Репост из: ГАЗЕТА "ЭРКЭЭЙИ" Мегино-Кангаласского улуса
Михаил Масаха:
«Бэйэм бу кыһалҕаны иһиттэн билээри»
🐄📱 Майатааҕы Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ, биллэр блогер Михаил Масаха хотон туттан сүөһү иитэн эрэрин, бу хайысханы тоҕо талбытын туһунан бэйэтин социальнай ситимигэр сырдатарын бары көрө-ааҕа сылдьабыт.

🌿🐂 Тыа сиригэр сүөһү ахсаана аҕыйыы турар, ыччат онно улаханнык баҕаран ылсыбат. Маны бэлиэтии көрөн уонна тоҕо оннугун иһиттэн билээри, барыстаах дуу, суох дуу, сайдар кыахтаах дуо диэн санааттан, тыа хаһаайыстыбатыттан тэйиччи дьарыктаах эдэр киһи Михаил Масаха сүөһү иитэр үлэҕэ ылсыста. Быйыл күһүн 2 уулаах ынаҕы, 2 оҕус борооскуну хотонугар киллэрбитэ, сэтинньи 2 күнүгэр Ураанай диэн ынаҕа игирэ оҕус ньирэйдэри төрөөн, сүөһү диэҥҥэ саҥа чугаһаабыт дьону соһутта да, үөртэ да.
🎙️💬 Эрдэ болдьоһон, биир киэһэ үлэ кэннэ Масаха хотонугар тиийэн бэйэтин кытта сэһэргэстим.
Сиһилии ⬅️
@gazetaerkeii
@ulusmedia