Биики халандаар 📆


Kanal geosi va tili: Qirg‘iziston, Qirg‘izcha
Toifa: Din


Күн аайы саха устуоруйатыгар сыһыаннааҕы Бикипиэдьийэттэн сүһэн суруйабыт.
Эбиилээх-көҕүрэтиилээх буоллаххытына дьаһабылга @Halan_Chuekke суруйуҥ.

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Kanal geosi va tili
Qirg‘iziston, Qirg‘izcha
Toifa
Din
Statistika
Postlar filtri


Сэтинньи 22 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Уол оҕо күнэ. Оттон Саха сиригэр Уол оҕо күнэ муус устар иккис баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэрин санатабыт
🇦🇿 Азербайджан — Юстиция күнэ
🇦🇱 Албания — Алпаабыт күнэ. 1908 сыллаахха Монастир (билигин Битола) куоракка буолбут кэмпириэнсийэҕэ албаан учуонайдара уонна уопсастыбанньыктара биир алпаабыт ылынар туһунан куоластаабыттара
🇷🇺 Арассыыйа — Психолог (уйулҕаһыт) күнэ. 1994 сыллаахха бу күн Арассыыйа психология уопсастыбатын тэрийэр сийиэһэ буолбута
🇻🇬 Британия Виргин арыылара — Мас олордуу күнэ
🇱🇧 Ливан — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан, 1943)
🇨🇷 Коста Рика — Учуутал күнэ.

🔹 1317 — Тверь баһылыгын Михаил Ярославич кинээһи Ордууга Москуба кинээһин дьоно өлөрбүттэр. Москуба кинээһэ Юрий Данилович Узбек Хаан күтүөтэ этэ.
🔹 1698 (урукку ааҕыынан сэтинньи 12 күнүгэр) — Ыраахтааҕы Бүөтүр I ыйааҕынан бастакы Сибиир траага олохтоммут.
🔹 1906 — Арассыыйаҕа бааһынайдар община сирин сорҕотун кэтэх бас билиигэ ылан туспа барар кыахтаммыттар. Петр Столыпин аграрнай реформата саҕаламмыт.
🔹 1963 — Далласка АХШ  бэрэсидьиэнин Джон Кеннедини  өлөрбүттэр.
🔹 2007 — Алдан улууһун  оройуоннааҕы Сэбиэтин быһаарыытынан Бөллөөт нэһилиэгэ (Хатыыстыыр) «эбэҥки национальнай» диэн ыстаатыһы ылбыт.
🔹 2022 — Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларын II сийиэһэ аһыллыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1908 — Николай Якутскай  — Саха норуодунай суруйааччыта, 1946 сылтан ССРС сурууйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Хотугу сулус»  уонна «Полярная звезда»  сурунааллар кылаабынай эрэдээктэрдэрэ.
▫️1936 — Спартак Борисов — Саха сирин бэлиитигэ, 1995-1997 сылларга Дьокуускай куоратын мээрэ, 1998-2002 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнэ, Дьокуускай куоратын ытык киһитэ (1998).
▫️1943 — Тимофей Степанов  — саха живописеһа, саха норуодунай худуоһунньуга, реставратор, Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ.
▫️1968 — Александр Габышев — Арассыыйа кыһалҕаларыгар болҕомто тардар соруктаах 2019 сыллаахха "Дьокуускай—Москуба" суолунан сатыы хаамыыны саҕалаабыт түмэччи.

Өлбүт:
▫️1998 — Иван Гоголев — Кындыл — саха норуодунай бэйиэтэ, драматург, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957). Кини аатын Бүлүү народнай тыйаатыра уонна Чочу орто оскуолата сүгэллэр.

🔹 Халандаары сиһилии манна көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Өндөрүүскэ Саабын туһунан кылгастык

Бу эспэдииссийэ кэмигэр Өндөрүүскэ Саабын 92 остуоруйаны, 57 ырыаны-тойугу, 60 норуот сэһэнин, үһүйээнин, 1501 таабырыны, 33 былыргы чабырҕаҕы, 26 ойуун кыырыытын, 4 олоҥхону сурукка киллэрбитэ, хас улуус ахсын олоҥхоһуттар картотекаларын оҥорбута.


Бүгүн — учуутал, саха аһын-үөлүн, көмөр сиэрин-туомун чинчийбит этнограф учуонай, кыраайы үөрэтээччи, түмэл үлэһитэ Андрей Саввин төрөөбүтэ 128 сыла.
Сиһилии "Саҥа олоххо" аах.

Кэрэхсэбиллээх чахчы: Кини инитин уолаттара биирэ Саха тыйаатырын аатырбыт артыыһа, иккиһэ саха бастыҥ үгэһитэ буолбуттара.

Биики Халандаар | Сурут


Сэтинньи 21 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Аан дойдуга  Телевидение күнэ (ХНТ Генеральнай  Ассамблеята 1996 с. олохтообут).
🔸 Аан дойдутааҕы Эҕэрдэлэһии күнэ (World Hello Day). Бу күн үгэс курдук уонтан тахса киһини кытта дорооболоһуохтааххын. 1973 сыллаахха сэриини тохтоторго дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһаллара суолталаах диэн санааттан икки ини-бии МакКормактар олохтообуттара
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа нолуок уорганнарын үлэһитин күнэ.

🔸 Бүгүн бэлиэтэнэр атын күннэр.

🔹 1325 — Алтан Ордууга Тверь кинээһэ Дмитрий Михайлович Уордаах Харах (нууч. Грозные Очи) Москуба кинээһин Юрий Даниловиһы өлөрбүт. Бу аҕатын иэстэһии этэ. Ол эрээри ол саҕана Алтан Ордууга баһылыктаан олорбут Узбек Хаан күтүөтүн өлөрбүт киһини бырастыы гымматаҕа, ону таһынан Дьаһаах этэринэн суута суох өлөрөр бобуллара, онон Тверь кинээһин өлүүгэ уурбута.
🔹 1386 — Тимур Грузия киин куоратын сэриилээбит, Грузия ыраахтааҕытын Баграт V билиэн ылбыт.
🔹 1620 — «Мэйфлауэр» диэн аалынан Англияттан байҕалы туораан кэлбит  пилигримнэр  Хотугу Америка кытылын булбуттар. Сотору кэминэн кинилэр манна англичаннар бу континеҥҥа бастакы олохтоох холуонньаларын — Плимуту — олохтообуттара.
🔹 1699 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I рекрут бэбииннэһин туһунан ыйаах таһаарбыт. Маҥнай утаа рекруттары бары сословиелартан ылаллара, рекрутунан аармыйаҕа ыҥырыллыбыт киһи олоҕун тухары саллаат буолара. Рекрукка хомууру кэмиттэн кэмигэр ыраахтааҕы ыйааҕынан ыыталлара. Билиҥҥи курдук призывтаах хомуур 1874 сыллаахха олохтоммута.
🔹 1905 — Альберт Эйнштейн маасса уонна энергия быһаччы ситимнээхтэрин туһунан ыстатыйата тахсыбыт. Маасса уонна энергия ыккардыларыгар аатырбыт формула арыллыбыт, E = mc².
▫️Саха сиригэр Мончуур баабырын бултаабыттар
🔹 1894 — Кытай-Дьоппуон сэриитин саҕана Порт-Артуру дьоппуоннар сэриилээн ылбыттар. Ол эрээри сотору соҕус Арҕаа дойдулар ыгыыларынан Дьоппуон пуорду Кытайга төннөрбүтэ. Үс сылынан Порт-Артуру Арассыыйа бэйэтигэр ылбыта, Чуумпу далайдааҕы флотун баазатынан оҥостубута.
🔹 1920 — РКП(б) Саха сиринээҕи бюрота саха хомуньуустарын уонна хомсомуолларын «Саха омук» уопсастыбаҕа киирэргэ соруйбут. Кинилэр онно бас-көс оруолу бэйэлэригэр ылан уопсастыбаны Сэбиэскэй былаас туһугар үлэлэтиэхтээхтэрэ.
🔹 2012 — АХШ Кэнгириэһэ Джексон — Вэник көннөрүүтүн (ааҥл. Jackson–Vanik amendment) дьайыытын тохтоппут. Бу көннөрүү АХШ атыы-эргиэн сокуонун уларытан, киһи быраабын кэһэр дойдулары кытта эргиэни хааччахтыыра.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1896 — Андрей Саввин — Өндөрүүскэ (31.05.1951 өлб.) — учуутал, саха аһын-үөлүн, көмөр сиэрин-туомун чинчийбит этнограф учуонай, кыраайы үөрэтээччи, түмэл үлэһитэ. Чурапчытааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлигэр кини аата иҥэриллибит.
▫️1898 — Михаил Мегежекскай — сэбиэт былааһын, Саха Сирин автономиятын олохтооччулартан биирдэстэрэ, саха биллиилээх уопсастыба уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ, 1926—1927 сс. ЯЦИК бэрэстээтэлэ.
▫️1908 — Николай Заболоцкай — Чысхаан (01.04.1987 өлб.) — прозаик, литератураны ырытааччы. Кини аатын Өймөкөөн улууһун Томтор орто оскуолата сүгэр.
▫️1919 — Михаил Кильчичаков  — хакаас бэйиэтэ, суруйааччыта, түмэт уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ.
▫️1920 — Михаил Федоров — 1961—1969 сс. Саха АССР прокурора, юридическай билим дуоктара.
▫️1923 — Михаил Воронкин — саха түөлбэ тылын чинчийбит бөдөҥ учуонай, устуоруйа билимин дуоктара.
▫️1929 — Иннокентий Игнатьев — Саха АССР ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, 1972—1992 сылларга Саха АССР Москубатааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта.
▫️1948 — Иван Попов - Уйбаан Бахсылыырап — Арассыыйа уонна СӨ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. СӨ киинэтин бэтэрээнэ.

Өлбүттэр:
▫️1914 — Иван Крафт — 1906-1913 сылларга Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ, 1913-1914 сылларга Енисей күбүөрүнэтин күбүрүнээтэрэ. Кини салайар кэмигэр Саха сирэ балысхан сайдыыны ситиспитэ биллэр.
▫️1934 — Герасим Бястинов – Бэс Дьарааһын — прозаик, очеркист. Кини аатын Таатта улууһун Чымнаайы орто оскуолата сүгэр.
▫️1999 — Георгий Масленников — 1943-1946 сыллардаахха ВКП(б) Саха обкуомун бастакы сэкирэтээрэ.

🔹 Манна сиһилии көр.

Биики Халандаар | Сурут


Сэтинньи 20 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Аан дойдутааҕы оҕо күнэ
🇺🇳 ХНТ — Африка индустриализациятын күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Көлө үлэһитин күнэ
🇦🇷 Аргентина — Тутулуга суох буолуу күнэ
🇧🇷 Бразилия — Харалары билинии күнэ (Dia da consciência negra)
🇻🇳 Вьетнам — Учуутал күнэ

🔸 Бүгүн бэлиэтэнэр күннэр барыта.

🔹 284 — Диоклетиан Риим импэрээтэринэн талыллыбыт.
🔹 762 — Лушань өрө туруутун кэмигэр Тан династия  ыраахтааҕытын сэриилэрэ Уйгуур Каганаатын көмөтүнэн Лоян куораты өрө турааччылартан төттөрү былдьаабыттар. Бу куорат ол саҕана аан дойдуга улаханынан иккис этэ.
🔹 1917 — ЯКОБ (комитет общественной безопасности), эсердар кэмитиэттэрэ, Дьокуускай куорат дуумата, байыаннай уонна бааһынай дьокутааттар сэбиэттэрэ, «Саха национальнай кэмитиэтэ», федералистар сойуустарын киин кэмитиэтэ мунньахтаан  Өрөбөлүүссүйэни көмүскүүр кэмитиэти олохтообуттар.
🔹 1917 — «Якутский голос» диэн ааттаах хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Бу хаһыаты Трудовой союз федералистов Киин кэмитиэтэ таһаарар эбит. Барыта 6 нүөмэр тахсыбыт (бастакы эрэдээктэр Широких А. Д., иккис 1918 сылтан Шадрин М. И. этилэр).
🔹 1945 — Нюрнберг куоракка Нюрнберг Улахан суута саҕаламмыт. Суут биир сыл кэриҥэ 1946 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри үлэлээбитэ, Германия нацистарын сууттаабыта. Бу "улахан" суут кэнниттэн Нюрнберг хас да "кыра" сууттара буолбуттара.
🔹 1959 — Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ "Оҕо быраабын декларациятын" ылыммыт. ХНТ иннинэ бастаан 1924 сыллааха бу декларацияны Нациялар Лигалара ылыммыта. Декларация биэс принцибэ: 1) Оҕо эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэжн сөпкө сайдарыгар күдэх (средство) бэриллиэхтээх 2) Аччык оҕо аһатыллыахтаах; ыалдьыбыт оҕо эмтэниэхтээх; алҕаһыыр оҕо көннөрүллүөхтээх; тулаайах уонна дьиэтэ суох оҕо кыһалҕаҕа түбэстэҕинэ хорҕойор сир уонна көмө ылыахтаах 3) Ыар кэм саҕана оҕо бастакынан көмө ылыахтаах 4) Оҕо тапталга улаатыахтаах, көлөһүннээһин бары көрүҥнэриттэн көмүскэниэхтээх 5) Оҕо бастыҥ өрүттэрэ атын дьоҥҥо туһа аҕалыахтаахтарын өйдүүрүн курдук иитиллиэхтээх.
🔹 1977 — Егиипэт бэрэсидьиэнэ Анвар Садат араб басханнарыттан бастакынан Израильга сылдьыбыт, парламеҥҥа туран эйэ көрдүүрүн туһунан эппит. Араб дойдулара Израиль утары отут сыл тухары хаста даҕаны сэриилэспиттэрин кэннэ Егиипэт бастакынан эйэлэспит. Сотору кэминэн Иордания эмиэ Израили кытары эйэ дуогабарын түһэрсибитэ.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1928 — Алексей Баталов — артыыс, кинорежиссёр, сценарист, педагог, ССРС народнай артыыһа. "Летят журавли", "Москва слезам не верит" киинэлэргэ оруоллара аан дойдуга биллибиттэрэ.
▫️1939 — Валерий Ноев — саха аатырбыт самодеятельнай хампаһыытара, билигин 50 тахса ырыата биллэр: «Кыракый кыысчааным», «Кыракый уолчааным» (И. Сысолятин), «Күөрэгэй» (М.Куличкина), «Мин дууһам ыллыыр», «Току-току, ньээ-ньээм», «Кыыс Амма» (В.Ноев), «Хатыҥчааным барахсан» (В. Ноев), «Сардааналыын көрсүһүү» (И.Гоголев) уо.д.а.
▫️1973 — Арсен Томскай, саха урбаанньыта, Саха сирин олохтоохторугар анаан өр сылларга үлэлээбит ykt.ru портаал төрүттээччитэ. 2013 сыллаахха пассажирдары уонна суоппардары тиксиһиннэртиир  InDrive тэрилтэни тэрийбитэ аан дойдуга 3 бастыҥ райдшеринг тэрилтэлэрин ахсааныгар киирэр[1].

Өлбүт:
▫️1910 — Лев Толстой (1828 төр.), суруйааччы, нуучча литэрэтиирэтин классига.

🔹 Халандаар толору барылын манна көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут




Попов Г.В., Павлов А.Н.-Дабыл. "Суолталаах докумуон: Революция иннинээҕи либеральнай реформа итэҕэлгэ сыһыана"

Бүгүн сир түннүгэ Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл төрөөбүт күнүгэр кини биллиилээх лингвист-учуонайбыт Гаврил Поповтуун 1998 сыллаахха суруйбут ыстатыйатын бэчээттиибит.

