Биики халандаар 📆


Гео и язык канала: Киргизия, Киргизский
Категория: Религия


Күн аайы саха устуоруйатыгар сыһыаннааҕы Бикипиэдьийэттэн сүһэн суруйабыт.
Эбиилээх-көҕүрэтиилээх буоллаххытына дьаһабылга @Halan_Chuekke суруйуҥ.

Связанные каналы  |  Похожие каналы

Гео и язык канала
Киргизия, Киргизский
Категория
Религия
Статистика
Фильтр публикаций


Репост из: ЧОХООН
САҤА ОЙУУЛУК

⭐️ "ТОЙТОЙ БООТУР" диэн олоҥхоҕо олоҕуран оҥоһуллубут саҥа анимационнай сериал сүрэхтэннэ 😍👏👏👏

⭐️ "Тойтой Боотур" - аныгы кэм олоҥхото.
Айыы аймаҕын араҥаччылыыр олоҥхо улуу боотурдара эмиэ оҕо буола сылдьыбыттара...
Орто дойду олохтоохторо Үрүҥ Күн сырдыгын көрбөтөхтөрө быданнаабыта. Аан дойдуга кэм-кэрдии бүтэр уһуга тиийэн кэлбитэ. Онуоха, Тойтой диэн тулаайах уол Аан дойду дьылҕатын бэйэтин илиитигэр ылбыта. Дьэ, ол кэннэ, Орто дойду олоҕо уларыйыа дуо?

👦🏻 Хорсун уол туһунан фэнтези жанрынан оҥоһуллубут анимационнай сериал 1-2 сиэрийэлэрэ бүгүн биһиги каналбытыгар таҕыста👏👏👏
💟 "Сиэн-Өкөр" студия көрдөрөр, продюсер Дарья Ермолаева🤩

🟡 ЧОХООН Rutube эбэтэр YouTube холбоо, суруттар.

@chokhoon


Ахсынньы 28 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🎥 Киинэ аан дойдутааҕы күнэ
🇦🇿 Азербайджан — Албакаат күнэ
🇪🇸 Испания — Күлүү күнэ
🔸 Калмыкия — Калмыык омугун депортациятын толук буолбут дьонун ахтар күн
🇹🇭 Таиланд — Таксин хоруолу ахтар күн
🇦🇺 Соҕуруу Австралия (Австралия штаата) — Төрүттэнии күнэ. Британия провинциятын быһыытынан 1834 сыллаахха төрүттэммит
🇸🇸 Соҕуруу Судаан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
✝ Арҕаа христианство — Ороһооспо 12 күнүттэн төрдүһэ.

🔹 1733 — Хаһаах полковнига  Борис Серединин Саха сирин бойобуодатын солотуттан уурайбыт. Кини оннугар лейб-гвардия капитана Алексей Заборовскай анаммыт.
🔹 1895 
▫️Парижка (Франция) «Гранд-кафеҕа» «Ини-бии Люмьердар синематографтарын» көрдөрүү буолбут. Киинэ төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар
▫️Ньиэмэс физигэ Вильгельм Рёнтген Вюрцбург куоракка рентген сардаҥаларын арыйбытын туһунан кэпсээбит.
🔹 1919 — "Холбос" сойууһун II сийиэһэ аһыллыбыт. Сийиэскэ "Холбос" 1919 сыллааҕы үлэтэ, 1920 сылга ороскуоттаныахтаах үп-харчы ырытыллыбыттар. Өлүөхүмэ  уонна Бүлүү уокуруктарыгар отделениелары арыйарга быһаарбыттар.
🔹 1919 — Соторутааҕыта Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан анаммыт Болеслав Геллерт өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
🔹 1921 — Кыым (хаһыат) аан бастаан "Манчаары" диэн ааттанан тахсыбыта. Эрэдээктэр — Исидор Барахов. Хаһыат үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыттара — Былатыан ОйуунускайАлексей Бояров, Анемподист Софронов - Алампа.
🔹 1943 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн Калмык АССР-ы суох гыныы туһунан ыйааҕынан НКВД сэриилэрэ калмыыктары Сибииргэ уонна Уһук Илин оройуоннарыгар көһөрүүлэрэ саҕаламмыт. Күүс өттүнэн 91919 калмыыгы депортациялаабыттар.
🔹 1953 — Дьокуускайга Мараат болуоссатыгар гражданскай сэрии кыттыылаахтарыгар пааматынньык тутарга быһаарыы ылыллыбыта.
🔹 1991 — Саха АССР союзнай өрөспүүбүлүкэ буолбут, Саха ССР диэн ааттаммыт. Түөрт ыйынан 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута.
🔹 1997 — Ил Түмэн  дьокутааттарын бастакы ыҥырыыта дьокутааттар иккис ыҥырыылаах куорпустарынан солбуллубут.
🔹 1998 — Өрөспүүбүлүкэҕэ "Сылгыны иитии туһунан" сокуон (О табунном коневодстве, З N 55-II) ылыныллыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1896 — I Бордоҥ нэһилиэгэр (билигин Ньурба улууһа) Степан Васильев (1943 өлб.), бэлиитикэ, уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ.
▫️1933 — Сунтаар улууһун Илимнииригэр Александра Мохотчунова — саха биллэр хореограба, «Сарыал» үҥкүү бөлөҕүн тэрийээччитэ.
▫️1934 — Семен Мостахов (1934—1993) — география билимин хандьыдаата, саха географиятын билимигэр биллэр-көстөр суолу хаалларбыт учуонай.
▫️1945 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
▫️1946 — Михаил Скрябин (1946 сыл, ахсынньы 28 күнэ — 2011, ыам ыйын 6 күнэ) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.

Өлбүттэр:
▫️1933 — Степан Гоголев (1896 с.т.), Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


Ростислав Павлов (дьоҥҥо Рост диэн аатынан биллэр эбит):
Комикстары оскуолаҕа сылдьыахпыттан уруһуйдуубун. Бу бэйэм тэрийбит дизайн-устуудьуйам үлэлээбитэ 6 сыл буолла. Ол эрээри сахалыы комиксы аан бастаан бэчээттээн таһаардыбыт. Саха тылын, саха култууратын туругурдарга элбэх сэргэх бырайыактар баар буоллахтарына, тылы билэ сатыыр киһи элбиэҕэ дии саныыбын. Ол иһин комикспын нууччалыы таһаарар баҕам суох. Бу бастакы "сигнальнай" тирааж, барыта бибилэтиэкэлэринэн иҥин босхо тарҕанар. Сотору формаатын кыччатан (кыраныысса таһыгар тахсар сурунаалга майгынныыр кээмэйинэн), эбии чочуйан "коммерческай" барылын таһаарар былааннаахпыт. Салгыыта эмиэ тахсан иһиэҕэ, былаан элбэх.


Ааҕан көрбүт дьон "бэртээхэй история эбит, Ростислав улахан литературнай дьоҕурдаах" диэтилэр. Уруһуйдара, дьоруойдара да бэрт үчүгэйдик толкуйдаммыттар. Салгыы "Ойуур оҕолорун" дьылҕата биһигиттэн, ааҕааччылартан эмиэ тутулуктаныа: атыылаһан бэйэбит да ааҕан, оҕолорго да аахтаран, дьоҥҥо бэлэх да гынан тарҕаттахпытына айар дьоҕурдаах дьон хоннохторо арыллан өссө да күүскэ үлэлиэхтэрэ турдаҕа!

📌  Биики Халандаар | Сурут


Бэҕэһээ биир тэрээһинтэн хаартыскалар уонна санаалар. Икки суолтан үөрүөххэ сөп.
Бастакыта: сахалыы комикс дьэ тахсыбыт! Кэтэспиппит ыраатта, оннук өйүк (идиэйэ) элбэх дьоҥҥо иитийэхтэнэ сылдьыбыта эмиэ быданнаата да, арааһа, ким да кинигэ/сурунаал гынан баччааҥҥа диэри бэчээттээн таһаара илик быһыылаах.

Иккиһэ: үлэлэспит уонна салгыы үлэлэһэр дьон истэригэр саха дьонугар биллэр-иһиллэр дьон оҕолоро бааллар эбит. Сүүрбэччэлээх дьон. Биир кыыс Саха Чай дириэктэрин оҕото эбит, сахалыы бэркэ саҥарар куорат кыыһа, тыла-өһө да оттомноох: сиппит-хоппут өйдөөх-санаалаах киһи тыла. Иккиһэ тылбаасчыт кыыс – Лана Степанова диэн, кини саха "Тэтим" араадьыйатын эрэдээктэрин оҕото. Төһө да эдэрин иһин тылбааска идэтийбит киһи эбит – хайыы-үйэ дьупулуомнаах, салгыы үрдэтинэн маҕыыстыр үөрэҕэр сылдьар.

