Ахсынньы 30 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇲🇬 Мадагаскар — Өрөспүүбүлүкэ күнэ[1].
🇸🇰 Словакия — Словакия тутулуга суох буолуутун күнэ День провозглашения Словакии независимым духовным краем
🇵🇭 Пилипиин — Ризаль күнэ. Бу күн 1896 сыллаахха Хосе Ризаль диэн Пилипиин суруйааччытын уонна офтальмолог бырааһын Испания былаастара өлөрбүттэр. Бу киһи тутулуга суох буолуу иһин өрө турууга быһаччы кыттыбатаҕа эрээри, айымньылара уонна реформаҕа ыҥырыылара өрөбөлүүссүйэни күөдьүппүттэрэ
🇺🇸 АХШ — Кванза бэһис күнэ
✝ Арҕаа христианство — Ороһооспо алтыс күнэ.
🔹 1066 — Гранаадаҕа олохтоох мусульмааннар дыбарыаска киирэн дьэбириэй төрүттээх Иосиф ибн Нагрел хоруолу өлөрбүттэр, бу кэнниттэн куорат дьэбириэйдэрин улахан аҥаардарын өлөртөөбүттэр.
🔹 1806 — Туурсуйа Арассыыйаҕа сэриини биллэрбит. Арассыыйа сэриилэрэ Баку куораты ылбыттар.
🔹 1916 — Нуучча ыраахтааҕытын сүбэһитин Григорий Распутины кинээс Феликс Юсупов салалталаах бөлөх өлөрбүт. Өлүгүн үс хонон баран Москуба өрүскэ ойбонтон булбуттара.
🔹 1918 — Саха сиригэр Уобаластааҕы Земство сир реформатын саҕалаабыт. Сири кылааһынан бас билии оннугар, тыа сирин биирдии үлэһит киһитигэр сир паайынан түҥэтиллибит.
🔹 1922 — ССРС диэн биир судаарыстыба үөскээбит. РСФСР, Украина ССР, Белорусия ССР уонна Закавказье СФСР киирбиттэр, киин куоратынан Москуба буолбут, бу түөрт өрөспүүбүлүкэ хаһан баҕарар сойуустан тахсар бырааптаахтара.
🔹 1922 — Верхоянскай (Үөһээ Дьааҥы) куоратын үрүҥнэр төгүрүйбүттэр. Осада кэлэр сыл бэс ыйын ортотугар диэри салҕаммыт.
🔹 1930 — Анаабыр оройуона олохтоммут.
🔹 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Музыка үрдүкү оскуолатын арыйар туһунан ыйаах таһаарбыт.
🔹 1997 — Дьокуускайга Саха Виктория араадьыйа үлэтин саҕалаабыт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1959 — Чурапчыга Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, муосчут Егор Саввин төрөөбүт.
Өлбүттэр:
▫️1965 — Спиридон Петров (1894 с. Марха улууһугар төр.), олоҥхоһут.
▫️2002 — Юрий Уржумцев (1929 төр.), Арассыыйа НА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, 1997—2002 сылларга Саха сиринээҕи Билим киинин Президиумун бэрэстээтэлэ.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
📌 Биики Халандаар | Сурут