ИДЭҺЭ СИЭРЭ-ТУОМА
Ынаҕы, сылгыны иитэр киһи хайаан даҕаны сылын аайы идэһэлэнэр. Сорох киһи убаһатын “туттарбат” диэн, саанан ытар. Бу – улахан сыыһа, ханнык да түбэлтэҕэ ытан өлөрүллүбэт.
Сүөһүнү сүөһүгэ, сылгыны сылгыга көрдөрөн туран астаныллыбат. Сүөһүнү үөрэ-көтө астанар, аһыас курдук.
Эбэ диэки, ол эбэтэр дьиэлэр быыстарынан, арыы тыаларынан аһаҕас сирдиэки хайыһыннаран баран сүүскэ охсуллар. Оччоҕо өлүк салгына, охсубут киһинэн буолбакка, эбэнэн тахсан барар. Эбэни таҥнары көрдөрөн туран охсуллубат, ити – кэһиллибэт улахан сиэр-туом
Идэһэни охторон баран, быатын ньылбы таһыйан ылан мээнэ элитиллибэт, суулуу, хомуйа тутан, кэлин диэки чөкө ууруллар.
Дьэ, ол кэннэ хабарҕатын хайа сотуллар уонна ыраас хаарга эбэтэр күөх кырыска хаанын чоккураччы тэптэриллэр. Ону кытта өлүк салгына барар. Ыылаах, дьаардаах, ыарыылаах буоллаҕына, ону хааны кытта сир оборон ылар.
Сүүрдэн баран таас анньыллар, дьиҥнээх (субай) хаан кэлэр. Тохтубут хааны киһи тэпсиэ суохтаах.
Хоолдьугун эрийэн ылыллар, муоһунан сири хорутардыы чөкө умса ууруллар.
Туйахтарын быһаҕынан араартаан ылыллар, сүгэнэн быһыта охсуллубат, мээнэ элитэлээн кэбиһиллибэт, илин, кэлин атахтарын кэккэлии төбөтүн аттыгар тиэрэ ууруллар.
Сүлэргэ эбэ өттүттэн саҕаланар.
Убаһаҕын миэстэтин, мааны тэрилин турута тыыппакка ылыллар, кэннин диэки ууруллар.
Сүлэр кэмҥэ быһаҕы куҥ эккэ батары анньыллыбат, оннооҕор хаарга туруору анньыллыбат, сытыары уура сылдьан туттуллар. Тириитин алдьаппакка сүлүллэр, кутуругун төрдүттэн элийэн ылыллар. Кутуругун тириитин өҥүргэһигэр тиийэ ньылбы тардыллар. Кутурук өҥүргэһэ эмтээх, ол иһин уруу-аймах мунньан, иһэ-үөһэ ыалдьар киһилэригэр биэриэхтэрин сөп. Ону оргутан иһиллэр.
Сүрэҕин хаанын хабарҕа хаанын сүүрбүт сиригэр тоҕуллар.
Быарын сэрэнэн ылыллар, үөһүн иһигэр тоҕуллубат, үөс быраҕыллар, туох да туһата суох.
Ис ырытыыта барыта биир сиргэ буолар. Итинтэн сиргэниллибэт.
Сүрэҕин чопчутуттан, быарыттан, иһиттэн-үөһүттэн, этиттэн чэпчэки соҕустук элийэ сотон ылан, хабарҕатын хаана тохтубут сириттэн миэтэрэ аҥаара сиргэ ас тардан кэбиһиллиэхтээх. Манна бу сүөһү ордук ыылаах, чэлкэхтээх, арыый атын салгыннаах буоллаҕына, ыыта-чаана күдэриккэ көтөр. Маны сиэбит ыкка көспөт. Ырыган сүөһү даҕаны этэ, итинник сиэри-туому тутустахха, миинэ барымтыа буолар.
Муоһун киһилии охсон туһанабыт, хараҕын тэһэр сатаммат, сыҥааҕын, тылын быһыта сотуллубат.
Сылгыны киэһээҥҥи дьыбарга эбэтэр дьон тура илигинэ сарсыарда, хараҕын маҥан таҥаһынан саба баайан баран, эбэ диэки хайыһыннаран астаныллар.
Нэһилиэккэ идэһэни астыыр дьоҥҥо бытыылканан буолбакка, харчынан төлөнөрө ордук. Идэһэ өлөрөр биригээдэ үлэлиэ суохтаах. Хас биирдии киһи уруу-аймах көмөтүнэн бэйэтэ дьаһанан, астанан олоруохтаах. Идэһэҕэ хайаан да таас, биэдэрэ, кыыннаах быһах, идэһэ охсор сүгэ туттуллар, куулга эбэтэр ампаарга ууруллар. Бу биилээх, уһуктаах иһит-хомуос идэһэ эрэ кэмигэр лыҥкыныахтаах, тыаһыахтаах-ууһуохтаах.
Идэһэнихоннорон, тоҥоронбарансиэниллэр.
Кыстыкка киирбит сүөһү кыс ортото омуктарга идэһэ буолан тахсыа суохтаах, тоҕо диэтэххэ, кыстаан турар сүөһү атын тыыннаах, атын сиэрдээх дьоҥҥо кыһыҥҥы аартык далын аанын аһан атыыламмат. Биһиги сиэрбитинэн-туоммутунан оннук көҥүллэммэт. Улахан кыһалҕа тирээбит буоллаҕына, хаһаайын бэйэтэт аһааран, “тос” гыннаран наадатын толунар.
Бу сиэри-туому тутуһуохтара диэн эрэнэбин.
Эдьиий Дора сүбэтэ