Маннык куорат оҕолоро сахалыы бырайыактарга киирэллэрэ, сайыннараллара, эйгэни сахалыы тыынныыллара наһаа да үчүгэй! 👏🏻👏🏻👏🏻

"Сулусчаан" устуудьуйа үлэһиттэригэр уонна комикс ааптарыгар, тэрилтэ салайааччытыгар Ростислав Павловка ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ! 👏🏻👏🏻👏🏻

📌  Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 27 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇷🇺 Арассыыйа — Быыһааччылар күннэрэ
🇰🇵 Хотугу Кэриэйэ — Конституция күнэ
🇷🇴 Румыния — сибэтиэй Стефан күнэ (Илиҥҥи православнай сыаркап ааҕыытынан, бу дойдуга судаарыстыба бэлиэтиир)
✝ Арҕаа христианство — Ороһооспо 12 күнүттэн үһүстэрэ.

🔹 1825 с. ахсынньы 27 күнүгэр Николай I ыраахтааҕы ыйааҕынан Саха уобалаһыгар Николай Мягков начаалынньыгынан анаммыт. Бу киһи саха тойотторун кытта өйдөһөн үлэлээбитэ, Саха сирин сайдыытыгар элбэх үтүөнү оҥорбута.
🔹 1831 — Чарльз Дарвин «Бигль» хараабылга олорон Эволюция түөрүйэтин айбыт айанын саҕалаабыт.
🔹 1845 — дьахтар төрүүрүгэр аан бастаан эфиры анестетик быһыытынан Кроуфорд Лонг диэн быраас Джефферсон куоракка (Джорджия штаат, АХШ) туттубут.
🔹 1922 — I Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэттэр учредительнай сийиэстэрэ саҕаламмыт,  тохсунньу 19 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ Саха АССР  судаарыстыбаннай былааһын үрдүкү уорганнарын төрүттээбиттэрэ. Саха АССР Толоруулаах киин кэмитиэтэ  (ЯЦИК) талыллыбыт, бу өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүкү былааһы туппут парламент, кини оннугар  1938 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ тэриллибитэ, онтон 1992 сыллаахха — Ил Түмэн. Толоруулаах киин кэмитиэт бэрэстээтэлинэн  Былатыан Ойуунускай  талыллыбыт, кини солбуйааччыта — Алексей Широких. Ону кытары Саха АССР бырабыыталыстыбата тэриллибит, бэрэстээтэлэ — Исидор Барахов, кини солбуйааччыта  — Семен Донской-1.
🔹 1929 — Иосиф Сталин кулаактары «кылаас быһыытынан эһэр» туһунан тыл эппит. Бу бэлиитикэни толорон 1930-1931 сылларга 1,8 мөл. киһи социализм өстөөҕө аатыран күүһүнэн көскө ыытыллыбыта. Кулаактааһын уонна тэҥҥэ ыытыллыбыт коллективизация судаарыстыба сири баһылыырын, тыа хаһаайыстыбатын хонтуруолга ылыыны хааччыйбыттара, куоракка үлэһит илиини элбэппиттэрэ.
🔹 1932 — ССРС-ка пааспар баар буолбут. Бу иннинэ кыраныысса таһыгар үлэлиир эрэ гражданнар пааспардаах этилэр (холобур, Маяковскай 1929 с. хоһоонугар ол пааспар этиллэр).
🔹 1941 — билиэнтэн босхоломмут Кыһыл Аармыйа сулууспалаахтарыгар анаан сүүмэрдиир лааҕырдары оҥорор, кинилэр истэриттэн үспүйүөннэри уонна дезертиирдэри булар туһунан № 1069сс нүөмэрдээх ГКО уурааҕа тахсыбыт.
🔹 1979 — ССРС спецнааһа Афганистааҥҥа бэрэсидьиэн дыбарыаһыгар саба түспүт. Бу түмүгэр Афганистаан иккис бэрэсидьиэнэ Хавизулла Амин өлбүт, ол кэннэ олорбут икки бэрэсидьиэни аан дойду элбэх судаарыстыбалара ССРС марионеткаларынан ааҕаллар этэ.
🔹 1990 — Борис Ельцин Саха сиригэр көтөн кэлбит, бу иннинэ совмин 603№ уурааҕар суһаллык илии баттаттарбыт уонна ол уураах тиэксин аҕалбыт. Ол күн киэһэ Михаил Николаевтыын биир бииргэ олорон кэпсэппиттэр, Сойуус былааһын кытта сатаспатын, баҕар сэбилэниилээх утары турсуу буолуон сөбүн кэпсээбит (аҕыйах ыйынан, кырдьык, путч буолбута)[1]. Аҕыйах хонук иһигэр Мэҥэ Хаҥаласка, Анаабырга, Мииринэйгэ сырытыннарбыттар, өрөспүүбүлүкэ хайдах олорорун дьиҥнээхтик, нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн хайдах ыраахтарын көрдөрбүттэр.
🔹 1990 — Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) Максим Аммосов аатын сүкпүт.
🔹 1991 — Михаил Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар киирбит, сахалыы уонна нууччалыы андаҕар биэрбит.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1908 — Георгий Васильев  (23.09.1981 өлб.) — литературовед, кириитик, тылбаасчыт, тыл үөрэҕин хандьыдаата.
▫️1919 — Николай Антонов  (04.01.2002 өлб.) — саха былыргы лиэксикэтин чинчийбит биллиилээх тюрколог, филология билимин дуоктара, профессор,
▫️1922 — Өлүөхүмэ Ииннээҕэр  Ариан Кузьмин (06.06.1996 өлб.) — космос сардаҥаларын үөрэппит физик-учуонай, билим салайааччыта, СГУ ректора, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
▫️1977 — Жанна Бурцева — нууччалыы тыллаах саха литэрэтиирэтин чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 26 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🔸 АвстралияУлуу Британия,  Саҥа Зеландия,  КанаадаКирибати,  Науру — Бэлэх күнэ[1][2]. 26 чыыһыла баскыһыанньаҕа түбэстэҕинэ, бэнидиэнньиккэ көһөн биэрэр. Бу күнү кытта ситимнээх күннэр:
▫️ Соҕуруу АфрикаНамибия — Эйэҕэ дьулуур күнэ
▫️ Вануату — Ыал күнэ
▫️ Соломон Арыылара — Махтал күнэ
🔸 АвстрияКаталонияХорватияЧехияГерманияГонконгИталияИрландияЛюксембургПольша,  СловакияШвейцария — Сибэтиэй Стефан күнэ уонна ону кытта ситимнээх күннэр:
▫️ Болгария — Аҕа күнэ
✝ Арҕаа Христанство — Уон икки күннээх Ороһооспо иккис күнэ
🇺🇸 АХШ — Кванза бастакы күнэ. Бу АХШ Африкаттан төрүттээх олохтоохторо ахсынньы 26 күнүттэн тохсунньу 1 күнүгэр диэри бэлиэтиир бырааһынньыктара. Өбүгэлэрэ бу күннэргэ үүнүү малааһынан оҥороллор эбит
🇧🇸 Багаамалар — Джунканоо параад бастакы күнэ, иккис күнүгэр - Саҥа дьыл
🔸 ИрландияМэн Арыы — Рен күнэ
🔸 НидерландПольшаСловакия — Ороһооспо иккис күнэ
🇸🇮 Словения — Тутулуга суох уонна бииргэ буолуу күнэ
🔸 Техас (Хьюстон) — Мауро Хамза күнэ.

🔹 1825 — Николай І ыраахтааҕы бөрүстүөлгэ олорбут, ону сөбүлээбэккэ Петербуурга бирисээгэ биэрии кэмигэр  декабристар өрө туруулара  буолбут.
🔹 1898 — Мария уонна Пьер Кюрилар радийы ылбыттарын туһунан биллэрбиттэр.
🔹 1919 — Бу күннэргэ  Дьокуускайга былаас уларыйбыт, уобаластааҕы управление, куорат дуумата, полиция управлениета, казаактар хамаандалара,  Колчаак милиисийэтэ үрэллибиттэр. Уокуруктааҕы суут уонна борокуруор надзора эмиэ астаапкаҕа ыытыллыбыттар.  Кыһыл Аармыйа  Дьокуускайдааҕы быстах кэмҥэ Штаабын начаалынньыга Х.А.Гладунов бу күннээҕи № 11 бирикээһинэн Саха уйуоһун уонна Дьокуускай куорат милиисийэлэрин холбообута  уонна начаалынньыгынан  А.В.Акуловскайы анаабыта.
🔹 1959 — Саха АССР-га бастакы норуот тыйаатырын  Ытык Күөлгэ үөрүүлээхтик миитиннээн оройуон үлэһиттэрэ аспыттар.
🔹 1985 — Мэҥэ Хаҥалас  Төхтүрүгэр ыанньыксыт Павел Шарин (24.06.1955 төр.) хас биирдии сыһыарыллыбыт 18 ынаҕыттан 6071 кг. үүтү ыабыта, Саха сиригэр XX үйэ чаҕылхай рекордун олохтообута.
🔹 1990 — РСФСР совминын "Ырыынак сыһыаннарыгар көһүү кэмигэр Саха ССР социальнай-экэнэмиичэскэй кыһаҕаларын быһаарарыгар экэниэмикэ өттүнэн бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын кэҥэтэр туһунан" 603№ уурааҕа тахсыбыт. Бу уураах ый ынараа өттүгэр  Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсүһүүтүн түмүгүнэн тахсыбыта. Уураахха айылҕа баайын туһаныы рентата өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнүөхтээҕэ, алмаас, көмүс уонна атын кыраныысса таһыгар тахсар бородууксуйа иһин валютанан төлөбүр киириэхтээҕэ, өрөспүүбүлүкэ валюта пуондалаах буолуохтааҕа ыйыллыбыт.
🔹 1991 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ мунньахтаан СНГ баар буолбутунан ССРС суох буолбутун биллэрбит.
🔹 1992 — Үрдүкү Сэбиэт XVI сиэссийэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаралыга  бигэргэтиллибит.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1919 — Иннокентий Попов — Саха государственнай университетын 1959—1973 сс. ректора.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 25 күнүгэр туох буолбут эбитий?

Григориан халандаарынан  Ороһооспо бэлиэтэнэр. Бу күн биһиги эрабыт 4-с дуу 6-с дуу сылыгар Рим импиэрийэтигэр  Ирод ыраахтааҕы дойдутугар  Иерусалимтан чугас Вифлеем диэн кырачаан куорат таһыгар кэлин Иисус Христос диэн ааттаммыт киһи төрөөбүт. Кини былыргы дьэбириэй итэҕэлигэр олоҕурбут үөрэҕэ, олорбут олоҕо саҥа итэҕэл – христианство – олоҕо буолбуттара, киһи-аймах олоҕор бөдөҥ сабыдыалы оҥорбуттара.
🇮🇳 Ииндийэ — Үчүгэй салайыы күнэ. 2014 сыллаахха Нарендра Моди бырабыыталыстыба дьон иннигэр эппиэтинэстээҕэр болҕомто тардаары бу күнү урукку премьер-миниистирдии сылдьыбыт Атала Бихари Ваджпаи төрөөбүт күнүгэр бэлиэтииргэ уураах таһаарбыта
🇲🇿 Мозамбик — Дьиэ кэргэн күнэ
🔸 Камерун,  КАӨ,  Чад,  Экватор Гвинеята,  Конго ДӨ,  Габон,  Конго Өрөспүүбүлүкэтэ — Оҕо көмүскэлин күнэ
🇵🇰 Пакистаан — Куайд-и-Азам күнэ
🇵🇪 Перу (Чумбивилкас провинция) — Таканакуй
🔸 Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ — Конституция күнэ
🇹🇷 Турция — Газиантеп куорат босхоммут күнэ (1921).
🔸 Чечня, 🔸 Ингушетия (вайнаахтар) — Малх күнэ (Күн төрөөбүт күнэ).

🔹 1766 (урукку ааҕыынан ахсынньы 14) — императрица Екатерина II саҥа Уложение (сокуоннар хомуурунньуктара) суруйар хамыыһыйаны тэрийэр туһунан манифест таһаарбыт. Ону таһынан ол Хамыыһыйаҕа киирэр дьокутааттары талыы хаамыытын быһаарар ыйаахтарга илии баттаабыт. Бу Арассыыйа импиэрийэтин бары өрүттэрин уларытар улахан реформа саҕаланыыта этэ. Бу быһаарыыга олоҕуран сахалартан дьокутаатынан Соппуруон Сыраанап талыллыбыта[1].
🔹 1854 — Ричард Маак  эспэдииссийэтин икки бөлөҕүттэн сүрүннэрэ, Өлөөн сиригэр  Хуриҥда күөлгэ тиийэ сылдьан баран уһун унньуктаах айан кэнниттэн төннөн иһэн, Чуона өрүс төрдүгэр тиийбит. Бу кэнниттэн тохсунньуга  Павловскай учуутал салалталаах бөлөҕү кытта  Сунтаарга  холбоспут.
🔹 1903 — Илин Сибииргэ көскө сылдьан «Искра» хаһыаты тарҕаппытын иһин өрөбөлүссүйэниэр Иван Бабушкины өссө ыраатыннаран Дьокуускайга аҕалбыттар. Салгыы Үөһээ Дьааҥы уокуругар утаарбыттар. Онно 1905 сыллаахха амньыыстыйа биллэриллиэр диэри олорбута.
🔹 1946 — ССРС-ка И. В. Курчатов салалтатынан Европаҕа бастакы ядернай реактор үлэтин саҕалаабыт.
🔹 1949 — Хабаровскайга Япония байыаннайдарын сууттааһын саҕаламмыт (ахсынньы 30 күнүгэр диэри буолбута).
🔹 1962 — Сэбиэскэй Сойуус ядернай сэрии сэбин сир үрдүгэр тиһэҕин дэлби тэптэрбит. 1963 сыллаахха сөбүлэҥинэн сир үрдүгэр, ууга уонна салгыҥҥа дэлби тэптэрии бобуллубута.
🔹 1979 — Афганистааҥҥа  Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ киирбиттэр.
🔹 1991 — Арассыыйа РСФСР диэн аата уларыйан билиҥҥи аатын сүкпүт, Михаил Горбачёв ССРС бэрисидьиэниттэн уурайбыт.
🔹 1992 — "Саханефтегаз" национальнай ньиэп-гаас хампаанньата үөскээбит.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1914 — Александра Овчинникова — Ньурба Тыалыкытыттан төрүттээх түмэт, бэлиитикэ дьайыксыта, 1963—1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ.
▫️1920 — Дмитрий Красильников  (06.03.1985 өлб.) — Чурапчы Мугудайыттан төрүттээх физик-учуонай, Саха космофизикатын оскуолатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ.

Өлбүттэр:
▫️1921 — Саха сиригэр көскө олоро сылдьыбыт нуучча суруйааччыта Владимир Короленко (1853 с.т.) («Макаар түүлэ»).
▫️1986 — Платон Степанов — Ламутскай (13.11.1920 төр.) — эбээн бэйиэтэ уонна суруйааччыта.
▫️2012 — Светлана Николаева — Өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1986 - 1991 сылларга Саха АССР култууратын миниистирэ этэ.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige


"Журфикс" кэнники нүөмэригэр САХА ТЫЛА 400 хамсааһын кыттылаахтара тылга хайдах "кэлбиттэрин" нууччалыы кэпсээтилэр.

Сорох интервьюга "обида" диэн тыл иһиллэр. Ону бастаан утарыах санаа киирэр, тоҕо диэтэххэ, кэлин аан дойдуга "ресентимент" диэн өйдөбүлү кытта ситимнээх араас дьалхааннар тахсалларын өйдүү биэрэҕин, онтон толкуйдаатахха оннук эппиттэрэ үчүгэй эбит дии саныахха сөп, тоҕо диэтэххэ үгүс дьон санаатын хабар тыл.

Ону таһынан бу дьон бэйэлэрэ ол өһүргэниигэ бүгэн хаалбакка, кыынньа сылдьыбакка, кими эрэ абааһы көрөн утары барбакка, күүстэрин-уохтарын тыл туругун тупсарыыга ыыппыттар, уонна атын дьоҥҥо үтүө холобур буолуохтарын сөп.
Уонна, сабаҕалаатахха, таарыйа бэйэлэрин көрүүлэрэ сайдыбыт буолуон сөп (изначальная обида за себя, за отсутствие возможностей трансформировалась в позитивную деятельность по улучшению ситуации).

Санаттахха, САХА ТЫЛА 400 хамсааһын биир соругунан сахалыы билбэт дьон (омугуттан тутулуга суох) саха тылыгар болҕомто уурууларын ситиһии буолар. Ол таһыма араас буолуон сөп – саҥарарга үөрэнииттэн уонна сахалыы айымньы түгэх өйдөбүлүн сатаан өйдүүртэн саҕалаан, саха тыла атын тыллар курдук аан дойду баайа-дуола буоларын билиигэ тиийэ буолуон сөп.

