Ахсынньы 28 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🎥 Киинэ аан дойдутааҕы күнэ
🇦🇿 Азербайджан — Албакаат күнэ
🇪🇸 Испания — Күлүү күнэ
🔸 Калмыкия — Калмыык омугун депортациятын толук буолбут дьонун ахтар күн
🇹🇭 Таиланд — Таксин хоруолу ахтар күн
🇦🇺 Соҕуруу Австралия (Австралия штаата) — Төрүттэнии күнэ. Британия провинциятын быһыытынан 1834 сыллаахха төрүттэммит
🇸🇸 Соҕуруу Судаан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
✝ Арҕаа христианство — Ороһооспо 12 күнүттэн төрдүһэ.
🔹 1733 — Хаһаах полковнига Борис Серединин Саха сирин бойобуодатын солотуттан уурайбыт. Кини оннугар лейб-гвардия капитана Алексей Заборовскай анаммыт.
🔹 1895
▫️Парижка (Франция) «Гранд-кафеҕа» «Ини-бии Люмьердар синематографтарын» көрдөрүү буолбут. Киинэ төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар
▫️Ньиэмэс физигэ Вильгельм Рёнтген Вюрцбург куоракка рентген сардаҥаларын арыйбытын туһунан кэпсээбит.
🔹 1919 — "Холбос" сойууһун II сийиэһэ аһыллыбыт. Сийиэскэ "Холбос" 1919 сыллааҕы үлэтэ, 1920 сылга ороскуоттаныахтаах үп-харчы ырытыллыбыттар. Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уокуруктарыгар отделениелары арыйарга быһаарбыттар.
🔹 1919 — Соторутааҕыта Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан анаммыт Болеслав Геллерт өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
🔹 1921 — Кыым (хаһыат) аан бастаан "Манчаары" диэн ааттанан тахсыбыта. Эрэдээктэр — Исидор Барахов. Хаһыат үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыттара — Былатыан Ойуунускай, Алексей Бояров, Анемподист Софронов - Алампа.
🔹 1943 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн Калмык АССР-ы суох гыныы туһунан ыйааҕынан НКВД сэриилэрэ калмыыктары Сибииргэ уонна Уһук Илин оройуоннарыгар көһөрүүлэрэ саҕаламмыт. Күүс өттүнэн 91919 калмыыгы депортациялаабыттар.
🔹 1953 — Дьокуускайга Мараат болуоссатыгар гражданскай сэрии кыттыылаахтарыгар пааматынньык тутарга быһаарыы ылыллыбыта.
🔹 1991 — Саха АССР союзнай өрөспүүбүлүкэ буолбут, Саха ССР диэн ааттаммыт. Түөрт ыйынан 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.
🔹 1997 — Ил Түмэн дьокутааттарын бастакы ыҥырыыта дьокутааттар иккис ыҥырыылаах куорпустарынан солбуллубут.
🔹 1998 — Өрөспүүбүлүкэҕэ "Сылгыны иитии туһунан" сокуон (О табунном коневодстве, З N 55-II) ылыныллыбыт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1896 — I Бордоҥ нэһилиэгэр (билигин Ньурба улууһа) Степан Васильев (1943 өлб.), бэлиитикэ, уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ.
▫️1933 — Сунтаар улууһун Илимнииригэр Александра Мохотчунова — саха биллэр хореограба, «Сарыал» үҥкүү бөлөҕүн тэрийээччитэ.
▫️1934 — Семен Мостахов (1934—1993) — география билимин хандьыдаата, саха географиятын билимигэр биллэр-көстөр суолу хаалларбыт учуонай.
▫️1945 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
▫️1946 — Михаил Скрябин (1946 сыл, ахсынньы 28 күнэ — 2011, ыам ыйын 6 күнэ) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
Өлбүттэр:
▫️1933 — Степан Гоголев (1896 с.т.), Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
📌 Биики Халандаар | Сурут