Көрүҥ бу «Уус Алдан Сыырдаах — Дьокуускай» туһаайыытынан таксилиир Дмитрий Егорович Попов бэртээхэй иһитиннэриилээх биидьийэ устубут. Ону биһирээн, таҥным. Кырдьык, донордар баар буолан, үгүс дьон олох курдук күндү баайы бэлэхтэтэн, тыыннаах сырыттахтара. Ийэм оҕолоноругар хаана баран, биир идэлээхтэрэ уонна Михаил Михайлович Жирков донордаан тыыннаах сылдьарын наар бэлиэтиир, махтанар буолара. Оҕо сылдьан ону улаханнык болҕомтобор уурбат эбиппин. Билигин саныыбын ээ, арай Михаил Михайлович уонна хирург Петр Михайлович суох эбит буоллун, мин, биһиги биэс оҕо тулаайах да хаалыахпытын, дьылҕабыт олох туора суолунан барыан сөбө. М. М. Жирков Уус Алдан Дүпсүн нэһилиэгин Остуойка учаастагыттан төрүттээх этэ. Онон Уус Алдан хаан туттарааччыларыгар тус бэйэм эмиэ дириҥ махталлаахпын диэн, толору этэр кыахтаахпын.