☀️Сэтинньи 3 күнэ - дойдуга алаадьы күнэАлаадьы - саха маанылаах аһа. Ол курдук алаадьыны ханнык баҕар түгэҥҥэ астыыллар: алгыска, бэлиэ түгэннэргэ, айылҕаттан көрдөһүүгэ уо.д.а. Норуокка этиллэринэн оннооҕор алаадьы быһыытынан, буһуутунан киһини билиэххэ сөп. Онон хас биирдии ыалга туспа буһарар ньымалаах. Бүгүн эһиэхэ анаан алаадьы ырысыаптарын түмэн таһаардыбыт.
Алгыстаах алаадьы2 ыст. үүт,
1 ыст. сөрүүн уу,
2 уст. сымыыт,
1 ч/ньуоска туус,
2 ост/ньуоска саахар,
Бурдук - сөбүгэр көрөн.
Бородуукталары барытын булкуйабыт, бүтэһигэр көрөн бурдугу эбэбит.
Кууруссалаах алаадьыКуурусса этэ - 600 гр
Майонез - 4/5 ост/ньуоска
Сымыыт 3 уст.
Бурдук 3-4 ост/ньуоска
Туус, биэрэс
Ыһаарылыырга арыы
Кууруссаны бытархай гына кырбастыыбыт, эбэтэр эрийтэрэбит. Салгыы барытын бииргэ булкуйан буһарабыт.
Быартан алаадьыБыар - 500 гр
Бурдук - 3 ост/нь
Моркуоп -1 уст.
Эриэппэ луук- 1 уст.
Сымыыт - 1уст.
Сүөгэй - 1 ост/нь.
Туус, кыра суода
Быары, моркуобу, луугу мясорубкаҕа эрийтэрэн ылабыт, итиэннэ састаабын барытын бииргэ булкуйабыт, ыһаарылыыбыт.
Үүттэн алаадьыҮүт - 1 ыст.
Сымыыт - 1 уст.
Бурдук
Туус
Ыһаарыга раст. арыы
Барытын бииргэ булкуйан баран орто күүстээх уокка буһарабыт.
Кабачоктан алаадьы Кабачок - 400 гр.
Сымыыт - 2 уст.
Бурдук - 200 гр.
Туус
Кабачогу хаҕын ыраастаан теркалыыбыт уонна этиллибит састаабы кытта булкуйабыт, арыыга ыһаарылыыбыт.
Суораттан алаадьыСуорат 3,2% - 250 гр.
Сымыыт - 1 уст.
Саахар - 2 ост/нь
Туус, суода, ванилин
Бурдук - 200 гр.
Сылаас суоракка этиллибит састаабы барытын булкуйабыт уонна 15 мүнүүтэ туруора түһэн баран ыһаарылыыбыт.
Маны таһынан НВК "Саха" ютуб ханаалыгар "Асчыттар", «Күн дэлэйэ»биэриилэргэ тахсыбыт алаадьы араас ырысыабын тускар туһан. Балыктан алаадьы👉
https://youtu.be/xZBS1Ag-sJE?si=JROpmpfhfHT8oy_BАлгыстаах алаадьы👉
https://youtu.be/CWyDziYUpUw?si=PwOqfBgJuDk9GF4VДьааҥылыы алаадьы👉
https://youtu.be/jKnOzIRTjvg?si=60s43WNrF2n766IoМинньигэстик аһааҥ!
@nvk_sakha