Биики халандаар 📆


Channel's geo and language: Kyrgyzstan, Kyrgyz
Category: Religion


Күн аайы саха устуоруйатыгар сыһыаннааҕы Бикипиэдьийэттэн сүһэн суруйабыт.
Эбиилээх-көҕүрэтиилээх буоллаххытына дьаһабылга @Halan_Chuekke суруйуҥ.

Related channels  |  Similar channels

Channel's geo and language
Kyrgyzstan, Kyrgyz
Category
Religion
Statistics
Posts filter


Ахсынньы 22 күнүгэр туох буолбут эбитий?

☯ Вьетнам, Кытай, Япония,  Соҕуруу Кэриэйэ — Дунчжи ("кыһын оройо")
🇻🇳 Вьетнам — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
🇮🇩 Индонезия — Ийэ күнэ
🇮🇳 Ииндийэ — Математика күнэ
🇿🇼 Зимбабве — Сомоҕолоһуу күнэ
🇨🇺 Кууба (дойду) — Учуутал күнэ

🔸 Атын бэлиэ күннэр.

🔹 1857 — Арассыыйаҕа бастакы почта маарката тахсыбыт.
🔹 1920 — РСФСР Сэбиэттэрин VIII сийиэһигэр ГОЭЛРО диэн дойду электрификациятын былаана ылыллыбыт.
🔹 1922 — Губревком дьаһалынан  Дьокуускайга Күбүөрүнэ архыыба тэриллибит.
🔹 1968 — Кытайга культурнай өрөбөлүүссүйэ кэмигэр "Жэньминь жибао" хаһыакка Мао Цзэдун биир улахан суолталаах ыстатыйата тахсыбыт. Ыстатыйаҕа «өйдөөх эдэр ыччат тыа сиригэр барыахтаах, уонна тыа сирин дьадаҥы олоҕун билэн үөрэниэхтээх» диэн этиллибит. Инньэ гынан оскуоланы бүтэрбит эдэр ыччат тыа сиригэр "үөрэххэ" ыытыллыбыта.
🔹 2001 — Афганистааҥҥа Хотугу Альянс баһылыга Бурхануддин Раббани былааһы Хамид Карзай баһылыктаах бырабыыталыстыбаҕа  туттарбыт.
🔹 2015СӨ бырабыыталыстыбата Сахалыы таба суруйуу саҥа быраабылатын бигэргэппит.
🔹 2016 — Эбола вируһун  утары бастакы вакцина 70-100% көдьүүстээҕэ бигэргэммит.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1897 — Максим Аммосов (1938 өлб.) — сэбиэскэй судаарыстыба уонна баартыйа диэйэтэлэ. Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ буоларыгар сүҥкэн оруоллаах. Биэс сыл Казахстааҥҥа үлэлээбитэ, өлүөн иннинэ Кыргыстааны салайбыта.
▫️1902 — Дора Жиркова (1988 өлб.) — революционер, Саха Сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
▫️1930 — Анна Мыреева (2012 өлб.) — эбэҥки филологиятыгар идэтийбит чинчийээччи, биллиилээх тылбаасчыт, эбэҥки оскуолаларыгар анаан эбэҥкилэр үгэстэрин (оонньууларын, аһылыктарын) үөрэтэр кинигэлэри суруйбут, эбээн ырыаларын хомуурунньугун бэлэмнээбит учуонай. Саха Өрөспүүбүлэктин Ил Дарханын таһынааҕы тыл политикатыгар Түмсүү чилиэнэ.
▫️1933 — Василий Сивцев (2019 өлб.) — саха норуодунай бэйиэтэ, 600-тэн тахса бөлүһүөктүү анаарыылаах сонеты суруйбута. Хоһооннорун таһынан кириитик уонна тылбаасчыт быһыытынан биллэр. "Күнүм киэһэрэн эрдэҕинэ" диэн икки туомнаах кинигэтигэр элбэх саха суруйааччыларын тустарынан суруйбута.
▫️1980 — Руслан Тараховскай  — Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр сүрүн режиссера, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.

Өлбүттэр:
▫️1933 — Петр Черных-Якутскай  (1882 с.төр.) — Саха сиригэр үөскээбит нууччалыы суруйбут бэйиэт. Ойуунускай "Кыһыл Ойуун" поэматын нууччалыы тылбаастаабыта.
▫️1995 — Федот Сафронов (1914 с.төр.) — Азия хотугулуу-илин эҥээрин чинчиһитэ, учуонай, РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАН Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, устуоруйа билимин дуоктара.
▫️2002 — Христофор Дуткин  (16.12.1939 төр.) — филология билимин хандьыдаата, эбээн тылын диалектологиятыгар, фольклоругар, лексикологиятыгар уонна лексикографиятыгар биир тутаах чинчийээччи.
▫️2003 — Юрий Прокопьев  (14.07.1932 төр.) — 1982-1991 сылларга Саха АССР-ы салайбыт ССКП Саха сиринээҕи обкуомун бастакы сэкиритээрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, судаарыстыба уонна уопсастыба диэйэтэлэ, филология билимин хандьыдаата.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige


Ахсынньы 21 күнүгэр туох буолбут эбитий?

☀️ Күн туруута (Сир хотугу эҥэлэйигэр кыһыҥҥы туруу ахсынньы 21 эбэтэр 22 күнүгэр буолар) уонна ону кытта ситимнээх күннэр:
✝ Күөх ороһооспо (сорох протестааннарга, католиктарга, лютерааннарга, методиистарга). Бу сыл ордук уһун түүнүн көрсө арҕаа христианнар сорох сыаркаптарыгар чугас дьоннорун соторутааҕыта сүтэрбит дьоҥҥо анаан сулууспа ыыталлар
☯ Кытай, Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ, Япония,   Соҕуруу Кэриэйэ, Вьетнам — Дунчжи бэстибээл. Инь уонна Янь бөлүһүөпүйэтигэр хараҥа уонна сырдык алтыһыылырагыр суолталаах күн быһыытынан бэлиэтэнэр. Үксүн дьон аймахтарын кытта бэлиэтииллэр
🇱🇰 Шри-Ланка — Сангхамитта күнэ (буддизм Тхеравад салаата бэлиэтиир). Сангхамитта диэн биһиги эрабыт иннинэ олоро сылдьыбыт манаах дьахтар (б.э.и. 282 с. - б.э.и. 203 с.), ол саҕанааҕы Ииндийэ ыраахтааҕыта Ашока кыыһа, буддизмы аан бастаан Шри-Ланка сиригэр илдьибит дьонтон биирдэстэрэ.
🔸 Йоль (неоязычество) — былыргы германецтартан төрүттэрин ааҕынар дьон үксүн бэлиэтииллэр, мусталлар, аһыыллар, бэлэх бэлэхтэһэллэр
🔸 Зиемассветки (былыргы Латвия)
🇵🇭 Пилипиин — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
🔸 Массачусетс, Плимут — Өбүгэлэр күннэрэ
🇸🇹 Сан-Томе уонна Принсипи — Сан-Томе күнэ.

🔹 1913 — «New York World»  ("Нью-Йорк Уорлд") хаһыакка бастакы аныгылыы кроссворд тахсыбыт, ааптара — Артур Уинн.
🔹 1941 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Таиланд уонна Дьоппуон ыккардыларыгар кыттыгастыы пакт түһэрсиллибит.
🔹 1965 — ХНТ Генеральнай ассамблеята Раасанан дискриминация бары көрүҥүн суох гынар туһунан дойдулар ардыларынааҕы декларацияны ылыммыт.
🔹 1975 — Бүлүүтээҕи ГЭС иккис уочарата үлэҕэ киирбит.
🔹 1991 — Сэбиэскэй Сойуустан тахсыбыт 9 өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйалаах Белорусия (кинилэр тахсыбатахтара) салайааччылара Алма-Атаҕа көрсүбүттэр. СНГ соруга уонна тутула суруллубут Алма-Ата декларациятыгар илии баттаабыттар. Онон СНГ сыала-соруга чопчуланан, састаабыгар 11 өрөспүүбүлүкэ киирэн силигин сиппит. Түөрт хонон баран ССРС бэрэсидьиэнэ  Михаил Горбачев  стратегическай ядернай сэбилэнии салайыытын  Борис Ельциҥҥэ  туттарбыта,  ССРС букатыннаахтык суох буолбута.
🔹 2007 — Шенген сөбүлэҥэр 9 дойду эбии киирбит — Литва, Латвия, Эстония, Чехия, Словакия, Словения, Венгрия уонна Мальта.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1896 — Степан Гоголев — саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, бөдөҥ сэбиэскэй салайааччы.
▫️1908 — Виктор Тихонов  (01.07.1977 өлб.) — 1957-1969 сылларга "Якуталмаз" трест дьаһайааччыта, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1964),  Мирнэй куоратын Ытык олохтооҕо (1964).
▫️1928 — Михаил Орлов —  Мирнэй куоратын уонна  Айхал бөһүөлэгин тутааччы,  Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1960), Мирнэй  куоратын Ытык олохтооҕо (1964).
▫️1934 — Алла Билюкина — литературовед, филология билимин дуоктара.
▫️1937 — Иван Кандинскай — сахаттан бастакы үөрэхтээх опера режиссера, Чурапчы народнай тыйаатырын тэрийээччитэ.
▫️1940 — Гавриил Угаров — биология билимин дуоктара, суруйааччы, айааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

