Саҥа дьылбыт чугаһаатар чугаһаан иһэр 🤩
Эһигини кытта үллэстэ илик салаатым рецебын таһаарабын
"Бочугурас" салаат
Кутуллар:
- 1 сибиэһэй оҕурсу, уһун синньигэстик быһабыт;
- 3 куурусса сымыыта (эбэтэр 10 устуука перепел сымыыта), устатынан субурхай соҕус гына быһыллара ордук;
- 3-5 лабаа сибиэһэй укроп (бүгүн миэхэ суох, ол иһин тоҥоруллубут күөх луук куттум);
- 1 ытыс сыалаах мас (кедр) эриэхэтэ;
- ньуоска төбөтүнэн туус;
- 2-3 остолобуой ньуоска сыалаах мас арыыта (кедровое масло) эбэтэр винограднай, оливковай арыы буолуон сөп.
Суруллубут бэрээдэгинэн салааппыт иһитигэр кутан иһэбит, быыс аайы кыратык тууспутун тамалатабыт, маныаха биһиги бэйэбит оҥорор хвойнай эбэтэр лимоннай тууспут амтанын өссө тупсарыа.
Бу маннык бэйэтинэн наһаа үчүгэй амтаннаах нарын салаат буолар. Баар буоллаҕына маанылаан көтөр этин эбэн биэриэхпитин сөп. Холобур, куурусса, индейка, булт көтөрүн түөһүн этэ бассар.
Минньигэстик аһааҥ! 😇🎄✨