Сэтинньи 19 күнүгэр туох буолбут эбитий?
🇱🇦 Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Саха Сиригэр нуучча тылын күнэ
🇺🇳 ХНТ — Дойдулар ыккардыларынааҕы Эр дьон күнэ. бастаан Тринидад уонна Тобаго диэн дойдуга 1999 сыллаахха олохтоммута, кэлин элбэх дойду өйөөбүтэ, тиһэҕэр ХНТ ылыммыта. Бу күн эр киһи чөл туругар, дьиэ кэргэҥҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ балаһыанньаларыгар болҕомто ууруллар
🔸 Урбаанньыт дьахтар күнэ (ааҥл. Women's Entrepreneurship Day, WED). 2014 сыллаахтан киэҥник бэлиэтэнэр, урбааҥҥа уһулуччу ситиһиилээх дьахталларга бириэмийэ туттараллар. Урбаанньыт дьахталлар ситимнэһиилэригэр, бэйэ-бэйэлэрин өйөһүүлэригэр туһуланар
🌏 Бөлөһүөпүйэ Аан дойдутааҕы күнэ
🔸 Аан дойдутааҕы чэпчэ (туалет) күнэ. Бу омос көрдөххө күлүүлээх эрээри, гигиена уонна чөл турук өттүнэн сүрдээх суолталаах кыһалҕаҕа болҕомто уурар күн. ХНТ билинэринэн аан дойдуга 4,2 миллиард киһи «мөлтөх саньытаарыйалаах» олохтоох. Саха сиригэр кыһын таһырдьа тахсан киирииттэн ыарыылар (холобур, дьахтар ууһуур тиһигин ыарыылара) элбиэхтэрин сөбүн этэллэр.
🔸 Бүгүн бэлиэтэнэр атын күннэр.
🔹 1919 — Сэбиэскэй Арассыыйаҕа Бастакы Аттаах аармыйа төрүттэммит.
🔹 1921 — Өрөбөлүүссүйэни утарыы тэнийбитинэн сибээстээн Дьокуускай куоратыгар осада балаһыанньата биллэриллибит. Дьокуускайга ол саҕана ЧОН, харабыл батальона, Сибиирдээҕи аналлаах этэрээт 7-с ротата уонна баҕа өттүнэн көмүскээччилэр бааллара. Эмиэ бу күн Ньылхан хайысхатыгар хамандыырынан анаммыт Белов И.И. этэрээтэ Үчүгэй Мыраан диэн дьаам ыстаансыйатыгар ордууламмыта. Бу этэрээт 15 киһилээх эрэспиэскэтэ ыстаансыйаттан 5 биэрэстэлээх сиргэ тоһуурга түбэһэн икки кыһыл саллаатын сүтэрбитэ.
🔹 1928 — ЯЦИК Бүрүсүүдьүмэ "Саха АССР-га киинэ устуу дьыалатын туругун уонна сайдыытын туһунан" уураах ылыммыт. Туспа бүддьүөттээх, устааптаах Госкино диэн тэрилтэни тэрийэр туһунан этиллибит.
🔹 1965 — ССРС көҕүлээһинэн ХНТ Сүрүн Ассамблеята ядернай сэрии сэбин тарҕаппат туһунан быһаарыы ылбыт.
🔹 1990 — Парижка Европатааҕы көннөрү сэрии сэбин туһунан сөбүлэҥҥэ (нууч. Договор об обычных вооружённых силах в Европе) илии баттаммыт
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1951 — Надежда Данилова — саха тылыгар солбуйар ааты, морполуогуйа уонна сиинтэксис боппуруостарын чинчийэр саха учуонайа, филология билимин дуоктара.
▫️1954 — Анатолий Павлов-Дабыл — суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, Айыы үөрэҕин түһэ. Бүгүн ытык киһибит 70 сааһа. Сир түннүгэ киһибит Бөлүһүөпүйэ күнүгэр төрөөбүтүн ураты бэлиэ курдук көрүөххэ сөп эбит.
▫️1967 — Иннокентий Дакаяров — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Академическай Саха тыйаатырын артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа (2005).
🔹 Толору манна көр.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут