Ахсынньы 25 күнүгэр туох буолбут эбитий?
✝ Григориан халандаарынан Ороһооспо бэлиэтэнэр. Бу күн биһиги эрабыт 4-с дуу 6-с дуу сылыгар Рим импиэрийэтигэр Ирод ыраахтааҕы дойдутугар Иерусалимтан чугас Вифлеем диэн кырачаан куорат таһыгар кэлин Иисус Христос диэн ааттаммыт киһи төрөөбүт. Кини былыргы дьэбириэй итэҕэлигэр олоҕурбут үөрэҕэ, олорбут олоҕо саҥа итэҕэл – христианство – олоҕо буолбуттара, киһи-аймах олоҕор бөдөҥ сабыдыалы оҥорбуттара.
🇮🇳 Ииндийэ — Үчүгэй салайыы күнэ. 2014 сыллаахха Нарендра Моди бырабыыталыстыба дьон иннигэр эппиэтинэстээҕэр болҕомто тардаары бу күнү урукку премьер-миниистирдии сылдьыбыт Атала Бихари Ваджпаи төрөөбүт күнүгэр бэлиэтииргэ уураах таһаарбыта
🇲🇿 Мозамбик — Дьиэ кэргэн күнэ
🔸 Камерун, КАӨ, Чад, Экватор Гвинеята, Конго ДӨ, Габон, Конго Өрөспүүбүлүкэтэ — Оҕо көмүскэлин күнэ
🇵🇰 Пакистаан — Куайд-и-Азам күнэ
🇵🇪 Перу (Чумбивилкас провинция) — Таканакуй
🔸 Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ — Конституция күнэ
🇹🇷 Турция — Газиантеп куорат босхоммут күнэ (1921).
🔸 Чечня, 🔸 Ингушетия (вайнаахтар) — Малх күнэ (Күн төрөөбүт күнэ).
🔹 1766 (урукку ааҕыынан ахсынньы 14) — императрица Екатерина II саҥа Уложение (сокуоннар хомуурунньуктара) суруйар хамыыһыйаны тэрийэр туһунан манифест таһаарбыт. Ону таһынан ол Хамыыһыйаҕа киирэр дьокутааттары талыы хаамыытын быһаарар ыйаахтарга илии баттаабыт. Бу Арассыыйа импиэрийэтин бары өрүттэрин уларытар улахан реформа саҕаланыыта этэ. Бу быһаарыыга олоҕуран сахалартан дьокутаатынан Соппуруон Сыраанап талыллыбыта[1].
🔹 1854 — Ричард Маак эспэдииссийэтин икки бөлөҕүттэн сүрүннэрэ, Өлөөн сиригэр Хуриҥда күөлгэ тиийэ сылдьан баран уһун унньуктаах айан кэнниттэн төннөн иһэн, Чуона өрүс төрдүгэр тиийбит. Бу кэнниттэн тохсунньуга Павловскай учуутал салалталаах бөлөҕү кытта Сунтаарга холбоспут.
🔹 1903 — Илин Сибииргэ көскө сылдьан «Искра» хаһыаты тарҕаппытын иһин өрөбөлүссүйэниэр Иван Бабушкины өссө ыраатыннаран Дьокуускайга аҕалбыттар. Салгыы Үөһээ Дьааҥы уокуругар утаарбыттар. Онно 1905 сыллаахха амньыыстыйа биллэриллиэр диэри олорбута.
🔹 1946 — ССРС-ка И. В. Курчатов салалтатынан Европаҕа бастакы ядернай реактор үлэтин саҕалаабыт.
🔹 1949 — Хабаровскайга Япония байыаннайдарын сууттааһын саҕаламмыт (ахсынньы 30 күнүгэр диэри буолбута).
🔹 1962 — Сэбиэскэй Сойуус ядернай сэрии сэбин сир үрдүгэр тиһэҕин дэлби тэптэрбит. 1963 сыллаахха сөбүлэҥинэн сир үрдүгэр, ууга уонна салгыҥҥа дэлби тэптэрии бобуллубута.
🔹 1979 — Афганистааҥҥа Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ киирбиттэр.
🔹 1991 — Арассыыйа РСФСР диэн аата уларыйан билиҥҥи аатын сүкпүт, Михаил Горбачёв ССРС бэрисидьиэниттэн уурайбыт.
🔹 1992 — "Саханефтегаз" национальнай ньиэп-гаас хампаанньата үөскээбит.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1914 — Александра Овчинникова — Ньурба Тыалыкытыттан төрүттээх түмэт, бэлиитикэ дьайыксыта, 1963—1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ.
▫️1920 — Дмитрий Красильников (06.03.1985 өлб.) — Чурапчы Мугудайыттан төрүттээх физик-учуонай, Саха космофизикатын оскуолатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ.
Өлбүттэр:
▫️1921 — Саха сиригэр көскө олоро сылдьыбыт нуучча суруйааччыта Владимир Короленко (1853 с.т.) («Макаар түүлэ»).
▫️1986 — Платон Степанов — Ламутскай (13.11.1920 төр.) — эбээн бэйиэтэ уонна суруйааччыта.
▫️2012 — Светлана Николаева — Өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1986 - 1991 сылларга Саха АССР култууратын миниистирэ этэ.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige