Ахсынньы 14 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🌏 Аан дойдутааҕы эбисийээнэ (моймуун) күнэ. 2000 сыллаахха Мичиган университетын икки худуоһунньук-устудьуона онньуу быһыытынан олохтообуттара, кэлин тэнийэн, кыылы-сүөлү көмүскүүр тэрилтэлэр өйөөн аан дойдуга киэҥник бэлиэтэнэр буолбута. Бу күн дьон зоопаркаларга сылдьаллар, комикстар күрэхтэһиилэрин ыыталлар, эбисийээнэ таҥастаах киэһэлэри, эгэлгэ шоулары тэрийэллэр
🔸 Башкортостан (Арассыыйа) — Башкиир тылын күнэ
🇺🇸 Алабама (АХШ) — Алабама күнэ
🇧🇩 Баҥладеш — Кэйгэллэммит интэлигиэнсийэ күнэ. 1971 сыллааҕы босхолонор сэрии кэмигэр Пакистаан сэриилэрэ Бангладеш (ол саҕана Илин Пакистаан) үөрэхтээх дьонун (учуонайдары, суруналыыстары, инженердары, быраастары уо.д.а.) өлөртөөбүттэрэ, соруктара — үөскээн эрэр омугу хам баттааһын. Бу күн буолбут бүтэһик маассабай өлөрүү кэнниттэн икки хонон баран ахсынньы 16 күнүгэр Пакистаан сэриилэрэ бэриммиттэрэ, Бангладеш Ииндийэ көмөтүнэн тутулуга суох дойду буолбута.
🔸 Атын бэлиэ күннэр.
🔹 1774 — Cекунд-майор Степан Шатилов Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Кини бу солоҕо 1778 сыллаахха дылы сулууспалаабыт.
🔹 1911 — Руаль Амундсен экспедицията аан маҥнайгыннан Соҕуруу полюска тиийбит.
🔹 1918 — Британия Холбоһуктаах хоруоллугар бырабыыталыстыба быыбара буолбут, дьадаҥылар уонна 30 сааһыттан аҕа дьахталлар аан бастаан куоластаабыттар (эр дьон 21 саастарыттан куоластыыр бырааптаахтара).
🔹 1939 — ССРС Финляндияҕа саба түспүтүн иһин Нациялар Лигаларыттан таһаарыллыбыт.
🔹 1960 — ЮНЕСКО Үөрэҕирии эйгэтигэр дискриминацияны утары охсуһуу туһунан конвенцияны ылыммыт.
🔹 1971 — Бангладеш босхолонор сэриитэ: Илин Пакистааҥҥа 200-тэн тахса үөрэхтээҕи ытан өлөрбүттэр.
🔹 1992 — Абхазия сэриитэ: Ткварчели сэлиэнньэттэн дьону тиэйэн иһэр бөртөлүөт суулларыллыбыт, 52 киһи өлбүт, ол иһигэр 25 оҕо өлбүт. Бу кэнниттэн сэриигэ Арассыыйа Абхахия өттүгэр кыттыыта күүһүрбүтэ.
🔹 1994 — Кытайга Янцзы өрүһүгэр аарыма улахан «Үс хапчаан» быһыты тутан саҕалаабыттар. «Үс хапчаан» аан дойду саамай ыарахан ыйааһыннаах тутуута буолар, массата 65,5 млн тонна кэриҥэ. Кини уу хаайар сирин толороору өрүс кытылыттан 1,3 млн киһи көһөрүллүбүт. Манна кыталык кыстыыр айылҕата уларыйан, ахсаана аҕыйаабыт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1906 — Никита Григорьев (23.01.1989 өлб.) — филология билимин кандидата, кыра үөрэхтээх дьоҥҥо сахалыы ааҕар кинигэлэр ааптардара.
▫️1916 — Анна Васильева — өр сылларга Амма улууһун Бөтүҥ сельсоветын исполкомун бэрэстээтэлэ, обкомҥа уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр талыллан үлэлээбит, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️1938 — Иннокентий Пахомов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх реформатора, 1992-2004 сылларга СӨ Сир реформатын уонна сир ресурсаларын судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэстээтэлэ, сири олохтооһун туһунан элбэх кинигэ ааптара.
Өлбүттэр:
▫️1950 — Николай Тарабукин — эбээн литэрэтиирэтин төрүттээччитэ, бастакы суруйааччыта, эбээн фольклорун чинчийээччи. Эбээн литэрэтиирэлии тыла олоҕурарыгар, эбээн омуга сайдарыгар сүдү улахан кылааты киллэрбит киһи.
▫️1976 — Серафим Кулачиков - Эллэй — саха норуодунай бэйиэтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
▫️1981 — Алексей Айкаров (01.01.1920 төр.) — Саха АССР үлэһит кылааһын уонна бырамыысыланнаһын устуоруйатын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.
🔹 Бүгүн эбии туох ахтылларын манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут