От ыйын билгэтэ.
Бэс ыйын 21 күнүттэн от ыйын 12 күнүгэр диэри Тунах куйааһа дэнэр.
От ыйын 13 күнүттэн от ыйын 20 күнүгэр диэри Саары куйааһа.
От ыйын 21 күнүттэн от ыйа бүтэр диэри хаптаҕас куйааһа.
От ыйа — сайын үгэнэ, сайын оройо. От-мас сибэккитэ, туораҕа ситэр. Үрэх кытылыгар сардаана сибэкки тэтэрэ кыыһар. Чараҥнарга дьэдьэн буһар, сыһыы, үрэх саҕатыгар хаптаҕас, моонньоҕон ситэр. Күн ортотугар түһэр сиккирэс тыал от-мас сиэмэтин ыһар. Сир аайы сибэкки ыһыаҕа. Көтөрдөр оҕолорун көтүтэллэр. Кинилэри батыһыннара сылдьан, түргэнник көтөргө, аһылыктарын булунарга үөрэтэллэр. Саха сиригэр от хомуура саҕаланар. Отчуттар аҕыс ыйдаах ыарахан кыстыгы эрэйэ суох туоруур туһугар элбэх оту оттуурга дьулуһаллар. Оҕолуун-уруулуун бука бары ходуһаҕа тахсаллар.
Саха оттуур кэмин үс таҥаранан бэлиэтиир: от ыйын 12 күнэ — Бөтүрүөп, окко киирэр кэм. Эбэтэр хойутаабыт дьон «абааһылар мунньахтара» кэнниттэн от ыйын 15 күнүттэн киирэллэр. Атырдьах ыйын 2 күнэ — Ылдьыын, хотуур ортото; балаҕан ыйын 14 күнэ — Сэмэнэп, от үлэтин бүтүүтэ.
Үгүс киһи от ыйын 13 күнэ “Кунай Хотуурдаах” күнтэн куттаналлар. Ол аата, Абааһы мунньаҕын кэмигэр, от ыйын 12 күнүгэр түүн 12 чаастан от ыйын 13 күнүгэр түүн 12 чааска диэри, айдаарар, тыаһы таһаараар аньыы. Онон ити кэмҥэ тыаһаамаҥ-ууһаамаҥ, мээнэ күлүмэҥ-салымаҥ, улахан үлэни үлэлээмэҥ. Си-дьүгээр сылдьа сатааҥ.