«Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ🤲🏻


Channel's geo and language: Kyrgyzstan, Kyrgyz
Category: Art


Үлэлиир кэмэ:
Бэнидиэнньик-бээтинсэ 10:00 - 18:00 ч.
Субуота 11:00 - 17:00ч.
Өрөбүлэ: баскыһыанньа
📲Билсэр нүөмэргит: 32-13-23
WA: http://wa.me/79290529987, http://wa.me/+79142719343

Related channels  |  Similar channels

Channel's geo and language
Kyrgyzstan, Kyrgyz
Category
Art
Statistics
Posts filter


Күндү дьоммут -сэргэбит! Үгүс дьон көрдөһүүтүнэн сарсын тохсунньу 18 күнүгэр "Таайтарыылаах Таҥха киэһэтэ" күнүс 12ч. 00 саҕаланыа🙌


Холобур: “Оойуут!… Уолбут сирэн атын сир диэки олоҥнуу, куоҕаҥныы, хончоҥнуу турда дии!… Ээйиис!… Аны кыыспыт эҥин-эҥин буолан сөрүөҥнүү, мунньаҥныы, дьибилиҥсэлэнэ сытар дии!…”.

Этэрбэс хаамара

Балаҕан аанын утары ортоку оронтон этэрбэһи ааҥҥа диэри хаамтараллар. Ол аата этэрбэс тумсун эбэтэр тилэҕин орттуттан тутан, тилэх уһаты кээмэйинэн мээрэйдээн эргитэн, тилэҕин эбэтэр тумсун солбуһуннары уурталаан көнөтүк аан боруогар диэри тиийэллэр. Этэрбэс боруокка тумсунан тиийдэҕинэ баҕа санаа туолар, оттон тилэҕинэн буоллаҕына өссө да туолара биллибэт.


“Саха ыалын сиэрэ-туома” (Айар, 2023, А.С.Федоров)

ТАҤХА ООННЬУУЛАРА:

Аныгы кэм киһитин олоҕо дьалхааннаах, араас иһитиннэрии да элбэҕэ, киһи кутун-сүрүн ыһар, аймыыр. Кэнники кэмҥэ аан дойду үрдүнэн духуобунаска болҕомто улаатта. Итэҕэл боппуруоһа ол иһин сытыытык турар. Саха киһитэ чараас эйгэлээх диэн мээнэҕэ эппэттэр. Таҥха Хаан таайтарыылаах кэмигэр киһи тас эйгэттэн ис туругун иһиллэнэн көрөр, инникитин билиэн-көрүөн баҕата биллэ улаатар. Таҥха оонньууларын ааҕааччы болҕомтотугар таһаарабыт.

Түөрэх быраҕыы

Былыр түөрэх быраҕыы улаханнык тэнийбитэ. Бараһыайдыыр киһи тугу эмит ыйытан баран ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын, о.д.а. үөһэ быраҕара. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инники дьылҕаларын билгэлииллэрэ. Холобура, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Бу сырыыга булпар баартаах буоллахпына түөрэҕим олоро түс, оттон тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына түҥнэри түс», — дииллэр. Ньуоска умса түстэҕинэ табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар уонна таайааччылар аат эрэ харата «былаҕай» диэн саҥа таһаараллар, оттон ньуоска аһыыр оттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, ити баарды билгэлиир, оччоҕо дьон «Туску!» диэн саҥа аллайан, үөрэн үөһэ ууналлар. Маннык билгэлээһиҥҥэ туттуллар мал-сал «түөрэх» диэн ааттанар.

Түҥ былыргы уонна тарҕаммыт таайыы ньымата «Сыҥаах ойуун» диэн. Уол эбэтэр кыыс тымтыгы устатынан үс гыммыттан бииригэр диэри хайытар, онно туора эмиэ тымтыгы кыбытар. Ол кэнниттэн бу «сыҥаах ойууну» көмүлүөк оһох холумтаныгар батары анньан баран, туора маһын ортотунан уматаллар. Тымтык умайан бүттэҕинэ икки аҥы арахсан, арыый бүтүн өттө туора баран түһэр. Ити тымтык хайа диэки түһэриттэн уол кэргэн ылар кыыһа, кыыс эргэ тахсар киһитэ олорор сирин сылыктыыллар. «Сыҥаах ойууҥҥа» эрдэттэн ыйытыы биэрэн, тугу баҕарар таайыахха сөп. Холобур, «кэтэһэр киһим бүгүн кэлэр түбэлтэтигэр инники муннукка, оттон кэлбэт буоллаҕына ааҥҥа ой» диэхтэрэ.

Суол аттыгар лабаалары туруортааһын

Сүөһү уулатар ойбоҥҥо барар суол аттыгар киэһэ талах лабааларын дьиэҕэ баар киһи ахсаанынан ааҕан хаарга туруору анньаллар. Сарсыарда көрдөхтөрүнэ, ыарыыга хаптарар киһи лабаата хоҥкуйбут эбэтэр бүк түспүт буолар. Оттон чэгиэн киһи талаҕын лабаата биир кэм турар.

