«Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ🤲🏻


Kanal geosi va tili: Qirg‘iziston, Qirg‘izcha
Toifa: San’at


Үлэлиир кэмэ:
Бэнидиэнньик-бээтинсэ 10:00 - 18:00 ч.
Субуота 11:00 - 17:00ч.
Өрөбүлэ: баскыһыанньа
📲Билсэр нүөмэргит: 32-13-23
WA: http://wa.me/79290529987

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Kanal geosi va tili
Qirg‘iziston, Qirg‘izcha
Statistika
Postlar filtri


Собону сиибит даҕаны, кини туһунан билбэппит элбэх эбит:

1). Собо тыла диибит. Собо тыла суох, таҥалайа эбит.

2) Собо хараҕынан көрөрө олох мөлтөх эбит. Ол иһин күөгүлээтэххэ мэҥиэни көрбөт.

3) Ол оннугар собо уу хамсыырын сүрдээҕин билэр эбит. Ону билэн күөгүһүттэр кыра чиэрбэни хамсыы сылдьар гына иилэн
хаптараллар эбит.

4). Собо этинээҕэр өлө ордук иҥимтиэлээх эбит. Былыр казактар ону билбэккэ иһин быраҕан этин эрэ сиэннэр цингэлээн ыалдьаллар эбит.

5). Собо өлө ханнык да органа буолбатах - хасааһа. Утуйар кэмигэр туттуллар саппааһа. Саамай туһалаах бэтэмиинэ

7). Собо кыһын 200-н тахса күн утуйар, аһаабат.




❓Муҥха тэрилин төһө билэҕит?






Былыр өбүгэлэрбит кыһыны олус кэтэһэллэр эбит.
Айан суола арыллар, от-мас тиэйиитэ саҕаланар диэн. Ордук кэтэһиилээҕэ хаар буолар эбит.
Ол иһин хаары араас араҥаларга араараллар эбит.

КЫРАҺА - хара сири маҥхатар гына түһэр бастакы хаар. Ууллар.

КЫСТЫК ХААР - чараас гынан баран аны ууллубаттык түспүт хаар.

СЫАРҔА ХААРА - сыарҕа ылаҥа хара сиргэ дылы батары туспэккэ хаар үрдүнэн халтарыйар.

СУОРҔАН ХААР - сир үрдүн барытын сабар, балай эмэ халыҥыыр, хаар анныгар көмүрүө үөскүүр.

ҮЛЛҮК ХААР - хаар улаханнык халыҥыыр, киһи сатыы сылдьара ыарыыр.
Сири Дойдуну үүнээйилэр силистэрэ дөйө тоҥмот гына үллүйэр.

САМАЛЫК ХААР - кыра кыралаан кыһыны быһа түһэн
Үллүк хаары сааскы ылааҥыга дылы халыҥатар.

САМАЛЫК ХААРТАН хаар чиҥиир, сааскы уу дьылҕата быһаарыллар.


БУЛТ СИЭРЭ - ТУОМА.
Өбүгэлэрбит барахсаттар айылҕаҕа чугас буолан, айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйүү итэҕэлэ,ионтон тахсыбыт сиэрдэрэ - туомнара үгэс быһыытынан, билиҥҥи үйэҕэ диэри тиийэн кэллиллэр. Олортон биирдэстэринэн "Булт сиэрэ - туома" буолар.
Былыр саха киһитэ барыта булчут этэ. Айылҕа биэрбитинэн аһаан - сиэн, таҥнан - симэнэн, дьиэ - уот оҥостон, сылгы, сүөһү ииттэн олорбута. Булчут айылҕаҕа сылдьар кэмигэр сиэри - туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах. Билбэт буоллаҕына хайаан да (!) үөрэтиэхтээх, т.д. сыыһа - халты туттуулары оҥорон булдун кэҕиннэриэн сөп. Маннык бобуулары хас биирдии булчут тутуһуохтаах :
* Өлбүттээххэ сылдьыбыт буоллаҕына, бултуурун 40 хонукка тохтотуохтаах, оттон тахсар күннээх буоллаҕына тыа, күөл иччилэрэ булду бэрсибэттэр. Хонуга аастаҕына бэйэтин уонна сэбин - сэбиргэлин арчыланан баран тахсар.
* Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду ылар сатаммат.
* Бултаан киирэн баран чугас дьонугар хайаан да бэрсиэхтээх, т.д. бэринньэҥ булчукка Баай Байанай булду тэбэр.
* Атын булчут сэбигэр - сэбиргэлигэр
( туһаҕар, сохсотугар, туутугар, илимигэр, саатыгар) киирбит булду көҥүлэ суох тыыппаккын.
* Улахан булка ( эһэҕэ, тайахха, табаҕа) сылдьар булчут кыра булду ( куобаҕы, мас көтөрүн) о.д.көрдөҕүнэ бултаспат, көннөрү аһыырыгар эрэ өлөрөр.
Тыаҕа бултуу тахсар күн - дьыл хайдаҕыттан, ол эбэтэр уларыйыытыттан тутулуктаах. Бултуу сылдьан булт үргэн хаалыа диҥн айдаарбаттар, оту - маһы алдьаппаттар, мутугу тосту үктээбэттэр. Бултаан бүтэн баран, уоттарын үчүгэйдик умуруоран, аһаабыт сирдэрин хомуйан,о.а бэйэлэрин кэннилэриттэн туох да бөҕү - сыыһы хаалларбакка дьиэлэригэр төннөллөр.

Алгысчыт, уһуйааччы, Саха республикатын үтүөлээх артыыһа, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын бочуоттаах үлэһитэ -
Афанасий Семенович Федоров




Сэтинньи - кыһыҥҥы ый. Бу дэлэй астаах, хаһаастаах.Ол аата саха дьоно кыстыкка бэлэмнэнэн идэһэлэнэр, муҥхалыыр, бултуур.
Сэтинньи тымныытын Дьыл оҕуһа кэллэ дииллэр.Кыстык Хаар халыҥыыр.Күн кылгаабытынан барар.
Бу ый Байанай иччилээх.Баай Байанай – үтүө санаалаах, үөрүнньэҥ майгылаах. Кини элбэх кыыллаах-сүөллээх халыҥ тыаҕа олорор. Баай Байанай — хара тыа иччитэ(көтөр- сүүрэр, булт-алт иччитэ).
Кини ойуур кыылларын бас билэр, көрөр - харайар.
Сэтинньи бэлиэтэ - ох.Бу ыйга төрөөбүт дьон асчыт, булчут буолуохтарын сөп.Сиэри - туому тутуһар булчукка Байанай "мичик гынар".
Билгэтэ
- Сэтинньи тибиилээх буоллаҕына, угут дьылы кэтэһэллэр.
- Бу ыйга түүлээх (кыраһа) хаар түһэн барар.Түүмэх элбэх буоллаҕына - өҥ дьыл, аҕыйах буоллаҕына - кураан.
Таабырыны таай
Дэлэй астаах, хаһаастаах Байанай ыйа баар үһү.




   


*Сэтинньи* - сахалар саамай сүгүрүйэр ыйдарыттан биирдэстэрэ. Бу – Баай Байанай Айыы ыйа.
 2024 сыл – АЙЫЫҺЫТ ИЙЭ ХОТУН СЫЛА.
СЭТИННЬИ ЫЙ – БАЙАНАЙ АЙЫЫ ЫЙА.
Сэтинньи ыйы – Ыам ыйа батыһар.
Сэтинньи — сахалар саамай сүгүрүйэр ыйдарыттан биирдэстэрэ. Өбүгэлэрбит Байанайы булду-алды кытта ыкса сибээстииллэрэ. Олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыллара. Махталлаах булчукка Байана харатыа баайыттан үөрэ-көтө бэрсэр диэн өйдөбүл олохсуйбут.

Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон, хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх, үксүгэр, былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Түүмэх элбэх буоллаҕына — өҥ дьылы, түүмэх аҕыйах буоллаҕына, курааны күүтэллэр. Ый ортотугар (14 күн) сылаас таҥаһы кэтэр күн. Халлаан тымныйар. Киһи кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр. Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам буолбатах (ол ахсынньы 10-тан саҕаланыа). Күн сиэлиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.
Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу, быһаараллар. Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибин түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр. Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.
Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, сылаас кыһын буолар.Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, хаар түһүө. Өрүс уута тура илигинэ кыстык хаар түстэҕинэ, куһаҕан дьыл кэлэр. Ойбону саҥа аллардахха уута толору тахсар, ардыгар модьоҕотун таһыгар охсор буоллаҕына, уулаах саас, итиэннэ өҥ сайын кэлэр. Уу нэһиилэ тахсар, өрө тэппэт буоллаҕына, сааһыгар үрэххэ уу кэлбэт, уута суох саас буолар.

