Балаҕан ыйын 14 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🔸 Ииндийэ — Хинди тылын күнэ. 1949 сыллаахха үс сыллаах мөккүөр кэнниттэн хинди Ииндийэҕэ ил тыла буолбута (соҕуруу штааттар ааҥыл тылын туруорсубуттара)
🔸 АХШ — Өрөгөй ырыатын күнэ
🔸 Румыния — Инженер күнэ
🔸 Никарагуа — Сан-Хасинто күнэ. 1856 сыллаахха Сан-Хасинто диэн сиргэ Никарагуа көмүскэнэр күүстэрэ (160 саллаат уонна 60 олохтоох матагальпа индеецтэр) Уильям Уокер диэн быраас үөрэхтээх хотуттан АХШ-ка сирдэри холбуур соруктаах кэлбит киһи сэриитин (300 флибустьеры) кыайбыттар. Бу кэнниттэн флибустьердар Никарагуаҕа суоһаабат буолбуттара, онон кыргыһыы күнэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтэнэр.
🔹 1752 — Британия импиэрийэтэ Григориан халандаарын ылыммыт, 11 хонугу көтүппүт, балаҕан ыйын 2 күнүн кэнниттэн балаҕан ыйын 14 күнэ буолбут.
🔹 1812 — Бородино кыргыһыытыттан сэттэ күн ааспытын кэннэ Наполеон баһылыктаах Франция аармыйата Москубаҕа киирбит.
🔹 1829 — Осмаан импиэрийэтэ Адрианополь эйэ сөбүлэҥэр илии баттаабыт, нуучча-туурак сэриитэ түмүктэммит.
🔹 1911 — Арассыыйа премьер-миниистирин Петр Столыпины Киевкэ операҕа олордоҕуна Дмитрий Богров ытан өлөрбүт. Тыйаатырга ыраахтааҕы Николай II эмиэ баара.
🔹 1917 — Быстах бырабыыталыстыба уурааҕынан Арассыыйа өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммут. Импиэрийэ суох буолбут.
🔹 1925 — Максим Аммосов туруорсуутунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката аһыллыбыт.
🔹 1957 — ХНТ Венгрияҕа сэбиэскэй сэриилэр киириилэрин сөбө суоҕунан аахпыт.
🔹 2003 — Эстония олохтоохторо референдумҥа Европа Сойууһугар киирэргэ куоластаабыттар.
🔹 2010 — Франция сенаата дьахталлар дьон сылдьар сиригэр паранджа, чадра уонна никаб кэтэллэрин бобор сокуону бигэргэппит.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1847 — Никита Горохов (1895 өлб.) — саха бастакы учуонайынан ааҕыллар этнограф, палеонтолог.
▫️1906 — Дмитрий Сивцев - Суорун Омоллоон (2005 өлб.) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Дьоруойа. Чөркөөхтөөҕү политсыылка түмэлин тэрийбитэ, Саха Сирэ нуучча судаарыстыбатыгар холбоспут кэмин көрдөрөр Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» түмэлин уонна Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы түмэли туттарбыта. 2001 сылтан Опера уонна балет театрыгар Суорун Омоллоон аата сүктэриллибитэ.
▫️1909 — Юрий Шафер — РСФСР билимин уонна техникатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР билимин үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаата, физика-математика билимин доктора, профессор.
▫️1922 — Семен Иванов — 1950-1970-с сылларга Саха АССР үрдүкү салалтатыгар үлэлээбитэ, 1963—1965 сыллардаахха Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэстээтэлэ.
▫️1930 — Семен Горохов — саха чулуу кырсаһыта, Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Усуйаана улууһун Ытык олохтооҕо.
▫️1931 — Семен Егоров — олоҥхоһут, ырыаһыт, чабырҕахсыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.