Хорҕолдьунунан таайыы

Ууга ууллубут хорҕолдьуну куталлар. Хорҕолдьун кытаатарыгар элбэх чааска араҕыстаҕына уулларбыт киһи өлөрүн, оттон биир кэлимсэ буола кытааттаҕына киһитэ этэҥҥэ олоруоҕун билгэлиир. Хорҕолдьун ортокута бүтүн куһуок уонна тулатыгар ооҕуй оҕустуу элбэх салаалардаах буолар түбэлтэтигэр, ол киһи ыччаттардаах буолар.

Түннүккэ хайаҕаһы үүттээһин

Түүн ыалларын дьиэтигэр тиийэн, хотонтон ынах сааҕын эһэр муус түннүккэ эриллэҕэс күлүүс тылынан дьөлө үүттээн хайаҕас оҥороллор. Ол хайаҕаска кулгаахтарын даҕайан, хаһаайыттар кэнэҕэски олохторун туһунан кэпсиир саҥаны истэллэр.

Түннүк анныгар иһиллээһин

Түүн ыалларын түннүгүн анныгар иһиллииллэр. Хаһаайын уола сотору кэминэн ойохтонор буоллаҕына, иһиллээччи бөрө улуйар саҥатын, оттон кыыһа эргэ тахсар түбэлтэтигэр ыт үрэрин истэр. Дьахтар төрүүрүгэр чыычаах ыллыыр. Ким эрэ бу дьонтон өлөр буоллаҕына, дьиэни сиппийэр эбэтэр хаптаһынынан уһанар тыас иһиллэр.

Хаары сиидэлээһин

Киэһэ сэргэни тула хаары сиидэлээн куталлар. Сарсыарда эрдэ туран ити хаары көрдөххө, араас суол-иис хаалбыт буолар. Сиидэлээбит киһи байыах буоллаҕына хаарга кулунчук, торбос туйаҕын суола көстөр. Оҕо төрөөрү гыннаҕына оҕо атаҕын суола, оттон өлүүгэ түбэһиэх буоллаҕына, хоруоп эбэтэр киһи уҥуоҕа көстөр.

Ууга сабынан таайыы

Уоллаах кыыс холбоһоллор дуу, суох дуу диэн таайаллар. Икки синньигэс иҥиир утахтарын иһиккэ кутуллубут уу үрдүгэр кэккэлэһиннэри уураллар. Утахтар бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан эриллэллэр, ол аата ыал үөскүүр. Оттон арахсар буоллахтарына, утахтар чиэрбэ курдук хамсыы-хамсыы тус-туһунан бараллар. Ыччаттар дьээбэлэнэн, утахтар хамсаныыларыгар уол уонна кыыс майгыларыгар, тутта-хапта сылдьалларыгар майгынната көрөн күлэллэр-үөрэллэр. Ордук дьээбэлээх тыллаах киһи баар буоллаҕына, араас бэргэн тылы быраҕан, дьону уҥа-хаҥас күлүөхтэригэр диэри саататар.


Video is unavailable for watching
Show in Telegram


Хас биирдии саҥа үүнэр сылтан тугу эрэ кэрэни, сырдыгы күүтэҕин, саҥа соруктары туруораҕын - ол барыта хайаан да туоларыгар эрэнэҕин.
Саха киһитэ былыр-былыргыттан тохсунньу ыйга Таҥха Хааҥҥа сүгүрүйэн, инникини тымтыктанан, иһиллэнэн көрөр үгэстээх. Бу күннэргэ "Арчы дьиэтэ" духуобунай култуура киинигэр дьон-сэргэ айылаҕалаах дьоннуун алтыһар ураты эйгэлээх кэмэ буола турар. Тохсунньу ый 16 күнүгэр,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н. Егоров - Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал библиотека ааҕааччылара "Арчы дьиэтэ" духуобунай култуура киинигэр, сылаас холумтаныгар «Таайтарыылаах Таҥха ыйа» диэн көрсүһүүгэ тоҕуоруһа муһуннулар.
Көрбүөччү, айылҕаттан айдарыылаах Афанасий Павлов - Күндүмэн күннээҕи үгэстэргэ тугу тутуһуохтаахтарын туһунан санааларын, фольклор салаатын методиһа Петр Кычкин Таҥха ыйын тула иһитиннэриитин сэҥээрэ иһиттилэр.
Бу курдук кэлбит истээччилэр үтүө үгэстэри тутуһан, арчыланан, санааларын бөҕөргөтүнэн, саҥа сылларын саҕалаатылар.








Video is unavailable for watching
Show in Telegram


Тохсунньу ый 13-19 Таайтарыылаах таҥха күннэригэр айыл5алаах дьоммутун кытта алтыhа, сүбэ - ама ыла, ыраастана, чэбдигирэ кэлэргитин күүтэбит.






Video is unavailable for watching
Show in Telegram


Тохсунньу 8-9 күннэригэр талааннаах худуоһунньук, СӨ култууратын туйгуна Ньугуйаана Никифорова - Ойууна "Ойууналыын ойуулаа" живопиһынан хартыынаны уруһуйдуурга ааптарыскай бырайыага, бэрт интэриэһинэй маастар-кылааһа ыытылынна.



15 last posts shown.