САХА ТЫЛА 400 тг-ханаалын көрүөххүтүн, сөбүлээтэххитинэ сурутуоххутун сөп.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 24 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа сэриигэ албан аатын күнэ — Александр Суворов хамаандалаах нуучча сэриитэ туурак кириэппэһин Измаилы 1790 с. ылбыт
🔸 Приднестровье — Төрүт Сокуон (Конституция) күнэ
Чэчиэринньик (христианствоҕа бэлиэтэнэр, саҥа халандаарга көспөккө сылдьар сорох православнай сыаркаптартан ураты) уонна ону кытта ситимнээх күннэр:
🇮🇸 Исландия — Aðfangadagskvöld (Йоль уолаттара диэн ааттанар 13 тролль куораттарга киирэр күннэрэ)
▫️ АХШ итальянецтара — Сэттэ балык күнэ. Сэттэ араас балыктан бүлүүдэ оҥорон малааһынныыллар (Италияҕа бэйэтигэр бу күн көннөрү балык сиир үгэс баар).
🇩🇰 Дания —Джулеафтен,  🇳🇴 Норвегия — Юлафтен, 🇸🇪Швеция — Юлафтон
🔯 Дьэбириэй сорох конфессиялара — Nittel Nacht
▫️Испания уонна испаан тыллаах дойдулар — Ночебуэна
🇫🇮 Финляндия, Турку куорат Эргэ Улахан болуоссатыгар — Ороһооспо эйэтин Декларацията
🇵🇱 Польша — Вигилия
🔸 Инуиттар — Кувиасуквик (Саҥа дьыл), Аляскаҕа, Канаадаҕа, Гренландияҕа уонна Арассыыйаҕа бэлиэтииллэр.

🔹 1914 — Аан дойду бастакы сэриитин кэмигэр Ороһооспотооҕу эйэлэһии саҕаламмыт.
🔹 1918 — Генерал Анатолий Пепеляев хамаандалаах үрүҥнэр Пермь куораты ылбыттар.
🔹 1924 — Албания өрөспүүбүлүкэ буолбут.
🔹 РСФСР наркомпроһа «ё» буукубаны хайаан да туттар туһунан бирикээс таһаарбыт.
🔹 1958 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан 8 сыллаах орто үөрэх баар буолбут, дойду үрдүнэн ПТУ-лар ситимнэрэ үөскээбит.
🔹 1991 — Арассыыйа Федерацията ХНТ-га ССРС оннугар киирбит.
🔹1993 — Башкортостааҥҥа  Төрүт сокуон ылыллыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1903 — Күн Дьирибинэ  (22.04.1970 өлб.) — саха биллиилээх бэйиэтэ, үгэһитэ, тылбаасчыт. Эдэр сылдьан Гражданскай сэриигэ саа-саадах тутан көхтөөхтүк кыттан сэбиэскэй былааһы көмүскэспитэ. Тулагы_Киллэм, Амма кыргыһыыларын кыттыылааҕа.
▫️1922 — Иван Аргунов — (27.10.1988 өлб.) — Таатта Игидэйиттэн төрүттээх социолог учуонай, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр баартыйа диэйэтэлэ, суруналыыс, устуоруйа билимин хандьыдаата. 1961—1965 сс. — «Советская Россия» хаһыат кэрэспэдьиэнэ, онтон "Кыым" уонна "Социалистическая Якутия" хаһыаттар холбоһуктаах эрэдээксийэлэрин салайбыта.
▫️1924 — Аксения Посельская  (1983 өлб.) —  Мэлдьэхситтэн төрүттээх саха бастакы балерината. Кэргэнэ — биллиилээх саха бэлиитигэ Сэмэн Сюльскай.
▫️1935 — Спиридон Сосин, Саха сирин түмэт дьайыксыта (уопсастыба диэйэтэлэ), Саха Өрөспүүбүлүкэтин идэлээх сойуустарын сэбиэтин 1988-2004 сс. салайбыта.
▫️1939 — Дмитрий Саввинов — Ньурбаттан төрүттээх архитектор. Кини бырайыактаабыт дьиэлэрэ: ЛОРП дьиэтэ, «Якутгражданпроект» дьиэтэ (билигин АЛРОСА уонна Тутуу министиэристибэтэ), «Лена» көстүүнэй дьиэтэ (1972), Өксөкүлээх Киинэ, СГУ Мэдиссиинэ үнүстүүтэ, "Хотугу сулус" көстүүнэй дьиэ, Саха тыйаатыра уо.д.а.
▫️1948 — Пантелеймон Петров - Хардыы — Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгиттэн  төрүттээх устуоруйа билимин хандьыдаата, «Азия Хотугулуу-илинин куораттара (1861—1917 сс.)» диэн тиэмэҕэ диссэртээссийэтин  Новосибирскайга көмүскээбитэ.
▫️1955 — Декабрина Винокурова — социология билимин хандьыдаата, дассыан. Иркутскайга Хо Ши Мин аатынан үнүстүүтү бүтэрбитэ, Саха сиригэр промышленность сайдыытыгар миграция хайдах барбытын чинчийбитэ.

Өлбүттэр:
▫️1974 — Захар Гоголев  (01.08.1911 төр.) — Дүпсүн улууһун Чэриктэйигэр төрөөбүт устуоруйа билимин дуоктара. Москубаҕа үрдүк үөрэҕи бүтэрэн аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыт. Киев босхоломмутун кэннэ онно пехотнай училищеҕа преподавателлээбит. Сэрии бүппүтүн кэннэ Киевкэ нуучча уонна туурак судаарыстыбаларын сыһыаннарыгар диссэртээссийэтин көмүскээбит. 1949—1963 сс. Дьокуускайга Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа Институтун салайбыт.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌  Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 23 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🎉 Киһи сырдыгын күнэ  (ааҥл. HumanLight) — ханнык да итэҕэлгэ, сыаркапка кыттыспатах дьон бу күн өйү, аһыныыны, киһилии быһыыны, инникигэ эрэли өрө тутан бэлиэтиир күннэрэ. Ороһооспону бэлиэтээбэт дьоҥҥо анаан бастаан тэриллибитэ
🇮🇳 Ииндийэ, Уттар Прадеш — Кисан Дивас
🇪🇬 Эгиипэт — Кыайыы күнэ
🇲🇽 Миэксикэ, Оахака — Редис түүнэ
🔸 Ньюфаундленд уонна Лабрадор — Тибб иннинээҕи күн
🇸🇸 Соҕуруу Судаан, 🇸🇩 Судаан — Оҕо көмүскэлин күнэ
🇸🇩 Судаан — Сильвия ыраахтааҕы төрөөбүт күнэ, Былаах күнэ
 Япония — Сынньалаҥҥа олорор импэрээтэр төрөөбүт күнэ.

🔹 1888 — Николай Глотов, Нижнеудинскай атыыһыта "Өлүөнэҕэ буостаны уонна айанньыттары таһар хампаанньаны олохтуохха" диэн хааһына тэрилтэлэригэр этии киллэрбит.
🔹 1890 — Ахсынньы 11 (аныгыннан ахсынньы 23) күнүгэр Никифоров Күлүмнүүр  Дүпсүн улууһун кулубатынан анаммыт.
🔹 1921 — Манчаары аатынан култуура-сырдатар уопсастыба тэриллэр, сыала-соруга — "дойду тыыннаах култууралыы күүстэрин түмэн норуот маассатын ортотугар уопсай үлэ ыытыы". Уопсастыба чилиэннэринэн буолбуттар: Анемподист Софронов - АлампаПрокопий Винокуров (Куоҕас Борокуопай), Константин СокольниковМихаил Константинов, бэрэстээтэл — Алексей Бояров.
🔹 1924 — Саха АССР  Совнаркомун саҥа састааба талыллыбыт. Бэрэстээтэлинэн Иван Винокуров буолбут, кини бу солоҕо Степан Аржакову  солбуйбут.
🔹 1954 — Аан дойдуга бастакы ситиһиилээх бүөрү көһөрүү эпэрээһийэтин АХШ хирурдара Джозеф Маррей уонна Хартвелл Харрисон оҥобуттар.
🔹 1976 — Амма оройуонун ыанньыксыта Петр Яковлев (22.02.1921—1978) Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
🔹 1990 — Словения  олохтоохторун 88,5% Югославияттан тутулуга суох буолуу иһин куоластаабыттар.
🔹 1994 — Молдова сокуонунан  Гагаузия биитэр Гагауз Ери (гагауз сирэ) Молдова иһинэн аптаныамыйата бигэргэммит.
🔹 1995 — Чурапчы улууһун гимназията арыллыытын туһунан бирикээс тахсыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1900 — Семен Алексеев-Уустарабыс  — олоҥхоһут, Горнай улууһун Ытык киһитэ.
▫️1940 — Александр Сафронов, Арассыыйа НА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, 2004 сылтан Саха сиринээҕи Наука киинин Бөрөсүүдьүмүн бэрэссэдээтэлэ.
▫️1944 — Петр Пестряков — Саха үтүөлээх артыыһа.
▫️1962 — Аммаҕа Олег Сидоров — Амгинскай — суруналыыс, суруйааччы, публицист, чинчийээччи, ХИФУ суруналыыстыка хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, «Илин» сурунаал тутаах эрэдээктэрэ, СӨ Духуобунаһын Акадьыамыйатын чилиэнэ, 2015 сыллаахтан СӨ суруйааччыларын ассоциациятын бэрэстээтэлэ.
▫️1972 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга (Томпо) Сергей Баланов — саха тыйаатырын уонна киинэтин артыыһа.