📌 Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 20 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Дьон биир санааланыытын (солидарность) күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа куттала суох буолуутун үлэһиттэрин күнэ
🔸 Армения, 🔸 Беларусь,  🔸 Кыргыстаан — Судаарыстыбаннай уонна национальнай куттала суох буолуу үлэһиттэрин күнэ
🇬🇫 Гвиана, 🔸 Реюньон — Кулуттааһыны суох гыныы күнэ (фр. Fête des Cafres)
🇲🇲 Мьянма — Бо Аунг Чжо күнэ. Бу Рангун университетын устудьуонун 1938 сыллаахха устудьуоннар көҥүл иһин үһүс бойкоттарын кэмигэр Британия аттаах полицията өлөрбүт.
🇲🇴 Макао — Макао ураты дьаһаллар оройуон быһыытынан төрүттэммит күнэ.

🔹 1699 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I Арассыыйаҕа Саҥа Дьылы бэлиэтээһин балаҕан ыйын 1 күнүттэн тохсунньу 1-гар көһөрөргө уурбут.
🔹 1917 — Контрреволюцияны уонна саботаһы утары охсуһар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы суһал комиссия (ВЧК) тэриллибит.
🔹 1934 — Мордовия АССР  тэриллибит. Бу иннинэ Мордовия автономиялаах уобалаһын быһыытынан Куйбышев кыраайыгар киирэрэ (билигин Самаара уобалаһа). Сэбиэскэй кэмҥэ икки уруулуу гынан баран бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөт эрзя уонна мокша омуктары биир омук дииллэрэ, мордва диэн ааттыыллара, ол дьон тылларын билбэт сыдьааннара билигин да мордваларбыт дэнэллэр.
🔹 1971 — Кыраныыссаны билиммэккэ дьоҥҥо көмөлөһөр «Кыраныыссата суох быраастар» диэн тэрилтэни Бернар Кушнер уонна суруналыыстар бөлөхтөрө Парижка тэрийбит.
🔹 1991 — Аан маҥнайгы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбара буолбут. Манна уруккута Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэстээтэлинэн  олорбут Михаил Николаев  кыайыылаах тахсыбыт.
🔹 1995 — НАТО сэриилэрэ Боснияҕа сэриини тохтотор соруктаах киирбиттэр.
🔹 1996 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев  ыйааҕынан улуус кыттыылаах  Ньурбаҕа регистрацияламмыт АЛРОСА-НЬУРБА акционернай уопсастыба тэриллибит.  2019 сыллаахха бу хампаанньаны ликвидациялыырга диэн быһаарыы ылыллыбыта.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1927 — Иван Федосеев - Доосо — саха түмэт диэйэтэлэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, литэрэтиирэ кириитигэ,  ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1964). 1965-1992 сылларга «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар холбоммут эрэдээксийэлэрин эппиэттиир сэкиритээрэ.
▫️1929 — Иннокентий Рожин — 1969—2002 сылларга Үөһээ Дьааҥы орто оскуолатын дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2000) уонна Үөһээ Дьааҥы улууһун  ытык киһитэ.
▫️1932 — Николай Борисов - Николай Уус — суруйааччы, 1972—1988 сылларга Саха АССР  прокурорун солбуйааччыта, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа.
▫️1934 — Василий Лебедев —  эбээн бэйиэтэ, филолог.
▫️1934 — Яков Васильев — физкультура учуутала, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин  ытык олохтооҕо.
▫️1948 — Николай Захаров - Сахаачча — саха аатырбыт тустууга, кини аата Амматааҕы  оҕо спортивнай оскуолатыгар иҥэриллибит.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 19 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🌏 Дьадаҥыларга көмө аан дойдутааҕы күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — ФСБ Байыаннай контрразведкатын чаастарын күнэ
🇦🇮 Ангилья — Дойду дьоруойдарын уонна дьоруой дьахталларын күнэ
🇮🇳 Ииндийэ (Гоа) — Гоа босхолонуутун күнэ. Ииндийэ Гоа штаата 1961 сыллаахха Португалия 450 сыллаах салайыытыттан босхоломмут.

🔸 Атын бэлиэ күннэр

🔹 1915 — Дьокуускайга бирикээсчиттэр кулууптарыгар Василий Никифоров - Күлүмнүүр "Манчаары түөкүн" пьесатын туруорбуттар. Бу саха бастакы пьесата.
🔹 1927 — Саха сиригэр конфедералиистар хамсааһыннарын уодьуганныыр уонна салайааччыларыгар Павел Ксенофонтовка Карл Байкалов аатыттан албын сурук ыытар туһунан уураах ылыныллыбыт.
🔹 1939 — ССРС Оборонаҕа кэмитиэтин мунньаҕар Кыһыл Аармыйа сэбилээһинигэр Т-34 тааҥканы ыларга быһаарбыттар.
🔹 1985 — Дьокуускай-Нүөрүҥгүрү -Чита-Иркутскай хайысханан көтүөхтээх Ан-24 сөмөлүөтү иккис пилот угоннаабыт уонна Кытайга илдьибит. Сөмөлүөт Кытайга аэродром булбакка рис хонуутугар аварийнай посадка оҥорорго күһэллибит. Быһылаан түмүгэр ким да эмсэҕэлээбэтэх.
🔹 1999 — Арассыыйа судаарыстыбаннай Дууматыгар быыбар буолбут. КПРФ 24,29% куолаһы ылбыт, оттон Борис Ельцины уонна аҕыйах хонугунан кини оннугар бэрэсидьиэн эбээһинэһин толорооччу буолбут Владимир Путины өйүүр "Единство" — 23,32% ылбыт (ол саҕанааҕыга Путин ситиһиитэ). Саха сиригэр "Единство" кыайбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1911 — Валерий Чиряев (01.02.1989 өлб.) — саха бэйиэтэ, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944).
▫️1918 — Иннокентий Бережнов-Енжов — или уонна баартыйа диэйэтэлэ, кини көҕүлээһининэн Орто Халымаҕа көс эбээннэри биир сиргэ олохсутан Березовка бөһүөлэгэ тэриллибитэ. Орто Халыма улууһун уонна Бүлүү куоратын бочуоттаах гражданина, «Бочуот Знага» уордьанын икки төгүллээх кавалера, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
▫️1918 — Лев Солдатов (30.11.1997 өлб.) — 1969-1978 сылларга «Якуталмаз» Холбоһук генеральнай дириэктэрэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️1921 — Николай Горковенко — Ааллаах Үүн шахтатын «Сиэллээх» учаастагын начальнига, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️1939 — Николай Максимов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх араадьыйа суруналыыһа.
▫️1949 — Полина Охлопкова — Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ наука уонна техника эйгэтигэр Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата, РАЕН академига, тыа хаһаайыстыбатын науукатын дуоктара.
▫️1961 — Герман Хатылаев — саха ырыаһыта, мусукаана, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.

Өлбүт:
▫️1741 — Витус Беринг (1681 төр.), айанньыт, Арассыыйаҕа сулууспалаабыт датчанин, кини аатынан Беринг силбэһиитэ ааттаммыта.

👌 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 18 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Мигрант күнэ. 2000 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Миграаннар аан дойдуга улам элбээн иһэллэрин бэлиэтээн туран, кинилэри кытта сөпкө сыһыаннаһан, дойду сайдыытыгар туһаныахха, киһи быһыытынан дьоһуннарын харыстыахха сөбүн этэллэр.
🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Арааб тылын күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — ЗАГС үлэһиттэрин күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа Ис дьыала уорганнарын Бэйэ куттала суох буолуутун чаастарын күнэ
🇶🇦 Катар — Дойду күнэ
🇳🇪 Нигер — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
🇲🇩 Молдавия — Полиция күнэ

🔹 1271Хубилай хаан бэйэтин импиэрийэтин аатын «Юань» (元 yuán) диэҥҥэ уларыппыт, инньэ гынан Кытайга Юань династията олохтоммут.
🔹 1916 — Верден аннынааҕы кыргыһыы түмүктэммит. Французтар 2-3 км кимэн киирэн ньиэмэстэри тохтоппуттар. 430 тыһ. тиийэр киһи өлбүт.
🔹 1919Бүлүү уокуругар Колчак салалталаах былаас сууллан сэбиэскэй былаас олохтоммут. Сарсыныгар ревком буоластар хамыһаардарын анаабыт: Орто Бүлүү уонна Мастаах буолаһын хамыһаарынан Гоголев С.Ф., Үөһээ Бүлүүгэ уонна Үөдүгэйгэ Кардашевскай Р.И., Мархаҕа, Ньурбаҕа уонна Куочайга Михайлов С.К., Сунтаарга уонна Хочоҕо - Михайлов И.Г. анаммыттар.
🔹 1925 — Москубаҕа ВКП(б) XIV сийиэһэ аһыллыбыт.
🔹 1958 — аан дойдуга бастакы сибээс спутнига Project SCORE орбитаҕа таһаарыллыбыт.
🔹 1987Perl көмпүүтэр тылын бастакы барыла тахсыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1929Татьяна Григорьева — Илиҥҥи култуураны уонна философияны чинчийээччи, философия билимин дуоктара, профессор.
▫️1931Николай Босиков — бэйиэт, сэһэнньит, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
▫️1946Стивен СпилбергАмерика киинэ режиссера уонна продюсера, үс төгүллээх «Оскар» бириэмийэ лауреата.
▫️1960Валерий Луковцев - Дьурустаан — өр сыллар тухары (2020 сылга диэри) «Бичик» кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ, Баайаҕа нэһилиэгин (Таатта улууһа), Мэҥэдьэк нэһилиэгин (Ньурба улууһа) уонна Таатта улууһун Ытык киһитэ.
▫️1962Нина Герасимова — суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл.

Өлбүттэр:
▫️1968Пантелеймон АргуновСаха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Иккис Аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, бастаан Арҕаа фроҥҥа, онтон Дьоппуону утары сэриигэ кыттыбыта.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Биики Халандаарга сурут


Ахсынньы 17 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇷🇺 Арассыыйа — Стратегическэй аналлаах ракетнай сэриилэр күннэрэ
🇷🇺 Арассыыйа — Судаарыстыбаннай фельдъегерь сулууспатын үлэһиттэрин күнэ
🇺🇸 АХШ — Ини-бии Райттар күннэрэ. Авиация күнэ
🇧🇭 Бахрейн — Иса бин Салман Аль Халифа эмиир бөрүстүөлгэ олорбут күнэ. 1961 сыллаахтан Бахрейн хакима этэ, онтон 1971 сыллаахха дойдуга бастакынан эмиир буолбута, 1999 сыллаахха өлүөр диэри ыраахтааҕылаабыта
🇧🇾 Беларусь — Беларусь киинэтин күнэ

🔸 Атын бэлиэ күннэр

🔹 1398 — Дели султанаатын аармыйатын Тимур аармыйата урусхаллаабыт.
🔹 1637 — Дьоппуоҥҥа  «Симабаратааҕы өрө туруу» саҕаламмыт. Христианскай итэҕэли бобууну, ону кытары ыарахан түһээннэри утарбыт бааһынайдар өрө турбуттар. Сотору кэминэн самурай сэриитэ кинилэри хам баттаабыт, христианство букатыннаахтык бобуллубут уонна дойду 200 сыллаах изоляцияҕа хатаммыт.
🔹 1777 — Америка өрөбөлүүссүйэтэ: Франция  Холбоһуктаах Штааттары билиммит.
🔹 1819 — Соҕуруу Америкаҕа  Испания холуонньаларын босхолооччу Симон Боливар Улуу Колумбия тутулуга суоҕун биллэрбит.
🔹 1903 — АХШ-ка ини-бии Райттар аан бастакыннан салгыннааҕар ыарахан аалы көтүппүттэр. Көтүү ырааҕа — 37 м, көппүт кэмин уһуна — 12 сөкүүндэ.
🔹 1926 — ССРС-ка бастакы бүтүн сойуустааҕы биэрэпис саҕаламмыт. Саха АССР-га усулуобуйа ыараханын иһин биэрэпис киин оройуоннарга саас, онтон хоту оройуоннарга күһүн биирдэ түмүктэммитэ.
🔹 1932 — Хотугу байҕал суолун сүрүн дьаһалтата (Главное управление Северного морского пути - Главсевморпуть) тэриллибит. Главсевморпуть сүрүн сыала — Арктиканы туһаҕа таһаарыыны уонна Хотугу байҕал суолунан хараабыллар сылдьалларын хааччыйыы.
🔹 1950 — Дьокуускайга сэллиги  чинчийэр билим институтун филиала аһыллыбыт. Бу тэрилтэ аһылларыгар уһулуччулаах саха салайааччыта, сэлликтэн чугас дьонун эрдэ сүтэрбит Ылдьаа Винокуров улахан өҥөлөөх.
🔹 1957 — Москубаҕа Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспутун 325 сылыгар анаммыт Саха литэрэтиирэтин уонна урамньытын дэкээдэтэ бүппүт. Большой тыйаатырга Дэкээдэни түмүктүүр улахан үөрүүлээх кэнсиэр буолбут, саалаҕа дойду үрдүкү салайааччылара Никита ХрущевАнастас МикоянЛеонид Брежнев бааллар эбит.
🔹 1972 — ССРС 50 сыла туолуутун бэлиэтээн Норуоттар Доҕордоһууларын уордьана олохтоммут. Бу уордьанынан Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) наҕараадаламмыта.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1917 — Евдокия Коркина — 1963—1984 сылларга Саха сиринээҕи тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа институтун дириэктэрэ, биллиилээх тюрколог, РСФСР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, тыл үөрэҕин билимин дуоктара.
▫️1961 — Людмила Скрыбыкина — филология билимин хандьыдаата.

Өлбүт:
▫️2014 — Игнатий Каратаев  — саха тылын учуобунньуктарын ааптара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогика билимин хандьыдаата, С. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун ытык киһитэ.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Миэхэ былыр олоро сылдьыбыт, көрбүөччү, ойуун этэн турардаах:

– Төрөөбүт тылгынан ыраастык сахалыы саҥарар буоллаххына, эн туругуҥ, этиҥ-сииниҥ бөҕөргөөн иһэр, ыарыыга ылларбат буолан иһэҕин. Ол эбэтэр, тылбыт нөҥүө өбүгэлэрбит көмөлөһөллөр. Төһөнөн элбэх киирии, сыыс тылы туттаҕын, ол-бу ити саҥараҕыт дии "принимайдыыр, мама, папа, дорообо, дууһа, удача" уо. д. а. тыллары, [инньэ гынан] эһиги өбүгэлэргиттиттэн күүс ыларгытын аччатан иһэҕит. Омук баайа, күүһэ, кута-сүрэ – кини тыла.


Ол ойуун 105 сааһыгар дылы олорбута, балыыһаҕа биирдэ да сыппатаҕа, биирдэ да эми испэтэх киһи. 105 сааһыгар дылы хаама-сиимэ сылдьыбыта, 70-80 саастаах оҕонньор курдук көрүҥнээҕэ. Олус сэмэй майгылааҕа. Уонна биир да киирии тыла суох уу сахалыы саҥарара. Онон эмпит аттыбытыгар баар. Тускутугар туһаныҥ. Уонна бу суругу атын бөлөхтөргө ыытан иһиҥ куйаар ситиминэн. Сахалар биллинэр.

Бассаап киэҥ киэлититтэн


Ахсынньы 16 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇧🇩 Баҥладеш — Кыайыы күнэ. 1971 сыллаахха Илиҥҥи Пакистаан босхолонор сэриигэ Ииндийэ өйөбүлүнэн кыайан Пакистаантан туспа судаарыстыба буолбут. XX үйэ ордук хааннаах сэриилэриттэн биирдэстэрэ этэ, үс мөлүөйүөн кэриҥэ киһини Пакистаан сэбилэниилээх күүстэрэ өлөрбүттэрэ.
🇧🇭 Бахрейн — Дойду күнэ. 1971 сыллаахха Британияттан тутулуга суох эмират буолбут
🔸 Испанидад (исп. Hispanidad) — Лас-Посадас. Испаан тыллаах дойдуларга Мария уонна Иосиф Иисуһу төрөтөллөрүгэр барбыт тургутууларын кэриэстээн тоҕус хонуктаах бырааһынньык саҕаланар күнэ
🇰🇿 Казахстаан — Тутулуга суох буолуу күнэ
🇹🇭 Таиланд — Спорт күнэ
🇮🇳 Ииндийэ — Кыайыы күнэ. Индира Ганди дойдуну салайар кэмигэр 1971 сыллаахха 93000 киһилээх Пакистаан аармыйата бэриммит, Бангладеш туспа барыытын туһугар сэрии түмүктэммит
🇿🇦 Соҕуруу Африка — Эйэлэһии күнэ, урут Африканердар Андаҕардарын күнүн быһыытынан бэлиэтииллэрэ.

🔹 1237 — Бату Хаан сэриитэ Рязань куораты төгүрүктээбит. Биэс хонугунан ылбыттара, көмүскээччилэри өлөртөөбүттэрэ, куораты урусхаллаабыттара. Княжество киин куоратынан Рязаньтан биэс көстөөх сиргэ турар Переславль-Рязанскай буолбута, билигин Рязань диэн ааттанар.
🔹 1897 — Саха уобалаһын  салалтатын быһаарыытынан буоластар тэриллибиттэр: Бүлүү уокуругар  — Ньурба, Өлүөхүмэ уокуругар — Нохтуйскай  уонна ЧокуурДьокуускай уокуругар  — АммаИһитПавловскай уонна Покровскай.
🔹 1917 — РСФСР совнаркома «Бары байыаннайдары бырааптарын тэҥниир туһунан» дэкириэт таһаарбыт: урукку чыыннар уона сыбаанньалар суох гыныллыбыттар, Арассыыйа Импиэрийэтин ураты бэлиэлэрэ уонна уордьаннара суолтаҕа ылыллыбат буолбуттар.
🔹 1966 — Пекииҥҥэ «Мао Цзэдун сытааталара» диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу кинигэ уопсайа олус улахан тиражтаах буолбут, итэҕэл кинигэлэрин (БиблияКоран уо.д.а.) тиражтарыгар чугаһаабыт.
🔹 1986 — Казаах ССР киин куоратыгар Алма-Атаҕа  Желтоксан (каз. Ахсынньы) диэн ааттаммыт казаах ыччатын аймалҕана саҕаламмыт. Казахстан компартиятын бастакы сэкирэтээринэн казаах Динмухамед Кунаев оннугар Казахстааҥҥа хаһан да үлэлээбэтэх, казаах тылын билбэт нуучча Геннадий Колбины анаабыттарыттан сылтаан үс күннээх улахан айдаан буолбут. Ону Ис сэриилэр кытаанахтык хам баттаабыттар, 8,5 тыһыынча киһи тутуллубут, 99 устудьуон холуобунай дьыалаҕа эриллибит, онтон 2-тэ ытыллыбыт. Сотору кэминэн ЦК КПСС бу түбэлтэни казаах национализмын көстүүтүнэн биллэрбитэ, онтон билиҥҥи Казахстааҥҥа норуот көҥүл иһин охсуһуутун быһыытынан бэлиэтэнэр.
🔹1991 — Желтоксан  түбэлтэлэриттэн оруобуна 5 сыл ааспытын кэннэ Казахстаан  тутулуга суоҕун биллэрбит.
▫️ХНТ сионизм үөрэҕэ расистыы буоларын туһунан бэйэтин 1975 сыллааҕы быһаарыытын суох гыммыт (111 дойду бу иһин куоластаабыт, 25 дойду утарбыт, 13 туттуммут).
🔹 2019 — Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан "2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын араҥаччылааһын уонна сайыннарыы туһунан" бырагыраама ылыллыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1916 — Анастасия Данилова  — Саха АССР общественнай, судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
▫️1938 — Инна Васильева-Кралина — альголог учуонай, биология билимин дуоктара.
▫️1939 — Христофор Дуткин  (22.12.2002 өлб.) — филология билимин хандьыдаата, эбээн тылын диалектологиятыгар, фольклоругар, лексикологиятыгар уонна лексикографиятыгар биир тутаах чинчийээччи.
▫️1957 — Надежда Докалова — хотугу норуоттар ырыаларын айааччы, ырыаһыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Өлөөн нэһилиэгин Ытык олохтооҕо.
▫️1980 — Леонид Спиридонов  — көҥүл тустууга дойдулар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, устудьуоннарга Аан дойду чөмпүйүөнэ (Токио 2000), Казахстаан хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Азия чөмпүйүөнэ (Алматы 2006), Аан дойду чемпионатын боруонса призера (Хернинг,  Дания  2009).

Өлбүт:
▫️1964 — Николай Слепцов (Туобулаахап) (07.09.1912 төр.) — суруйааччы, драматург, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

👍🏻 Бүгүн өссө туох ахтылларын — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 15 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🌏 Дойдулар ардыларынааҕы Чэй күнэ.
🌎 Заменгоф күнэ (эсперанто  тылын төрүттээбит киһи)
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа Салгын-сэбилэниилээх күүстэрин Радиотехническэй сэриилэр тэриллиилэрин күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Идэлэринэн үлэлии сылдьан өлбүт суруналыыстар кэриэстэбиллэрин күнэ
🇺🇸 АХШ — Киһи быраабын туһунан билль күнэ. 1941 сыллаахха бэрэсидьиэн Франклин Д. Рузвельт билль ратификацията 150 сыла туолуутун кэрэһилээн бу күнү аан бастаан бэлиэтииргэ уурбута.
🇬🇬 Гернси — Олдерни арыыга  Дойдуга төннүү күнүн  бэлиэтииллэр. Бу Нормаан арыыларын кээмэйинэн үһүс арыыта, Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр ньиэмэстэр оккупациялаабыттара, 4 концлааҕыры туппуттара. Бу күн 1945 сыллаахха эвакуацияҕа сылдьыбыт олохтоохтор бастакы бөлөхтөрө дойдуларын булбуттар

🔸 Атын бэлиэ күннэр.

🔹 1256 — Монгол Илин Хулагу баһылыктаах сэриитэ низарит исмаилиттарын (ассасиннар) Аламут кириэппэстэрин (аныгы Ираан сирэ) ылбыт уонна урусхаллаабыт.
🔹 1762 — Екатерина II  ыраахтааҕы омуктар Арассыыйаҕа көҥүл кэлэн олохсуйалларын көҥүллээбит (дьэбириэйдэртэн ураты), ону таһынан кыраныысса таһыгар күрээбит нууччалары амнистиялаабыт. Арассыыйа саҥа салалтата бу докумуонунан дойду нэһилиэнньэтин элбэтэр бэлиитикэни ыытарын биллэрбитэ.
🔹 1919 — Түүн Дьокуускай гарнизона уонна өрө турбут оробуочайдар утарылаһыыта суох переворот оҥорбуттар, сиэмистибэ былааһа сууллубут. Хаайыыттан босхоломмуттар: Х.А. ГладуновСтепан АржаковЛ.Л. Даниш  уо.д.а.  Хаайыллыбыттар: уобалас хамыһаара В.С. Соловьев, гарнизон салайааччыта Каменскай, куорат кулубата Павел Юшманов, уобалас быраабатын бэрэссэдээтэлэ Василий Никифоров - КүлүмнүүрГавриил Ксенофонтов уо.д.а. Сарсыарданан былааһы Саха сиринээҕи байыаннай-революционнай штаб ылбыт, Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан  Болеслав Геллерт буолбут. Аҕыйах күнүнэн ахсынньы 28-гар Болеслав Геллерт  өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
🔹 1937 — НКВД Сэбиэскэй Сойуус гириэктэрин утары маассабай репрессиялары саҕалаабыт.
🔹 1976 — Испанияҕа референдумҥа  быыбардааччылар демократияҕа көһөр иһин куоластаабыттар.
🔹1978 — Кытай уонна АХШ  дипломатическэй сыһыаны көннөрөргө сөбүлэспиттэр. Бу саҕана ССРС уонна Кытай ыккардыларынааҕы сыһыан тыҥаан турар этэ. Инньэ гынан АХШ уонна Кытай Сэбиэскэй Сойууһу утары куомуннаспыттар. Бу түгэн Тымныы сэрии түмүгүн быһаарбыт дииллэр.
🔹 1990 — Кыргыстаан Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтэ Кыргыстаан судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1895 — Ньукулай Неустроев — саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха бастакы кэмиэдьийэ суруйааччыта, прозаик, бэйиэт.
▫️1936 — Варвара Петрова  (11.03.2012 өлб.) — 1995—2002 сылларга Ньурба улууһун  баһылыга. Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Абый улууһунГорнай улууһунМуома улууһун уонна Ньурба улууһун ытык киһилэрэ.
▫️1963 — Муттуххай Бороҥ (2021 өлб.)

📌  Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 14 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🌏 Аан дойдутааҕы эбисийээнэ (моймуун) күнэ. 2000 сыллаахха Мичиган университетын икки худуоһунньук-устудьуона онньуу быһыытынан олохтообуттара, кэлин тэнийэн, кыылы-сүөлү көмүскүүр тэрилтэлэр өйөөн аан дойдуга киэҥник бэлиэтэнэр буолбута. Бу күн дьон зоопаркаларга сылдьаллар, комикстар күрэхтэһиилэрин ыыталлар, эбисийээнэ таҥастаах киэһэлэри, эгэлгэ шоулары тэрийэллэр
🔸 Башкортостан (Арассыыйа) — Башкиир тылын күнэ
🇺🇸 Алабама (АХШ) — Алабама күнэ
🇧🇩 Баҥладеш — Кэйгэллэммит интэлигиэнсийэ күнэ. 1971 сыллааҕы босхолонор сэрии кэмигэр Пакистаан сэриилэрэ Бангладеш (ол саҕана Илин Пакистаан) үөрэхтээх дьонун (учуонайдары, суруналыыстары, инженердары, быраастары уо.д.а.) өлөртөөбүттэрэ, соруктара — үөскээн эрэр омугу хам баттааһын. Бу күн буолбут бүтэһик маассабай өлөрүү кэнниттэн икки хонон баран ахсынньы 16 күнүгэр Пакистаан сэриилэрэ бэриммиттэрэ, Бангладеш Ииндийэ көмөтүнэн тутулуга суох дойду буолбута.

