тылбаасчыт. Кини «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» кэпсээнинэн аан дойдуга аатырбыт «Тойон кыыл» киинэ уһуллубута.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


Тохсунньу 25 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇷🇺 Арассыыйа — Устудьуоннар күннэрэ (Татьяна күнэ)
🇷🇺 Арассыыйа — Байыаннай флот штурманын күнэ
🇮🇩 Индонезия — Ас-үөл күнэ. 1951 сыллаахха бу күн Пурво Соедармо диэн Индонезияҕа "ас-үөл аҕатынан" билиниллэр диетолог-быраас оскуолата аһыллыбыт
🇮🇳 Ииндийэ — Быыбардааччы күнэ.
🏴󠁧󠁢󠁳󠁣󠁴󠁿 Шотландия — Бернс түүнэ. Шотландия национальнай бэйиэтэ Роберт Бернс төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. Киэһэ дьон мустан волынка тыаһаталлар, хаггис диэн Бернс биир хоһоонугар туойбут бүлүүдэтин сииллэр, Шотландия вискитин амсайаллар уонна бэйиэт хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕаллар, ырыаларын ыллыыллар.
🇪🇬 Эгиипэт — Балыыссыйа күнэ. 1952 сыллаахха Исмаилия куоракка 50 полицейскай Британия былаастарын сорудаҕын толорботохторун иһин өлөрүллүбүттэрин уонна бааһырбыттарын кэриэстииллэр.
🇪🇬 Эгиипэт — Өрөбөлүүссүйэ күнэ. 2011 сыллаахха Хосни Мубарак 29 сыл тухары уларыйбакка былааска олорбутун сөбүлээбэккэ өрө туруу саҕаламмыт, түмүгэр былаас уларыйбыт.

🔹 1072 — Маһмуд ал-Кашгари «Диван луҕат ат-Турк» диэн түүр тылларын бастакы тылдьытын суруйан саҕалаабыт. 1074 сыл олунньу 10 күнүгэр бүтэрбит.
🔹 1755 — Москубаҕа Сибэтиэй Татьяна күнүгэр университет олохтоммут.
🔹 1924 — Францияҕа Шамони диэн куоракка бастакы Кыhыҥҥы Олимпия оонньуулара аһыллыбыттар.
🔹 1960 — ССРС-ка ГУЛАГ (Главное управление исправительно-трудовых лагерей, трудовых поселений и мест заключения) сабыллыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1856 — Василий Монастырев — саха бастакы үөрэхтээх учууталларыттан биирдэстэрэ, Иркутскайдааҕы учуутал сэминээрийэтин бүтэрээччитэ. Кини Бүлүү уокуругун оскуолаларыгар 37 сыл үлэлээбитэ, Исидор Бараховы, Марфа Потапованы уонна да атын өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска биллибит дьону үөрэппитэ.
▫️1906 — Мария Нартахова — саха бэлиитикэҕэ, уопсастыбаҕа диэйэтэлэ. 1947—1954 сылларга Саха АССР социальнай харалтатын миниистирэ, 1954-1963 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бэрэстээтэлэ.
▫️1909 — Ефрем Сивцев - Таллан Бүрэ — саха биллиилээх бэйиэтэ, тылбаасчыт. Кини аатынан Нам улууһун Бөтүҥ орто оскуолата ааттаммыта.
▫️1947 — Николай Устинов — саха мелодииһа.
▫️1956 — Михаил Гуляев — 1986—1999 сыллардаахха Чурапчытааҕы өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күөн-күрэс орто оскуолатын дириэктэрэ, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун дириэктэрэ, доцент. 2012-2016 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун миниистирэ, 2016-2018 сылларга СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччыта.
▫️1959 — Софрон Осипов — нууччалыы суруйар саха бэйиэтэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


Бүгүн Боло Уус диэн үөрэҕинэн математик, "кыдьыгынан" саха аатырбыт дьонун өлбүттэрин кэннинээҕи дьылҕаларын чинчийээччи, кыл кырыымпаны оҥорооччу, саха оҕун саатын реконструктора, хомус уонна быһах охсор уус быыстапката аһылынна.

Чурапчылар дэлэгээссийэлэрэ кэлбит, ол иһигэр тумус туттан ойуччу бэлиэтиир киһилэрэ – Мария Герасимова-Сэҥээрэ. 27 кинигэ ааптара, холобур хайахсыттар тустарынан үс кинигэни таһаарбыт киһи.

Хаартыскаларга Ньукулай Ардьакыап таһаарбыт сорох кинигэлэрэ көстөллөр.

