Саха тыйаатырын кырдьаҕас артыыһыгар түөкүттэр эрийэн "Бикипиэдьийэҕэ Эн тускунан ыстатыйаны монетизациялыахпытын сөп" диэбиттэр. Сымыйа саайка киллэрэн аккаунт оҥотторо уонна бааҥҥа баар счетун онно баайтара сатаабыттар.
Сэрэйдэххэ салгыы баанын счетун бачайдыыр албастара буолуохтаах.
Хата, артыыс "саҥа технологиялары билбэппин" диэн матыыптаан бииргэ үлэлиир киһититтэн көмө көрдөөбүт. Ону дьолго, эдэр үлэһит түөкүттэр буолалларын сэрэйэн, көмпүүтэрдьиттэри кытта сүбэлэһиэм диэн салгыы кэпсэтиини тохтоппут.
Өйдөөн кэбиһиҥ, Бикипиэдьийэ бааннары кытта туох да ситимэ суох, ханнык да ыстатыйатын ааҕыы иһин ким да харчы ылбат да, кимиэхэ да төлөөбөт да.
Бикипиэдьийэ – аһаҕас билиини көҥүллүк тарҕатар сир, онон түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэримэҥ!