Сэтинньи 3 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇷🇺 Арассыыйа — Алаадьы күнэ
🇩🇲 Доминика — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан 1978 с.)
🇯🇵 Япония — Култуура күнэ
🇹🇱 Илин Тимор — Ийэ күнэ
🇲🇻 Мальдив арыылара — Кыайыы күнэ
🇫🇲 Микронезия — Тутулуга суох буолуу күнэ (АХШ-тан, 1986 с.)
🇦🇪 ХАЭ — Былаах күнэ
🔸 Атын бэлиэ күннэр.
🔹 1693 — Нуучча ыраахтааҕытын сорудаҕынан Идес Избрант Пекииҥҥэ тиийбит. Кытай ыраахтааҕыта (Богдыхаан титулаах эбит) кинини үстэ ыҥыран кэпсэппит (1693 сыл сэтинньи 17, ахсынньы 27 күннэригэр уонна 1694 сыл олунньу 16 күнүгэр) уонна Москуба судаарыстыбатын туһунан ыйыталаспыт, Ниэрчинскэйдээҕи дуогабары тутуһалларын бигэргэппиттэр. Салгыы.➡️
🔹 1905 — Финляндия автономията сөргүтүллүбүт.
🔹 1912 — Монголия киин куоратыгар Ургаҕа (билиҥҥитэ Улаанбаатар) Арассыыйа уонна Монголия ыккардыларыгар доҕордоһуу туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Бу түгэн биир сыл иннинэ Кытайтан тутулуга суоҕун биллэрбит Монголияны Арассыыйа билиммит уонна бэйэтин протекторатынан оҥостубут. Салгыы➡️.
🔹 1918 — Дьокуускайга федералистар баартыйалара таһаарар "Якутский голос" хаһыаттарын иккис нүөмэрэ тахсыбыт.
🔹 1924 — Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт (ЯЦИК) ойууннааһыны утары охсуһууну биллэрбит.
🔹 1925 — Саха АССР-ы үөрэтэр ССРС Билимин Академиятын хамыыһыйатын бүрүсүүдьүмүн мунньаҕа буолбут. Мунньахха Дьокуускайга Национальнай бибилитиэкэни арыйар туһунан кэпсэппиттэр.
🔹 1928 — Туурсуйа араап алпабыытыттан латыынныыга көспүт.
🔹 1992 — Бэрэсидьиэн Михаил Николаев баһылыктаах дэлэгээссийэ Словенияҕа бэрэсидьиэн Кучан ыҥырыытынан ыалдьыттааһынын саҕалаабыт.
🔹 1993 — Арассыыйа премьер-миниистирэ Черномырдин «Беркакит — Томмот — Дьокуускай (Уҥа Өлүөнэ) тимир суолун тутуутугар ылыныллар миэрэлэр тустарынан» уураахха илии баттаабыт. Салгыы.
🔹 1993 — Бэрэсидьиэн Михаил Николаев Москубаҕа Швеция посолун Бернеры кытта көрсүбүт.
🔹 1995 — Улуу Британия ыраахтааҕыта Елизавета II маори омугуттан Британия урукку атаҕастабылыттан сылтаан хом санааны туппатыгар, алы буоларыгар көрдөспүт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1957 — Кирилл Герасимов — саха композитора, педагог, дирижер, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын айбыта.
▫️1958 — Маргарита Васильева — 1994 сылтан ыла Опера уонна балет тыйаатырын солбуйааччы дириэктэрэ.
Өлбүттэр:
▫️1969 — Леонид Киренскэй — чинчийээччи, академик, Саха Сириттэн төрүттээх дьонтон бастакынан академик аатын ылбыт киһи, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️2003 — Иван Федосеев - Доосо — саха түмэт диэйэтэлэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, литэрэтиирэ кириитигэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1964). 1965-1992 сылларга «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар холбоммут эрэдээксийэлэрин эппиэттиир сэкиритээрэ.
🔹 Халандаары манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут