Масаха Мэхээс


Гео и язык канала: Киргизия, Киргизский
Категория: Познавательное


Инстаграмҥа балаһам
https://instagram.com/mekhes?igshid=YmMyMTA2M2Y=

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Гео и язык канала
Киргизия, Киргизский
Статистика
Фильтр публикаций


Куоракка киирэн үүтү сиикэйдии 1 лиитэрэтин 200 солкуобйга атыылыыбын дуо диэн ыйытынньык оҥордум.

✅Ыйытынньыгы 5102 киһи көрбүт.

✅Атыылаһабын диэччи 404 киһи.

✅Атыылаама диэччи 44 киһи.

☝🏻Амуртан кэлэр фермерское подворье порошоктан үүтэ 1л = 130-150₽ иһигэр араастаһар.

🥛 Онтон тыннаах үүт доруобуйаҕа туһата 100% ордук. Онон 200 солкуобайга дьон ыларга бэлэм эбит диэн санааҕа кэллим✊🏻

Туох дии саныыгын? Чааһынай киһи бэйэтэ докумуоннарын бэлэмнэннэн баран "Самозанятай" диэнинэн холкутук атыылыыр эбит.

ЛПХ-алар улахан рынокка, маҕаһыын полкаларыгар киирэллэригэр туох кыһалҕа барый?
Уопыттах дьон суруйуҥ эрэ, кыһалҕаны быһаарарга күүс көмө буолуҥ✊🏻

642 0 1 44 65

Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
Бүгүн Майаҕа үүппүн атыыласпыт киһи отзывын истэммин, хайдах эрэ манныгы ойуулаан көрөн таһаардым😅

1.1k 0 0 16 131

Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
Хотоҥҥо тахсыһыҥ😅🐮

10.9k 5 49 42 105

Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
Эдэрдиин кырдьаҕастыын, кыралыын улаханныын бары аһыыр аспытын көрүнүөҕүҥ. Чөл турук ону ирдиир, уһун дьоллох олох ону соруйар!✊🏻


👆🏻👆🏻👆🏻Доҕоттор! ити приз игин туһугар куоластааһын буолбатах, дэриэбинэҕэ интернет киллэрэр туһугар! ыччат дьон олохсуйуутугар табыгастаах буоларын туһугар! Ааһа барбакка куоластыаххайыҥ!


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
🔴 Куоластааһын бүгүҥҥүнэн бүтэр эбит!

🔴 БУ СЫЫЛКАНАН https://www.gosuslugi.ru/inet КИИРЭҤҤИТ МЭҤЭ-ХАҤАЛАС, ТИЭЛИГИ ДИЭНИ БУЛАҤҤЫТ, КУОЛАСТААҤ ДИЭН ЫҤЫРАБЫН ✅ 🙌🏻

Куоластыырга 3 эрэ мүнүүтэ наада эбит👍


Бүгүн Мааныбыт төрөөтө. Ниирэйэ олус улааппыт эбит.
Ураанайым 11 хонуктаах ниирэйдэрин саҕа улахан. Иннэ гынан Мааны ыгыстар күүһэ тиийбэтэ, көмө буоларга туруннум. Ааспыкка "АгроЭксперт" тэрилтэттэн Михаил Миронов онлайн видеовызовынан көмөлөспүтэ, билигин ол тэрилтэ бэтэринээрэ Марина Корнилова сүбэ-ама буолла. Маҥнай илиибинэн кыайан таһаарбаккабын олус долгуйдум, онтон араас албастары Марина ыйан биэрэн быаланан, мастанан таһаардым👍🏻

Ураанай төрөөбүтүн кэннэ сэрэхэчийэн "ТИК Техносфера+" уолаттара биэрбит онлайн камераларын туруорбутум.
Ол камеранан үлэбэр олорон 16:30 чааска Мааны төрөөн эрэрин көрөн кэргэмминээн сүүрэн кэллибит🏃🏻‍♂️

Барыта этэҥҥэ эрэ буоллун🙏🏻

2k 0 7 27 178

Бу хоһоон ырыа буолан бу сарсыарда кулгаахпын нөҥүөлээн испэр киирэн олус долгутта.

Тылларын саҥардыы сыныйан иһиттим - дойдугун чахчы таптыыр буоллаххына бу тыллар быһалыы сүрэххэр киирэллэр быһылаах😅

Урут ырыа, мелодия эрэ курдук истэр этим

👇🏻👇🏻👇🏻
"Саха үҥкүүтэ"
С.Данилов

Үрүмэччи үөрүн курдук,
Арыы-дьэҥкир халлаан курдук,
Көөнньөрүүлээх кымыс курдук,
Көҥүл санаа кыымын курдук
Дьоллоох саха кыргыттара
Чороон тутан таҕыстылар.
Ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр
Оһуор үктээн киирдилэр,
Нуоҕай лабаа илиилэр
Дьол ырыатын тистилэр...
Үөрэ сөхпүт санаабар
Алаас тыала ил гынар.
Чуумпу Лена долгунунуу,
Туундара үрүҥ кубатыныы,
Алаас хотун хатыҥыныы,
Атан эрэр ньургуһуннуу,
Намыыннарын, наскылларын,
Нарыннарын баҕастарын.
Кэрэ-бэлиэ кэпсээн курдук,
Сэрэтиилээх сэһэн курдук,
Ылбай чаҕаан ырыа курдук,
Ыраас таптал кыымын курдук
Сахам нарын үҥкүүтэ-
Сахам сирин кэрэтэ!


Репост из: ГАЗЕТА "ЭРКЭЭЙИ" Мегино-Кангаласского улуса
Михаил Масаха:
«Бэйэм бу кыһалҕаны иһиттэн билээри»

🐄📱 Майатааҕы Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ, биллэр блогер Михаил Масаха хотон туттан сүөһү иитэн эрэрин, бу хайысханы тоҕо талбытын туһунан бэйэтин социальнай ситимигэр сырдатарын бары көрө-ааҕа сылдьабыт.

🌿🐂 Тыа сиригэр сүөһү ахсаана аҕыйыы турар, ыччат онно улаханнык баҕаран ылсыбат. Маны бэлиэтии көрөн уонна тоҕо оннугун иһиттэн билээри, барыстаах дуу, суох дуу, сайдар кыахтаах дуо диэн санааттан, тыа хаһаайыстыбатыттан тэйиччи дьарыктаах эдэр киһи Михаил Масаха  сүөһү иитэр үлэҕэ ылсыста. Быйыл күһүн 2 уулаах ынаҕы, 2 оҕус борооскуну хотонугар киллэрбитэ, сэтинньи 2 күнүгэр Ураанай диэн ынаҕа игирэ оҕус ньирэйдэри төрөөн, сүөһү диэҥҥэ саҥа чугаһаабыт дьону соһутта да, үөртэ да.

🎙️💬 Эрдэ болдьоһон, биир киэһэ үлэ кэннэ Масаха хотонугар тиийэн бэйэтин кытта сэһэргэстим.

Сиһилии ⬅️

@gazetaerkeii
@ulusmedia


Репост из: НФ "Барҕарыы"
Сэтинньи 8 күнүгэр “Мин өрөспүүбүлүкэм” смена («Бэс Чагда» лааҕыр) кыттааччылара Мэҥэ Хаҥалас улууһун кыраайы үөрэтэр түмэлин салайааччыта, блогер Масаха Мэхээһи кытта көрүстүлэр. Саха сирин историятын, олоҕун-дьаһаҕын сонуннук, сэргэхтик сэһэргээн, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт биллэр блогер оҕолорго саҥа бырайыагын кэпсээтэ. Саха төрүт дьарыгын, сүөһү иитэр үгэһин, аныгылыы тэринэр киэҥ ис хоһоонноох үлэтин бэрт сэргэхтик, ылыннарыылаахтык сэһэргээтэ. Маннык ураты саҥа көрүүлээх, эдэр эрчимнээх дьону кытта көрсүһүүлэр оҕолорго суолталаах, туһалаах буолуохтара диэн эрэнэбит.


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
Тыа сирин туһунан


Репост из: Улус.Медиа | Новости Якутии
Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
Гаврил Никифоров - Манньыаттаах уола бүгүн төрөөбүтэ 153 сыла

Саха аатырбыт атыыһыттарыттан биирдэстэрэ, Саха сиригэр ырыынак сыһыаннарын олохтооһуҥҥа сүҥкэн оруоллаах киһи Гаврил Васильевич Никифоров - Манньыаттаах уола бүгүн, сэтинньи 7-с күнүгэр, төрөөбүтэ 153 сыла.

Гаврил Никифоров 1871 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тыыллыма нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Кини норуоттар икки ардыларынаа5ы таһымнаах предприниматель этэ. Арассыыйа иһигэр, ону тэҥэ Япониянан, Американан, Канаданан, Европанан сылдьан эргинэрэ, сыһыан олохтуура.

Күн бүгүн Саха сиригэр «Манньыаттаах уола» диэн фонда тэриллэн үлэлиир. Фонда баай Манньыаттаахтар өтөхтөрүн сөргүтэри туруорсар. История пааматынньыгынан билиниллибит өтөх мэҥэлэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ культурнай нэһилиэстибэтэ буолара саарбахтаммат. Сөргүтүүгэ туох үлэ ыытылларын Улус.Медиа сюжетыттан билсиҥ.

https://vk.com/video-197321747_456243049

@ulusmedia


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
Сотору кэминэн "Саҥа хотон" салҕыыта тахсыаҕа🙋🏻‍♂️


Видео недоступно для предпросмотра
Смотреть в Telegram
Бэҕэһээ хотоммутун НВК канаалыгар көрдөрбүттэр😅👍🏻


Репост из: Молодежный парламент РС(Я)
⚡️🎨 Спикер направления «Культурная грамотность» - директор краеведческого музея им. Р.Г. Васильева, а также участник Николаевского форума-2023 Михаил Масаха рассказал о том, какие навыки, приобретенные на прошлогоднем форуме, помогли ему в жизни и реализации проектов, а также значимости проведения подобных мероприятий, как Николаевский форум

Полное видео смотреть по ссылке 📲

@molparlament_sakha
Михаил Масаха
Watch Михаил Масаха 1 min 54 s from 2 November 2024 online in HD for free in the VK catalog without signing up! Views: 1.



Показано 16 последних публикаций.