Бу "Суолталаах докумуон" диэн "Саха сирэ" хаһыакка бэчээттэммит ыстатыйаҕа саха итэҕэлэ, ыһыаҕа аан бастаан судаарыстыба докумуоннарыгар хаһан уонна хайдах киирбитин туһунан сырдатыллар.
Сахалар үрдүк айыылары, ыһыаҕы хайдах ылыналларын, туох итэҕэллээхтэрин туһунан БЭЙЭЛЭРЭ суруйбут докумуоннара баарын кэпсииллэр. Ол аата сахалыы билбэт, саха диэн кимин да оччо удумаҕалаппат туораттан сылдьар учуонай тус көрүүтүнэн буолбакка, саха бэйэтэ суруйбут суруга баарын туһунан.

Манна ыстатыйа скриншота икки аҥыы хайытыллан бэрилиннэ (толору оҥордоххо киһи сатаан аахпат), ыстатыйа толору тиэкиһин ити күөҕүнэн бэриллибит ыстатыйа аатын баттаан👆🏻, Бикитиэкэҕэ көрүөххүтүн сөп.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Бүгүн сир түннүгэ Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл төрөөбүт күнүгэр кини биллиилээх лингвист-учуонайбыт Гаврил Поповтуун 1998 сыллаахха суруйбут ыстатыйатын бэчээттиэхпит.

Бу "Суолталаах докумуон" диэн "Саха сирэ" хаһыакка бэчээттэммит ыстатыйаҕа саха итэҕэлэ, ыһыаҕа аан бастаан судаарыстыба докумуоннарыгар хаһан уонна хайдах киирбитин туһунан сырдатыллар.
Сахалар үрдүк айыылары, ыһыаҕы хайдах ылыналларын, туох итэҕэллээхтэрин туһунан БЭЙЭЛЭРЭ суруйбут докумуоннара баарын кэпсииллэр. Ол аата сахалыы билбэт, саха диэн кимин да оччо удумаҕалаппат туораттан сылдьар учуонай тус көрүүтүнэн буолбакка, саха бэйэтэ суруйбут суруга баарын.

Биики Халандаар | Сурут


Сэтинньи 19 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇱🇦 Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Саха Сиригэр нуучча тылын күнэ
🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ыккардыларынааҕы Эр дьон күнэ. бастаан Тринидад уонна Тобаго диэн дойдуга 1999 сыллаахха олохтоммута, кэлин элбэх дойду өйөөбүтэ, тиһэҕэр ХНТ ылыммыта. Бу күн эр киһи чөл туругар, дьиэ кэргэҥҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ балаһыанньаларыгар болҕомто ууруллар
🔸 Урбаанньыт дьахтар күнэ (ааҥл. Women's Entrepreneurship Day, WED). 2014 сыллаахтан киэҥник бэлиэтэнэр, урбааҥҥа уһулуччу ситиһиилээх дьахталларга бириэмийэ туттараллар. Урбаанньыт дьахталлар ситимнэһиилэригэр, бэйэ-бэйэлэрин өйөһүүлэригэр туһуланар
🌏 Бөлөһүөпүйэ Аан дойдутааҕы күнэ
🔸 Аан дойдутааҕы чэпчэ (туалет) күнэ. Бу омос көрдөххө күлүүлээх эрээри, гигиена уонна чөл турук өттүнэн сүрдээх суолталаах кыһалҕаҕа болҕомто уурар күн. ХНТ билинэринэн аан дойдуга 4,2 миллиард киһи «мөлтөх саньытаарыйалаах» олохтоох. Саха сиригэр кыһын таһырдьа тахсан киирииттэн ыарыылар (холобур, дьахтар ууһуур тиһигин ыарыылара) элбиэхтэрин сөбүн этэллэр.
🔸 Бүгүн бэлиэтэнэр атын күннэр.