Өлбүттэр:
▫️1944 — Михаил Космачёв (1920—23.12.1944) — гвардия старшай сержана, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1945).

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көрүөххэ сөп.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым

📌 Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 22 күнүгэр туох буолбут эбитий?

☯ Вьетнам, Кытай, Япония,  Соҕуруу Кэриэйэ — Дунчжи ("кыһын оройо")
🇻🇳 Вьетнам — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
🇮🇩 Индонезия — Ийэ күнэ
🇮🇳 Ииндийэ — Математика күнэ
🇿🇼 Зимбабве — Сомоҕолоһуу күнэ
🇨🇺 Кууба (дойду) — Учуутал күнэ

🔸 Атын бэлиэ күннэр.

🔹 1857 — Арассыыйаҕа бастакы почта маарката тахсыбыт.
🔹 1920 — РСФСР Сэбиэттэрин VIII сийиэһигэр ГОЭЛРО диэн дойду электрификациятын былаана ылыллыбыт.
🔹 1922 — Губревком дьаһалынан  Дьокуускайга Күбүөрүнэ архыыба тэриллибит.
🔹 1968 — Кытайга культурнай өрөбөлүүссүйэ кэмигэр "Жэньминь жибао" хаһыакка Мао Цзэдун биир улахан суолталаах ыстатыйата тахсыбыт. Ыстатыйаҕа «өйдөөх эдэр ыччат тыа сиригэр барыахтаах, уонна тыа сирин дьадаҥы олоҕун билэн үөрэниэхтээх» диэн этиллибит. Инньэ гынан оскуоланы бүтэрбит эдэр ыччат тыа сиригэр "үөрэххэ" ыытыллыбыта.
🔹 2001 — Афганистааҥҥа Хотугу Альянс баһылыга Бурхануддин Раббани былааһы Хамид Карзай баһылыктаах бырабыыталыстыбаҕа  туттарбыт.
🔹 2015СӨ бырабыыталыстыбата Сахалыы таба суруйуу саҥа быраабылатын бигэргэппит.
🔹 2016 — Эбола вируһун  утары бастакы вакцина 70-100% көдьүүстээҕэ бигэргэммит.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1897 — Максим Аммосов (1938 өлб.) — сэбиэскэй судаарыстыба уонна баартыйа диэйэтэлэ. Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ буоларыгар сүҥкэн оруоллаах. Биэс сыл Казахстааҥҥа үлэлээбитэ, өлүөн иннинэ Кыргыстааны салайбыта.
▫️1902 — Дора Жиркова (1988 өлб.) — революционер, Саха Сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
▫️1930 — Анна Мыреева (2012 өлб.) — эбэҥки филологиятыгар идэтийбит чинчийээччи, биллиилээх тылбаасчыт, эбэҥки оскуолаларыгар анаан эбэҥкилэр үгэстэрин (оонньууларын, аһылыктарын) үөрэтэр кинигэлэри суруйбут, эбээн ырыаларын хомуурунньугун бэлэмнээбит учуонай. Саха Өрөспүүбүлэктин Ил Дарханын таһынааҕы тыл политикатыгар Түмсүү чилиэнэ.
▫️1933 — Василий Сивцев (2019 өлб.) — саха норуодунай бэйиэтэ, 600-тэн тахса бөлүһүөктүү анаарыылаах сонеты суруйбута. Хоһооннорун таһынан кириитик уонна тылбаасчыт быһыытынан биллэр. "Күнүм киэһэрэн эрдэҕинэ" диэн икки туомнаах кинигэтигэр элбэх саха суруйааччыларын тустарынан суруйбута.
▫️1980 — Руслан Тараховскай  — Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр сүрүн режиссера, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.

Өлбүттэр:
▫️1933 — Петр Черных-Якутскай  (1882 с.төр.) — Саха сиригэр үөскээбит нууччалыы суруйбут бэйиэт. Ойуунускай "Кыһыл Ойуун" поэматын нууччалыы тылбаастаабыта.
▫️1995 — Федот Сафронов (1914 с.төр.) — Азия хотугулуу-илин эҥээрин чинчиһитэ, учуонай, РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАН Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, устуоруйа билимин дуоктара.
▫️2002 — Христофор Дуткин  (16.12.1939 төр.) — филология билимин хандьыдаата, эбээн тылын диалектологиятыгар, фольклоругар, лексикологиятыгар уонна лексикографиятыгар биир тутаах чинчийээччи.
▫️2003 — Юрий Прокопьев  (14.07.1932 төр.) — 1982-1991 сылларга Саха АССР-ы салайбыт ССКП Саха сиринээҕи обкуомун бастакы сэкиритээрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, судаарыстыба уонна уопсастыба диэйэтэлэ, филология билимин хандьыдаата.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige


Ахсынньы 21 күнүгэр туох буолбут эбитий?

☀️ Күн туруута (Сир хотугу эҥэлэйигэр кыһыҥҥы туруу ахсынньы 21 эбэтэр 22 күнүгэр буолар) уонна ону кытта ситимнээх күннэр:
✝ Күөх ороһооспо (сорох протестааннарга, католиктарга, лютерааннарга, методиистарга). Бу сыл ордук уһун түүнүн көрсө арҕаа христианнар сорох сыаркаптарыгар чугас дьоннорун соторутааҕыта сүтэрбит дьоҥҥо анаан сулууспа ыыталлар
☯ Кытай, Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ, Япония,   Соҕуруу Кэриэйэ, Вьетнам — Дунчжи бэстибээл. Инь уонна Янь бөлүһүөпүйэтигэр хараҥа уонна сырдык алтыһыылырагыр суолталаах күн быһыытынан бэлиэтэнэр. Үксүн дьон аймахтарын кытта бэлиэтииллэр
🇱🇰 Шри-Ланка — Сангхамитта күнэ (буддизм Тхеравад салаата бэлиэтиир). Сангхамитта диэн биһиги эрабыт иннинэ олоро сылдьыбыт манаах дьахтар (б.э.и. 282 с. - б.э.и. 203 с.), ол саҕанааҕы Ииндийэ ыраахтааҕыта Ашока кыыһа, буддизмы аан бастаан Шри-Ланка сиригэр илдьибит дьонтон биирдэстэрэ.
🔸 Йоль (неоязычество) — былыргы германецтартан төрүттэрин ааҕынар дьон үксүн бэлиэтииллэр, мусталлар, аһыыллар, бэлэх бэлэхтэһэллэр
🔸 Зиемассветки (былыргы Латвия)
🇵🇭 Пилипиин — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
🔸 Массачусетс, Плимут — Өбүгэлэр күннэрэ
🇸🇹 Сан-Томе уонна Принсипи — Сан-Томе күнэ.

🔹 1913 — «New York World»  ("Нью-Йорк Уорлд") хаһыакка бастакы аныгылыы кроссворд тахсыбыт, ааптара — Артур Уинн.
🔹 1941 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Таиланд уонна Дьоппуон ыккардыларыгар кыттыгастыы пакт түһэрсиллибит.
🔹 1965 — ХНТ Генеральнай ассамблеята Раасанан дискриминация бары көрүҥүн суох гынар туһунан дойдулар ардыларынааҕы декларацияны ылыммыт.
🔹 1975 — Бүлүүтээҕи ГЭС иккис уочарата үлэҕэ киирбит.
🔹 1991 — Сэбиэскэй Сойуустан тахсыбыт 9 өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйалаах Белорусия (кинилэр тахсыбатахтара) салайааччылара Алма-Атаҕа көрсүбүттэр. СНГ соруга уонна тутула суруллубут Алма-Ата декларациятыгар илии баттаабыттар. Онон СНГ сыала-соруга чопчуланан, састаабыгар 11 өрөспүүбүлүкэ киирэн силигин сиппит. Түөрт хонон баран ССРС бэрэсидьиэнэ  Михаил Горбачев  стратегическай ядернай сэбилэнии салайыытын  Борис Ельциҥҥэ  туттарбыта,  ССРС букатыннаахтык суох буолбута.
🔹 2007 — Шенген сөбүлэҥэр 9 дойду эбии киирбит — Литва, Латвия, Эстония, Чехия, Словакия, Словения, Венгрия уонна Мальта.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1896 — Степан Гоголев — саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, бөдөҥ сэбиэскэй салайааччы.
▫️1908 — Виктор Тихонов  (01.07.1977 өлб.) — 1957-1969 сылларга "Якуталмаз" трест дьаһайааччыта, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1964),  Мирнэй куоратын Ытык олохтооҕо (1964).
▫️1928 — Михаил Орлов —  Мирнэй куоратын уонна  Айхал бөһүөлэгин тутааччы,  Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1960), Мирнэй  куоратын Ытык олохтооҕо (1964).
▫️1934 — Алла Билюкина — литературовед, филология билимин дуоктара.
▫️1937 — Иван Кандинскай — сахаттан бастакы үөрэхтээх опера режиссера, Чурапчы народнай тыйаатырын тэрийээччитэ.
▫️1940 — Гавриил Угаров — биология билимин дуоктара, суруйааччы, айааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын — бэлиэ күннэр, түбэлтэлэр, ким төрөөбүтүн/өлбүтүн туһунан — манна сиһилии көр.

📌 Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 20 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Дьон биир санааланыытын (солидарность) күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа куттала суох буолуутун үлэһиттэрин күнэ
🔸 Армения, 🔸 Беларусь,  🔸 Кыргыстаан — Судаарыстыбаннай уонна национальнай куттала суох буолуу үлэһиттэрин күнэ
🇬🇫 Гвиана, 🔸 Реюньон — Кулуттааһыны суох гыныы күнэ (фр. Fête des Cafres)
🇲🇲 Мьянма — Бо Аунг Чжо күнэ. Бу Рангун университетын устудьуонун 1938 сыллаахха устудьуоннар көҥүл иһин үһүс бойкоттарын кэмигэр Британия аттаах полицията өлөрбүт.
🇲🇴 Макао — Макао ураты дьаһаллар оройуон быһыытынан төрүттэммит күнэ.

🔹 1699 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I Арассыыйаҕа Саҥа Дьылы бэлиэтээһин балаҕан ыйын 1 күнүттэн тохсунньу 1-гар көһөрөргө уурбут.
🔹 1917 — Контрреволюцияны уонна саботаһы утары охсуһар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы суһал комиссия (ВЧК) тэриллибит.
🔹 1934 — Мордовия АССР  тэриллибит. Бу иннинэ Мордовия автономиялаах уобалаһын быһыытынан Куйбышев кыраайыгар киирэрэ (билигин Самаара уобалаһа). Сэбиэскэй кэмҥэ икки уруулуу гынан баран бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөт эрзя уонна мокша омуктары биир омук дииллэрэ, мордва диэн ааттыыллара, ол дьон тылларын билбэт сыдьааннара билигин да мордваларбыт дэнэллэр.
🔹 1971 — Кыраныыссаны билиммэккэ дьоҥҥо көмөлөһөр «Кыраныыссата суох быраастар» диэн тэрилтэни Бернар Кушнер уонна суруналыыстар бөлөхтөрө Парижка тэрийбит.
🔹 1991 — Аан маҥнайгы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбара буолбут. Манна уруккута Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэстээтэлинэн  олорбут Михаил Николаев  кыайыылаах тахсыбыт.
🔹 1995 — НАТО сэриилэрэ Боснияҕа сэриини тохтотор соруктаах киирбиттэр.
🔹 1996 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев  ыйааҕынан улуус кыттыылаах  Ньурбаҕа регистрацияламмыт АЛРОСА-НЬУРБА акционернай уопсастыба тэриллибит.  2019 сыллаахха бу хампаанньаны ликвидациялыырга диэн быһаарыы ылыллыбыта.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1927 — Иван Федосеев - Доосо — саха түмэт диэйэтэлэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, литэрэтиирэ кириитигэ,  ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1964). 1965-1992 сылларга «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар холбоммут эрэдээксийэлэрин эппиэттиир сэкиритээрэ.
▫️1929 — Иннокентий Рожин — 1969—2002 сылларга Үөһээ Дьааҥы орто оскуолатын дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2000) уонна Үөһээ Дьааҥы улууһун  ытык киһитэ.
▫️1932 — Николай Борисов - Николай Уус — суруйааччы, 1972—1988 сылларга Саха АССР  прокурорун солбуйааччыта, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа.
▫️1934 — Василий Лебедев —  эбээн бэйиэтэ, филолог.
▫️1934 — Яков Васильев — физкультура учуутала, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин  ытык олохтооҕо.
▫️1948 — Николай Захаров - Сахаачча — саха аатырбыт тустууга, кини аата Амматааҕы  оҕо спортивнай оскуолатыгар иҥэриллибит.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 19 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🌏 Дьадаҥыларга көмө аан дойдутааҕы күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — ФСБ Байыаннай контрразведкатын чаастарын күнэ
🇦🇮 Ангилья — Дойду дьоруойдарын уонна дьоруой дьахталларын күнэ
🇮🇳 Ииндийэ (Гоа) — Гоа босхолонуутун күнэ. Ииндийэ Гоа штаата 1961 сыллаахха Португалия 450 сыллаах салайыытыттан босхоломмут.

🔸 Атын бэлиэ күннэр

🔹 1915 — Дьокуускайга бирикээсчиттэр кулууптарыгар Василий Никифоров - Күлүмнүүр "Манчаары түөкүн" пьесатын туруорбуттар. Бу саха бастакы пьесата.
🔹 1927 — Саха сиригэр конфедералиистар хамсааһыннарын уодьуганныыр уонна салайааччыларыгар Павел Ксенофонтовка Карл Байкалов аатыттан албын сурук ыытар туһунан уураах ылыныллыбыт.
🔹 1939 — ССРС Оборонаҕа кэмитиэтин мунньаҕар Кыһыл Аармыйа сэбилээһинигэр Т-34 тааҥканы ыларга быһаарбыттар.
🔹 1985 — Дьокуускай-Нүөрүҥгүрү -Чита-Иркутскай хайысханан көтүөхтээх Ан-24 сөмөлүөтү иккис пилот угоннаабыт уонна Кытайга илдьибит. Сөмөлүөт Кытайга аэродром булбакка рис хонуутугар аварийнай посадка оҥорорго күһэллибит. Быһылаан түмүгэр ким да эмсэҕэлээбэтэх.
🔹 1999 — Арассыыйа судаарыстыбаннай Дууматыгар быыбар буолбут. КПРФ 24,29% куолаһы ылбыт, оттон Борис Ельцины уонна аҕыйах хонугунан кини оннугар бэрэсидьиэн эбээһинэһин толорооччу буолбут Владимир Путины өйүүр "Единство" — 23,32% ылбыт (ол саҕанааҕыга Путин ситиһиитэ). Саха сиригэр "Единство" кыайбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1911 — Валерий Чиряев (01.02.1989 өлб.) — саха бэйиэтэ, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944).
▫️1918 — Иннокентий Бережнов-Енжов — или уонна баартыйа диэйэтэлэ, кини көҕүлээһининэн Орто Халымаҕа көс эбээннэри биир сиргэ олохсутан Березовка бөһүөлэгэ тэриллибитэ. Орто Халыма улууһун уонна Бүлүү куоратын бочуоттаах гражданина, «Бочуот Знага» уордьанын икки төгүллээх кавалера, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
▫️1918 — Лев Солдатов (30.11.1997 өлб.) — 1969-1978 сылларга «Якуталмаз» Холбоһук генеральнай дириэктэрэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️1921 — Николай Горковенко — Ааллаах Үүн шахтатын «Сиэллээх» учаастагын начальнига, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️1939 — Николай Максимов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх араадьыйа суруналыыһа.
▫️1949 — Полина Охлопкова — Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ наука уонна техника эйгэтигэр Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата, РАЕН академига, тыа хаһаайыстыбатын науукатын дуоктара.
▫️1961 — Герман Хатылаев — саха ырыаһыта, мусукаана, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.

Өлбүт:
▫️1741 — Витус Беринг (1681 төр.), айанньыт, Арассыыйаҕа сулууспалаабыт датчанин, кини аатынан Беринг силбэһиитэ ааттаммыта.

