Сэтинньи 21 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇺🇳 ХНТ — Аан дойдуга Телевидение күнэ (ХНТ Генеральнай Ассамблеята 1996 с. олохтообут).
🔸 Аан дойдутааҕы Эҕэрдэлэһии күнэ (World Hello Day). Бу күн үгэс курдук уонтан тахса киһини кытта дорооболоһуохтааххын. 1973 сыллаахха сэриини тохтоторго дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһаллара суолталаах диэн санааттан икки ини-бии МакКормактар олохтообуттара
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа нолуок уорганнарын үлэһитин күнэ.
🔸 Бүгүн бэлиэтэнэр атын күннэр.
🔹 1325 — Алтан Ордууга Тверь кинээһэ Дмитрий Михайлович Уордаах Харах (нууч. Грозные Очи) Москуба кинээһин Юрий Даниловиһы өлөрбүт. Бу аҕатын иэстэһии этэ. Ол эрээри ол саҕана Алтан Ордууга баһылыктаан олорбут Узбек Хаан күтүөтүн өлөрбүт киһини бырастыы гымматаҕа, ону таһынан Дьаһаах этэринэн суута суох өлөрөр бобуллара, онон Тверь кинээһин өлүүгэ уурбута.
🔹 1386 — Тимур Грузия киин куоратын сэриилээбит, Грузия ыраахтааҕытын Баграт V билиэн ылбыт.
🔹 1620 — «Мэйфлауэр» диэн аалынан Англияттан байҕалы туораан кэлбит пилигримнэр Хотугу Америка кытылын булбуттар. Сотору кэминэн кинилэр манна англичаннар бу континеҥҥа бастакы олохтоох холуонньаларын — Плимуту — олохтообуттара.
🔹 1699 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I рекрут бэбииннэһин туһунан ыйаах таһаарбыт. Маҥнай утаа рекруттары бары сословиелартан ылаллара, рекрутунан аармыйаҕа ыҥырыллыбыт киһи олоҕун тухары саллаат буолара. Рекрукка хомууру кэмиттэн кэмигэр ыраахтааҕы ыйааҕынан ыыталлара. Билиҥҥи курдук призывтаах хомуур 1874 сыллаахха олохтоммута.
🔹 1905 — Альберт Эйнштейн маасса уонна энергия быһаччы ситимнээхтэрин туһунан ыстатыйата тахсыбыт. Маасса уонна энергия ыккардыларыгар аатырбыт формула арыллыбыт, E = mc².
▫️Саха сиригэр Мончуур баабырын бултаабыттар
🔹 1894 — Кытай-Дьоппуон сэриитин саҕана Порт-Артуру дьоппуоннар сэриилээн ылбыттар. Ол эрээри сотору соҕус Арҕаа дойдулар ыгыыларынан Дьоппуон пуорду Кытайга төннөрбүтэ. Үс сылынан Порт-Артуру Арассыыйа бэйэтигэр ылбыта, Чуумпу далайдааҕы флотун баазатынан оҥостубута.
🔹 1920 — РКП(б) Саха сиринээҕи бюрота саха хомуньуустарын уонна хомсомуолларын «Саха омук» уопсастыбаҕа киирэргэ соруйбут. Кинилэр онно бас-көс оруолу бэйэлэригэр ылан уопсастыбаны Сэбиэскэй былаас туһугар үлэлэтиэхтээхтэрэ.
🔹 2012 — АХШ Кэнгириэһэ Джексон — Вэник көннөрүүтүн (ааҥл. Jackson–Vanik amendment) дьайыытын тохтоппут. Бу көннөрүү АХШ атыы-эргиэн сокуонун уларытан, киһи быраабын кэһэр дойдулары кытта эргиэни хааччахтыыра.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1896 — Андрей Саввин — Өндөрүүскэ (31.05.1951 өлб.) — учуутал, саха аһын-үөлүн, көмөр сиэрин-туомун чинчийбит этнограф учуонай, кыраайы үөрэтээччи, түмэл үлэһитэ. Чурапчытааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлигэр кини аата иҥэриллибит.
▫️1898 — Михаил Мегежекскай — сэбиэт былааһын, Саха Сирин автономиятын олохтооччулартан биирдэстэрэ, саха биллиилээх уопсастыба уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ, 1926—1927 сс. ЯЦИК бэрэстээтэлэ.
▫️1908 — Николай Заболоцкай — Чысхаан (01.04.1987 өлб.) — прозаик, литератураны ырытааччы. Кини аатын Өймөкөөн улууһун Томтор орто оскуолата сүгэр.
▫️1919 — Михаил Кильчичаков — хакаас бэйиэтэ, суруйааччыта, түмэт уонна бэлиитикэ диэйэтэлэ.
▫️1920 — Михаил Федоров — 1961—1969 сс. Саха АССР прокурора, юридическай билим дуоктара.
▫️1923 — Михаил Воронкин — саха түөлбэ тылын чинчийбит бөдөҥ учуонай, устуоруйа билимин дуоктара.
▫️1929 — Иннокентий Игнатьев — Саха АССР ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, 1972—1992 сылларга Саха АССР Москубатааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта.
▫️1948 — Иван Попов - Уйбаан Бахсылыырап — Арассыыйа уонна СӨ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. СӨ киинэтин бэтэрээнэ.
Өлбүттэр:
▫️1914 — Иван Крафт — 1906-1913 сылларга Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ, 1913-1914 сылларга Енисей күбүөрүнэтин күбүрүнээтэрэ. Кини салайар кэмигэр Саха сирэ балысхан сайдыыны ситиспитэ биллэр.
▫️1934 — Герасим Бястинов – Бэс Дьарааһын — прозаик, очеркист. Кини аатын Таатта улууһун Чымнаайы орто оскуолата сүгэр.
▫️1999 — Георгий Масленников — 1943-1946 сыллардаахха ВКП(б) Саха обкуомун бастакы сэкирэтээрэ.
🔹 Манна сиһилии көр.
Биики Халандаар | Сурут