🔸 Атын бэлиэ күннэр.

🔹 1774 — Cекунд-майор Степан Шатилов Саха сирин  бойобуодатынан анаммыт. Кини бу солоҕо 1778 сыллаахха дылы сулууспалаабыт.
🔹 1911 — Руаль Амундсен  экспедицията аан маҥнайгыннан Соҕуруу полюска тиийбит.
🔹 1918 — Британия Холбоһуктаах хоруоллугар бырабыыталыстыба быыбара буолбут, дьадаҥылар уонна 30 сааһыттан аҕа дьахталлар аан бастаан куоластаабыттар (эр дьон 21 саастарыттан куоластыыр бырааптаахтара).
🔹 1939 — ССРС Финляндияҕа  саба түспүтүн иһин Нациялар Лигаларыттан таһаарыллыбыт.
🔹 1960 — ЮНЕСКО Үөрэҕирии эйгэтигэр дискриминацияны утары охсуһуу туһунан конвенцияны ылыммыт.
🔹 1971 — Бангладеш босхолонор сэриитэ: Илин Пакистааҥҥа 200-тэн тахса үөрэхтээҕи ытан өлөрбүттэр.
🔹 1992 — Абхазия сэриитэ: Ткварчели сэлиэнньэттэн дьону тиэйэн иһэр бөртөлүөт суулларыллыбыт, 52 киһи өлбүт, ол иһигэр 25 оҕо өлбүт. Бу кэнниттэн сэриигэ Арассыыйа Абхахия өттүгэр кыттыыта күүһүрбүтэ.
🔹 1994 — Кытайга Янцзы  өрүһүгэр аарыма улахан «Үс хапчаан» быһыты тутан саҕалаабыттар. «Үс хапчаан» аан дойду саамай ыарахан ыйааһыннаах тутуута буолар, массата 65,5 млн тонна кэриҥэ. Кини уу хаайар сирин толороору өрүс кытылыттан 1,3 млн киһи көһөрүллүбүт. Манна кыталык кыстыыр айылҕата уларыйан, ахсаана аҕыйаабыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1906 — Никита Григорьев  (23.01.1989 өлб.) — филология билимин кандидата, кыра үөрэхтээх дьоҥҥо сахалыы ааҕар кинигэлэр ааптардара.
▫️1916 — Анна Васильева — өр сылларга Амма улууһун Бөтүҥ сельсоветын исполкомун бэрэстээтэлэ, обкомҥа уонна  Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр  талыллан үлэлээбит,  Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️1938 — Иннокентий Пахомов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх реформатора, 1992-2004 сылларга СӨ Сир реформатын уонна сир ресурсаларын судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэстээтэлэ, сири олохтооһун туһунан элбэх кинигэ ааптара.

Өлбүттэр:
▫️1950 — Николай Тарабукин —  эбээн литэрэтиирэтин төрүттээччитэ, бастакы суруйааччыта, эбээн фольклорун чинчийээччи. Эбээн литэрэтиирэлии тыла олоҕурарыгар, эбээн омуга сайдарыгар сүдү улахан кылааты киллэрбит киһи.
▫️1976 — Серафим Кулачиков - Эллэй — саха норуодунай бэйиэтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
▫️1981 — Алексей Айкаров  (01.01.1920 төр.) — Саха АССР үлэһит кылааһын уонна бырамыысыланнаһын устуоруйатын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.

🔹 Бүгүн эбии туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Video is unavailable for watching
Show in Telegram
"Объектив" (Lens) диэн сэмсэни омук тиэкистэрин сахалыы тылбаастыырга туһаныахха сөп.

Дьээбэҕэ да, туһалаахха да туттан көрүҥ. Төһөнөн элбэхтик маннык саҥаҕа, тылга сыһыаннаах технологиялары туттабыт да, оччонон сахабыт тыла саҥа эйгэлэри баһылаан иһиэ, ыччаппыт төрөөбүт тылбытын олоҕор туһанар буолуо.
Үөһэ баар ролигы👆🏻 көрүҥ.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 13 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇧🇷 Бразилия — Моряк күнэ
🇮🇩 Индонезия — Нусантара күнэ (Соҕуруулуу-илин Азия арыыларын сомоҕолоһууларын күнэ)
🇨🇳 Кытай — Нанкин кэйгэллээһинин кэриэстиир күнэ
🇲🇹 Мальта — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
🇵🇱 Польша — Байыаннай балаһыанньа сиэртибэлэрин ахтар күн (пол. Dzień Pamięci Ofiar Stanu Wojennego). 1981 сыллаахха былааһын тута сатаан Войцех Ярузельскай байыаннай балаһыанньаны биллэрбитэ, онто 1983 сыллаахха диэри уһаабыта. Тыһыынчанан киһи хаайыыга быраҕыллыбыта, 91 киһи өлбүтэ. Бу күн Польша Түмэнин (Сейм) уурааҕынан бэлиэтэнэр, өрөбүл буолбатах
🇱🇨 Сент-Люсия — Дойду күнэ
🔸 Акадия олохтоохторун кэриэстиир күн. Сиһилии.

🔹 1922 — Закавказье Сэбиэттэрин 1-кы сийиэһэ (Баку) биир кэлим Закавказье Социалистическай Федеративнай Советскай Өрөспүүбүлүкэтин олохтообут. Бу өрөспүүбүлүкэ  1936 сыллаахха Азербайджан, Эрмээн уонна Грузия өрөспүүбүлүкэлэригэр арахсыбыта.
🔹 1928 — Алтан Сарын "Ааты сахатытар туһунан" ыстатыйата "Кыым" хаһыакка тахсыбыт. Бу "сахалыы ааттаныҥ" диэн устуоруйаҕа бастакы киэҥ ыҥырыы.
🔹 1937 — Иккис Кытай-Дьоппуон сэриитин кэмигэр дьоппуоннар  Кытай Өрөспүүбүлүкэтин  оччотооҕу киин куоратын  Нанкины ылбыттар. Нанкин эйэлээх олохтоохторун 6 нэдиэлэлээх кэйгэллээһин саҕаламмыт, ол түмүгэр 150-тан 300 тыһыынчаҕа тиийэ киһи өлөрүллүбүт.
🔹 1989 — Саха сирин аҕыйах ахсааннаах омуктарын I сийиэһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарын Ассоциацията тэриллибит.
🔹 2001 — Михаил Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбарыттан бэйэтин кандидатуратын устубут уонна Вячеслав Штыровка  куоластыырга ыҥырбыт.
🔹 2003 — Тикрит куорат (Ираак) аттыгар Саддам Хусейн тутуллубут.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүт:
▫️1952 — Василий Апросимов — Тускун — Саха тыйаатырын  артыыһа, суруйааччы, СӨ үтүөлээх артыыһа.

Өлбүттэр:
▫️2005 — Александр Чусовской — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962), Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини аата Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ иҥэриллибитэ.
▫️2017 — Ньургун Тимофеев — саха бэлиитигэ, 2005—2008 сылларга Ил Түмэн бэрэстээтэлэ, техника билимин хандьыдаата,  Нам уонна Өлөөн улуустарын Ытык олохтооҕо.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут

📌 Сурута илик дьон халандаарбытыгар сурутан кэбиһиҥ! Оччоҕо бу күн урут туох буолбутун судургутук булан көрөр кыахтаныаххыт.


Ахсынньы 12 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы нейтралитет күнэ
🇺🇳 ХНТ — Доруобуйа харыстабылын өҥөтүн дьоҥҥо барытыгар тиэрдии аан дойдутааҕы күнэ.
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа Конституциятын күнэ
🇰🇿 Казахстаан — Таможня уорганнарын үлэһиттэрин күнэ
🇹🇲 Түркменистаан — Нейтралитет күнэ

🔸 Атын бэлиэ күннэр.

