Ахсынньы 23 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🎉 Киһи сырдыгын күнэ (ааҥл. HumanLight) — ханнык да итэҕэлгэ, сыаркапка кыттыспатах дьон бу күн өйү, аһыныыны, киһилии быһыыны, инникигэ эрэли өрө тутан бэлиэтиир күннэрэ. Ороһооспону бэлиэтээбэт дьоҥҥо анаан бастаан тэриллибитэ
🇮🇳 Ииндийэ, Уттар Прадеш — Кисан Дивас
🇪🇬 Эгиипэт — Кыайыы күнэ
🇲🇽 Миэксикэ, Оахака — Редис түүнэ
🔸 Ньюфаундленд уонна Лабрадор — Тибб иннинээҕи күн
🇸🇸 Соҕуруу Судаан, 🇸🇩 Судаан — Оҕо көмүскэлин күнэ
🇸🇩 Судаан — Сильвия ыраахтааҕы төрөөбүт күнэ, Былаах күнэ
Япония — Сынньалаҥҥа олорор импэрээтэр төрөөбүт күнэ.
🔹 1888 — Николай Глотов, Нижнеудинскай атыыһыта "Өлүөнэҕэ буостаны уонна айанньыттары таһар хампаанньаны олохтуохха" диэн хааһына тэрилтэлэригэр этии киллэрбит.
🔹 1890 — Ахсынньы 11 (аныгыннан ахсынньы 23) күнүгэр Никифоров Күлүмнүүр Дүпсүн улууһун кулубатынан анаммыт.
🔹 1921 — Манчаары аатынан култуура-сырдатар уопсастыба тэриллэр, сыала-соруга — "дойду тыыннаах култууралыы күүстэрин түмэн норуот маассатын ортотугар уопсай үлэ ыытыы". Уопсастыба чилиэннэринэн буолбуттар: Анемподист Софронов - Алампа, Прокопий Винокуров (Куоҕас Борокуопай), Константин Сокольников, Михаил Константинов, бэрэстээтэл — Алексей Бояров.
🔹 1924 — Саха АССР Совнаркомун саҥа састааба талыллыбыт. Бэрэстээтэлинэн Иван Винокуров буолбут, кини бу солоҕо Степан Аржакову солбуйбут.
🔹 1954 — Аан дойдуга бастакы ситиһиилээх бүөрү көһөрүү эпэрээһийэтин АХШ хирурдара Джозеф Маррей уонна Хартвелл Харрисон оҥобуттар.
🔹 1976 — Амма оройуонун ыанньыксыта Петр Яковлев (22.02.1921—1978) Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
🔹 1990 — Словения олохтоохторун 88,5% Югославияттан тутулуга суох буолуу иһин куоластаабыттар.
🔹 1994 — Молдова сокуонунан Гагаузия биитэр Гагауз Ери (гагауз сирэ) Молдова иһинэн аптаныамыйата бигэргэммит.
🔹 1995 — Чурапчы улууһун гимназията арыллыытын туһунан бирикээс тахсыбыт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1900 — Семен Алексеев-Уустарабыс — олоҥхоһут, Горнай улууһун Ытык киһитэ.
▫️1940 — Александр Сафронов, Арассыыйа НА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, 2004 сылтан Саха сиринээҕи Наука киинин Бөрөсүүдьүмүн бэрэссэдээтэлэ.
▫️1944 — Петр Пестряков — Саха үтүөлээх артыыһа.
▫️1962 — Аммаҕа Олег Сидоров — Амгинскай — суруналыыс, суруйааччы, публицист, чинчийээччи, ХИФУ суруналыыстыка хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, «Илин» сурунаал тутаах эрэдээктэрэ, СӨ Духуобунаһын Акадьыамыйатын чилиэнэ, 2015 сыллаахтан СӨ суруйааччыларын ассоциациятын бэрэстээтэлэ.
▫️1972 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга (Томпо) Сергей Баланов — саха тыйаатырын уонна киинэтин артыыһа.
Өлбүттэр:
▫️1944 — Михаил Космачёв (1920—23.12.1944) — гвардия старшай сержана, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1945).
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көрүөххэ сөп.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
📌 Биики Халандаар | Сурут