🔹 1919 — Сэбиэскэй Арассыыйаҕа Бастакы Аттаах аармыйа төрүттэммит.
🔹 1921 — Өрөбөлүүссүйэни утарыы тэнийбитинэн сибээстээн Дьокуускай куоратыгар осада балаһыанньата биллэриллибит. Дьокуускайга ол саҕана ЧОН, харабыл батальона, Сибиирдээҕи аналлаах этэрээт 7-с ротата уонна баҕа өттүнэн көмүскээччилэр бааллара. Эмиэ бу күн Ньылхан хайысхатыгар хамандыырынан анаммыт Белов И.И. этэрээтэ Үчүгэй Мыраан диэн дьаам ыстаансыйатыгар ордууламмыта. Бу этэрээт 15 киһилээх эрэспиэскэтэ ыстаансыйаттан 5 биэрэстэлээх сиргэ тоһуурга түбэһэн икки кыһыл саллаатын сүтэрбитэ.
🔹 1928 — ЯЦИК Бүрүсүүдьүмэ "Саха АССР-га киинэ устуу дьыалатын туругун уонна сайдыытын туһунан" уураах ылыммыт. Туспа бүддьүөттээх, устааптаах Госкино диэн тэрилтэни тэрийэр туһунан этиллибит.
🔹 1965 — ССРС көҕүлээһинэн  ХНТ Сүрүн Ассамблеята ядернай сэрии сэбин тарҕаппат туһунан быһаарыы ылбыт.
🔹 1990 — Парижка Европатааҕы көннөрү сэрии сэбин туһунан сөбүлэҥҥэ (нууч. Договор об обычных вооружённых силах в Европе) илии баттаммыт

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1951 — Надежда Данилова — саха тылыгар солбуйар ааты, морполуогуйа уонна сиинтэксис боппуруостарын чинчийэр саха учуонайа, филология билимин дуоктара.
▫️1954 — Анатолий Павлов-Дабыл — суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, Айыы үөрэҕин түһэ. Бүгүн ытык киһибит 70 сааһа. Сир түннүгэ киһибит Бөлүһүөпүйэ күнүгэр төрөөбүтүн ураты бэлиэ курдук көрүөххэ сөп эбит.
▫️1967 — Иннокентий Дакаяров — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Академическай Саха тыйаатырын артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа (2005).

🔹 Толору манна көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Нуучча тыллаахтарга саха тылын билиһиннэрэр блогер кыыс.

Биики Халандаар | Сурут


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish




Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish
"Күн" ыччат хамсааһына.

Биики Халандаар | Сурут


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish
Урбаанньыттар эмиэ тылга болҕомто уураллар.


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish
Төрөппүт модьуйан сахатын тылын оҕотугар иҥэрэрэ сатыыра сороҕор үлэлиир, сороҕор үлэлээбэт. 50/50. Сорох оҕо төһө эрэ сааһыгар, холобур, утаран төттөрүтүн оҥоро сатыыр кэмҥээх.

Бу ыалы оннук түгэҥҥэ омук дойдуларыгар сылдьыылара абыраабыт (ол кэпсээнин ситэ устубакка хаалбыппыт, онон салгыы суругунан биэрэбит). Онно сылдьан эрэн оҕолоро ыйытар буолбуттар:
Бу бешбармак, кыргыыстар астара, оттон, маама, биһиги аспыт тугуй?

Бу кинилэр былаахтара, оттон биһиэхэ былаахтаахпыт дуо?

Оннук кэпсэтии түмүгэр оҕолор (биллэн турар төрөппүттэрин көмөтүнэн, ол эрээри бэйэлэрэ!) салгыы "биһиги сахалар туспа омук эбиппит, бэйэбит тыллаах эбиппит" диэн санааҕа кэлбиттэр. Кырачаан дьон бэйэлэрэ тыл туһунан түмүк оҥостубуттар уонна сахалыы ыйыттахха омуктуу хоруйдаабат буолбуттар.

Биики Халандаар | Сурут


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish


Video oldindan ko‘rish uchun mavjud emas
Telegram'da ko‘rish

20 ta oxirgi post ko‘rsatilgan.