*Сэтинньи ый билгэтэ*

*Сэтинньи ый 2 күнэ* – былыттаннаҕына,  кыһына ичигэс.

*Сэтинньи ый 3 күнэ* – Бу ыйга үс тибии түстэҕинэ, саас тоҕус тибии түһэр дииллэр. Онтон элбэх буоллаҕына, өҥ дьыл буолар. Онтон аҕыйах буоллаҕына, кураан дьыл буолар.

*Сэтинньи ый 5 күнэ* – Былыта суох күн хаар кыыдам­наан, элбэх кыраһа түстэҕинэ, өҥ сыл буолар. Кыраһа кыра буоллаҕына, кураан сыл буолар диэн суруйаллар.

*Сэтинньи ый 8 күнэ* – Сэтинньи 8 күнүттэн (Миитэрэйэп күнэ), сахалыы халандаарынан, идэһэни өлөрүү саҕаланар.Миитэрэйэп күнүгэр халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына – кыһына тымныы, оттон үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар таҕыстахтарына, тымныы кыһыны күүтүҥ.

*Сэтинньи ый 15 күнэ* – Ый уонна Үргэл алтыһаллар. Ырааҕынан ааһыстахтарына, сылаас соҕус буолар. Чугаһынан ааһыстахтарына, тымныы буолар дииллэр.

*Сэтинньи ый 15 күнэ* – Муҥха бүтэр (Саха ыалын халандаарыгар — Мэхээлэйэп күнэ).

*Сэтинньи ый 22 күнэ* Былыттаннаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр диэри ичигэс турар.

*Сэтинньи ый 25 күнэ* *– Уус Алдан улууһун Курбуһах олохтооҕо Федот Николаевич Аммосов суруйбутунан – Мэхээлэйэп таҥара күнэ.

*Сэтинньи ый 26 күнэ* – Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам–­даам тымныы түһүүтэ буолбатах.

*Сэтинньи ый 27 күнэ* Саҥа үүнэр ый туруору та­­ҕыстаҕына – тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.

*Сэтинньи ый 28 күнэ* Сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйарыгар.

*Сэтинньи ый 29 күнэ* Кыһынын соҕурууттан, арҕааттан салгыннаннаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.

