Ахсынньы 8 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇦🇱 Албания — Дойду ыччатын күнэ
🇨🇺 Кууба, Кариком (Кариб холбоһуга) — Кууба күнэ, Кууба Кариб дойдуларын кытта үгэс курдук сылаас сыһыанын кэрэһилээн (биллэрин курдук Куубаны элбэх дойду XX үйэ икки аҥаарыгар билиммэт этэ) 2002 сыллаахтан бэлиэтэнэр
🇷🇴 Румыния — Конституция күнэ
🇺🇿 Узбекистан — Конституция күнэ
🇫🇮 Финляндия — Ян Сибелиус уонна фиинн музыкатын күнэ
🇫🇰 Фолкленд арыылара — Кыргыһыы күнэ. 1914 сыллаахха Британия уонна Германия флоттара арыыны баһылыыр иһин кыргыспыттар.
🔸 Атын бэлиэ күннэр.
🔹 1957 — Москубаҕа буолбут Саха литэрэтиирэтин уонна урамньытын күннэрин иһинэн Литератордар киин дьиэлэригэр саха уонна нуучча суруйааччылара көрсүспүттэр. Көрсүһүүгэ бэйиэттэр Сергей Васильев, Моисей Ефимов, Баал Хабырыыс, Таллан Бүрэ, Күннүк Уурастыырап, Леонид Попов, Серафим Кулачиков-Эллэй, Архип Кудрин-Абаҕыыныскай уонна да атыттар тыл эппиттэр.
🔹 1980 — Нью-Йорка "Битлз" бөлөх салайааччытын Джон Ленноны Чепмен өлөрбүт.
1989 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин 11 ыҥырыытын XIII сиэссийэтигэр Михаил Николаев САССР Үрдүкү сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
🔹 1991 — Беловежскай ойуурга ССРС суох буолуутун туһунан сөбүлэҥҥэ үс союзнай өрөспүүбүлүкэ баһылыктара илии баттаабыттар: Арассыыйаттан Борис Ельцин, Беларусьтан Станислав Шушкевич, Украинаттан Леонид Кравчук. Сэбиэскэй Сойуус оннугар Тутулуга суох иллэр сомоҕолоһуулара (СНГ) тэриллибит.
🔹 1999 — Москубаҕа Арассыыйа уонна Беларусь холбоһуктаах судаарыстыбаларын тэрийии туһунан дуогабар түһэрсиллибит. Бу тэриллиигэ судаарыстыбаннай сэкиритээринэн Бүлүү райсоветын сэкиритээрэ уонна Дьокуускай баһылыга буола сылдьыбыт Павел Бородин анаммыта уонна 2011 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.
🔹 2008
▫️Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ ааты ылбыт.
▫️"Беркакит-Томмот-Дьокуускай" тимир суолга Амманы туоруур күргэ аһыллыбыт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1918 — Яков Кычкин — Саха драматическай-музыкальнай тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа. Кини аата дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Маттатын кулуубугар иҥэриллэн турар.
▫️1921 — Фёдор Попов (13.10.1943 өлб.) — сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ытык киһитэ (1985).
▫️1935 — Варвара (Ая) Яковлева — опера ырыаһыта, педагог, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
▫️1962 — Римма Васильева — филология билимин хандьыдаата.
▫️1981 — Дьокуускайга Николай Бугаев — СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэстээтэлэ, Ем. Ярославскай аатынан Хотугу омуктар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлин дириэктэрэ.
Өлбүттэр:
▫️1962 — Николай Тарскай (1924 төр.) — Саха Сиригэр физкультураҕа күргүөмнээх хамсааһыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу сайдарыгар сүҥкэн өҥөнү оҥорбут киһи, 1955—1959 сылларга Саха АССР спорткомитетын салайааччыта.
▫️1991 — Николай Габышев (10.04.1922 төр.) — саха сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта, кэпсээнньит, драматуур, тылбаасчыт. Анекдокка майгынныыр "Ытыс саҕа кэпсээннэрэ" 80-с сс. саха ыалын аайы баара.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын туһунан — манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут