Ахсынньы 11 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Хайа күнэ. Баҕар соһуйуоххут, үгүс саха киһитэ таас хайаны үйэтигэр көрбөт, ол эрээри хайалаах уонна хаптал хайалаах сирдэр Саха сирин 2/3 ордугун ылаллар!
🇷🇺 Арассыыйа — Андреевскай былаах күнэ
🇦🇷 Аргентина — Үҥкүү күнэ
🇺🇸 АХШ — Индиана күнэ
🇧🇫 Буркина Фасо — Өрөспүүбүлүкэ күнэ, 1958 сыллаахха Үөһээ Вольта Франция холбоһугун иһинэн автономияны ылбыт
🇮🇶 Ираак, Ираак Курдистаана — Курд дьахталларын сойууһа төрүттэммит күнэ
🇵🇭 Пилипиин — Пампанга провинция күнэ.
🔹 1905 — Киевкэ оробуочайдар өрө турбуттар. Шулявскай өрөспүүбүлүкэ үөскээбит.
🔹1941 — Германия уонна Италия Америка Холбоһуктаах Штааттарыгар сэриини биллэрбиттэр. АХШ эмиэ сэриини биллэриинэн хоруйдаабыт.
▫️Польша Дьоппуон импиэрийэтигэр сэриини биллэрбит.
🔹 1946 — ХНТ Оҕо пуондата эбэтэр ЮНИСЕФ — ыксаллаах быһыыга оҕо-аймаҕы көмүскүүр ХНТ анал тэрилтэтэ олохтоммут.
🔹 1950 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ "Дьокуускайдааҕы куорат бензоколонкатын тэрийэр туһунан" уураах ылыммыт.
🔹 1991 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин «Өрөспүүбүлүкэҕэ хостонор айылҕа баайыгар Саха ССР боломуочуйаларын туһунан» диэн 277№ ыйаахха илии баттаабыт. Бу ыйааҕынан Саха сирин баайын хостуулларын иһин хостуур тэрилтэлэр төлөбүрдэрин уонна куортам төлөбүрүн бэрээдэгин уонна кээмэйин өрөспүүбүлүкэ быһаарар бырааптаммыта. Онон "Саха-Арассыыйа алмаастара" тэрилтэ аренда харчытын өрөспүүбүлүкэҕэ төлүүр буолбута.
🔹1994 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Чэчиэн Өрөспүүбүлүкэтигэр аармыйа киллэрэргэ дьаһайбыт, Бастакы чэчиэн сэриитэ саҕаламмыт.
🔹 1997 — Киото боротокуола илии батыыырга аһыллыбыт.
🔹 2001 — Кытай Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр (ВТО) киирбит.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Өлбүттэр:
▫️1981 — Степан Стручков — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр бастакынан комбайны, локомотивы, электрическэй мотуордаах миэлиҥсэни үлэлэппит туруу улэһит, бастакы тракторист, электрик уонна рационализатор.
▫️1995 — Николай Якутскай — Саха норуодунай суруйааччыта, 1946 сылтан ССРС сурууйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар сүрүн эрэдээктэрдэрэ.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
📌 Сурута илик дьон халандаарбытыгар сурутан кэбиһиҥ дуу! Оччоҕо умнуоххут суоҕа, күн аайы туох буолбутун судургутук булан көрөр кыахтаныаххыт.