Ахсынньы 1 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇺🇳 ХНТ — Аан дойдутааҕы СПИДы утары охсуhуу күнэ.
🔸Ускуустубата суох күн — СПИД ускуустуба эйгэтигэр тарҕанан, элбэх биллиилээх киһини өлөрбүтүгэр болҕомто тардаары бастаан 1988 сыллаахха бэлиэтэммитэ
🇷🇺 Арассыыйа — Синоп кыргыһыытын күнэ. Павел Нахимов салалталаах Арассыыйа эскадрата 1853 сыллаахха Синоп тумул аттыгар туурак эскадратын кыайыытыгар ананар. Дьиҥэр кыргыһыы сэтинньи 18 (30) күнүгэр буолбута
🇮🇸 Исландия — Тутулуга суох буолуу күнэ (Fullveldisdagurinn). Бу күн дойду былааҕын эмиэ чиэстииллэр.
🔸 Каракалпакстан (Узбекистан) — Каракалпак тылын күнэ
🇨🇫 КАӨ — Өрөспүүбүлүкэ күнэ. Дойду 1958 с. Франция холбоһугун иһинэн автономияны ылбыта
🇨🇷 Коста Рика — Байыаннай сулууспа суох буолбут күнэ. Гражданскай сэрии бүппүтүн кэннэ 1948 сыллаахха бу күн бэрэсидьиэн Хосе Фигерес Феррер дойдуга аармыйаны суох гыммыт, дойду байыаннай тыына суох буолуохтаах диэн буолбут. Билигин бу дойдуга куттал суох буолуутун полиция эрэ хааччыйар
🇲🇲 Мьянма — Дойду күнэ
🔸 Атын бэлиэ күннэр.
🔹 1920 — Уус-Маайа улууһун Петропавловскайыгар ааҕар балаҕан аһыллыбыт.
🔹 1929 — Булуҥҥа сэбиэскэй былааһы суулларбыттар. Булуҥҥа уонна Күһүүргэ хомуньуустар тутуллубуттар, радио, маҕаһыын уонна астаах-үөллээх, араас табаардаах ыскылааттар былдьаммыттар. Былаастарга бу түбэлтэ туһунан ый 24 күнүгэр эрэ биллибит. Быыкап мыыска, Уус Өлөөҥҥө, Бороҕоҥҥо уонна Хара Уулаахха суһаллык кыһыл дружиналар тэриллибиттэр. Верхоянскайтан Е. Петров салалталаах кыһыл этэрээт тахсыбыт, Дьокуускайтан Булуҥҥа А. С. Доль хамаандалаах Хотугу холбоммут этэрээт (Якутский северный сводный отряд) ыытыллыбыт. Сотору кэминэн сэбиэскэй былаас сөргүтүллүбүт.
🔹 1934 — Ленинградка Политбюро чилиэнин Сергей Кировы өлөрбүттэр. Сталин бу түбэлтэни Улахан Террору саҕалыырга сылтах оҥостубута.
🔹 1936 — ЯЦИК уурааҕынан "Токко эбэҥки национальнай оройуона" тэриллибит. Киинэ Чаара өрүһүгэр Куоппуру диэн сиргэ. Бу оройуон 1953 сыллаахха ликвидацияламмыта.
🔹 1941 — Үөһээ Бүлүү оруйуонугар НКВД оройуоннааҕы отделын иһинэн судаарыстыбаннай архыып тэриллибит[1]
🔹 1943 — Дьокуускайга өстүөкүлэ собуота үлэтин саҕалаабыт. Собуот олохтоох матырыйаалтан графиннары, ыстакааннары, чэриниилэ иһиттэрин, лиитэрэлээх кырыыҥкалары таһаарара. Кэлин аналлаах оһох тутуллубутн кэннэ түннүк тааһын оҥорор буолбута. Собуот 50-с сыллар ортолоругар сабыллыбыта.
🔹 1956 — Саха АССР сүөһүтүн ахсаана маннык буолбут: 17 соҕуруу оройуоннарга: ынах-сүөһү — 213 483 төбө, онтон ынаҕа — 80 226 төбө, сылгы ахсаана 104 884, сибиинньэ — 3 779 төбө. 18 хотугу оройуоҥҥа: ынах-сүөһү — 27 169, онтон ынаҕа — 10 469, сылгы — 21 764, сибиинньэ — 697.
🔹 2019 — Ухань куоракка хоруона хамсыга өрө туруута саҕаламмыт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1890 — Кузьма Гаврилов — 1920-с сылларга «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» түмсүүлэри төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, саха суругун-бичигин комитетыгар дьарыктаммыта. «Холбос» Респотребсоюhу төрүттээччи.
▫️1928 — Наум Засимов (09.11.1991 өлб.) — саха живописеһа.
▫️1929 — Михаил Лукин (21.08.1966 өлб.) — саха живописеһа, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
Өлбүттэр:
▫️1958 — Елизабет Ператрович, (1911 с.т.) — АХШ-ка Аляска төрүт олохтоохторун бырааптарын иһин туруулаһааччы, омугунан тлинкит.
▫️2012 — Александр Мигалкин — саха уонна Арассыыйа бэлиитигэ уонна дипломаата, 1999—2006 сылларга СӨ тас сибээһин миниистирэ, Монголия Эрдэнэт куоратыгар Арассыыйа генеральнай консула.
🔹 Халандаар толорутун манна көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут