Ахсынньы 12 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы нейтралитет күнэ
🇺🇳 ХНТ — Доруобуйа харыстабылын өҥөтүн дьоҥҥо барытыгар тиэрдии аан дойдутааҕы күнэ.
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа Конституциятын күнэ
🇰🇿 Казахстаан — Таможня уорганнарын үлэһиттэрин күнэ
🇹🇲 Түркменистаан — Нейтралитет күнэ
🔸 Атын бэлиэ күннэр.
🔹 627 — Ниневия аттынааҕы кыргыһыы — Византия уонна Персия ыккардыларынааҕы сэрии сүрүн кыргыһыыта. Риим импиэрийэтэ уонна Перс импиэрийэтэ 400 сыл тухары тохтуу-тохтуу күөдьүйбүт сэриилэриттэн бүтэһиктэрэ. Византия кыайан Кыра Азияны перстэртэн көмүскээбитэ.
🔹 1796 — Арассыыйаҕа «О новом разделении государства на губернии» диэн Ыраахтааҕы уурааҕа тахсыбыт. Ол уурааҕынан 1797 сыл кулун тутарыгар Иркутскай наместничество күбүөрүнэ буолбут, уобаластар, ол иһигэр Саха уобалаһа, — уезд буолбуттар, уездтар комиссарство буолбуттар.
🔹 1905
▫️Новороссия өрөспүүбүлүкэтэ баар буолбут.
▫️Харьковка Артём диэн хомуньуус салалтатынан сэбилэниилээх өрө туруу саҕаламмыт.
🔹 1911 — Оччотооҕу Британия Ииндийэтин киин куората Калькуттаттан Делигэ көһөрүллүбүт.
🔹 1919 — Деникин сэриитин кыһыллар Харьковтан үүрбүттэр.
🔹 1939 — Фиин аармыйата сэбиэскэй аармыйа сэриилэрин Толваярви аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыт.
🔹 1979 — Соҕуруу Кэриэйэҕэ байыаннайдар былааһы түҥнэриилэрэ буолбут.
🔹 1961 — АХШ-ка OSCAR-1 диэн ааттаах аан дойдуга бастакы радиолюбитель спутнига орбитаҕа таһаарыллыбыт.
🔹 1993 — Бүттүүн норуот референдумун быһаарыытынан Арассыыйа Конституцията ылыллыбыт.
🔹 1993 — Ил Түмэн бастакы састаабыгар 56 дьокутаат талыллыбыт: Өрөспүүбүлүкэ палаататыгар — 35, Бэрэстэбиитэллэр Палааталарыгар — 21.
🔹 2015 — Климат сылыйыытын хааччахтыыр сыаллаах Киото боротокуолун оннугар Парижтааҕы сөбүлэҥ түһэрсиллибит.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1886 — Николай Барамыгин — Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан холкуос биригэдьиирэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
▫️1910 — Спиридон Григорьев — сахаҕа бастакы идэтийбит тыйаатыр режиссера, 1933—1961 сылларга Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта, сүрүн режиссера, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
▫️1924 — Евдокия Горохова — саха биллиилээх ил уонна уобсастыба диэйэтэлэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ (1980—1985).
▫️1928 — Чингиз Айтматов — кыргыыс уонна нуучча суруйааччыта.
▫️1927 — Мария Канаева — Саха тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
▫️1937 — Аркадий Алексеев — саха биллиилээх мелодиһа, ырыаһыт, уопсастыба диэйэтэлэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Дьокуускай куоратын (1998, тохсунньу 14).
▫️1938 — Дора Васильева — биллэр литературовед, литератураны ырытааччы, тыл үөрэҕин билимин дуоктара. Чинчийиилэрин сүрүн хайысхата - аныгы саха прозатын уонна оҕо уонна эдэр ыччат литэрэтиирэлэрин сайдыыларын кыһалҕалара.
▫️1981 — Александр Контоев — Белоруссия уонна Россия тустууга, Аан дойду түһүлгэтин үһүс миэстэлээх призёра (2001), Европа чемпионаттарын призера (2002, 2005, 2013), Россия чөмпүйүөнэ (2002). Горнай улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүт:
▫️1945 — Петр Драверт — Сибиири чинчийээччи, бэйиэт. 1906—1910 сс. Саха сиригэр көскө сылдьан Кэмпэндээйи тууһун, Өлүөнэ алын тардыытын флоратын уонна фаунатын, Байаан-Күөл уонна Абалаах туустарын үөрэппит.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут
📌 Сурута илик дьон халандаарбытыгар сурутан кэбиһиҥ! Оччоҕо умнуоххут суоҕа, күн аайы туох буолбутун судургутук булан көрөр кыахтаныаххыт.