Ахсынньы 26 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🔸 Австралия, Улуу Британия, Саҥа Зеландия, Канаада, Кирибати, Науру — Бэлэх күнэ[1][2]. 26 чыыһыла баскыһыанньаҕа түбэстэҕинэ, бэнидиэнньиккэ көһөн биэрэр. Бу күнү кытта ситимнээх күннэр:
▫️ Соҕуруу Африка, Намибия — Эйэҕэ дьулуур күнэ
▫️ Вануату — Ыал күнэ
▫️ Соломон Арыылара — Махтал күнэ
🔸 Австрия, Каталония, Хорватия, Чехия, Германия, Гонконг, Италия, Ирландия, Люксембург, Польша, Словакия, Швейцария — Сибэтиэй Стефан күнэ уонна ону кытта ситимнээх күннэр:
▫️ Болгария — Аҕа күнэ
✝ Арҕаа Христанство — Уон икки күннээх Ороһооспо иккис күнэ
🇺🇸 АХШ — Кванза бастакы күнэ. Бу АХШ Африкаттан төрүттээх олохтоохторо ахсынньы 26 күнүттэн тохсунньу 1 күнүгэр диэри бэлиэтиир бырааһынньыктара. Өбүгэлэрэ бу күннэргэ үүнүү малааһынан оҥороллор эбит
🇧🇸 Багаамалар — Джунканоо параад бастакы күнэ, иккис күнүгэр - Саҥа дьыл
🔸 Ирландия, Мэн Арыы — Рен күнэ
🔸 Нидерланд, Польша, Словакия — Ороһооспо иккис күнэ
🇸🇮 Словения — Тутулуга суох уонна бииргэ буолуу күнэ
🔸 Техас (Хьюстон) — Мауро Хамза күнэ.
🔹 1825 — Николай І ыраахтааҕы бөрүстүөлгэ олорбут, ону сөбүлээбэккэ Петербуурга бирисээгэ биэрии кэмигэр декабристар өрө туруулара буолбут.
🔹 1898 — Мария уонна Пьер Кюрилар радийы ылбыттарын туһунан биллэрбиттэр.
🔹 1919 — Бу күннэргэ Дьокуускайга былаас уларыйбыт, уобаластааҕы управление, куорат дуумата, полиция управлениета, казаактар хамаандалара, Колчаак милиисийэтэ үрэллибиттэр. Уокуруктааҕы суут уонна борокуруор надзора эмиэ астаапкаҕа ыытыллыбыттар. Кыһыл Аармыйа Дьокуускайдааҕы быстах кэмҥэ Штаабын начаалынньыга Х.А.Гладунов бу күннээҕи № 11 бирикээһинэн Саха уйуоһун уонна Дьокуускай куорат милиисийэлэрин холбообута уонна начаалынньыгынан А.В.Акуловскайы анаабыта.
🔹 1959 — Саха АССР-га бастакы норуот тыйаатырын Ытык Күөлгэ үөрүүлээхтик миитиннээн оройуон үлэһиттэрэ аспыттар.
🔹 1985 — Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр ыанньыксыт Павел Шарин (24.06.1955 төр.) хас биирдии сыһыарыллыбыт 18 ынаҕыттан 6071 кг. үүтү ыабыта, Саха сиригэр XX үйэ чаҕылхай рекордун олохтообута.
🔹 1990 — РСФСР совминын "Ырыынак сыһыаннарыгар көһүү кэмигэр Саха ССР социальнай-экэнэмиичэскэй кыһаҕаларын быһаарарыгар экэниэмикэ өттүнэн бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын кэҥэтэр туһунан" 603№ уурааҕа тахсыбыт. Бу уураах ый ынараа өттүгэр Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсүһүүтүн түмүгүнэн тахсыбыта. Уураахха айылҕа баайын туһаныы рентата өрөспүүбүлүкэҕэ төлөнүөхтээҕэ, алмаас, көмүс уонна атын кыраныысса таһыгар тахсар бородууксуйа иһин валютанан төлөбүр киириэхтээҕэ, өрөспүүбүлүкэ валюта пуондалаах буолуохтааҕа ыйыллыбыт.
🔹 1991 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ мунньахтаан СНГ баар буолбутунан ССРС суох буолбутун биллэрбит.
🔹 1992 — Үрдүкү Сэбиэт XVI сиэссийэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаралыга бигэргэтиллибит.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1919 — Иннокентий Попов — Саха государственнай университетын 1959—1973 сс. ректора.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
📌 Биики Халандаар | Сурут