Ахсынньы 17 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇷🇺 Арассыыйа — Стратегическэй аналлаах ракетнай сэриилэр күннэрэ
🇷🇺 Арассыыйа — Судаарыстыбаннай фельдъегерь сулууспатын үлэһиттэрин күнэ
🇺🇸 АХШ — Ини-бии Райттар күннэрэ. Авиация күнэ
🇧🇭 Бахрейн — Иса бин Салман Аль Халифа эмиир бөрүстүөлгэ олорбут күнэ. 1961 сыллаахтан Бахрейн хакима этэ, онтон 1971 сыллаахха дойдуга бастакынан эмиир буолбута, 1999 сыллаахха өлүөр диэри ыраахтааҕылаабыта
🇧🇾 Беларусь — Беларусь киинэтин күнэ
🔸 Атын бэлиэ күннэр
🔹 1398 — Дели султанаатын аармыйатын Тимур аармыйата урусхаллаабыт.
🔹 1637 — Дьоппуоҥҥа «Симабаратааҕы өрө туруу» саҕаламмыт. Христианскай итэҕэли бобууну, ону кытары ыарахан түһээннэри утарбыт бааһынайдар өрө турбуттар. Сотору кэминэн самурай сэриитэ кинилэри хам баттаабыт, христианство букатыннаахтык бобуллубут уонна дойду 200 сыллаах изоляцияҕа хатаммыт.
🔹 1777 — Америка өрөбөлүүссүйэтэ: Франция Холбоһуктаах Штааттары билиммит.
🔹 1819 — Соҕуруу Америкаҕа Испания холуонньаларын босхолооччу Симон Боливар Улуу Колумбия тутулуга суоҕун биллэрбит.
🔹 1903 — АХШ-ка ини-бии Райттар аан бастакыннан салгыннааҕар ыарахан аалы көтүппүттэр. Көтүү ырааҕа — 37 м, көппүт кэмин уһуна — 12 сөкүүндэ.
🔹 1926 — ССРС-ка бастакы бүтүн сойуустааҕы биэрэпис саҕаламмыт. Саха АССР-га усулуобуйа ыараханын иһин биэрэпис киин оройуоннарга саас, онтон хоту оройуоннарга күһүн биирдэ түмүктэммитэ.
🔹 1932 — Хотугу байҕал суолун сүрүн дьаһалтата (Главное управление Северного морского пути - Главсевморпуть) тэриллибит. Главсевморпуть сүрүн сыала — Арктиканы туһаҕа таһаарыыны уонна Хотугу байҕал суолунан хараабыллар сылдьалларын хааччыйыы.
🔹 1950 — Дьокуускайга сэллиги чинчийэр билим институтун филиала аһыллыбыт. Бу тэрилтэ аһылларыгар уһулуччулаах саха салайааччыта, сэлликтэн чугас дьонун эрдэ сүтэрбит Ылдьаа Винокуров улахан өҥөлөөх.
🔹 1957 — Москубаҕа Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспутун 325 сылыгар анаммыт Саха литэрэтиирэтин уонна урамньытын дэкээдэтэ бүппүт. Большой тыйаатырга Дэкээдэни түмүктүүр улахан үөрүүлээх кэнсиэр буолбут, саалаҕа дойду үрдүкү салайааччылара Никита Хрущев, Анастас Микоян, Леонид Брежнев бааллар эбит.
🔹 1972 — ССРС 50 сыла туолуутун бэлиэтээн Норуоттар Доҕордоһууларын уордьана олохтоммут. Бу уордьанынан Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) наҕараадаламмыта.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1917 — Евдокия Коркина — 1963—1984 сылларга Саха сиринээҕи тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа институтун дириэктэрэ, биллиилээх тюрколог, РСФСР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, тыл үөрэҕин билимин дуоктара.
▫️1961 — Людмила Скрыбыкина — филология билимин хандьыдаата.
Өлбүт:
▫️2014 — Игнатий Каратаев — саха тылын учуобунньуктарын ааптара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогика билимин хандьыдаата, С. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун ытык киһитэ.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут