ДОРУОБУЙАЛАРЫНАН ХААЧЧАХТААХ ДЬОҤҤО АНАЛЛААХ СПАРТАКИАДАҔА МАЙАЛАР КЫАЙЫЫЛААХ БУОЛЛУБУТ
🔹Улууспутугар сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри доруобуйаларынан хааччахтаах дьон Аан дойдутааҕы күннэригэр аналлаах дэкээдэ саҕаланна.
🔹Дэкээдэ чэрчитинэн бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр Парус спорт уораҕайыгар улуустааҕы спартакиада буолан ааста.
🔹Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутугар ананар дэкээдэ чэрчитинэн ыытыллыбыт спартакиадаҕа , 13 хамаанда 7 көрүҥүнэн күөн көрүстүлэр, күрэс былдьастылар.
🔹Күрэх уопсай түмүгүнэн:
1 миэстэ🥇- Майа хамаандата
2 миэстэ🥈- Төҥүлү хамаандата
3 миэстэ🥉- Нөөрүктээйи хамаандата таҕыстылар. Саввина Любовь Павловна салайааччылаах Майа сэлиэнньэтин 24 киһилээх хамаандата элбэх очкуонан куоһаран бастыыры ситиспитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Бар дьоммутугар өрүү бу курдук күүстээх санаалаах, кыайыыга дьулуурдаах, түмсүүлээх буоларгытыгар баҕарабыт.
🔰Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата