TGStat
TGStat
Type to search
Advanced channel search
  • flag English
    Site language
    flag Russian flag English flag Uzbek
  • Sign In
  • Catalog
    Channels and groups catalog Search for channels
    Add a channel/group
  • Ratings
    Rating of channels Rating of groups Posts rating
    Ratings of brands and people
  • Analytics
  • Search by posts
  • Telegram monitoring
Биики халандаар

4 Oct, 01:56

Open in Telegram Share Report

Түүрдэр хаһан баар буолбуттарай

Биллэн тутар, түүр тыллара баар буолууларын туһунан реконструкция көмөтүнэн датировкалаатахха, түҥ былыргыга тиийэбит, холобур чубаас уонна саха тыллара, быһа барыллаан, түүр сүрүн умнаһыттан икки тыһыынча сыл ынараа өттүгэр арахсыбыттара диэн буолар.

Ол эрээри, аан дойду билигин биллэр устуоруйатыгар түүрдэри таһаарбыт түүр аҕа уһуунан Ашина (Эсен, Асена) аҕа ууһа буолар. Бу аҕа ууһа алтыс үйэттэн биллэн барбыта.

Тимири уһаарар аҕа уустарыттан төрүттээхтэр. Кытай хроникатыгар сурулларынан, бастаан бу аҕа ууһа жужааннарга бас бэринэн, кинилэргэ тимир уһааран биэрэр эбит.

Үһүйээн кэпсииринэн, биир уол оҕо уонча саастааҕар аттынааҕы биис-уустар бу ыал эр дьоннорун барытын өлөрөн кэбиспиттэр, кини соҕотох тыыннаах хаалбытын бөрө ииппит уонна улааппытын кэннэ киниэхэ ойох буолбут, уон уол оҕону төрөппүт. Олортон биирдэстэрэ баһылык буолбут. Мантан Ашина ыраахтааҕы ууһа тэнийбит.

Биллэн турар бу бөрө - ханнык эрэ дьахтар. Бу уон уол улааталларыгар жужааннар кинилэри Алтаайга көһөрөллөр, онно тимир уһаартара "командировкалыыллар". Алтаайга аҕа ууһа Түүр (төркү) омук диэн ааттанар буолар, күүһүрэр, олохтоох теле биис-уустарын кытта сойуустаһан, жужааннар былаастарын сууллараллар (Бумын хаҕаан сэриитэ 552 сыллаахха жужааннар хаҕанааттарын сэриитин үлтүрүтэр), дьэ бу кэнниттэн саҕаланар түүрдэр (төркүлэр) аан дойду аренатыгар тахсыылара.

Манна эбэн эттэххэ, жужааннар Ашина сойуолаһыытыттан тэскилээн, арҕаа бараллар, онно күүһүрэн (элбэх тыллаах дьону салайан олорбуттара таах хаалбатах) алааннар диэн аатынан элбэх омугу "дьалкыталлар", билиҥҥи Волга уонна Хапхаас омуктарыттан саҕалаан венгрдарга тиийэ элбэх омук өбүгэлэрин сорҕото буоллаллар.

148 1 2 3
Catalog
Channels and groups catalog Channels compilations Search for channels Add a channel/group
Ratings
Rating of Telegram channels Rating of Telegram groups Posts rating Ratings of brands and people
API
API statistics Search API of posts API Callback
Our channels
@TGStat @TGStat_Chat @telepulse @TGStatAPI
Read
Академия TGStat Telegram Research 2019 Telegram Research 2021 Telegram Research 2023
Contacts
Справочный центр Support Email Jobs
Miscellaneous
Terms and conditions Privacy policy Public offer
Our bots
@TGStat_Bot @SearcheeBot @TGAlertsBot @tg_analytics_bot @TGStatChatBot