Бу Сэҥээрэ уонна Боло Уус курдук кинигэ суруйар дьон хараҕынан кэнэҕэски дьон биһигини, биһиги кэммитин уонна саха былыргытын хаһан эрэ билиэҕэ, сыаналыаҕа, көрүөҕэ турдаҕа... Инньэ дии санаабаккыт дуо?

📌  Биики Халандаар | Сурут


«Ааҕар Саха сирэ» түмсүү
«Номохтоох Саха сирэ» бырайыагын бастакы номоҕун бэчээттиибит:

ТЫГЫН ДАРХАН

Өлүөнэ Эбэ үрдүгэр үс улуу хочо кэккэлэһэ сытар – Эркээни, Туймаада, Эҥсиэли.

Былыыр-былыр бу уйгулаах хочолорго булт-алт арааһа баара. Саха дьоно сылгы-ынах ииттэн, бултаан-алтаан, балыктаан олорбуттар.

Нуучча омук кэлиэн иннинэ Эркээни сиригэр Тыгын Дархан диэн аҕа баһылык олорбута эбитэ үһү. Кини албан аата, суон сураҕа Саха сиригэр бүтүннүүтүгэр иһиллэр.
Тыгын Дархан аҕата –Мунньан Дархан, эһэтэ – Түһүлгэ Дархан. Киэҥ толкуйдаахтарын, хорсун-хоодуот майгылаахтарын иһин кинилэри дьон-сэргэ олус ытыктыыр, тумус туттар эбит. Хаҥаластар хотойтон төрүттээхпит дииллэр. Онон ытык көтөрдөрө – хотой. 

Тыгын Дархан олорбут кэмин “кыргыс үйэтэ”  диэн ааттыыллар. Оччолорго биис уустар бэйэ-бэйэлэрин кытта эйэ дэмнээхтик олорбокко, куруук кыргыһан (сэриилэһэн) тахсаллар эбит. Тыгын Дархан күн сирин көрөрүгэр ытыһыгар хаан бөлөнөҕүн туппутунан төрөөбүт. Онуоха кырдьаҕастар «бу киһиттэн улуу киһи тахсыыһы» диэн билгэлээбиттэр. Тыгын кыра эрдэҕиттэн бэйэтин олус кыанар, чэгиэн, сытыы-хотуу буола улааппыт. 

Тыгын Дархан мындыр салайааччы, аҕа баһылык буолан, эйэни, иллээх олоҕу олохтуон баҕарар.

Күһүн өрүстэр, күөллэр мууһунан бүрүлүннэхтэринэ, айанныырга табыгастаах кэм үүнэр. Бу кэми сахалар Улуу Добдурҕа кэмэ дииллэр. Оччоҕо Тыгын Дархан атын миинэн, боотурдарын илдьэ ыраах айаҥҥа турунар, сири-дойдуну көрөр, или-эйэни олохтуохха диэн кэпсэтиһэр. Ол курдук Тыгын Дархан киэҥ-нэлэмэн Саха сиригэр аҥаардастыы аатыран-сураҕыран олорбут. 

Тыгын Дархан элбэх кэнчээри ыччаты хаалларбыт. Аабый Дархан диэн кэргэннээх, хас да оҕолоох эбит. Кини кыыһа Тыаһааны удаҕан, уола Кэрэмэс туһунан кэрэхсэбиллээх номохтор бааллар. Оттон сиэнэ Маһары ыраахтааҕыга тиийэ сылдьыбыт маҥнайгы саха буолар.



Эн саха ыраахтааҕыта Тыгын Дархан туһунан номоҕу аахтыҥ.

1. Саха сирин үс улуу хочото ханныктарый. Хаартаҕа көр. Бу хочолорго билигин ханнык улуус дьоно олороллоруй?
2. Улуу Добдурҕа кэмэ диэн ханнык кэми ааттыылларый (Өрүс, күөл мууһа тоҥмут, айанныырга табыгастаах кэм. Суол бадараана, оборчото тоҥон, мииниллэр уонна таһаҕасчыт аттар батыллыбакка айанныыр кэмнэрэ.).
3. Киһи чэгиэн-чэбдик буоларыгар тугу гыныахтааҕый (Иҥэмтэлээх аһы аһаан, тоҥмокко-хаппакка, чэбдик салгыҥҥа дьаарбайан, сөптөөхтүк утуйан сырыттахха, киһи чэгиэн буолар).
4. Эн улууһуҥ ытык көтөрө (кыыла) ханныгый (Нам – куба, бөтүҥнэр – бөрө ...).
5. Тыгын Дархан дьүһүнэ-бодото хайдах буолуой. Уруһуйдаа.
6. Кыргыс кэмэ хайдах кэм буолуой? Тыгын Дархан тоҕо Или (эйэни) олохтуу сатаабытый?
7. Дьон хайдах киһини тумус туттар эбитий? (Дьон тумус туттар киһитэ диэн инники күөҥҥэ сылдьар, бас-көс киһи)
8. Билиҥҥи кэмҥэ олорор аҕа баһылыгы кими билэҕиний (Президент В.В. Путин, Ил Дархан А.С. Николаев, ...).
9. “Тыгын Дархан” роман ааптара (В.С. Яковлев-Далан), “Тыгын Дархан” киинэ режиссера кимий (Никита Аржаков). 
10. ТыгынДархан диэн ааттан элбэх тылла таһаар (тыын, аан, хаан, аар, ыар, тыы, арыы, ардах, атах, анды ...). 