👌 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 18 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Мигрант күнэ. 2000 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Миграаннар аан дойдуга улам элбээн иһэллэрин бэлиэтээн туран, кинилэри кытта сөпкө сыһыаннаһан, дойду сайдыытыгар туһаныахха, киһи быһыытынан дьоһуннарын харыстыахха сөбүн этэллэр.
🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Арааб тылын күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — ЗАГС үлэһиттэрин күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа Ис дьыала уорганнарын Бэйэ куттала суох буолуутун чаастарын күнэ
🇶🇦 Катар — Дойду күнэ
🇳🇪 Нигер — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
🇲🇩 Молдавия — Полиция күнэ

🔹 1271Хубилай хаан бэйэтин импиэрийэтин аатын «Юань» (元 yuán) диэҥҥэ уларыппыт, инньэ гынан Кытайга Юань династията олохтоммут.
🔹 1916 — Верден аннынааҕы кыргыһыы түмүктэммит. Французтар 2-3 км кимэн киирэн ньиэмэстэри тохтоппуттар. 430 тыһ. тиийэр киһи өлбүт.
🔹 1919Бүлүү уокуругар Колчак салалталаах былаас сууллан сэбиэскэй былаас олохтоммут. Сарсыныгар ревком буоластар хамыһаардарын анаабыт: Орто Бүлүү уонна Мастаах буолаһын хамыһаарынан Гоголев С.Ф., Үөһээ Бүлүүгэ уонна Үөдүгэйгэ Кардашевскай Р.И., Мархаҕа, Ньурбаҕа уонна Куочайга Михайлов С.К., Сунтаарга уонна Хочоҕо - Михайлов И.Г. анаммыттар.
🔹 1925 — Москубаҕа ВКП(б) XIV сийиэһэ аһыллыбыт.
🔹 1958 — аан дойдуга бастакы сибээс спутнига Project SCORE орбитаҕа таһаарыллыбыт.
🔹 1987Perl көмпүүтэр тылын бастакы барыла тахсыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1929Татьяна Григорьева — Илиҥҥи култуураны уонна философияны чинчийээччи, философия билимин дуоктара, профессор.
▫️1931Николай Босиков — бэйиэт, сэһэнньит, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
▫️1946Стивен СпилбергАмерика киинэ режиссера уонна продюсера, үс төгүллээх «Оскар» бириэмийэ лауреата.
▫️1960Валерий Луковцев - Дьурустаан — өр сыллар тухары (2020 сылга диэри) «Бичик» кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ, Баайаҕа нэһилиэгин (Таатта улууһа), Мэҥэдьэк нэһилиэгин (Ньурба улууһа) уонна Таатта улууһун Ытык киһитэ.
▫️1962Нина Герасимова — суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл.

Өлбүттэр:
▫️1968Пантелеймон АргуновСаха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Иккис Аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, бастаан Арҕаа фроҥҥа, онтон Дьоппуону утары сэриигэ кыттыбыта.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

📌 Биики Халандаарга сурут


Ахсынньы 17 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇷🇺 Арассыыйа — Стратегическэй аналлаах ракетнай сэриилэр күннэрэ
🇷🇺 Арассыыйа — Судаарыстыбаннай фельдъегерь сулууспатын үлэһиттэрин күнэ
🇺🇸 АХШ — Ини-бии Райттар күннэрэ. Авиация күнэ
🇧🇭 Бахрейн — Иса бин Салман Аль Халифа эмиир бөрүстүөлгэ олорбут күнэ. 1961 сыллаахтан Бахрейн хакима этэ, онтон 1971 сыллаахха дойдуга бастакынан эмиир буолбута, 1999 сыллаахха өлүөр диэри ыраахтааҕылаабыта
🇧🇾 Беларусь — Беларусь киинэтин күнэ

🔸 Атын бэлиэ күннэр

🔹 1398 — Дели султанаатын аармыйатын Тимур аармыйата урусхаллаабыт.
🔹 1637 — Дьоппуоҥҥа  «Симабаратааҕы өрө туруу» саҕаламмыт. Христианскай итэҕэли бобууну, ону кытары ыарахан түһээннэри утарбыт бааһынайдар өрө турбуттар. Сотору кэминэн самурай сэриитэ кинилэри хам баттаабыт, христианство букатыннаахтык бобуллубут уонна дойду 200 сыллаах изоляцияҕа хатаммыт.
🔹 1777 — Америка өрөбөлүүссүйэтэ: Франция  Холбоһуктаах Штааттары билиммит.
🔹 1819 — Соҕуруу Америкаҕа  Испания холуонньаларын босхолооччу Симон Боливар Улуу Колумбия тутулуга суоҕун биллэрбит.
🔹 1903 — АХШ-ка ини-бии Райттар аан бастакыннан салгыннааҕар ыарахан аалы көтүппүттэр. Көтүү ырааҕа — 37 м, көппүт кэмин уһуна — 12 сөкүүндэ.
🔹 1926 — ССРС-ка бастакы бүтүн сойуустааҕы биэрэпис саҕаламмыт. Саха АССР-га усулуобуйа ыараханын иһин биэрэпис киин оройуоннарга саас, онтон хоту оройуоннарга күһүн биирдэ түмүктэммитэ.
🔹 1932 — Хотугу байҕал суолун сүрүн дьаһалтата (Главное управление Северного морского пути - Главсевморпуть) тэриллибит. Главсевморпуть сүрүн сыала — Арктиканы туһаҕа таһаарыыны уонна Хотугу байҕал суолунан хараабыллар сылдьалларын хааччыйыы.
🔹 1950 — Дьокуускайга сэллиги  чинчийэр билим институтун филиала аһыллыбыт. Бу тэрилтэ аһылларыгар уһулуччулаах саха салайааччыта, сэлликтэн чугас дьонун эрдэ сүтэрбит Ылдьаа Винокуров улахан өҥөлөөх.
🔹 1957 — Москубаҕа Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспутун 325 сылыгар анаммыт Саха литэрэтиирэтин уонна урамньытын дэкээдэтэ бүппүт. Большой тыйаатырга Дэкээдэни түмүктүүр улахан үөрүүлээх кэнсиэр буолбут, саалаҕа дойду үрдүкү салайааччылара Никита ХрущевАнастас МикоянЛеонид Брежнев бааллар эбит.
🔹 1972 — ССРС 50 сыла туолуутун бэлиэтээн Норуоттар Доҕордоһууларын уордьана олохтоммут. Бу уордьанынан Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) наҕараадаламмыта.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1917 — Евдокия Коркина — 1963—1984 сылларга Саха сиринээҕи тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа институтун дириэктэрэ, биллиилээх тюрколог, РСФСР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, тыл үөрэҕин билимин дуоктара.
▫️1961 — Людмила Скрыбыкина — филология билимин хандьыдаата.

Өлбүт:
▫️2014 — Игнатий Каратаев  — саха тылын учуобунньуктарын ааптара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогика билимин хандьыдаата, С. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун ытык киһитэ.

🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Миэхэ былыр олоро сылдьыбыт, көрбүөччү, ойуун этэн турардаах:

– Төрөөбүт тылгынан ыраастык сахалыы саҥарар буоллаххына, эн туругуҥ, этиҥ-сииниҥ бөҕөргөөн иһэр, ыарыыга ылларбат буолан иһэҕин. Ол эбэтэр, тылбыт нөҥүө өбүгэлэрбит көмөлөһөллөр. Төһөнөн элбэх киирии, сыыс тылы туттаҕын, ол-бу ити саҥараҕыт дии "принимайдыыр, мама, папа, дорообо, дууһа, удача" уо. д. а. тыллары, [инньэ гынан] эһиги өбүгэлэргиттиттэн күүс ыларгытын аччатан иһэҕит. Омук баайа, күүһэ, кута-сүрэ – кини тыла.


Ол ойуун 105 сааһыгар дылы олорбута, балыыһаҕа биирдэ да сыппатаҕа, биирдэ да эми испэтэх киһи. 105 сааһыгар дылы хаама-сиимэ сылдьыбыта, 70-80 саастаах оҕонньор курдук көрүҥнээҕэ. Олус сэмэй майгылааҕа. Уонна биир да киирии тыла суох уу сахалыы саҥарара. Онон эмпит аттыбытыгар баар. Тускутугар туһаныҥ. Уонна бу суругу атын бөлөхтөргө ыытан иһиҥ куйаар ситиминэн. Сахалар биллинэр.

Бассаап киэҥ киэлититтэн


Ахсынньы 16 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🇧🇩 Баҥладеш — Кыайыы күнэ. 1971 сыллаахха Илиҥҥи Пакистаан босхолонор сэриигэ Ииндийэ өйөбүлүнэн кыайан Пакистаантан туспа судаарыстыба буолбут. XX үйэ ордук хааннаах сэриилэриттэн биирдэстэрэ этэ, үс мөлүөйүөн кэриҥэ киһини Пакистаан сэбилэниилээх күүстэрэ өлөрбүттэрэ.
🇧🇭 Бахрейн — Дойду күнэ. 1971 сыллаахха Британияттан тутулуга суох эмират буолбут
🔸 Испанидад (исп. Hispanidad) — Лас-Посадас. Испаан тыллаах дойдуларга Мария уонна Иосиф Иисуһу төрөтөллөрүгэр барбыт тургутууларын кэриэстээн тоҕус хонуктаах бырааһынньык саҕаланар күнэ
🇰🇿 Казахстаан — Тутулуга суох буолуу күнэ
🇹🇭 Таиланд — Спорт күнэ
🇮🇳 Ииндийэ — Кыайыы күнэ. Индира Ганди дойдуну салайар кэмигэр 1971 сыллаахха 93000 киһилээх Пакистаан аармыйата бэриммит, Бангладеш туспа барыытын туһугар сэрии түмүктэммит
🇿🇦 Соҕуруу Африка — Эйэлэһии күнэ, урут Африканердар Андаҕардарын күнүн быһыытынан бэлиэтииллэрэ.