Тускул


ИДЭҺЭ СИЭРЭ-ТУОМА

Ынаҕы, сылгыны иитэр киһи хайаан даҕаны сылын аайы идэһэлэнэр. Сорох киһи убаһатын “туттарбат” диэн, саанан ытар. Бу – улахан сыыһа, ханнык да түбэлтэҕэ ытан өлөрүллүбэт.
Сүөһүнү сүөһүгэ, сылгыны сылгыга көрдөрөн туран астаныллыбат. Сүөһүнү үөрэ-көтө астанар, аһыас курдук.
Эбэ диэки, ол эбэтэр дьиэлэр быыстарынан, арыы тыаларынан аһаҕас сирдиэки хайыһыннаран баран сүүскэ охсуллар. Оччоҕо өлүк салгына, охсубут киһинэн буолбакка, эбэнэн тахсан барар. Эбэни таҥнары көрдөрөн туран охсуллубат, ити – кэһиллибэт улахан сиэр-туом
Идэһэни охторон баран, быатын ньылбы таһыйан ылан мээнэ элитиллибэт, суулуу, хомуйа тутан, кэлин диэки чөкө ууруллар.
Дьэ, ол кэннэ хабарҕатын хайа сотуллар уонна ыраас хаарга эбэтэр күөх кырыска хаанын чоккураччы тэптэриллэр. Ону кытта өлүк салгына барар. Ыылаах, дьаардаах, ыарыылаах буоллаҕына, ону хааны кытта сир оборон ылар.
Сүүрдэн баран таас анньыллар, дьиҥнээх (субай) хаан кэлэр. Тохтубут хааны киһи тэпсиэ суохтаах.
Хоолдьугун эрийэн ылыллар, муоһунан сири хорутардыы чөкө умса ууруллар.
Туйахтарын быһаҕынан араартаан ылыллар, сүгэнэн быһыта охсуллубат, мээнэ элитэлээн кэбиһиллибэт, илин, кэлин атахтарын кэккэлии төбөтүн аттыгар тиэрэ ууруллар.
Сүлэргэ эбэ өттүттэн саҕаланар.
Убаһаҕын миэстэтин, мааны тэрилин турута тыыппакка ылыллар, кэннин диэки ууруллар.
Сүлэр кэмҥэ быһаҕы куҥ эккэ батары анньыллыбат, оннооҕор хаарга туруору анньыллыбат, сытыары уура сылдьан туттуллар. Тириитин алдьаппакка сүлүллэр, кутуругун төрдүттэн элийэн ылыллар. Кутуругун тириитин өҥүргэһигэр тиийэ ньылбы тардыллар. Кутурук өҥүргэһэ эмтээх, ол иһин уруу-аймах мунньан, иһэ-үөһэ ыалдьар киһилэригэр биэриэхтэрин сөп. Ону оргутан иһиллэр.
Сүрэҕин хаанын хабарҕа хаанын сүүрбүт сиригэр тоҕуллар.
Быарын сэрэнэн ылыллар, үөһүн иһигэр тоҕуллубат, үөс быраҕыллар, туох да туһата суох.
Ис ырытыыта барыта биир сиргэ буолар. Итинтэн сиргэниллибэт.
Сүрэҕин чопчутуттан, быарыттан, иһиттэн-үөһүттэн, этиттэн чэпчэки соҕустук элийэ сотон ылан, хабарҕатын хаана тохтубут сириттэн миэтэрэ аҥаара сиргэ ас тардан кэбиһиллиэхтээх. Манна бу сүөһү ордук ыылаах, чэлкэхтээх, арыый атын салгыннаах буоллаҕына, ыыта-чаана күдэриккэ көтөр. Маны сиэбит ыкка көспөт. Ырыган сүөһү даҕаны этэ, итинник сиэри-туому тутустахха, миинэ барымтыа буолар.
Муоһун киһилии охсон туһанабыт, хараҕын тэһэр сатаммат, сыҥааҕын, тылын быһыта сотуллубат.
Сылгыны киэһээҥҥи дьыбарга эбэтэр дьон тура илигинэ сарсыарда, хараҕын маҥан таҥаһынан саба баайан баран, эбэ диэки хайыһыннаран астаныллар.
Нэһилиэккэ идэһэни астыыр дьоҥҥо бытыылканан буолбакка, харчынан төлөнөрө ордук. Идэһэ өлөрөр биригээдэ үлэлиэ суохтаах. Хас биирдии киһи уруу-аймах көмөтүнэн бэйэтэ дьаһанан, астанан олоруохтаах. Идэһэҕэ хайаан да таас, биэдэрэ, кыыннаах быһах, идэһэ охсор сүгэ туттуллар, куулга эбэтэр ампаарга ууруллар. Бу биилээх, уһуктаах иһит-хомуос идэһэ эрэ кэмигэр лыҥкыныахтаах, тыаһыахтаах-ууһуохтаах.
Идэһэнихоннорон, тоҥоронбарансиэниллэр.
Кыстыкка киирбит сүөһү кыс ортото омуктарга идэһэ буолан тахсыа суохтаах, тоҕо диэтэххэ, кыстаан турар сүөһү атын тыыннаах, атын сиэрдээх дьоҥҥо кыһыҥҥы аартык далын аанын аһан атыыламмат. Биһиги сиэрбитинэн-туоммутунан оннук көҥүллэммэт. Улахан кыһалҕа тирээбит буоллаҕына, хаһаайын бэйэтэт аһааран, “тос” гыннаран наадатын толунар.


Бу сиэри-туому тутуһуохтара диэн эрэнэбин.

Эдьиий Дора сүбэтэ








ГАУ РС (Я) «РСОЦКРИ» dan repost
Трогательное поздравление с Днем матери в РСОЦКРИ

Вчера, у нас состоялось праздничное мероприятие, посвященное Дню матери, организованное Домом Арчы.

Для получателей социальных услуг были проведены обряд алгыс и концерт, создавшие атмосферу тепла, духовности и традиций.

Обряд алгыс подарил всем присутствующим чувство спокойствия и гармонии. Концерт, в котором звучали традиционные якутские песни и музыка, создал атмосферу радости и вдохновения.

Благодарим Дом Арчы за прекрасную возможность поздравить всех мам с их праздником и создать теплый и запоминающийся вечер для получателей социальных услуг.🎶🎵👏🏼👏🏼👏🏼


Тарбаҕар талааннаах, кыл - сиэл оҥоһуктарынан дьаныардаахтык дьарыктанар Изабелла Фоминаттан көлө харысхалын кылтан - сиэлтэн оҥорууга маастар - кылааһа тускутугар туһаныҥ🙌🏻





19 ta oxirgi post ko‘rsatilgan.