Ахсынньы 22 күнүгэр туох буолбут эбитий?
☯ Вьетнам, Кытай, Япония, Соҕуруу Кэриэйэ — Дунчжи ("кыһын оройо")
🇻🇳 Вьетнам — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
🇮🇩 Индонезия — Ийэ күнэ
🇮🇳 Ииндийэ — Математика күнэ
🇿🇼 Зимбабве — Сомоҕолоһуу күнэ
🇨🇺 Кууба (дойду) — Учуутал күнэ
🔸 Атын бэлиэ күннэр.
🔹 1857 — Арассыыйаҕа бастакы почта маарката тахсыбыт.
🔹 1920 — РСФСР Сэбиэттэрин VIII сийиэһигэр ГОЭЛРО диэн дойду электрификациятын былаана ылыллыбыт.
🔹 1922 — Губревком дьаһалынан Дьокуускайга Күбүөрүнэ архыыба тэриллибит.
🔹 1968 — Кытайга культурнай өрөбөлүүссүйэ кэмигэр "Жэньминь жибао" хаһыакка Мао Цзэдун биир улахан суолталаах ыстатыйата тахсыбыт. Ыстатыйаҕа «өйдөөх эдэр ыччат тыа сиригэр барыахтаах, уонна тыа сирин дьадаҥы олоҕун билэн үөрэниэхтээх» диэн этиллибит. Инньэ гынан оскуоланы бүтэрбит эдэр ыччат тыа сиригэр "үөрэххэ" ыытыллыбыта.
🔹 2001 — Афганистааҥҥа Хотугу Альянс баһылыга Бурхануддин Раббани былааһы Хамид Карзай баһылыктаах бырабыыталыстыбаҕа туттарбыт.
🔹 2015 – СӨ бырабыыталыстыбата Сахалыы таба суруйуу саҥа быраабылатын бигэргэппит.
🔹 2016 — Эбола вируһун утары бастакы вакцина 70-100% көдьүүстээҕэ бигэргэммит.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1897 — Максим Аммосов (1938 өлб.) — сэбиэскэй судаарыстыба уонна баартыйа диэйэтэлэ. Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ буоларыгар сүҥкэн оруоллаах. Биэс сыл Казахстааҥҥа үлэлээбитэ, өлүөн иннинэ Кыргыстааны салайбыта.
▫️1902 — Дора Жиркова (1988 өлб.) — революционер, Саха Сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
▫️1930 — Анна Мыреева (2012 өлб.) — эбэҥки филологиятыгар идэтийбит чинчийээччи, биллиилээх тылбаасчыт, эбэҥки оскуолаларыгар анаан эбэҥкилэр үгэстэрин (оонньууларын, аһылыктарын) үөрэтэр кинигэлэри суруйбут, эбээн ырыаларын хомуурунньугун бэлэмнээбит учуонай. Саха Өрөспүүбүлэктин Ил Дарханын таһынааҕы тыл политикатыгар Түмсүү чилиэнэ.
▫️1933 — Василий Сивцев (2019 өлб.) — саха норуодунай бэйиэтэ, 600-тэн тахса бөлүһүөктүү анаарыылаах сонеты суруйбута. Хоһооннорун таһынан кириитик уонна тылбаасчыт быһыытынан биллэр. "Күнүм киэһэрэн эрдэҕинэ" диэн икки туомнаах кинигэтигэр элбэх саха суруйааччыларын тустарынан суруйбута.
▫️1980 — Руслан Тараховскай — Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр сүрүн режиссера, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
Өлбүттэр:
▫️1933 — Петр Черных-Якутскай (1882 с.төр.) — Саха сиригэр үөскээбит нууччалыы суруйбут бэйиэт. Ойуунускай "Кыһыл Ойуун" поэматын нууччалыы тылбаастаабыта.
▫️1995 — Федот Сафронов (1914 с.төр.) — Азия хотугулуу-илин эҥээрин чинчиһитэ, учуонай, РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАН Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, устуоруйа билимин дуоктара.
▫️2002 — Христофор Дуткин (16.12.1939 төр.) — филология билимин хандьыдаата, эбээн тылын диалектологиятыгар, фольклоругар, лексикологиятыгар уонна лексикографиятыгар биир тутаах чинчийээччи.
▫️2003 — Юрий Прокопьев (14.07.1932 төр.) — 1982-1991 сылларга Саха АССР-ы салайбыт ССКП Саха сиринээҕи обкуомун бастакы сэкиритээрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, судаарыстыба уонна уопсастыба диэйэтэлэ, филология билимин хандьыдаата.
🔹 Бүгүн уонна туох ахтылларын манна сиһилии көр.
📌 Сурутуҥ https://t.me/biikige