🔹 627 — Ниневия аттынааҕы кыргыһыы — Византия уонна Персия ыккардыларынааҕы сэрии сүрүн кыргыһыыта. Риим импиэрийэтэ уонна Перс импиэрийэтэ 400 сыл тухары тохтуу-тохтуу күөдьүйбүт сэриилэриттэн бүтэһиктэрэ. Византия кыайан Кыра Азияны перстэртэн көмүскээбитэ.
🔹 1796 — Арассыыйаҕа «О новом разделении государства на губернии» диэн Ыраахтааҕы уурааҕа тахсыбыт. Ол уурааҕынан 1797 сыл кулун тутарыгар Иркутскай наместничество күбүөрүнэ буолбут, уобаластар, ол иһигэр Саха уобалаһа, — уезд буолбуттар, уездтар комиссарство буолбуттар.
🔹 1905
▫️Новороссия  өрөспүүбүлүкэтэ баар буолбут.
▫️Харьковка  Артём диэн хомуньуус салалтатынан сэбилэниилээх өрө туруу саҕаламмыт.
🔹 1911 — Оччотооҕу Британия  Ииндийэтин киин куората  Калькуттаттан Делигэ  көһөрүллүбүт.
🔹 1919 — Деникин сэриитин кыһыллар Харьковтан үүрбүттэр.
🔹 1939 — Фиин аармыйата сэбиэскэй аармыйа сэриилэрин Толваярви аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыт.
🔹 1979 — Соҕуруу Кэриэйэҕэ  байыаннайдар былааһы түҥнэриилэрэ буолбут.
🔹 1961 — АХШ-ка OSCAR-1 диэн ааттаах аан дойдуга бастакы радиолюбитель спутнига  орбитаҕа таһаарыллыбыт.
🔹 1993 — Бүттүүн норуот референдумун быһаарыытынан  Арассыыйа Конституцията ылыллыбыт.
🔹 1993 — Ил Түмэн бастакы састаабыгар 56 дьокутаат талыллыбыт: Өрөспүүбүлүкэ палаататыгар — 35, Бэрэстэбиитэллэр Палааталарыгар — 21.
🔹 2015 — Климат сылыйыытын  хааччахтыыр сыаллаах  Киото боротокуолун оннугар  Парижтааҕы сөбүлэҥ  түһэрсиллибит.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1886 — Николай Барамыгин  — Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан холкуос биригэдьиирэ,  Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️1910 — Спиридон Григорьев — сахаҕа бастакы идэтийбит тыйаатыр режиссера, 1933—1961 сылларга Саха тыйаатырын  уус-уран салайааччыта, сүрүн режиссера, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
▫️1924 — Евдокия Горохова — саха биллиилээх ил уонна уобсастыба диэйэтэлэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ (1980—1985).
▫️1928 — Чингиз Айтматов  — кыргыыс уонна нуучча суруйааччыта.
▫️1927 — Мария Канаева — Саха тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
▫️1937 — Аркадий Алексеев — саха биллиилээх мелодиһа, ырыаһыт, уопсастыба диэйэтэлэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһаДьокуускай куоратын (1998, тохсунньу 14).
▫️1938 — Дора Васильева — биллэр литературовед, литератураны ырытааччы, тыл үөрэҕин билимин дуоктара. Чинчийиилэрин сүрүн хайысхата - аныгы саха прозатын уонна оҕо уонна эдэр ыччат литэрэтиирэлэрин сайдыыларын кыһалҕалара.
▫️1981 — Александр Контоев —  Белоруссия уонна Россия тустууга, Аан дойду түһүлгэтин үһүс миэстэлээх призёра (2001), Европа чемпионаттарын призера (2002, 2005, 2013), Россия чөмпүйүөнэ (2002). Горнай улууһун Ытык олохтооҕо.

Өлбүт:
▫️1945 — Петр Драверт  — Сибиири чинчийээччи, бэйиэт. 1906—1910 сс. Саха сиригэр көскө сылдьан Кэмпэндээйи тууһун, Өлүөнэ алын тардыытын флоратын уонна фаунатын, Байаан-Күөл уонна Абалаах туустарын үөрэппит.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут

📌 Сурута илик дьон халандаарбытыгар сурутан кэбиһиҥ! Оччоҕо умнуоххут суоҕа, күн аайы туох буолбутун судургутук булан көрөр кыахтаныаххыт.


Ахсынньы 11 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Хайа күнэ. Баҕар соһуйуоххут, үгүс саха киһитэ таас хайаны үйэтигэр көрбөт, ол эрээри хайалаах уонна хаптал хайалаах сирдэр Саха сирин 2/3 ордугун ылаллар!
🇷🇺 Арассыыйа — Андреевскай былаах күнэ
🇦🇷 Аргентина — Үҥкүү күнэ
🇺🇸 АХШ — Индиана күнэ
🇧🇫 Буркина Фасо — Өрөспүүбүлүкэ күнэ, 1958 сыллаахха Үөһээ Вольта Франция холбоһугун иһинэн автономияны ылбыт
🇮🇶 Ираак, Ираак Курдистаана — Курд дьахталларын сойууһа төрүттэммит күнэ
🇵🇭 Пилипиин — Пампанга провинция күнэ.

🔹 1905 — Киевкэ оробуочайдар өрө турбуттар. Шулявскай өрөспүүбүлүкэ үөскээбит.
🔹1941 — Германия уонна Италия Америка Холбоһуктаах Штааттарыгар сэриини биллэрбиттэр. АХШ эмиэ сэриини биллэриинэн хоруйдаабыт.
▫️Польша Дьоппуон импиэрийэтигэр сэриини биллэрбит.
🔹 1946 — ХНТ Оҕо пуондата эбэтэр ЮНИСЕФ — ыксаллаах быһыыга оҕо-аймаҕы көмүскүүр ХНТ анал тэрилтэтэ олохтоммут.
🔹 1950 — Саха АССР  Миниистирдэрин Сэбиэтэ "Дьокуускайдааҕы куорат бензоколонкатын тэрийэр туһунан" уураах ылыммыт.
🔹 1991 — Арассыыйа  бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин «Өрөспүүбүлүкэҕэ хостонор айылҕа баайыгар Саха ССР боломуочуйаларын туһунан» диэн 277№ ыйаахха илии баттаабыт. Бу ыйааҕынан Саха сирин баайын хостуулларын иһин хостуур тэрилтэлэр төлөбүрдэрин уонна куортам төлөбүрүн бэрээдэгин уонна кээмэйин өрөспүүбүлүкэ быһаарар бырааптаммыта. Онон "Саха-Арассыыйа алмаастара" тэрилтэ аренда харчытын өрөспүүбүлүкэҕэ төлүүр буолбута.
🔹1994 — Арассыыйа  бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Чэчиэн Өрөспүүбүлүкэтигэр аармыйа киллэрэргэ дьаһайбыт, Бастакы чэчиэн сэриитэ саҕаламмыт.
🔹 1997 — Киото боротокуола  илии батыыырга аһыллыбыт.
🔹 2001 — Кытай Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр (ВТО) киирбит.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Өлбүттэр:
▫️1981 — Степан Стручков  — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр бастакынан комбайны, локомотивы, электрическэй мотуордаах миэлиҥсэни үлэлэппит туруу улэһит, бастакы тракторист, электрик уонна рационализатор.
▫️1995 — Николай Якутскай —  Саха норуодунай суруйааччыта, 1946 сылтан ССРС сурууйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Хотугу сулус»  уонна «Полярная звезда»  сурунааллар сүрүн эрэдээктэрдэрэ.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Сурута илик дьон халандаарбытыгар сурутан кэбиһиҥ дуу! Оччоҕо умнуоххут суоҕа, күн аайы туох буолбутун судургутук булан көрөр кыахтаныаххыт.


Ахсынньы 10 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТКиһи быраабын күнэ
🌎 Дойдулар ардыларынааҕы харамайдар (кыыллар) бырааптарын күнэ
🌏 Аан дойдутааҕы футбол күнэ
🔸 Марий Эл (Арассыыйа) — Мари суругун-бичигин күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Ис дьыала министиэристибэтин сибээс сулууспата тэриллибит күнэ
🇹🇭 Таиланд — Конституция күнэ
🇸🇪 ШвецияАльфред Нобель күнэ эбэтэр Нобельдаген.

🔹 1724Иркутскайдааҕы эпиискэп III-үс Иннокентий Амма Солобуодатыгар умайбыт таҥара дьиэтин оннугар саҥаны тутарга уураах таһаарбыт.
🔹 1768Британия энциклопедиятын маҥнайгы таһаарыыта бэчээттэммит.
🔹1799Франция уста официальнай кээмэйин быһыытынан миэтэрэни ылыммыт.
🔹 1930 — «О новом административно-территориальном районировании в ЯАССР» диэн ЯЦИК уурааҕынан Булуҥ уокуруга суох оҥоһуллубут. Ити күҥҥэ «Об организации национальных объединений в районах расселения малых народностей Севера» уурааҕынан национальнай оройуоннар тэриллибиттэр, ол иһинэн урукку Булуҥ уокуругун сиригэр: Анаабыр национальнай (эбээн), киинэ — Удьаа; Булуҥ национальнай (эбээн), киинэ — Булуҥ; Эдьигээн национальнай (эбээн), киинэ — Эдьигээн. Ону кытары тэриллибиттэрэ: Саха сирин арҕаа өттүгэр Бүлүү-Марха национальнай (эбээн) оройуона, киинэ — Чуона өрүһүн төрдүгэр, 1931 сыллаахтан Садын оройуона; уонна соҕуруу өттүгэр Тукулаан национальнай оройуона (эбээн), киинэ — Алдан өрүһүгэр Томмот аттыгар.
🔹 1930РСФСР иһигэр Остяк-Вогул, Ямал-Ненец, Таймыыр (Дулгаан-Ненец), Эбэҥки, Витим-Өлүөхүмэ (Эбэҥки), Чукотка, Коряк уонна Лаамы-Эбээн национальнай уокуруктара тэриллибиттэр. Бу уокуруктарга элбэх сир Саха АССР-тан таһаарыллыбыта, кэлин сорох уокуруктар эһиллибиттэрин кэннэ ол сирдэр ыаллыы сытар эрэгийиэннэр састааптарыгар киирбиттэрэ.
🔹 1948ХНТ Генеральнай Ассамблеята Киһи быраабын биирдэһиллибит декларациятын ылыммыт.
🔹 1951"Правда" хаһыакка "Саха литературатын устуоруйатын сөпкө сырдатар туһугар" диэн Семен Борисов ыстытыйата бэчээттэммит. Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа уонна Николай Неустроев туcтарынан "Три якутских просветителя-реалиста" диэн кинигэ ааптарын Георгий Башарины устуоруйаны фальсификациялыырга буруйдаабыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1805 (сенат уурааҕар суруллубутунан) — Василий Федоров - Манчаары Баһылай — бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха устуоруйатыгар киирбит киһи. Маны таһынан кини ырыалара устуоруйаҕа бастакы ааптара биллэр сахалыы уус-уран айымньыларынан билиниллиэхтэрин сөп.
▫️1890Ахмад-Заки Валиди-Тоҕан (Валидов) — бэлиитикэ диэйэтэлэ, башкиир омугун босхолонор хамсааһынын баһылыга (1917—1920 сс.); публицист; историк, востоковед-тюрколог, бөлөһүөпүйэ дуоктара (1935), профессор, Манчестер университетын бочуоттаах дуоктара (1967).

Өлбүттэр:
▫️1917Прокопий Сокольников — саха бастакы идэтийбит быраастарыттан биирдэстэрэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, сырдатааччы.
▫️1935Алексей ПономаревМэҥэ-Хаҥалас Мэлдьэхситин олохтооҕо, 128 сааһыгар тиийбит ытык кырдьаҕас.
▫️1964Павел КугаевскайРСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Бассаабынан маннык сурук кэллэ:

Чурапчы дьоно Казахстантан үөрүүлээх сонуну туттубут.

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ Ил Дархаҥҥа Тыл сайдыытын сэбиэтин чилиэнэ, Саха кэнгириэһин сүбэтин кыттыылааҕа, С.А.Новгородов аатынан "Айар" кинигэ кыһатын салайааччытын солбуйааччы Валерий Николаевич Луковцев- Дьурустаан бу күннэргэ Казахстаҥҥа уопсастыбаннай үлэтин сүнньүнэн олохтоох суруйааччылары кытта көрүстэ. Кини саха биллэр суруйааччыта, сахалыы бастык роман ааптара, олоҥхоһут Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин (1892-1942) аатын үйэтитиигэ үлэлэһэ сылдьар. 2024 сылга Дьурустаан кэпсэтиитинэн, Эрилик сиэнэ Дария Ивановна Дмитриева (Балет оскуолатын дириэктэрэ) тылбаас ороскуотун бэйэтэ уйунан, казах суруйааччыта, философскай наука дуоктара Мамай Ахетов “Революция уолаттара” диэн Эрилик Эристиин сэһэнин казах тылынан тылбаастаан сурунаалга таһаартарбыт. Бу сырыытыгар сыал- сорук оҥостон кый ыраах сиргэ тиийэн, Валерий Николаевич Эрилик Эристиин 1934-1935 сс. олорон ааспыт Шымкент куорат Туркестанскай уул. 3-гэр суруйааччы аатын үйэтитэр мемориальнай дуосканы туруорар туһунан суругу акимакка туттарбыт. Шымкент акимын Габит Абдимажитович Сыздыкбеков аатыгар көрдөһүү суругу суруйааччы биир дойдулааҕа, тыл билимин үлэһитэ Мария Афанасьевна Кириллина Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан бэлэмнээн биэрбит. Эрилик Эристиин үтүө аата, сыралаах үлэтэ киэҥ эйгэҕэ ааттаммыта, кэриэстэммитэ олус үөрүүлээх түгэн. Үөрүүлээх түгэҥҥэ олохтоох, Шымкеҥҥа олорор академик Эрментай Султанмурат Валерий Луковцевка Күл Тэгин аатынан уопсастыбаннас мэтээлин туттарда. Сир-дойду кыараҕас дииллэринии, манна олохсуйбут Томпо Тополинайыттан төрүттээх Ольга Афанасьевна Сеитова диэн үтүөкэн саха дьахтара Туркестаҥҥа Ходжа Ясеви аатынан Казах-турок аан дойдутааҕы университетыгар үөрэнэр оҕолорго сүрдээҕин көмөлөһөр эбит. Кини уонна Үөһээ Бүлүү Хоротуттан сылдьар лиидэр Инна Герасимова диэн туризм салаатыгар 3-с курска үөрэнэр студентка кыыс уопсастыбаннай диэйэтэли, суруйааччыны көрсүһүүнү үрдүктүк сыаналаабыттара кинилэр чахчы астыммыттарын, үөрбүттэрин кэрэһилиир. Өссө да Туркестаҥҥа кэлэ сылдьарыгар баҕа санааларын этэн хааллылар: туризм 3-с курсун студенткалара Тарабукина Ванесса, Жиркова Айталина, журналистика салаатын 4-с курсун студентката Максимова Снежана.


Римма Корякина-ХОТУУНА

Ахетов туһунан манна күһүөрү суруйбуппут, хаартыскатын бэчээттээбиппит: https://t.me/biikige/3289?single

🤝Дьурустааны, түгэнинэн туһанан, Күн Тэгил мэтээлин туппутунан эҕэрдэлиибит! Валерий Николаевич биһиги сахалар атын омуктары кытта ситиммитин уруккуттан олохтуу, бөҕөргөтө сылдьарын билэбит, үрдүктүк сыаналыыбыт! 👏👏👏

Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 9 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы хоруупсуйаны утары охсуһуу күнэ. 2022 сыл тиэмэтэ: «Сайдыы, эйэ уонна куттал суох буолуутун туһугар аан дойду хоруупсуйаны утары сомоҕолоһуута»
🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы геноцид сиэртибэлэрин кэриэстиир күн. Армения көҕүлээһининэн 2015 сыллаахха балаҕан ыйын 11 күнүгэр ХНТ Сүрүн ассамблеята биллэрбитэ. Бу күн 1948 сыллаахха ХНТ геноциды утары конвенцияны бигэргэппитэ, билиҥҥи туругунан ол докумуону 149 дойду ратификациялаан олорор
🇦🇬 Антигуа уонна Барбуда — Дойду дьоруойдарын күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Аҕа дойду дьоруойдарын күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Тимир суол сэбилэниилээх харабылын күнэ
🇵🇪 Перу — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
🇹🇿 Танзания — Танганьика Британияттан 1961 сыллаахха тутулуга суох буолуутун бэлиэтиир күн
🇸🇪 Швеция, 🇫🇮 Финляндия — Аана күнэ. Бу күн Ороһооспоҕо сиэнэр лютефиск диэн бүлүүдэни астаан саҕалыыллара. Билигин таарыйа Аана диэн ааттаах дьахталлары эҕэрдэлииллэр
🇱🇰 Шри-Ланка — Байыаннай байҕал флотун күнэ.

🔹 1905 — Бастакы Арассыыйа өрөбөлүүссүйэтин саҕана Красноярскайга оробуочайдар уонна саллааттар дьокутааттарын сэбиэтэ Красноярскай өрөспүүбүлүкэтин биллэрбит. Ахсынньы 27 күнүгэр ыраахтааҕы сэриилэрэ куораты хонтуруолга ылбыттара, өрө турааччылары төгүрүйбүттэрэ, өссө аҕыс хонугунан бэриннэрбиттэрэ.
🔹 1917 — Кырыым татаардарын Курултаайа Кырыым норуот өрөспүүбүлүкэтин биллэрбит.
🔹 1985 — Саха АССР обкуомун уурааҕынан СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар олоҕуран туспа Тыа хаһаайыстыбатын института тэриллибит. Факультет ССРС Минвуһун бирикээһинэн 1956 сыллаахха атырдьах ыйын 28 күнүгэр баар буолбута. 1995 сыллаахха институт академия буолбута, 2020 сыллаахха РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирикээһинэн университет буолбута.
🔹 2016 — Соҕуруу Кэриэйэ бэрэсидьиэнигэр Пак Кын Хега дойду түмэнэ импичмент биллэрбит. Төрүөтэ — удаҕан дьүөгэтигэр судаарыстыба кистэлэҥнэрин арыйара, суолталаах быһаарыы ыларыгар кинини кытта сүбэлэһэрэ, ону таһынан кини сүбэтинэн бэрик ыла сатаабыта биллибит. Былаастан туоратыллан баран бу дьахтар сууттаммыта, 25 сыл хаайыыга ууруллубута.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1975 — Чурапчы улууһугар  Людмила Кузьмина — опера ырыаһыта, меццо-сопрано, СӨ Опера уонна балет тыйаатырын артыыһа.

Өлбүт:
▫️1048 — Абу Райхан Аль-Бируни (973 төр.), Орто Азия дэгиттэр учуонайа.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 8 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇦🇱 Албания — Дойду ыччатын күнэ
🇨🇺 Кууба, Кариком (Кариб холбоһуга) — Кууба күнэ, Кууба Кариб дойдуларын кытта үгэс курдук сылаас сыһыанын кэрэһилээн (биллэрин курдук Куубаны элбэх дойду XX үйэ икки аҥаарыгар билиммэт этэ) 2002 сыллаахтан бэлиэтэнэр
🇷🇴 Румыния — Конституция күнэ
🇺🇿 Узбекистан — Конституция күнэ
🇫🇮 Финляндия — Ян Сибелиус уонна фиинн музыкатын күнэ
🇫🇰 Фолкленд арыылара — Кыргыһыы күнэ. 1914 сыллаахха Британия уонна Германия флоттара арыыны баһылыыр иһин кыргыспыттар.

🔸 Атын бэлиэ күннэр.

🔹 1957 — Москубаҕа буолбут Саха литэрэтиирэтин уонна урамньытын күннэрин иһинэн Литератордар киин дьиэлэригэр саха уонна нуучча суруйааччылара көрсүспүттэр. Көрсүһүүгэ бэйиэттэр Сергей ВасильевМоисей ЕфимовБаал ХабырыысТаллан БүрэКүннүк УурастыырапЛеонид Попов, Серафим Кулачиков-ЭллэйАрхип Кудрин-Абаҕыыныскай уонна да атыттар тыл эппиттэр.
🔹 1980 — Нью-Йорка "Битлз" бөлөх салайааччытын Джон Ленноны Чепмен өлөрбүт.
1989 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин 11 ыҥырыытын XIII сиэссийэтигэр Михаил Николаев САССР Үрдүкү сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
🔹 1991 — Беловежскай ойуурга ССРС суох буолуутун туһунан сөбүлэҥҥэ үс союзнай өрөспүүбүлүкэ баһылыктара илии баттаабыттар: Арассыыйаттан  Борис ЕльцинБеларусьтан  Станислав Шушкевич,  Украинаттан Леонид Кравчук.  Сэбиэскэй Сойуус оннугар  Тутулуга суох иллэр сомоҕолоһуулара (СНГ) тэриллибит.
🔹 1999 — Москубаҕа Арассыыйа  уонна Беларусь холбоһуктаах судаарыстыбаларын тэрийии туһунан дуогабар түһэрсиллибит. Бу тэриллиигэ судаарыстыбаннай сэкиритээринэн Бүлүү  райсоветын сэкиритээрэ уонна Дьокуускай баһылыга буола сылдьыбыт Павел Бородин анаммыта уонна 2011 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.
🔹 2008
▫️Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ ааты ылбыт.
▫️"Беркакит-Томмот-Дьокуускай" тимир суолга Амманы туоруур күргэ аһыллыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1918 — Яков Кычкин — Саха драматическай-музыкальнай тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа. Кини аата дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Маттатын кулуубугар иҥэриллэн турар.
▫️1921 — Фёдор Попов  (13.10.1943 өлб.) — сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус ДьоруойаАҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ытык киһитэ (1985).
▫️1935 — Варвара (Ая) Яковлева — опера ырыаһыта, педагог, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
▫️1962 — Римма Васильева — филология билимин хандьыдаата.
▫️1981 — Дьокуускайга Николай Бугаев — СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэстээтэлэ, Ем. Ярославскай аатынан Хотугу омуктар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлин дириэктэрэ.

Өлбүттэр:
▫️1962 — Николай Тарскай (1924 төр.) — Саха Сиригэр физкультураҕа күргүөмнээх хамсааһыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу сайдарыгар сүҥкэн өҥөнү оҥорбут киһи, 1955—1959 сылларга Саха АССР спорткомитетын салайааччыта.
▫️1991 — Николай Габышев  (10.04.1922 төр.) — саха сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта, кэпсээнньит, драматуур, тылбаасчыт. Анекдокка майгынныыр "Ытыс саҕа кэпсээннэрэ" 80-с сс. саха ыалын аайы баара.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын туһунан — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут


Тамалакааннар Сэмэн Руфов төрөөбүт күнүгэр кроссворд оҥорбуттар. Онлайн толоруохха сөп эбит!


Ахсынньы 7 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы гражданскай авиация күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Эрмитаж күнэ
🇺🇸 АХШ — Пёрл-Харбор кэриэстэбилин күнэ
🇦🇲 Армения — Сир хамсааһынын сиэртибэлэрин кэриэстиир күн
🇹🇱 Илин Тимор — Дойду дьоруойдарын күнэ.

🔸 Атын бэлиэ күннэр.

🔹 1671 — Нуучча судаарыстыбатын сэриилэрэ Степан Разин бастаанньалааччыларын киинин Астрахань куоратын ылбыттар.
🔹 1928 — Саха суругун-бичигин кэмитиэтэ саҥа биирдэһиллибит түүр алпаабытыгар киирии туһунан мунньахтаабыт. Бу мунньахха Алтан Сарын оҥорбут бырайыагын көрбүттэр. 21 буукубаны ылыммыттар, 11 буукубаны уонна уһун аһаҕас дорҕооннору хайдах бэлиэтиир туһунан боппуруостары аһаҕас хаалларбыттар.
🔹 1934 — Кировскай, Омскай уонна Оренбург уобаластар баар буолбуттар, ону кытта Илин Сибиир кыраайыттан  араарыллан Красноярскай кыраай тэриллибит. Бу кэмҥэ Дьэһиэй уонна Таймыыр сахалара Саха сириттэн тэйитиллибиттэрэ.
🔹 1941 — Дьоппуон  Импэрээтэрин флота АХШ Гавайитааҕы Перл-Харбор байыаннай баазатыгар соһуччу саба түспүт.
🔹 1949 — Кытайга гражданскай сэриигэ кыайтаран эрэр буржуазнай Кытай Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата Нанкинтан Тайвань арыытын киин куоратыгар Тайпэйгэ көспүт.
🔹 1979 — «Кыталык» сахалыы үҥкүү бөлөҕө төрүттэммит. Төрүттээччи уонна салайааччы — РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Винокуров.
🔹 1994 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бэйэтин Ыйааҕынан РФ уонна СӨ бырабыыталыстыбаларын ыккардыларынааҕы "О разграничении и передаче осуществления полномочий в области охраны окружающей среды и использования природных ресурсов" диэн сөбүлэҥин бигэргэппит.
🔹 2006 — Ил Түмэн Вячеслав Штырову иккис болдьоххо бэрэсидьиэнниирин өйөөбүт. Бу солоҕо 2010 сыл ыам ыйын 31 күнүгэр эмискэ "бэйэтин баҕатынан" уурайыар диэри олорбута. 2002 сыллахха  тохсунньу 13 күнүгэр талыллыаҕыттан икки болдьоххо уопсайа аҕыс сыл үлэлээбитэ.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1927 — Сэмэн Руфов  (19.03.2016 өлб.) — суруйааччы, саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт,  ССРС суруйааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ.
▫️1928 — Мария Гаврилова  (06.11.2010 өлб.) — ирбэт тоҥу уонна климаты чинчийбит учуонай, география билимин дуоктара, СӨ Наукаларын академиятын академига. Саха сирин 1920-с сыллардааҕы ил уонна түмэт диэйэтэлин, репрессияламмыт Кузьма Гаврилов кыыһа.
▫️1928 — Аврам Ноам Хомскай, лингвист, публицист, бөлүһүөк.
▫️1961 — Ольга Стручкова — култуура үлэһитэ, режиссер, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна.
▫️1962 — ырыаһыт Никииппэр Сэмиэнэп (9.04.2000 өлб.), биллибит ырыалара: Мин былыргы тапталым, Бар дьоммор, Эйиэхэ сибэкки бэлэхтиэм, Эйигинэ суох, Кыталыктар, Мин ыллыы кэлиэҕим.

Өлбүт:
▫️1997 — Моисей Кершенгольц — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Дьокуускай 9-с оскуолатын өр сылларга салайбыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут

20 last posts shown.