Ахсынньы 20 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Дьон биир санааланыытын (солидарность) күнэ
🇷🇺 Арассыыйа — Арассыыйа куттала суох буолуутун үлэһиттэрин күнэ
🔸 Армения, 🔸 Беларусь, 🔸 Кыргыстаан — Судаарыстыбаннай уонна национальнай куттала суох буолуу үлэһиттэрин күнэ
🇬🇫 Гвиана, 🔸 Реюньон — Кулуттааһыны суох гыныы күнэ (фр. Fête des Cafres)
🇲🇲 Мьянма — Бо Аунг Чжо күнэ. Бу Рангун университетын устудьуонун 1938 сыллаахха устудьуоннар көҥүл иһин үһүс бойкоттарын кэмигэр Британия аттаах полицията өлөрбүт.
🇲🇴 Макао — Макао ураты дьаһаллар оройуон быһыытынан төрүттэммит күнэ.
🔹 1699 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I Арассыыйаҕа Саҥа Дьылы бэлиэтээһин балаҕан ыйын 1 күнүттэн тохсунньу 1-гар көһөрөргө уурбут.
🔹 1917 — Контрреволюцияны уонна саботаһы утары охсуһар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы суһал комиссия (ВЧК) тэриллибит.
🔹 1934 — Мордовия АССР тэриллибит. Бу иннинэ Мордовия автономиялаах уобалаһын быһыытынан Куйбышев кыраайыгар киирэрэ (билигин Самаара уобалаһа). Сэбиэскэй кэмҥэ икки уруулуу гынан баран бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөт эрзя уонна мокша омуктары биир омук дииллэрэ, мордва диэн ааттыыллара, ол дьон тылларын билбэт сыдьааннара билигин да мордваларбыт дэнэллэр.
🔹 1971 — Кыраныыссаны билиммэккэ дьоҥҥо көмөлөһөр «Кыраныыссата суох быраастар» диэн тэрилтэни Бернар Кушнер уонна суруналыыстар бөлөхтөрө Парижка тэрийбит.
🔹 1991 — Аан маҥнайгы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин быыбара буолбут. Манна уруккута Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэстээтэлинэн олорбут Михаил Николаев кыайыылаах тахсыбыт.
🔹 1995 — НАТО сэриилэрэ Боснияҕа сэриини тохтотор соруктаах киирбиттэр.
🔹 1996 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан улуус кыттыылаах Ньурбаҕа регистрацияламмыт АЛРОСА-НЬУРБА акционернай уопсастыба тэриллибит. 2019 сыллаахха бу хампаанньаны ликвидациялыырга диэн быһаарыы ылыллыбыта.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1927 — Иван Федосеев - Доосо — саха түмэт диэйэтэлэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, литэрэтиирэ кириитигэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1964). 1965-1992 сылларга «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар холбоммут эрэдээксийэлэрин эппиэттиир сэкиритээрэ.
▫️1929 — Иннокентий Рожин — 1969—2002 сылларга Үөһээ Дьааҥы орто оскуолатын дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2000) уонна Үөһээ Дьааҥы улууһун ытык киһитэ.
▫️1932 — Николай Борисов - Николай Уус — суруйааччы, 1972—1988 сылларга Саха АССР прокурорун солбуйааччыта, Российскай Федерация үтүөлээх юриһа.
▫️1934 — Василий Лебедев — эбээн бэйиэтэ, филолог.
▫️1934 — Яков Васильев — физкультура учуутала, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
▫️1948 — Николай Захаров - Сахаачча — саха аатырбыт тустууга, кини аата Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар иҥэриллибит.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
📌 Сэҥээриктэ тал:
🕊 – урут истибэтэхпин аахтым
🔥 – урут истибиппин санаатым
👍🏻 – сэргээн аахтым
Биики Халандаар | Сурут