БАЛАҔАН ЫЙА: УЛУУ СУОРУН АЙЫЫ ЫЙА
Балаҕан ыйын 3️⃣ күнэ — бу күн күннээх буоллаҕына, аччаабыта өссө 4 нэдиэлэ үчүгэй күн-дьыл туруоҕа.
Балаҕан ыйын 5️⃣ күнэ — хаһыҥ түһэр.
Балаҕан ыйын 8️⃣ күнэ — сарсыарда дьыбардаах буоллаҕына, кыһын эрдэ кэлэр уонна тыйыс буолар. Хортуоппуйу хостооһун саҕаланар.
Балаҕан ыйын 1️⃣0️⃣ күнэ — көмүс күһүн. Собо тиксэр (күөл кытыытыгар тахсар).
Балаҕан ыйын 1️⃣3️⃣ күнэ — туруйа барар.
Балаҕан ыйын 1️⃣4️⃣ күнэ — Сэмэнэп таҥара, саха ыала отордууртан кыстыкка көһөр кэмнэрэ. Куорат ыала даачаларыттан дьиэлэригэр куораттааҕы дьиэлэригэр көһөллөр. Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур.
Балаҕан ыйын 1️⃣4️⃣–2️⃣1️⃣ күннэрэ — “Дьахтар сайына” саҕаланар. Дьахтар сайынын бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына — ичигэс күһүн. Силбиктэннэҕинэ — кураан күһүн.
Балаҕан ыйын 1️⃣9️⃣күнэ — хаар хаһыҥ түһэр.
Үөл кус балаҕан ыйын 3️⃣0️⃣‑гар диэри барар, аҕарым буолар.
Балаҕан ыйын 2️⃣0️⃣ күнэ — хаас барар, аҥыр хаһыытыыр.
Балаҕан ыйын 2️⃣4️⃣ күнэ — Ый туолуута. Силбик түһэр.
Балаҕан ыйын 2️⃣7️⃣ күнэ — Иһийээнэп — сир тоҥор таҥарата. Эһэ арҕаҕар, моҕотой хороонугар киирэллэр. Муора хааһа соҕуруу баран бүтэр. Кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар.
Балаҕан ыйын 2️⃣8️⃣ күнэ — үүнээйи силис тардара тохтуур. Эһэ сэттэ күн устата аһыырын баанан, утуйарга оҥостор. Анды оҕото барар. Хотуттан тыалырдаҕына, курас, тымныы күһүн буолар.