ЧАХЧЫЛААХ ЫЙЫННЬЫК 🕯Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар, Ленинград куорат өстөөх төгүрүктээһинигэр 872 күн турбута.
Олохтоох дьоҥҥо хас биирдии күн тыыннаах хаалыы иһин уустук тургутуу этэ. Күнтэн-күн хоргуйуу, өлүү-сүтүү элбээн испитэ.
🍞 Блокада килиэбэ күҥҥэ - үлэһиттэргэ 250 грамм, атыттарга 125 эрэ грамм бэриллэрэ. Биир быһыы килиэп тоорохойо, блокада өйдөбүнньүгэ буолан ол ыар дьыллары билигин да санатар.
"Блокада килиэбэ" - Ленинград олохтоохторугар эр санаалаах, тулуурдаах буолуу, олоххо тардыһыы уонна инникигэ эрэл бэлиэтэ буолбута.
Билигин Сахабыт сиригэр, Ленинград блокадатын туораабыт 11 ытык кырдьаҕас олорор.
@chokhoon