Сэтинньи 20 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇺🇳 ХНТ — Аан дойдутааҕы оҕо күнэ
🇺🇳 ХНТ — Африка индустриализациятын күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Көлө үлэһитин күнэ
🇦🇷 Аргентина — Тутулуга суох буолуу күнэ
🇧🇷 Бразилия — Харалары билинии күнэ (Dia da consciência negra)
🇻🇳 Вьетнам — Учуутал күнэ
🔸 Бүгүн бэлиэтэнэр күннэр барыта.
🔹 284 — Диоклетиан Риим импэрээтэринэн талыллыбыт.
🔹 762 — Лушань өрө туруутун кэмигэр Тан династия ыраахтааҕытын сэриилэрэ Уйгуур Каганаатын көмөтүнэн Лоян куораты өрө турааччылартан төттөрү былдьаабыттар. Бу куорат ол саҕана аан дойдуга улаханынан иккис этэ.
🔹 1917 — ЯКОБ (комитет общественной безопасности), эсердар кэмитиэттэрэ, Дьокуускай куорат дуумата, байыаннай уонна бааһынай дьокутааттар сэбиэттэрэ, «Саха национальнай кэмитиэтэ», федералистар сойуустарын киин кэмитиэтэ мунньахтаан Өрөбөлүүссүйэни көмүскүүр кэмитиэти олохтообуттар.
🔹 1917 — «Якутский голос» диэн ааттаах хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Бу хаһыаты Трудовой союз федералистов Киин кэмитиэтэ таһаарар эбит. Барыта 6 нүөмэр тахсыбыт (бастакы эрэдээктэр Широких А. Д., иккис 1918 сылтан Шадрин М. И. этилэр).
🔹 1945 — Нюрнберг куоракка Нюрнберг Улахан суута саҕаламмыт. Суут биир сыл кэриҥэ 1946 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри үлэлээбитэ, Германия нацистарын сууттаабыта. Бу "улахан" суут кэнниттэн Нюрнберг хас да "кыра" сууттара буолбуттара.
🔹 1959 — Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ "Оҕо быраабын декларациятын" ылыммыт. ХНТ иннинэ бастаан 1924 сыллааха бу декларацияны Нациялар Лигалара ылыммыта. Декларация биэс принцибэ: 1) Оҕо эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэжн сөпкө сайдарыгар күдэх (средство) бэриллиэхтээх 2) Аччык оҕо аһатыллыахтаах; ыалдьыбыт оҕо эмтэниэхтээх; алҕаһыыр оҕо көннөрүллүөхтээх; тулаайах уонна дьиэтэ суох оҕо кыһалҕаҕа түбэстэҕинэ хорҕойор сир уонна көмө ылыахтаах 3) Ыар кэм саҕана оҕо бастакынан көмө ылыахтаах 4) Оҕо тапталга улаатыахтаах, көлөһүннээһин бары көрүҥнэриттэн көмүскэниэхтээх 5) Оҕо бастыҥ өрүттэрэ атын дьоҥҥо туһа аҕалыахтаахтарын өйдүүрүн курдук иитиллиэхтээх.
🔹 1977 — Егиипэт бэрэсидьиэнэ Анвар Садат араб басханнарыттан бастакынан Израильга сылдьыбыт, парламеҥҥа туран эйэ көрдүүрүн туһунан эппит. Араб дойдулара Израиль утары отут сыл тухары хаста даҕаны сэриилэспиттэрин кэннэ Егиипэт бастакынан эйэлэспит. Сотору кэминэн Иордания эмиэ Израили кытары эйэ дуогабарын түһэрсибитэ.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1928 — Алексей Баталов — артыыс, кинорежиссёр, сценарист, педагог, ССРС народнай артыыһа. "Летят журавли", "Москва слезам не верит" киинэлэргэ оруоллара аан дойдуга биллибиттэрэ.
▫️1939 — Валерий Ноев — саха аатырбыт самодеятельнай хампаһыытара, билигин 50 тахса ырыата биллэр: «Кыракый кыысчааным», «Кыракый уолчааным» (И. Сысолятин), «Күөрэгэй» (М.Куличкина), «Мин дууһам ыллыыр», «Току-току, ньээ-ньээм», «Кыыс Амма» (В.Ноев), «Хатыҥчааным барахсан» (В. Ноев), «Сардааналыын көрсүһүү» (И.Гоголев) уо.д.а.
▫️1973 — Арсен Томскай, саха урбаанньыта, Саха сирин олохтоохторугар анаан өр сылларга үлэлээбит ykt.ru портаал төрүттээччитэ. 2013 сыллаахха пассажирдары уонна суоппардары тиксиһиннэртиир InDrive тэрилтэни тэрийбитэ аан дойдуга 3 бастыҥ райдшеринг тэрилтэлэрин ахсааныгар киирэр[1].
Өлбүт:
▫️1910 — Лев Толстой (1828 төр.), суруйааччы, нуучча литэрэтиирэтин классига.
🔹 Халандаар толору барылын манна көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут