Бүгүн, ахсынньы ый 20 күнүгэр Хорула нэһилиэгэр биир үөрүүлээх дьоро күн тосхойдо.
Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн ыал буолан олорбуттара 50 сыллах "Кыһыл көмүс " сыбаайбаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээн Зоя Федоровна уонна Василий Семенович Ивановтары чиэстээтибит. Нэһилиэкпит ытык ыала "Кыһыл көмүс" сыбаайбалаахтар бочуот кинигэтигэр киирдилэр, илии баттаатылар. "Хорула нэһилиэгин" МТ баһылыгын солбуйааччыта Васильев Айдын Андреевич юбилярдарбытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев анал "Дьиэ кэргэн килбиэнэ" бэлиэтин уонна ону туоһулуур сибидиэтилистибэтин туттарда. Ону тэҥэ Ньурба оройуонун баһылыгын Иннокентьев Алексей Михайлович, Хорула нэһилиэгин баһылыгын Иванов Тимофей Алексеевич ааттарыттан эҕэрдэ сурук, сэмэй бэлэх туттартаата. Ивановтар оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин, аймах - билэ дьоннорун кытта Олоҥхобут Балаҕаныгар аал уоттарын өссө күүскэ сириэдитэ уматан, арыылаах алаадьынан айах тутан үтүө баҕа санааларын ыччат дьонноругар анаатылар. Василий Семенович 50 сыл анараа өттүгэр Ньурба5а киирэ сылдьан аналын Зоятын көрсөн сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан ыал буолбуттара. Зоялаах, Василий 5 оҕону төрөтөн, улаатыннаран, дьон кэккэтигэр таһааран, билигин элбэх сиэн, хос сиэн иһирэх эбээлээх эһээлэрэ. Зоя Федоровнаҕа уонна Василий Семеновичка !
Баҕарабыт ыалдьары киэр илгэн, кырдьыыга бэриммэккэ күндү сиэннэргит мичээрдэригэр, о5олоргут тапталларыгар угуттанан өссө да уһуннук-дьоллохтук олороргутугар!