🔹 1237 — Бату Хаан сэриитэ Рязань куораты төгүрүктээбит. Биэс хонугунан ылбыттара, көмүскээччилэри өлөртөөбүттэрэ, куораты урусхаллаабыттара. Княжество киин куоратынан Рязаньтан биэс көстөөх сиргэ турар Переславль-Рязанскай буолбута, билигин Рязань диэн ааттанар.
🔹 1897 — Саха уобалаһын  салалтатын быһаарыытынан буоластар тэриллибиттэр: Бүлүү уокуругар  — Ньурба, Өлүөхүмэ уокуругар — Нохтуйскай  уонна ЧокуурДьокуускай уокуругар  — АммаИһитПавловскай уонна Покровскай.
🔹 1917 — РСФСР совнаркома «Бары байыаннайдары бырааптарын тэҥниир туһунан» дэкириэт таһаарбыт: урукку чыыннар уона сыбаанньалар суох гыныллыбыттар, Арассыыйа Импиэрийэтин ураты бэлиэлэрэ уонна уордьаннара суолтаҕа ылыллыбат буолбуттар.
🔹 1966 — Пекииҥҥэ «Мао Цзэдун сытааталара» диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу кинигэ уопсайа олус улахан тиражтаах буолбут, итэҕэл кинигэлэрин (БиблияКоран уо.д.а.) тиражтарыгар чугаһаабыт.
🔹 1986 — Казаах ССР киин куоратыгар Алма-Атаҕа  Желтоксан (каз. Ахсынньы) диэн ааттаммыт казаах ыччатын аймалҕана саҕаламмыт. Казахстан компартиятын бастакы сэкирэтээринэн казаах Динмухамед Кунаев оннугар Казахстааҥҥа хаһан да үлэлээбэтэх, казаах тылын билбэт нуучча Геннадий Колбины анаабыттарыттан сылтаан үс күннээх улахан айдаан буолбут. Ону Ис сэриилэр кытаанахтык хам баттаабыттар, 8,5 тыһыынча киһи тутуллубут, 99 устудьуон холуобунай дьыалаҕа эриллибит, онтон 2-тэ ытыллыбыт. Сотору кэминэн ЦК КПСС бу түбэлтэни казаах национализмын көстүүтүнэн биллэрбитэ, онтон билиҥҥи Казахстааҥҥа норуот көҥүл иһин охсуһуутун быһыытынан бэлиэтэнэр.
🔹1991 — Желтоксан  түбэлтэлэриттэн оруобуна 5 сыл ааспытын кэннэ Казахстаан  тутулуга суоҕун биллэрбит.
▫️ХНТ сионизм үөрэҕэ расистыы буоларын туһунан бэйэтин 1975 сыллааҕы быһаарыытын суох гыммыт (111 дойду бу иһин куоластаабыт, 25 дойду утарбыт, 13 туттуммут).
🔹 2019 — Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан "2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын араҥаччылааһын уонна сайыннарыы туһунан" бырагыраама ылыллыбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1916 — Анастасия Данилова  — Саха АССР общественнай, судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
▫️1938 — Инна Васильева-Кралина — альголог учуонай, биология билимин дуоктара.
▫️1939 — Христофор Дуткин  (22.12.2002 өлб.) — филология билимин хандьыдаата, эбээн тылын диалектологиятыгар, фольклоругар, лексикологиятыгар уонна лексикографиятыгар биир тутаах чинчийээччи.
▫️1957 — Надежда Докалова — хотугу норуоттар ырыаларын айааччы, ырыаһыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Өлөөн нэһилиэгин Ытык олохтооҕо.
▫️1980 — Леонид Спиридонов  — көҥүл тустууга дойдулар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, устудьуоннарга Аан дойду чөмпүйүөнэ (Токио 2000), Казахстаан хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Азия чөмпүйүөнэ (Алматы 2006), Аан дойду чемпионатын боруонса призера (Хернинг,  Дания  2009).

Өлбүт:
▫️1964 — Николай Слепцов (Туобулаахап) (07.09.1912 төр.) — суруйааччы, драматург, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

👍🏻 Бүгүн өссө туох ахтылларын — манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут


Ахсынньы 15 күнүгэр туох буолбут эбитий?

🌏 Дойдулар ардыларынааҕы Чэй күнэ.
🌎 Заменгоф күнэ (эсперанто  тылын төрүттээбит киһи)
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа Салгын-сэбилэниилээх күүстэрин Радиотехническэй сэриилэр тэриллиилэрин күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Идэлэринэн үлэлии сылдьан өлбүт суруналыыстар кэриэстэбиллэрин күнэ
🇺🇸 АХШ — Киһи быраабын туһунан билль күнэ. 1941 сыллаахха бэрэсидьиэн Франклин Д. Рузвельт билль ратификацията 150 сыла туолуутун кэрэһилээн бу күнү аан бастаан бэлиэтииргэ уурбута.
🇬🇬 Гернси — Олдерни арыыга  Дойдуга төннүү күнүн  бэлиэтииллэр. Бу Нормаан арыыларын кээмэйинэн үһүс арыыта, Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр ньиэмэстэр оккупациялаабыттара, 4 концлааҕыры туппуттара. Бу күн 1945 сыллаахха эвакуацияҕа сылдьыбыт олохтоохтор бастакы бөлөхтөрө дойдуларын булбуттар

🔸 Атын бэлиэ күннэр.

🔹 1256 — Монгол Илин Хулагу баһылыктаах сэриитэ низарит исмаилиттарын (ассасиннар) Аламут кириэппэстэрин (аныгы Ираан сирэ) ылбыт уонна урусхаллаабыт.
🔹 1762 — Екатерина II  ыраахтааҕы омуктар Арассыыйаҕа көҥүл кэлэн олохсуйалларын көҥүллээбит (дьэбириэйдэртэн ураты), ону таһынан кыраныысса таһыгар күрээбит нууччалары амнистиялаабыт. Арассыыйа саҥа салалтата бу докумуонунан дойду нэһилиэнньэтин элбэтэр бэлиитикэни ыытарын биллэрбитэ.
🔹 1919 — Түүн Дьокуускай гарнизона уонна өрө турбут оробуочайдар утарылаһыыта суох переворот оҥорбуттар, сиэмистибэ былааһа сууллубут. Хаайыыттан босхоломмуттар: Х.А. ГладуновСтепан АржаковЛ.Л. Даниш  уо.д.а.  Хаайыллыбыттар: уобалас хамыһаара В.С. Соловьев, гарнизон салайааччыта Каменскай, куорат кулубата Павел Юшманов, уобалас быраабатын бэрэссэдээтэлэ Василий Никифоров - КүлүмнүүрГавриил Ксенофонтов уо.д.а. Сарсыарданан былааһы Саха сиринээҕи байыаннай-революционнай штаб ылбыт, Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан  Болеслав Геллерт буолбут. Аҕыйах күнүнэн ахсынньы 28-гар Болеслав Геллерт  өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
🔹 1937 — НКВД Сэбиэскэй Сойуус гириэктэрин утары маассабай репрессиялары саҕалаабыт.
🔹 1976 — Испанияҕа референдумҥа  быыбардааччылар демократияҕа көһөр иһин куоластаабыттар.
🔹1978 — Кытай уонна АХШ  дипломатическэй сыһыаны көннөрөргө сөбүлэспиттэр. Бу саҕана ССРС уонна Кытай ыккардыларынааҕы сыһыан тыҥаан турар этэ. Инньэ гынан АХШ уонна Кытай Сэбиэскэй Сойууһу утары куомуннаспыттар. Бу түгэн Тымныы сэрии түмүгүн быһаарбыт дииллэр.
🔹 1990 — Кыргыстаан Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сүбэтэ Кыргыстаан судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылбыт.

🔹 Бүгүн ахтыллар дьон: 
Төрөөбүттэр:
▫️1895 — Ньукулай Неустроев — саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха бастакы кэмиэдьийэ суруйааччыта, прозаик, бэйиэт.
▫️1936 — Варвара Петрова  (11.03.2012 өлб.) — 1995—2002 сылларга Ньурба улууһун  баһылыга. Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Абый улууһунГорнай улууһунМуома улууһун уонна Ньурба улууһун ытык киһилэрэ.
▫️1963 — Муттуххай Бороҥ (2021 өлб.)

📌  Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.

Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут

Показано 19 последних публикаций.