Күндү төрөппүттэр, эбэлэр-эһэлэр! Эһиги бу номоҕу кыра оҕолоргутугар, сиэттэргитигэр ааҕан биэриҥ, эбэтэр бэйэҕит тылгытынан кэпсээҥ. Сахалыы-нууччалыы булкуйан да буоллун, оҕо өйдүүрүн курдук.

Кэлин хаһан эрэ, улаатан баран оҕо махтана сылдьыаҕа, кэпсиир этэ диэҕэ. Баҕар, саха буоларым онтон саҕаламмыта диэҕэ.

Саргылаана Ноева ыйын ахсын маннык номохтору "Ааҕар Саха сирэ" ханаалга бэчээттиэҕэ, көтүппэт туһуттан ол ханаалга сурутан кэбиһиҥ дуу.


Тохсунньу 24 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Үөрэҕирии аан дойдутааҕы күнэ. "Үөрэҕи ылыы — киһи сүрүн бырааптарыттан биирдэстэрэ, оттон үөрэхтээх буолуу — дойдулар бигэ сайдар сүрүн тосхоллоро" — диир ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ Антониу Гутерриш.
🍧 Эскимо күнэ
🇷🇴 Румыния — Румыния княжестволарын холбоһууларын күнэ. 1859 сыллаахха тохсунньу 24 күнүгэр Молдавия уонна Валахия холбоспуттар
🇮🇳 Ииндийэ — Уттар-Прадеш күнэ.

🔹 1758 — Сэттэ сыллаах сэрии кэмигэр Кенигсберг олохтоохторо Арассыыйа ыраахтааҕытыгар Елизавета Петровнаҕа бирисээгэ биэрбиттэр (олор истэригэр аатырбыт ньиэмэс бөлөһүөгэ Иммануил Кант баар этэ). Онон Пруссия 1763 сыллаахха диэри Арассыыйа импиэрийэтигэр киирэ сылдьыбыта.
🔹 1857 — Калькутта университета олохтоммут, Соҕуруу Азияҕа бастакы университет.
🔹 1919 — Арассыыйаҕа Гражданскай сэрии кэмигэр казактары утары охсуһуу туһунан РКП(б) КК Оргбюротун дирэктиибэтэ тахсыбыт. Мантан ыла казаактары социальнай бөлөх быһыытынан суох гынар соруктаах маассабай кыһыл террор саҕаламмыта.
🔹 1944 — Корсунь-Шевченковскай эпэрээһийэ саҕаламмыт. Бу олунньу 17 күнүгэр диэри буолбут кыргыһыыга Кыһыл аармыйа чаастара 140 тыһыынча киһилээх ньиэмэс чаастарын Украина Корсунь-Шевченсковскай куоратыгар төгүрүйбүттэрэ уонна урусхаллаабыттара.
🔹 1946 — Дьокуускайга Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ аһыллыбыт.
🔹 1984 — Бастакы Apple Macintosh персональнай көмпүүтэр атыыга тахсыбыт.
🔹 1998 — Вячеслав Штыров туруорсуутунан 1992 сыллааҕы дуогабар хос көрүллэн, өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнөр урукку "Якуталмаз" ПНО имущественнай комплексын куортамын сыаната 27 бырыһыантан 21,5 бырыһыаҥҥа түспүт. Бу төлөбүр оччотооҕуга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн киирэр үбүн сүрүн ыстатыйата этэ.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1892 — Эрилик Эристиин - Семен Яковлев — саха бэйиэтэ, прозаига, биир биллэр айымньыта — "Маарыкчаан ыччаттара" арамаан.. Кини аатынан литэрэтиирэҕэ бириэмийэ олохтоммута.
▫️1915 — Анастасия Сыромятникова — сэһэнньит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Российскай Федерация култууратын Үтүөлээх үлэһитэ, 1957 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут



16 ta oxirgi post ko‘rsatilgan.